22.06.2023 | 18:00

Ыһыахха тугу кэтэн барабыт?

Бу өрөбүллэргэ Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа ыытыллыаҕа. Куорат сахата бары даҕаны ыһыахха бэлэмнэнии сүпсүлгэнигэр сылдьара буолуо. Дьэ, ким тугу кэтэн, таҥнан-симэнэн барара сыл ахсын улахан боппуруос, ордук эдэр ыччакка. Онон, сахалыы таҥас тула ыччат дьону кытта кэпсэттибит.
Ыһыахха тугу кэтэн барабыт?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сахалыы таҥас тоҕо наһаа сыаналааҕый?

Сылтан сыл саха таҥаһын сыаната, киэргэлбит-симэхпит чэпчиэхтээҕэр ыарыы эрэ турар. Онон ыһыахха баран алгыс ылыан баҕарар да киһи таҥаһа суоҕуттан кыбыстара – олоххо баар көстүү. Кэнэҕэһин кэнэҕэс ыһыахха баай эрэ дьон сылдьыаҕа диэтэххэ, саныахха ыарахан. Оттон билигин саастаах өттө сахалыы таҥаһа да суох ыһыахтыан сөп буоллаҕына, ыччат дьоҥҥо таҥас, ыһыахха эрэ буолбатах, ханнык баҕар бырааһынньыкка, тэрээһиҥҥэ, ханнык да үйэҕэ быһаарар оруолу ылар.

Санаан да көрдөххө, биһиги халадаайбытын, кыл сэлээппэбитин атын омуктар тикпэттэр, кэппэттэр, онон бэйэбитигэр тиктэр таҥаспыт, оҥостор киэргэлбит сыанатын нэһилиэнньэ кыаҕын иһинэн, судаарыстыбаттан субсидия да көрөн, хонтуруоллуохха сөп этэ.

Артем, 19 саастаах:

Мин сахалыы таҥаһым суох, ол эрээри син биир ыһыахтыыр санаалаахпын. Холобура, соторутааҕыта сахалыы суруктаах ырбаахы ылыммыппын кэтиэм.

Сардаана, 21 саастаах:

Ыһыахтыыр баҕа хара баһаам! Биир биллэр дизайнерга сакаастаан тиктэрбит халадаайбын кэтээри ыһыаҕы күүтэбин да күүтэбин!

Сахаайа, 25 саастаах:

Саха таҥаһа наһаа ыарахан сыаналаах дии! Ол иһин баччааҥҥа диэри ылына иликпин. Дьиҥэр, хас биирдии сахабын дэнэр киһиэхэ баар буолуохтаах дии саныыбын. Хата, бэс ыйын 24 күнүгэр үлэлиир буоламмын, киэһэ оруобуна халлаан сөрүүдүйүүтэ сахалыы истииллээх, оһуордаах-мандардаах ичигэс спортивнай көстүүмнээхпин кэтэн киириэм.

Юрий, 28 саастаах:

Сахалыы таҥаһым суох. Урут устудьуоннуу сылдьан тиктэрбит камзолбун кэтэр былааннаахпын.

Алина, 24 саастаах:

Хомойуох иһин, сахалыы таҥас диэн миэхэ суох. Тугу кэтэн барарбын бу диэн билбэппин.

Виолетта, 19 саастах:

Сахалыы таҥаһым суох, онон ыһыахтыы барбаппын. Мин эрэ сахалыы таҥаһа суох үрүҥ тураах, дьонтон итэҕэс курдук сылдьыам дуо, ыһыахтаабатах ордук.

Бохо-истиил

Бэйэҥ уратыгын биллэриэххин баҕарар буоллаххына, бохо истииллээх таҥаһы кэтэн бар. Бу муода сыл ахсын бэйэтин суолтатын сүтэрбэт, төттөрүтүн, иккис тыынын ылан иһэр курдук. Стилизованнай таҥас буолан ыһыахха даҕаны, көннөрү күҥҥэ да барсар.

 

Макраме киэргэл

Этно истиили тутуһан ханнык баҕарар былаачыйа үрдүнэн макраме киэргэли кэттэххэ, саха таҥаһыттан туох да уратыта суох буолар. 

 

Субуллар суһуох

Олоҥхоҕо кыыс аймах суһуоҕар киэргэллээх буолар. Онон суһуохха, уопсайынан, баттахха сахалыы истииллээх киэргэли иилинии – бу эмиэ ыһыах тыынын үөскэтиэ, сүргэни көтөҕүө.

Сахалыы ойуулаах ханнык баҕарар таҥас

Хайаан даҕаны халадаай наада диэн буолбатах. Сахалыы ойуулаах, суруктаах таҥастар ыччат ортотугар киэн сэҥээриини ылаллар. Билигин маннык  ойууну түһэрэн биэрэр тэрилтэ элбэх.

Хаартыскалары интэриниэт аһаҕас ситимнэриттэн ыллыбыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...