Владислав Слепцов: «Куорат олохтоохторугар табыгастаах усулуобуйаны тэрийэбит»
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменын салайааччытынан 2021 сыл атырдьах ыйыттан Владислав Слепцов үлэлиир. Владислав Григорьевичтан үс ыйдаах санитарнай ыраастаныынан чааһынай дьиэлээхтэр хаары уулуссаҕа кыстыылларын иһин ыстараап, дьэллик ыттар аҕыйаабыттарын, дворниктар хамнастара үрдээбитин о.д.а. үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрэригэр көрдөстүбүт.
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменын толорор сүрүн үлэтэ:
1) «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун административнай территорияларын суһал салайыынан уонна сүрүннээһининэн дьарыктанар, манна киирэллэр: Автодорожнай, Гагаринскай, Губинскай, Октябрьскай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Киин уокуруктар;
2) куорат уокуруктарын административнай территорияларын олохтоох хаһаайыстыбаларын уонна социальнай-култуурунай эйгэтин, сокуоннаска, гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин араҥаччылыырга үлэни тэрийэр, ол иһигэр:
- экономика уонна үп эйгэтигэр;
- куораты тутуу, архитектура, сири туһаныы уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын;
- атыы-эргиэн, урбаан, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу;
- дьиэ-уот политиката, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба уонна тупсаран оҥоруу;
- култуура, спорт уонна уопсастыбыннай холбоһуктары кытта үлэ;
- социальнай үлэ уо.д.а. көрүҥнэр.
3) Бүддьүөт үбүлээһинин кылаабынай тыырааччытын боломуочуйатын толорор.
4) Бүддьүөт дохуотун администратора.
5) Табаарынан хааччыйыы, үлэни уонна өҥөнү оҥоруу, хантараактары түһэрсии муниципальнай сакаасчыта.
6) Муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамалар сакаасчыт-координатордара.
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департаменын толорор сүрүн үлэтэ:
1) «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун административнай территорияларын суһал салайыынан уонна сүрүннээһининэн дьарыктанар, манна киирэллэр: Автодорожнай, Гагаринскай, Губинскай, Октябрьскай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Киин уокуруктар;
2) куорат уокуруктарын административнай территорияларын олохтоох хаһаайыстыбаларын уонна социальнай-култуурунай эйгэтин, сокуоннаска, гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин араҥаччылыырга үлэни тэрийэр, ол иһигэр:
- экономика уонна үп эйгэтигэр;
- куораты тутуу, архитектура, сири туһаныы уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын;
- атыы-эргиэн, урбаан, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу;
- дьиэ-уот политиката, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба уонна тупсаран оҥоруу;
- култуура, спорт уонна уопсастыбыннай холбоһуктары кытта үлэ;
- социальнай үлэ уо.д.а. көрүҥнэр.
3) Бүддьүөт үбүлээһинин кылаабынай тыырааччытын боломуочуйатын толорор.
4) Бүддьүөт дохуотун администратора.
5) Табаарынан хааччыйыы, үлэни уонна өҥөнү оҥоруу, хантараактары түһэрсии муниципальнай сакаасчыта.
6) Муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамалар сакаасчыт-координатордара.
Быраабылаҕа киирбит уларыйыыларга олоҕуран
Былырыын, 2023 сыл ахсынньы 25 күнүгэр, Тупсаҕайдык оҥостон олоруу быраабылатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол сүрүннээн көрөр-истэр, хомуйар территория эбийиэктэн ырааҕар сыһыаннаах. Территория кээмэйэ кэҥээн биэрдэ, холобур, эбийиэк таһынааҕы кыраныысса маннык уларыйда: чааһынай дьиэлэртэн, «блокированнай» тутуулартан – 10 м, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн – 40 м, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ сыста турар киһи олорбот тутуулартан – 40 м, социальнай эбийиэктэртэн – 40 м, атыы-эргиэн эбийиэктэриттэн – 40 м, «стационарнайа суох» атыы-эргиэн эбийиэктэриттэн (киоскалар) – 15 м, реклама конструкцияларыттан – 5 м, автостоянкалартан – 25 м, промышленнай эбийиэктэртэн (кытаанах хомунаалынай бөҕү харайар сирдэри киллэрэн туран) – 50 м, хапытаалынай тутууттан, ол иһигэр тутулла турар эбийиэктэртэн – 50 м, АЗС-тартан – 50 м, ырыынактартан – 25 м, контейнер балаһааккалартан – 10 м, кылабыыһалартан – 15 м, гараастартан – 20 м, СОТ-тартан – 10 м. Ити эппиэтинэс кыраныыссата диэн ааттанар. Холобур, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри ылан көрдөххө, урут олорор дьиэ тиэргэнин эрэ ыраастык тутуу, тупсаран оҥоруу иһин эппиэтинэс сүгүллэр буоллаҕына, билиҥҥи быраабыланан олорор дьиэттэн 40 м тэйиччи территорияны көрөллөр-истэллэр.
Кыраныыссаны тыырыы салҕанар
Быйыл олунньу ыйтан салалта территориальнай уорганнара ити учаастактар кыраныыссаларын «ИнГео»-ҕа (землеустроителлэр үлэлиир бырагыраамалара) киллэриини саҕалаатылар. Холобур, икки дьиэ турар, икки ардылара – 15 м, ол аата кинилэри икки аҥыы арааран 7,5 м оҥорон кыраныыссаланар. Ити курдук, суолга, бордюрга диэри диэн кыраныыссаны барытын тыырдыбыт. Гугл-табылыыссаны үлэлэттибит, 2365 элбэх кыбартыыралаах дьиэни киллэрэр былаан баара, билиҥҥи туругунан 2348 дьиэ киллэрилиннэ. Марха дьоҕус оройуона эрэ хаалла, ити сотору оҥоһуллуоҕа, атын Управалар дааннайдарын бары киллэрдилэр. Эмиэ итинник үлэ чааһынай дьиэлэргэ, социальнай эбийиэктэргэ, СОТ-тарга, гараастарга уо.д.а. эбийиэктэргэ ыытыллар. Үлэ салҕанар, схеманы оҥорууга Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын департамена эппиэттээх. Кинилэр бирикээс таһаараллар, онно олоҕуран, Салайар хампаанньалары кытта мөккүөрдээх түбэлтэлэр таҕыстахтарына быһаарсар буолабыт. «ИнГео»-ны Дьокуускай куорат Гео-порталыгар көһөрөр былааннаахпыт, тоҕо диэтэххэ киһи эрэ барыта «ИнГео» бырагыраамаҕа киирэр кыаҕа суох, итиннэ логин уонна пароль ирдэнэр. Оччоҕо хас биирдии Салайар хампаанньа, тэрилтэ Гео-порталга киирэн бэйэтин кыраныыссатын көрүөн, чуолкайдыан сөп. Дьиҥэр, уокуруктар «ИнГео»-ны киллэриммиттэрэ, ол эрэн ЦИТ Гео-порталга көһөрүөхтээх, ити хайысханан үлэ барар. Бастаан Салайар хампаанньалар эппиэтинэстээх территориялара кэҥиирин оччо сөбүлээбэтэхтэрэ, ол эрэн билиҥҥи туругунан туһааннаах үлэни ыыталлар. Дьиҥэр, үксүгэр үөһэ этиллибит 40 м ханан да тахсыбат, аҕыйах буолар.
Итини таһынан Экономика департамена хаары таһыыга, муниципальнай тарыыпка сыһыаннаах докумуону бэлэмниир. Билиҥҥитэ итинник тарыып суох этэ, ол иһин оҥороллор. Барыллаан муус устар ыйтан саҕалаан тарыып Салайар хампаанньаларга тиэрдиллиэҕэ. Ити элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн хаары тиэйиигэ сыһыаннаах.
Хаары тиэйии үлэтэ тэтимирдэ
Билиҥҥи туругунан хаары ыраастааһын, тиэйии үлэтэ тэтимирдэ. Үлэ кулун тутар 20 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх этэ, ол эрэн, үгэс курдук, ити кэм кэнниттэн син биир хаардыыр. Ол иһин үлэ салҕанар.
Чааһынай сектортан хаары тиэйии туһунан этэр буоллахха, дьон үксүгэр тиэргэннэрин хаарын күрдьэн таһаараннар суолга куталлар, мунньаллар. Ити Тупсаҕайдык оҥостон олоруу быраабылатын 6.25 ыстатыйатын кэһии буолар, ол иһин боротокуол толоруохтаахпыт. «ЯкутДорСтрой» АУо (генеральнай дириэктэр Яндиев Амирхан Мухарбекович) Управаларга хаары тиэйии босхо толуоннарын түҥэппитэ, чааһынай дьиэлээх дьон кинилэртэн ылан тиэйтэриэхтээхтэр. Итиннэ 3-түү, 5-тии, 10-нуу, 20-лии куубтаах хаары тиэйии толуоннара бааллар, хааччаҕа суох, кимиэхэ төһө наадатын ылыахтарын сөп. Ити иннинэ Управалары кытта тиэйиллиэхтээх хаар кээмэйин куб. м таһааран ылбыппыт уонна «ЯкутДорСтрой» АУо-ҕа биэрбиппит, толуоннар онно олоҕуран оҥоһулуннулар. Чааһынай сектор олохтоохторун билиҥҥитэ ыстарааптаабакка сырыттыбыт, кэлэр нэдиэлэттэн саҕалаан (кулун тутар 18 күнүттэн – эрэд.) ыстарааптыахпыт. Тоҕо диэтэххэ суолга куппут хаардарын сүрүннээн таһан бүтэрдибит, олохтоохтору уонна суолга кутумаҥ диэн сэрэппиппит, ыаллары кэрийэн сэрэтии суруктары туттарбыппыт. Ону истибэккэ, хомуйбут сирбитигэр өссө төгүл кутар буоллахтарына, ыстарааптыахпыт.
Билиҥҥи туругунан, хаары мунньар полигоҥҥа 476 156 кубометр, ол эбэтэр 63% тиэйилиннэ. Полигон бас билээччитэ «ЯкутДорСтрой» АУо. Итиннэ хараллыахтаах хаар былаана – 750 тыһыынча кубометр. Резервнай полигоннары бэлэмниибит, ол эрэн оннукка тиийбэт инибит диэн эрэнэбит. Ити этиллибит 476 156 кубометртан 282 926 кубометры «ЯкутДорСтрой» АУо, 193 230 кубометры Управалар бэдэрээтчиттэрэ уо.д.а. тиэйдилэр. Холобур, «ЯкутДорСтрой» АУо туһунан этэр буоллахха, кинилэргэ сууккаҕа 88 тиэхиньикэ (самосваллар, манипулятордар, «бобкэттар», фронтальнай погрузчиктар, паардыыр тэриллэр, грейдердэр) – күнүскү өттүгэр 43 уонна түүн 45 үлэҕэ тахсар. Ити курдук үлэ төгүрүк суукканан ыытыллар. Үлэһиттэр ахсааннара 53 суол оробуочайа – күнүс 40 уонна түүҥҥү өттүгэр 13 киһи тахсар.
Хаары тиэйиини хонтуруолга тутабыт, штаб үлэтигэр Үөрэҕирии уонна Физическэй култуура, спорт, итиэннэ Култуура управлениелара, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ тиһиктээхтик кытталлар. Кинилэр бэйэлэрин эбийиэктэринэн үлэни ыыталлар. Холобур, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин былаана 24 тыһыынча кубометр, бүгүҥҥү күҥҥэ 5 800 тиэйдилэр. Бу ый устата хаары тиэйэн бүтэриэхтээхтэр. Үөрэҕирии управлениетын былаана 33 тыһыынча кубометр, бүгүҥҥү күҥҥэ 20 500-тэн тахсаны тиэйдилэр, ити былаан 60 %-тан тахса. Физическэй култуура уонна спорт управлениета 1 890 кубометр былааннаах, итинтэн 370 кубометры тиэйдэ. Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын былаана 5 тыһыынча кубометр, билиҥҥи туругунан 570 кубометры тиэйдэ.
Үбүлээһин биллэрдик улаатта
Быйыл хаары тиэйиигэ үбүлээһиммит эбилиннэ. Былырыын 7 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ эбит буоллаҕына, быйылгы үбүлээһин 47 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Ууну хачайдааһыҥҥа (откачка) үбүлээһин эмиэ улаатта, былырыын 3 мөлүйүөн 600 тыһыынча солкуобай этэ, быйыл – 22 мөлүйүөн солкуобай. Былырыын наһаа элбэх хаар түспүтүн өйдүүргүт буолуо, өтөрүнэн буолбатах «аномальнай» көрдөрүү этэ. Кулун тутар ыйтан саҕалаан муус устар ыйы быһа хаар тохтообокко, сыл аҥаардааҕы нуорма биирдэ түспүтэ, куорат историятыгар рекорд олохтоммута. Бу иннинэ сыл аайы көрүллүбүт үп тиийэр этэ. Эбии үбүлээһин көрүллэн, 7 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ эбии биэрбиттэрэ. Былырыын инньэ гынан ууну хачайдааһыҥҥа уопсайа 11 мөлүйүөн 500 тыһыынча солкуобайдаах этибит. Төһө да уустуктардааҕын иһин, ыксаллаах быһыыны-майгыны таһаарбатахпыт, суол сабыллыбатаҕа, социальнай эбийиэктэр, оскуолалар үлэлэрэ тохтооботоҕо. Биллэн турар, хаары бүтүннүүтүн ыраастыыр кыаллыбатаҕа, син биир итинник түбэлтэлэр тахсыбыттара.
Үбүлээһин улаатан, үлэһит да, тиэхиньикэ да ахсаана элбээтэ диэн бэлиэтиэххэ наада. Быйыл Управаларынан инвентаризацияны ыыттыбыт. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр саамай аҕыйаабыта иккилии-үстүү мотопомпа баар. Управаларга эбии дренажнай носуостары, мотопомпалары, ууну хачайдыырга «рукавтары», шлангалары атыылаһары былаанныыбыт. Билигин уокуруктартан сайаапкалары күүтэбит, кимиэхэ туох наадатын чуолкайдаары. Биир уокурукка 250-300 тыһыынча солкуобайдаах үбүлээһин көрүллэр. Урукку өттүгэр бэйэм Строительнай, Сайсары уокуруктарын Управаларыгар үлэлии сылдьыбыт буолан билэбин, наһаа кыра суума көрүллэрэ; холобур, 30-50 тыһыынча солкуобай эрэ этэ. Тугу да кыайан ылбат этибит, сылга нэһиилэ биир мотопомпаны эбэтэр биир-икки мотокосаны атыылаһааччыбыт. Билигин тырааныспар арендатын кытта уйунабыт. Холобур, Управалар сиргэ лотуоктары хаһарга «гидромолот» диэн тэрили арендалаһан үлэлэтэллэр.
Бэдэрээтчит ахсаана эбилиннэ
Быйыл «торгтар» буолан аастылар. Автодорожнай, Строительнай, Промышленнай, Сайсары курдук улахан уокуруктарга биир эрэ бэдэрээтчит баар буолбат, «торгтар» суумалара улахан, онон тыырдыбыт. Биир бэдэрээтчит кыайбат үлэтэ. Холобур, Автодорожнай уокуругу ылан көрүөххэ. Кинилэр суумаларын үс хантараакка үллэрдибит, инньэ гынан хаары ыраастааһыҥҥа, тиэйиигэ үс бэдэрээтчиттээх буолла. Үлэни маннык тыырдылар: биир бэдэрээтчит – Залог, иккис – Көтөр фабрикатын уонна үһүс ДСК оройуонугар үлэлииллэр. Ол иһин Автодорожнай уокурукка хаары тиэйии үлэтэ тэтимнээхтик бара турар. Онон үбүлээһини сөпкө хас да чааска тыырдыбыт диэн эрэллээхпит. Биир бэдэрээтчит итиччэ элбэх тиэхиньикэни булар кыаҕа суох.
Ууну хачайдааһыҥҥа бэдэрээтчиттэри булар туһунан уокуруктарынан биллэрдибит. Бу күннэргэ бэдэрээтчиттэр ааттара биллиэҕэ. Онон ууну хачайдааһыҥҥа бэлэммит, муус устар 20 күнүттэн ити хайысханан үлэ саҕаланар.
Хаары ыраастааһыҥҥа бэдэрээтчиттэр ахсааннара: Автодорожнай – 4, Сайсары уокуруга – 4, Гагаринскай – 2, Губинскай – 2, Октябрьскай – 2, Киин – 2, Промышленнай – 2, Строительнай – 3. Былаан быһыытынан 202 тыһыынча кубометр хаар тиэйиллиэхтээх, ити Управалар лимииттэринэн. Итини таһынан Салайар хампаанньалар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн таһаллар, итиэннэ юридическай сирэйдэр, социальнай-култуурунай эбийиэктэр, оскуолалар, уһуйааннар уо.д.а. таһынааҕы территорияларын хаарын ыраастаан тиэйэллэр.
Санитарнай ыраастааһын
Санитарнай ыраастааһыҥҥа аналлаах нэдиэлэ аайы штаб мунньаҕа буолар. Тэрээһини баһылыгы куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Ефимович Кардашевскай иилээн-саҕалаан ыытар. Бүгүҥҥү күннээҕи былаанынан 1 165 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн хаар түһэриллиэхтээх, билиҥҥи туругунан 775 дьиэттэн түһэрилиннэ, ол эбэтэр былаан 67% туолла. Аны дьиэлэр үрдүлэриттэн түһэриллибит хаары тиэйии былаана – 38 332 кубометр, бүгүҥҥү күҥҥэ 23 649 кубометр, эбэтэр 62% тиэйилиннэ. Хаары тиэйии куорат үрдүнэн уопсай былаана – 309 999 кубометр, билиҥҥи туругунан 165 986 кубометр, эбэтэр 54% тиэйилиннэ.
Инженернай коммуникациялартан бөҕү уонна мууһу тиэйии диэн баар. Былааҥҥа 3 623 кубометр баар эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 2 480, эбэтэр 68% тиэйилиннэ. Ититии, уу ситимигэр, канализацияҕа саахал таҕыстаҕына итинник муус үөскүүр. Итини барытын сурукка тиһэн баран былааҥҥа киллэрэбит, «ЯТЭЦ», «Теплоэнергия», «ПТСК», «Водоканал» курдук тэрилтэлэр биһиэхэ отчуоттууллар, былааннарын киллэрэллэр, ханнык аадырыстан тугу тиэйбиттэрин иһитиннэрэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ ити үлэ туолуута 68 % тэҥнэһэр. Бу ый бүтүөр диэри мууһу барытын суох гыныахтаахпыт. Билиҥҥи туругунан «Водоканал» АУо – 513, «ЯТЭЦ» ПАУо – 842, «Теплоэнергия» АУо – 512, «ЖКС» МУТ – 680, «ПТСК» МУТ 49 кубометр мууһу тиэйдилэр. Итини сэргэ Салайар хампаанньалар буруйдарынан үөскээбит муус баар, холобур, саахал түмүгэр дьиэ анныгар сүүрбүт уу уо.д.а. Бүгүҥҥү күҥҥэ кинилэр 2 490 кубометры тиэйдилэр. Итини биһиги барытын бэлиэтэнэн иһэбит.
Санитарнай туочукалары уонна брикеттэри (тоҥмут убаҕас бытовой бөҕү) хомуйуу туһунан этэр буоллахха, былаан – 3 564 кубометр, билиҥҥи туругунан 1106 кубометр тиэйилиннэ, ол эбэтэр былаан 31% туолла. Кулун тутар ый бүтүөр диэри барыта тиэйиллиэхтээх, итинэн «ЖКС» МУТ дьарыктанар.
Тротуардары бэдэрээтчиттэр ыраастыыллар
Былырыын алтынньы 1-гы күнүттэн саҕалаан тротуардары ыраастааһыҥҥа биһиэхэ эбии үбүлээһини көрбүттэрэ. Урут ити үлэнэн «ЯкутДорСтрой» АУо дьарыктанар эбит буоллаҕына, куорат улаатан, тэнийэн иһэринэн сибээстээн, билигин хас биирдии уокурук бэйэтэ бэдэрээтчиттээх. Бэдэрээтчит эппиэтинэстээх территориялаах, ону көрөр-истэр, ыраастыыр. Бу саҥа ньыма бэйэтин үчүгэй өттүттэн көрдөрдө диэн бэлиэтиэххэ наада. Холобур, сыл саҕаланыаҕыттан 12 тыһыынчаттан тахса кубометр хаары тротуартан күрдьэн полигоҥҥа тиэйдибит. Былырыын алтынньы 1-гы күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри 8 тыһыынча кубометр кэриҥэ хаары тастыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэнньэ өттүттэн үҥсүүлэр баар этилэр, тротуардары наһаа килэччи ыраастыыгыт, хаамарга халтархай диэн. Дьон охтор, эчэйэр да түбэлтэлэрэ баара. Ол иһин кыһыҥҥҥы өттүгэр сорох сирдэринэн наһаа килэччи ыраастыа суохха, дьон хаамарыгар, салааска соһоругар табыгастаах буоллун диэн быһаарыыны ылыммыппыт. Кулун тутар ый устатыгар тротуардары аны билииккэтигэр тиийэ ыраастыахтаахпыт.
Тиэргэн хомуйааччылар 2021 сылтан штатка киирэн үлэлииллэр, уокуруктарынан уонна куорат кытыытынан уопсай ахсааннара – 117 киһи. Улахан уокуруктарга 12-лии, кыраларга – 8-тыы киһи үлэлиир. Сайыҥҥы-кыһыҥҥы униформанан хааччыллаллар, былырыын сыл бүтэһигиттэн уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айанныыллар. Хамнастара үрдээбитэ, өссө эбии 4% үрдүүрэ былааннанар, ону таһынан кыбаартал аайы бириэмийэ ылаллар. Урут тиэргэни ыраастыыр эрэ эбит буоллахтарына, билигин арааһы бары үлэлииллэр, «разнорабочай» быһыытынан салайааччы сорудахтарын толороллор. Холобур, иллэрээ сыл, былырыын бытархай өрөмүөнү оҥороллор этэ.
Халтарааны утары сүрүннээн кумаҕы туттабыт
Итини сэргэ халтарааны кытта охсуһабыт. Ол курдук, суолга кумаҕы кутабыт. Былырыын отсев (хайыр таас фракцията) диэни туттан боруобалаабыппыт, «ЯкутДорСтрой» АУо халтарааны утары суолга итини ыһара. Ол эрэн суоппардар массыынабыт кузовын алдьатар, кырааскатын хайа тардар диэн элбэхтик утарсалларын биллэрбиттэрэ. Инньэ гынан, дьон санаатын ылынан, быйылгыттан суолга кумаҕы кутабыт, ол эрэн сэрэхтээх учаастактарга – «круговой» суолларга отсевы туттабыт. Дьиҥэр, халтарааҥҥа отсев олус үчүгэйдик «үлэлиирэ», туһалааҕа көстүбүтэ. Итини туттар кэммитигэр суол саахалын (ДТП) ахсаана биллэ аҕыйаабыта. Билигин статистиканы чуолкай этэр кыаҕым суох, мантан саас, быһа холоон муус устар ыйга, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа анаалыс оҥордоҕуна биллиэҕэ. Үлэбит чопчу тыырыллар, уулусса-суол ситимигэр сакаасчыт – Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа, субсидиянан бэдэрээтчиттэрэ – «ЯкутДорСтрой» АУо. Тротуардарга уонна кыбаартал иһинээҕи суолларга сакаасчыттар – Управалар. Управаларга, этэн аһарбытым курдук, бэдэрээтчиттэр үлэлииллэр. Үлэһиттэр уонна тиэхиньикэ ахсаанын элбэтэн биэрдибит. Ол курдук, күн аайы тротуар ыраастааһыныгар 40 оробуочай уонна 25-27 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Куоракка 8 Управа баар, хас биирдии уокурукка бэйэтэ бэдэрээтчиттээҕэ наһаа табыгастаах, бэйэтин сыһыарыллыбыт территориятыгар эрэ үлэлиир. Урукку өттүгэр хантараагынан кыайан биир бэдэрээтчит икки уокурукка үлэлиэн сөптөөҕө, инньэ гынан күттүөннээх үлэ тахсыбат этэ. Билигин үлэ график быһыытынан барар. Гугл-каартанан киирэн, ханна, туох үлэ бара турарын көрүөххэ сөп.
Ветеринария департаменын кытта күн аайы эриэйдэлиибит
Дьэллик ыттары тутууга бэдэрээтчиттэр ахсааннарын элбэттибит. Урукку сылларга соҕотох биир эрэ баара – «Помоги выжить» Аһымал пуондата. Билигин үс бэдэрээтчиттээхпит – «ЖКС» МУТ баазатыгар тэриллибит Дьэллик кыыллары кытта үлэлиир сулууспа (Автодорожнай, Сайсары, Октябрьскай, Киин, Губинскай уокуруктарга үлэлиир), «Огонеров» ИП (Гагаринскай уокуругу көрөр-истэр) уонна «Помоги выжить» Аһымал пуондата (Строительнай уонна Промышленнай уокуруктарга тутаттыыр). Итини сэргэ «Помоги выжить» сэттэ уокурукка үлэлиир. Сыл саҕаланыаҕыттан (2,5 ый иһигэр) 404 ыт, кулун тутар 11 күнүттэн 15 күнүгэр диэри 21 ыт тутулунна. Кэтээн көрдөххө, дьэллик ыт ахсаана лаппа аҕыйаата. Олохтоохтор да инньэ диэн бэлиэтииллэр. Холобурга, 2022 сыллаахха – 3 304, онтон 2023 сылга 2 479 ыт тутуллубута. Биир кэлим диспетчерскай сулууспаҕа киирбит сайаапкаларынан тутуллубуттар ахсааннара: 2022 сылга – 6 000-тан тахса, 2023 сылга – 2 500. Онон бэдэрээтчит ахсаанын саамай сөпкө элбэппиппит диэххэ наада. Оннооҕор бэйэбит «ЖКС» МУТ баазатыгар сулууспаны тэрийбиппит. Үөһэ этиллибит үс бэдэрээтчит бэйэлэрэ биригээдэлэрдээхтэр. Холобур, «Огонеров» ИП 2 биригээдэлээх, «ЖКС» МУТ баазатыгар тэриллибит Дьэллик кыыллары кытта үлэлиир сулууспа – 3, «Помоги выжить» Аһымал пуондата – 2.
Матырыйаал атыылаһан дьэллик ыттары тутар «ловушкалары» оҥорбуппут, уокуруктарынан иккилиини-үстүүнү түҥэппиппит. Итиннэ тиэргэни хомуйааччылар күүскэ үлэлэһэллэр.
Былырыыҥҥыттан Ветеринария департаменын кытта эриэйдэлэри күн аайы (!) ыытабыт. График быһыытынан тахсабыт, холобур, бэнидиэнньик – Автодорожнай уокурук, оптуорунньук – Гагаринскай уокурук. Анаалыстаан көрдөххө, киһини ытырбыт ыт хаһаайыннаах, дьэллик буолбатах. Былырыын сыл устата ыттар хаһаайыннарыгар 220 боротокуол оҥоһулунна, итинтэн 47-тэ – ыттара киһини ытырбытынан. Быйылгы сыл саҕаланыаҕыттан ыттарын босхо, көрүүтэ-истиитэ суох сырытыннарар хаһаайыннарга сыһыаннаах 30 боротокуолу оҥордубут. Кинилэргэ ыстараап көрүллэр. Улаханнык саҥарбаппын, киһини ытырыы билиҥҥитэ суох. Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, дьэллик ыттары тутууга күн аайы штаб мунньаҕа ыытыллар, ол иһигэр бырааһынньыктарга, уһун өрөбүллэргэ. Онон үлэ күүскэ, тэтимнээхтик ыытыллар.