23.04.2020 | 18:57

Волонтердар бородууктанан көмөлөрүн түҥэтэн саҕалаатылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин волонтердара өрөспүүбүлүкэ 65-тэн аҕа саастаах олохтоохторугар биир кэмнээх бородууктанан көмө оҥоруутун саҕалаатылар. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүгүҥҥү күн туругунан биир кэлим төлөпүөн нүөмэригэр биэс тыһыынчаттан тахса сайаапка киирдэ. Ааспыт сууккаҕа 343 аҕам саастаах кырдьаҕас бородууктанан көмөнү тутта, ол иһигэр Саха сирин узбекскай диаспората босхо биэрбит оҕуруот аһа уонна фруктата түҥэтилиннэ.

Волонтердарга харысхал ньымаларынан тэрилтэлэр көмөлөһөллөр. Эстрада театрын уонна Үүнэр көлүөнэ театрын кэллэктииптэрэ волонтердарга 100-тэн тахса элбэхтэ туһаныллар мааскалары тиксэрдилэр. «Резерв» судаарыстыбаннай хонтуруолуур управление биэс тыһыынча биирдэ туһаныллар медицинскэй мааскалары тиксэрдэ. «ВостокСтрой капитал» ХЭУо антисептическэй сириэстибэлэринэн хааччыйда.

Муус устар 22 күнүн туругунан, Дьокуускай куоракка үлэлиир волонтердар ахсааннара 368 киһиэхэ тэҥнэһэр, Миирнэйгэ — 205, Сунтаарга — 118, Алдан оройуонугар — 106, Горнайга — 53, Ленскэйгэ — 50, Бүлүү улууһугар – 25.

Волонтердар регистрациялара http://мывместе2020.рф сайт нөҥүө ыытыллар.Сайаапкалары ылыы төгүрүк суукка устата үлэлиир биир кэлим федеральнай нүөмэрэ: 8 (800) 200-34-11.

Доруобуйа харыстабылын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин нүөмэрэ: 8 (800) 100-14-03.

Саха сирин волонтердарын киинин нүөмэрэ: 8 (4112) 35-10-46.

Волонтердар Саха сиригэр изоляция эрэһиимэ биллэриллибит улуустарын 65-тэн аҕа саастаах олохтоохторуттан сайаапкалары хомуйаллар. Алдан, Ленскэй, Бүлүү, Сунтаар, Горнай улуустара, ону тэҥэ Жатай бөһүөлэгэ уонна Дьокуускай куорат киирдилэр.

Сайаапканы хомуйууга киһи төрөөбүт күнэ уонна олорор аадырыһа учуоттанар. Көмө ылыан баҕалаахтар бу нүөмэрдэргэ эрийэн билсиҥ:

8 4112 31-90-72

8 4112 35-10-46.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...