14.06.2022 | 11:17

Ыһыах алгыһыгар бэлэм буолуохха

Ыһыах алгыһыгар бэлэм буолуохха
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иван Герасимович ВАСИЛЬЕВ – Алгыс Уйбаан:
- Алгыһы киһи бэйэтин ис туругунан итэҕэйиэхтээх, арыллыахтаах. Алгысчыт, аныгылыы тылынан быһаардахха, спутниктан сигнал биэрэр араадьыйа курдук үлэлиир. Ол иһин онно дьиҥнээхтии холбонон олоруохха наада. Билигин литература элбэх кэмигэр Айыылар суолталарын үөрэтиҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатан алгыска бэлэмнэниҥ. Оччоҕо алгыс дьайыытын үчүгэйдик ылыныаххыт.

Дьиэҕитигэр алаадьы астанан сыт таһаарыҥ. Ыһыах мааны аһын астааҥ, кымыс, быырпах бэйэҕит сатаан оҥостубат буоллаххытына, атыылаһан бэлэмнэниҥ диэн сүбэлиэм этэ. Кымыс, быырпах уохтаах утахтар буоланнар киһи кутун-сүрүн көөнньөрөн таһымын үрдэтэллэр.


Алгыс ылыныаххыт иннинэ уруккуну-хойуккуну ырыҥалаан көрүҥ, өй-санаа өттүнэн сааһыланыҥ, инники былааннаргытын сааһыланыҥ. Былааннаах эрэ киһи сайдар, инники баран иһэр киһи эрэ өйө-санаата ыраас буолар.


Маны таһынан сахалыы таҥас, симэх кэтиҥ – сахалыы симэх уонна таҥас хас биирдии оһуора дириҥ суолталаахтар, онон туруккутун өссө күүһүрдүөхтэрэ.
Турук диэн киһи айылҕаҕа холбонор энергията. Хас биирдии киһи айылҕаҕа сигнал биэрэр, ол сигнал информационнай хонууга холбонор.


“Күн улууһа” диэн этиилээхпит. Ол аата солнечнай систиэмэ таһынан бэйэбит баарбытын биллэрэбит. Ону билбит эрэ киһи үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьайыыта күүстээх буолар. Үөрбүт-көппүт, астыммыт, дуоһуйбут киһи дьайыыта Үөһээ тиийэр. Ыһыах күн айдаарсыы, этиһии-охсуһуу суох буолуохтаах. Олохпутугар сыл устата буолбут куһаҕаны барытын ыытан кэбиһиэхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...