Ыһыаҕы спорду кытта ситимниибин
Егор Филиппов, "Дыгын оонньууларын" түөрт төгүллээх кыайыылааҕа:
Мин тус бэйэм Ыһыаҕы куруук спорду кытта ситимниибин. Туймаада Ыһыаҕын биир саамай күүтүүлээх, элбэх киһи болҕомтотун тардар күрэҕинэн "Дыгын Оонньуулара" буолаллар. Спортсменнар сыл устата бэлэмнэнэн, биир күнү халтайга атаарбакка дьарыктанан, күүс-уох мунньунан, албастары баһылаан, эт-хаан туругун муҥутуур чыпчаалыгар тиийэн, кыл курдук тыҥаабыт турукка киирэн, Ыһыах түһүлгэтигэр үктэнэр буоларбыт. Саха омук умсугуйан, уйуһуйан туран көрөр күрэхтэһиитигэр бэртэн бэрди кытта, бастыҥтан бастыҥы кытта илин-кэлин түсүһэрбит.
Билигин биир да спортивнай саала үлэлээбэт, спортсменнар таһырдьа эрэ дьарыктанар бырааптаахпыт. Мин формабын тута сылдьаары даачабар дьарыктанабын. Арыт үөһээ мырааҥҥа тахсан сүүрүөхпүн сөп. "Дыгын Оонньууларын" хас биирдии көрүҥэр туһунан дьарык, толкуйдаах эрчиллии эрэйиллэр. Спортсменнар Ыһыахха көрөөччү туһугар кыһаллабыт, дьон өйөбүлэ, норуот таптала саҥаттан саҥа таһымҥа тахсан иһэри ирдиир.
Сахалар айылҕа оҕолоро буоламмыт Иччилэргэ, Айыыларга сүрдээҕин итэҕэйэр, сүгүрүйэр норуоппут. Онон Айыыларга ордук чугаһыыр, Үөһээлэри кытта ситиммит күүһүрэр кэмигэр улахан суолтаны уурабыт. Быйылгы ыһыахпыт онлайн буоларынан сибээстээн, дьиэбитигэр бэлиэтиэхпит, онлайн алгыска кыттыһыахпыт. "Дыгын Оонньуулара" быйыл чопчу хаһан буолаллара биллибэт. Ол эрэн уустук кэмнэр хайаан да ааһыахтара, олохпут урукку укулаатыгар төннүөҕэ.
Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан бар дьоммун эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар самныбат санааны, үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын.