01.05.2020 | 11:22

Өйүҥ толкуйдатар, сүрэҕиҥ сэрэтэр

Өйүҥ толкуйдатар, сүрэҕиҥ сэрэтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

   Аан дойдуну аймаабыт сыстыганнаах дьаҥ орто дойду олоҕун атыйахтаах уу курдук туора дьалкытан эрэр. Дьиэҕэ хаайтаран олоруу дууһаны муунтутар турукка тиэрдэр, эбиитин киһи киһиэхэ сыһыаныгар кэккэ уустуктары үөскэтиэх курдук миэрэлэр, дьаһаллар ылыллаллар.

Уулуссаҕа ирдэниллэр докумуона суох буоллаххына, тахсан салгыны “бааһырдарыҥ” иһин ыстараап көрүллэр. Сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбит, обсерваторга киирбэтэх дьону, уон хонугунан (баҕар инкубационнай кэмэ оннуга буолуо) биирдэ дьиэлэригэр тиийэн анаалыс ылаллар. Бу барыта билиҥҥи ыарахан кэмҥэ кэккэ дьиксиниилэри үөскэтэр буолбатах дуо? Күн-түүн сууккаҕа хас киһи бу дьаҥҥа сутуллубутун истэн, киһи баттаҕа туруох курдук. Хайдах, туох олох кэллэ диэн ыйытыктаах, таҥараттан сэмээр бу барыта этэҥҥэ ааһарыгар көрдөһөбүт эрэ. Онтон атын кыахпыт суох... Арай саха киһитин сиэринэн айылҕабытыгар анаан алгыс ыытыллара, кэм, санаабытын чэпчэтэр курдук.

Обсерваторга киирэр ордук

Р. Иванова, Дьокуускай куорат:

- Ааспыт субуотаҕа, муус устар 25 күнүгэр, Питертэн көтөн кэлбитим. Таһаҕаскын ылан тахсааккын кытта, көтөн кэлээччилэри, 

анал медицинскэй үлэһиттэр көрсөн, төлөпүөнүҥ нүөмэрин суруйаллар, ханнык аадырыска бараргын ыйытан, анкета толороллор  эбит. Дьиэҕэр бараҕын дуу эбэтэр обсерваторга киирэҕин дуу диэн ыйыталлар. Мин эрдэ төрөппүттэрбин кытта сүбэлэспит буолан, обсерваторга киирэргэ быһаарыммытым. Биһиги көтөн кэлбит рейспититтэн түөрт эрэ киһи обсерваторга киирэргэ сөбүлэспитэ. Атыттар дьиэлэригэр барыталаабыттара. Таска анал оптуобус кэтэһэн турар, онон тута обсерваторга илдьэллэр. Биһиги кэннибититтэн Москва рейсинэн көтөн кэлбит аҕыс киһи эмиэ обсерваторга барсыбыттара. Дьиктиргиэм иһин, сөмөлүөккэ сорох дьон харыстанар мааската суох олороллор этэ. Тоҕотун өйдөөбөтөҕүм. Билигин маннык дьаҥ турар кэмигэр, айанньыттарга тоҕо хонтуруол суоҕа эбитэ буолла?

  Аэропорт үлэһиттэрэ хас биирдии айанньыт сөмөлүөтүнэн көтөрүгэр булгуччу мааскалаах буоларын ирдииллэрэ буоллар дуу дии санаабытым. Онон салгынынан айан хайа эрэ өттүнэн кутталы үөскэтэр эбит диэн түмүккэ кэлэн сылдьабын. Маннык дьаҥ тэнийбит кэмигэр, үөһэнэн сырыы ыйааһын хараҕар биэтэҥниир эбит. Таҥара илиитигэр киирбиккин өйүҥ толкуйдатар, сүрэҕиҥ сэрэтэр. Биллэн турар, ким эрэ ыраах дойдуттан эмтэнэн кэлэр. Сорохтор, үөрэх, үлэ барыта онлайн нөҥүө көспүт буолан, эрдэ-сылла дойдуларыгар кэлэллэр. Кыһалҕалаах киһи элбэх буоллаҕа. Обсерваторга тиийээппитин кытта кэлбит дьонтон тута анаалыс ылбыттара. Бу күннэргэ биллиэхтээх. Онтон аэропортан дьиэлэригэр үргүлдьү барбыт пассажирдартан анаалыстарын уон хонон баран биирдэ ылаллар. Биһиги билигин култуура коллеһын тоҕус этээстээх уопсайыгар сытабыт (обсерватор). Барыта 80 киһи баар дииллэр. Аллараа этээскэ вахтанан үлэлии баран иһэр таджик омуктар бааллар үһү. Обсерваторга күҥҥэ үстэ тотоойутук аһаталлар. Сарсыарда уонна киэһэ кыраадыспытын бэрэбиэркэлииллэр. Бастаан киирэрбитигэр куухунаҕа баран уочараттаан, аспытын ылар этибит. Бу эмиэ билиҥҥи балаһыанньаҕа сөбө  суох дьаһаныы курдук көрбүтүм. Оптуорунньуктан ыла волонтердар ааммыт таһыгар остуолга аспытын аҕалан уурар буоллулар. Онон арыый уоскуйдубут. Утуйар таҥас биэрэллэр эрээри, арааһа, хлорунан сууйаллар быһыылаах, сыттаах соҕус. Ону сөбүлээбэтим.

   Айаннаан кэлбит дьон обсерваторга киирэллэригэр бэйэлэриттэн утуйар таҥастаах уонна анал аһыыр иһиттээх киирэллэрэ ордук буолсу диэн кэккэ сүбэбин тиэрдэбин. Таҥара сэрэҕи таптыыр, маннык күчүмэҕэй кэмҥэ тус гигиенаны тутуһуу хайаан да наада. Ыам ыйын 9 күнүгэр обсерватортан тахсыахтаахпыт. Онон тахсар күммүтүн бары да кэтэһэбит. Салгыы улуустарга көтүөхтээх айанньыттары тохтоттулар. Бүгүҥҥү балаһыанньа оннукка күһэйдэ быһыылаах. Хоспутуттан мээнэ тахсыбаппыт. Хас биирдии хоско үстүү киһини олохсуталлар, душ баар. Ыраахтан, атын сирдэртэн айаннаан кэлбит дьону обсерваторга сытыараллара саамай сөптөөх дьаһаныы дии санаатым. Мин санаабар,  сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбит дьон оннук толкуйдаах кэлиэхтэрин сөп.

Вирус иэдээнэ дьон олоҕун аймаата

Марина Алексеева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

- Аймалҕаны тардыбыт коронавирус айдаана дойдуга хааччахтааһын миэрэтин ылан, нэһилиэнньэ олоҕор кэккэ ыарахаттары үөскэттэ. Карантин диэн, мин санаабар, ыалдьыбыт киһиэхэ доруобай киһи чугаһаабат усулуобуйатын олохтооһун буолбатах дуо? Оттон самоизоляция диэн доруобай киһи, ыарыыга сыстымаары, бэйэтин көрүнэр-истинэр, ыарыһах дьоҥҥо чугаһаабакка сылдьар усулуобуйатын, ол эбэтэр бэйэтин харыстанар миэрэтин бэйэтэ хайдах сатыырынан, билэринэн-көрөрүнэн олохтонор, дьаһанар түгэнэ буолуохтаах. Сыыһа өйдүүбүн дуу? Киһи хайдах наадатыгар аптекаҕа, маҕаһыыҥҥа барыа суоҕай? Мин, холобура, оҕолорбун, сиэннэрбин куорат аҥаар уһугуттан миэхэ килиэптэ, үүттэ аҕалыҥ диэн бу айылаах бириэмэҕэ ыҥырарым олуона буолбатах дуо? Олуонатын ааһан, соруйан дьиикэйдээһин курдук. Мин эрэ ыалдьымыым, атыттар хайдах да буоллуннар диэбит курдук. Аны оптуобус чааска биирдэ эрэ сылдьар. Оҕолорум миэхэ килиэп аҕалаары, элбэх дьону кытта алтыһан, оптуобуһунан айаннаан кэлэллэр дии.

  Хайа баҕарар киһи чугас киһитэ, оҕото, сиэнэ ыарыйдаҕына, ыксаан, ити кэриэтэ мин, сиэхпин сиэбит, аһыахпын аһаабыт киһи бэйэм ыалдьыбытым, өлбүтүм буоллар, диэҕэ. Ол аата сааһырбыт дьон ыччаппытын харыстаан, ыксаан ыһыктар тылбыт. Оттон мин оҕолорбуттан ыраах олорор буоллахпына, оҕолорбун, сиэннэрбин харыстаан, аһынан, таҥара көмөтүнэн атахпар этэҥҥэ тура сылдьар буоллахпына, тоҕо 100 миэтэрэттэн ыраах турар маҕаһыыҥҥа баран наадабын ылан кэлэрим сатамматый? Ол аайы уулуссаҕа дьон кэлэрин-барарын бэрэбиэркэлии сылдьар полицейскайдар (куһаҕан да тыл, милиционер диэн истэргэ да, саҥарарга да үчүгэй, сымнаҕас тыл этэ) миигин көрдүлэр да, ыстараап суруйаары, суукка биэрээри, үөрэ-көтө сүүрэн кэлэн, тоҕо “хабарҕалаан” киирэн барыахтаахтарый? Бүрүстүүпүнньүгү тутан эрэргэ дылы. Маннык түбэлтэҕэ кинилэр бу дьайыылара билигин сокуоннай буолан турар быһыылаах. Дьиҥэр, миигин уулуссаҕа хааман иһэрбин тыытар бырааптара суох буолуохтаах.

  Арай мин көрдөбүлгэ сылдьар, кими эмит маарынныыр буоллахпына син даҕаны, ону даҕаны быһааран туран. Ити суут быһаарар эҥин диэннэрин сөбүлээбэппин. Суут былааһы утары барбат буолуохтаах. Оттон бу биэнсийэлээх эмээхсин 13-14 тыһыынча биэнсийэтин дуомугар, хоргуйан өлүмээри, бородуукта оҕото ылына маҕаһыыҥҥа алтахтаан испитэ кими да долгуппат. Бу киһи быраабын күөмчүлээһин, атаҕастааһын буолбатах дуо? Александр Габышев эппитигэр дылы, наһаа көҥүлбүтүн быстылар, өйбүтүн-санаабытын тууйдулар. Хас биирдии киһи үөскээбит балаһыанньаны бэркэ өйдүүр, ким да соруйан, наадата суох онно-манна таймаҥныыр баҕата суох буолуо, кыһалҕаттан дьиэ таһыттан ыраатар буоллахпыт.

Мин чааһынай дьиэҕэ олоробун, чугаһынан бородуукта маҕаһыына суох. Рентабельнайа суох диэн биир да предприниматель арыйбат. Хата, ол оннугар арыгынан аһааҥ диэбит курдук, икки арыгы маҕаһыына баар. Мин онно үйэбэр да өҥөйбөппүн. Онон ас ыла барар маҕаһыыным миигиттэн ыраах, миэтэрэтин билбэппин эрээри, мин 15 мүнүүтэттэн ордук хааман тиийэр буоллахпына, хас да сүүс миэтэрэ ини. Онон ити ирдэбиллэрин толорор кыаҕым суох. Оччоҕо хайдах олоробун? Тугу аһаан-сиэн киһи-хара буолабын? Өссө ыстараап төлүүр кыаҕа суох буоллахпына, сууккаҕа хаайыллар куттал суоһуур. Оттон мин дьиэбэр өссө таҥара көмөтүнэн 90 сааһыттан тахсыбыт ийэлээхпин. Дьэ, бу курдук онон-манан куттааннар, киһи үүнэр күнтэн да үөрбэт-көппөт буолла. Дьэ, кыра-хара дьон иэдэйэр буолла.

Доҕоттоор, оттон эһиги хайдах олороҕут? Тоҕо биир да киһи куолаһа иһиллибэт? Санааҕытын этиниҥ ээ, салалта норуот куолаһын истиэхтээх буоллаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...