Вячеслав Кривогорницын: «IT эйгэтэ элбэх үбү ирдиир»
Саха сиригэр креативнай индустриялар балысханнык сайдаллар. Ол иһигэр олоҕу кытта тэҥҥэ хаамар IT-технология.
«Poligonium» IT хампаанньата тэттик оонньуулары оҥорор. Тэрилтэ бас-көс киһитинэн эдэр, кэскиллээх салайааччы Вячеслав Кривогорницын буолар. Кини биһиги хаһыаппытыгар IT эйгэтигэр бэйэтин санаатын, тэрилтэтин уонна инники былааннарын туһунан кэпсиир.
— Мин IT эйгэтигэр төрдүс сылбын үлэлиибин. Эрдэ хас даҕаны IT тэрилтэтигэр 3D-худуоһунньугунан. Билиҥҥи тылынан эттэххэ, «фрилансер” быһыытынан үлэлээбитим. Ол курдук, “Якутия” технопааркаҕа хас да тэрилтэҕэ 3D-моделированиеҕа сакаастары ылан уһуннук IT алыптаах эйгэтигэр уһаарыллыбытым. Технопааркаҕа сылдьан бэйэм курдук толкуйдуур дьоҕурдаах дьону кытта билсэн, биир хамаанда буоларга быһаарыммытым. Уруккуттан оонньуу оҥорон таһаарар былааннаах этим, ыра санаам этэ диэххэ сөп. Маҥнай арыый боростуой оонньуулары оҥорон саҕалаабыппыт, ис куухунатын соччо-бачча билбэт этибит, син сыһыаннаах дьон буолан илиибит-атахпыт үөрэнэн, саҥаны билэн-көрөн, сайдан, кэм ааспытын кэннэ чахчы үчүгэй оонньуулары оҥорон таһаарар буолбуппут, ханнык-туох хайысханы тутуһарбытын тобулбуппут.
— Тэрилтэ хайдах тэрилиннэ, ол туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түс эрэ.
— Биллэн турар, бастаан утаа сыыһа-халты элбэх буоллаҕа. IT эйгэтэ хаһан баҕарар элбэх үбү ирдиир, биһиги билигин «атахпытыгар турдубут” диир кыахпыт суох эрээри, кэмигэр кэллэхпитинэ, барытын ситиһиэхпит дии саныыбын. Маҥнай саҕалыырбытыгар бүддьүөттэн да, ханнык да атын тэрилтэттэн көмө суох этэ, барытын бэйэм хармааммыттан төлөөн тэриммитим, билигин даҕаны оннук. Ситиһиилээх хамаанда буоларбыт туһугар бэйэм тула уопуттаах, бэйэлэрин салааларыгар бастыҥ исписэлиистэри түмтүм.
2022 сыллаахха «Б8» акселераторга 1,5 мөлүйүөн солкуобайы ылары ситиспиппит. Бу кэннэ үлэбит тосхолун, былаанын быһаарбыппыт, тэрилтэ имиджин оҥорбуппут, инвестордары кытта хайдах үлэлииллэрин өйдөөбүппүт. Урут оонньуулары эрэ оҥорор буоллахпытына, билигин араас ньымалары туһанаммыт, кылгас болдьоххо хайдах ситиһиэххэ сөбүн толкуйдуубут.
— Олохтоох тэрилтэлэри, чуолаан IT тэрилтэтин өйүүр наада дуо?
— Мин санаабар, олохтоох оҥорон таһаарар тэрилтэлэри өйүүллэрэ хайаан да наада. Дьэ, оччоҕуна креативнай салаа быдан үрдүк таһымҥа тахсыа этэ уонна ыччат кыраныысса таһыгар барара быдан аччыа этэ диэн сабаҕалыыбын.
— Эһиги оонньууларгыт туох уратылаахтарый?
— Биһиги «гиперказуал” оонньуулары оҥоробут, ол эбэтэр судургулары, ким баҕарар оонньуур кыахтаах, сааһынан хааччах диэн суох, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр оонньуохха сөп. Гиперказуал оонньуулары оҥорорго кырата сыл аҥаара наада. Болдьох хас биирдии хамаанда чилиэниттэн, кинилэр идеяларыттан, ону тэҥэ үбүлээһинтэн улаханнык тутулуктанар.
Биһиги хас даҕаны оонньууну оҥоробут, биири эрэ буолбатах. Ыйга биирдии оонньуу прототиптарын.
— «Алаас» диэн ааттаах оонньуулаах эбиккит, ол туһунан кэпсии түс эрэ.
— «Алаас» диэн биир улахан оонньуубут буолар. Былыр сахалар алаастарынан олороллор этэ, бу оонньуу сюжетыгар Айсен диэн ааттаах уол тыаҕа эбэтигэр уонна эһэтигэр хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөр. Уолчаан уһук хоту сиргэ, тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир, сүөһү-сылгы көрөр, дьонноругар көмө-тирэх буолар, кэтэх хаһаайыстыба тэриниэхтээх.
Оонньууга сүрүннээн сахабыт норуотун олоҕо-дьаһаҕа көстөр, төрүт үгэстэргэ ураты болҕомтону уурбуппут. Айсен сахалыы таҥаһы таҥнар, сахалыы иһиттэн төрүт астары аһыыр, балаҕаҥҥа олорор. Оонньууга араас биридимиэттэри быһааран биэрэбит, туохха туттулларын кэпсиибит.
Дьыл кэмэ уларыйар, онон тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыбыт уол кыстыкка бэлэмнэнэр, ыарахан усулуобуйаҕа тыыннаах хааларга туруулаһар.
Бу оонньууну ааспыт сылга саҕалаабыппыт, сыл бүтүүтэ өссө үчүгэйдик чочуйан биэриэхпит.
Уопсайынан, биһиги 40-тан тахса оонньууну оҥорбуппут. Кыра оонньуулары биир-икки ый кэриҥэ оҥоробут. Оонньуу статистиката үрдүк буолуохтаах, оччоҕуна эрэ улахан ырыынакка тахсар кыахтаах уонна дьоҥҥо-норуокка тарҕанар.
— «Харон” диэн ааттаах оонньууну эмиэ оҥорбут эбиккит, хайдах оонньоноруй, туох туһунан буоларый?
— «Харон” оонньуу былыргы грек киһитин туһунан. Харон – балайда биллиилээх персонаж, ким оҕо сылдьан «Дисней” хампаанньа мультиктарын көрбүт билиэн сөп. Бу оонньуу тас ырыынакка тахсар сыаллаах оҥоһуллубута. Сүрүн дьоруой өлбүт дьон дууһаларын Стикс өрүс нөҥүө хараабылынан туоратыахтаах.
— Билиҥҥи ыччат IT эйгэтигэр талаһар, кинилэргэ тугу сүбэлиигин?
— IT эйгэтигэр киириэн баҕарар ыччат маҥнай ханнык салааҕа талаһыахтааҕын быһаарыахтаах уонна, биллэн турар, бу ыра санаата элбэх үбү эрэйэрин билиэхтээх. Хас биирдии бырайыакка үтүмэннээх үп ирдэнэр, онон ороскуоту ааҕа, сааһылана үөрэнэр эмиэ ирдэнэр. Ороскуот элбэх буоллаҕына, сайдыы атахтанар. Элбэхтэ үөрэниҥ. Өйгүтүн, толкуйдуур санааҕытын барытын балысхан эйгэтигэр үлэлииргэ дьарыктааҥ.
«IT – куб» оҕо цифровой киинэ сайыҥҥы оскуолаҕа ыҥырар
Дьокуускай куораттааҕы «IT – куб» оҕо цифровой үөрэхтээһинин киинэ сайыҥҥы оскуолаҕа ыҥырар, үөрэх кууруһа бэс ыйын 3-14 күннэригэр ыытыллыаҕа. 10 күн устата оҕолорго IT-эйгэтин саамай сүрүннүүр хайысхаларын билиһиннэриэхтэрэ, билиилэрин киин уһуйааччылара чиҥэтиэхтэрэ:
1-4 кылаас үөрэнээччилэригэр:
- Математика: сыыппаралар уонна логика;
- Роботтары бырагыраамалааһын;
- Оҕолорго цифровой живопись;
- «Scratch» эйгэҕэ оонньуулары оҥоруу.
5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр:
- Графическай дизайн төрдө: «Photoshop” уонна “Illustrator”;
- «WebWizards»: мин бастакы саайтым;
- «Revit architecture» бырагыраамаҕа 3D-проектирование;
- «Unity» бырагыраамаҕа оонньуу оҥоруу.
Сайаапкалары бу сигэнэн күүтэллэр:
https://forms.yandex.ru/cloud/6639cfcd73cee7eca85baf86/. Сиһилии билсэр төл.: 89148293391.
Элбэх оҕолоох ыалга, кыаммат ыалларга, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, тулаайах оҕолорго уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго 20% чэпчэтии көрүллэр. Ону таһынан биир ыалтан икки-үс оҕо сылдьар буоллаҕына эмиэ 20% чэпчэтии көрүллэр. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро босхо үөрэнэллэр. Миэстэ аҕыйах, онон кытаатыҥ, түгэни мүччү тутумаҥ!
Ыспараапка:
«IT-куб» – «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак «Цифровой үөрэҕирии эйгэтэ» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн тэриллибит эбии үөрэхтээһин инновационнай балаһаакката.
Арассыыйа субъектарыгар маннык кииннэри тэрийэр-тэхиньиичэскэй уонна методическай үлэ федеральнай оператора – «РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин академията».