21.02.2020 | 19:58

Владимир ТАТАРИНОВ: “Миигин романтика сирдээбитэ”

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта Владимир Семенович Татаринов Улуу Кыайыы кэлбит сылыгар, 1945 сыл тохсунньу 21 күнүгэр Тулагы-Киллэмҥэ төрөөбүтэ. Кыра оҕо уонна оскуолатааҕы сыллара Намҥа ааспыттара. Кини түһүүлээх-тахсыылаах дьылҕатын, мүччүргэннээх уола хаан сырыыларын уонна сааһыран баран көрсүбүт уоттаах тапталын туһунан элбэх сурулунна ини, суруллуо да ини. Оттон биһиги  бүгүн ааҕааччыларбытыгар ырыаһыт Владимир Татаринов дьон кутун туппут, сүрэҕин-быарын ортотунан аһарар ырыаларын дьылҕаларын туһунан кэпсэтэргэ сананныбыт.

Владимир Семеновичтан оҕо сааһын кэрэ бэлиэ түгэннэрин ахтар: 2-ис кылааска үөрэнэ сылдьан сайын устата 100-чэкэ дьабараны, онтон 3-үс кылааска 535 дьабараны бултаан оройуон тыатын хаһаайыстыбатын быыстапкатын дипломунан наҕаараадаламмытын. 4-үс кылааска окко үчүгэйдик үлэлээн диплом ылбытын.

Оттон 5-ис кылаастан спордунан үлүһүйбүт. 1963 сыллаахха көҥүл тустууга оҕолорго Саха сиригэр төрдүс буолар. Бу сыл ЯПУ физкультурнай салаатыгар киирэр. 1967 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Намҥа физкультура учууталынан үлэлиир. 1968 с. “Урожай” ДСО күрэҕэр боксаҕа үһүстүүр. Боксанан бэркэ дьарыктанан иһэн спортивнай ориентированиеҕа көһөр. 1965-1972 сс. өрөспүүбүлүкэ хомуур хамаандатыгар киирэн Сэбиэскэй Сойуус 30-ча куоратыгар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, сбордарга кыттар. Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарыгар кандидат нуорматын толорор. Уһук Илин, Сибиир, Арассыыйа күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттар, маастарга дураһыйар...

Ол эрэн спортан айар үлэ эйгэтигэр халыйан хаалар.

“УМНУЛЛУБАТ ОНУС КЫЛААС”

 – Мин дьиҥнээхтик ырыа айбыт кэмим 70-ус сыллартан саҕаламмыттар эбит. 25 саастаахпын, күөгэйэр күннэрим. Романтикаҕа оҕустаран ыччаты кытта Харбалаахха агрогородок  тутуһа барбытым. 1960-70 сс. эдэр ыччаты тутуу романтикатыгар, промышленнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар  ыҥырыы өрө күүрүүлээх кэмэ.

Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан кэлбит эдэр ыччат күүстээх үлэ кэнниттэн кулуупка уонна физзалга мустабыт. Ырыа-тойук, көр-күлүү көҕүлүттэн тутуллара.

Гитаранан доҕуһуолланан ыллыырга саҥа үөрэнэн эрэр кэмим, ырыа айарга сыал-сорук туруоруммутум. Бастакыта үҥкүүлүүр муусукабыт суоҕуттан этэ. Ханнык эрэ эргэ пластинкалары илдьэ сылдьан муҥнанарбыт. Вальс, танго уонна шейк (твист) тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн ырыа айбыт киһи дии санаабытым. Ол мелодист буолуом диэн санааттан буолбатах этэ.  

Онно аан бастаан “Умнуллабат онус кылаас” диэн ырыам айыллар. Василий Гольдеров хоһоонугар киэһэ үлэ кэнниттэн, оһох кэннигэр олорон вальска барсар гына айбытым. Кэнники хит буолбута.

Твист, шейк, рок-н-ролл тэтимигэр ырыалар наада буолтара. Субуруччу “Сайын кэллэ”, “Сорох киһи”, “Саҥа хаар”, “Харбалаах” диэн ырыалары Харбалаахха үлэлиир кэммэр айбытым. Түргэн үҥкүү тэтимигэр. Оччотооҕуга микрофон эҥин суох, ол иһин гитаранан харса суох ыһыытаан-хаһыытаан ыллаан, куоласпын билэн, ырыа алыбар киирэн барбытым.

“Айар алыпка ылларыы истээччи биһирэбилиттэн саҕаланар. Дьон хайҕаатаҕын, биһирээтэҕин аайы өрө көтөн иһэҕин. Гитаранан сахалыы ырыа айыыга бастакы хараҥаччы буолбутум.

1971 сыллаахха, тутуубун быраҕан, Баайаҕаҕа физкультура учууталынан үлэлии барбытым. Таатта ытык сирэ айар куттаах дьоҥҥо туспа күүһү биэрэр сир. Айар кутум Тааттаҕа уһуктубут эбит. Егор Слепцов хоһоонугар “Ньургуһун тапталым” диэн ырыаны танго тэтиминэн суруйабын.

“САҤА ХААР”

– 50 сыл устата ыллыы сылдьар ырыам – “Саҥа хаар”. Алексей Бродников хоһоонугар суруйбутум. Бу ырыа хара маҥнайгыттан туспа суоллаах-иистээх, бэйэтэ туспа историялаах буолбута: Комсомол XVII съеһин делегаттарыгар Москваҕа 8 кэнсиэргэ ылламмыта. Маны таһынан Москва, Ленинград кафеларыгар, бэл тимир суол вокзалларыгар, араас таһымнаах бырааһынньыктарга ылланан дьон киэҥ биһирэбилин ылбыта. “Мелодия” грампластинка таһаарар фирма пластинкаҕа киллэрбитэ.

“Саҥа хаар” уонна “Сайын кэллэ” диэн ырыаларым Сэбиэскэй-Венгерскэй доҕордоһуу биэчэригэр ылламмыттара. “Сайын кэллэ” диэн ырыабын Афанасий  Поповтуун хомустаах гитаранан доҕуһуоллаабыппытын олус сэҥээрбиттэрэ. Удачнайдар “Карат” диэн ВИА-лара “Шире круг” диэн телевидение оччотооҕу саамай аатырбыт биэриитигэр “Саҥа хаар” ырыанан көстүбүттэрэ, лауреат буолбуттара.

Ол кэннэ “ырыаҕын толордубут” диэн Польшаттан 28 солкуобай гонорар бэриллэрин туһунан кыраамата кэлэн соһуппуттаах. Мелодиятын туһаннахтара буолуо, сахалыы ыллаабатылар ини... Ол ыыппыт кумааҕылара билигин да баар, харчытын ирдэспэтэҕим.

МОСКВАҔА

– “Чороон” бөлөх састаабыгар ылбыттарыгар, Москваҕа 1972-1974 Эстраднай искусство мастарыскыайыгар (ВТМЭИ)  үөрэнэбин. Ыраах сылдьан дойдуну ахтыы хайаан да баар буолар, ол иэйии бэйэтэ ырыалары анньан таһаарар. Онно Таймаан Дьүүгэ хоһоонугар “Сахам сирэ” ырыам тахсар.

“Чороон” артыыһа Александр Тойтонов биир күн Саха сириттэн 4 суругу тутта. Миэхэ биир да сурук кэлбэтэҕин кыһыытыгар “Сурук суох” айыллыбыта. Ыччат хабан ылбыта, сүрдээҕин сөбүлээн ыллаабыттара. Оччотооҕу кэм дьоно билигин да ахталлар.

Ол кэнниттэн “Күүтүү диэн тугуй? Күүтүү диэн эрэй. Күүтүү диэн эрэл!!!” Савва Тарасов хоһоонугар айыллыбыта.

“КҮҺҮҤҤҮ КҮӨРЭГЭЙ”

– 1974 с. үөрэхпин бүтэрэн артыыс аатын ылан, күүстээх үлэ саҕаланар.  Хотунан-соҕуруунан гастрол бөҕө. Саха сирин айылҕатын кэрэтэ барыта иэйии буолан киирэр. Күһүҥҥү айаннар иэйиилэриттэн ырыалар айыллан бараллар.

Биир күн поэт Михаил Тимофеев дьиэтигэр ыҥыран ылан хас да хоһоону биэрдэ. “Күһүҥҥү күөрэгэй”, “Тыыга” диэн ырыалары айбытым.

Георгий Сергучев аранжировка оҥорон, “Чороон” бөлөх доҕуһуолунан, Татьяна Хомподоева-Сергучева толоруутугар хит буолан хаалар:

“Күһүн эмиэ сааскы курдук

Күн көрөн ааһыа...”

“ Интэриэһинэйэ диэн, ырыаны атын үчүгэй артыыс ыллаатаҕына түргэнник тахсар. Бэйэҥ соҕотох гитаранан ыллыы турбутуҥ курдук буолуо дуо...

“ТОХТООҤ ДУУ, ТУРУЙАЛАР”

– Дьэ, ол эрэ кэнниттэн Дмитрий Дыдаев тылларыгар “Тохтооҥ дуу, туруйалар” хит буолбут ырыабын айабын. Эмиэ Г.Сергучев аранжировката өрө көтөллөөбүтэ, бу ырыа норуокка таптанарыгар кини улахан өҥөлөөх.

Бастаан “Чорооҥҥо” Аскалон Павлов толорор, онтон “Дапсыга” Байбал Сэмэнэп толорбуттара. Кэнники “Туймаада” солиһа Серафим Ксенофонтов репертуарыгар биир бастыҥ ырыа буолан сылдьар. Бу ырыа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһэрин көрдөрөөрү, олунньу 23 күнүгэр буолар кэнсиэрбэр Константин Степанов толоруоҕа.

ҮЛЭНИ, ҮЛЭҺИТИ УРУЙДААБЫТЫМ

– Айар үлэм устатын тухары үлэҕэ-хамнаска аналлаах элбэх ырыалаахпын.  Эллэй хоһоонугар “Үлэ ырыата” айыллыбыта.

1971 с. Уус Тааттаҕа 180 киһи буолан 3 суукка устата бааржаны куруустаабыппыт. Үһүс сууккабытыгар “Куруусчуктар” диэн ырыаны бэйэм тылбар айбытым. Үллэр күүстээх үлэ уолаттарын гимнэ буола түспүтэ.

Мин билигин Харбалаах ытык киһитэбин. 1970 сыллаахха айбыт “Харбалаах” ырыабын 1974 сыллаахха Комсомуол съеһин делегаттарыгар Москваҕа “Комсомольцы строят город” диэн нууччалыы ааттаан 8 кэнсиэркэ сахалыы ыллаппыттара.

1978 сыллаахха куораттан, олорор сирим табыллымына, тыаҕа куоппутум. Оччолорго да үлэ мээнэ көстүбэт. Намҥа Үөдэй сопхуос гарааһыгар хачыгаарынан үлэлээбит кэмнэрбэр Феоктист Софронов тылларыгар “Хачыгаардар” ырыабын айбытым.

“ОҔОМ МИЧЭЭРЭ”

– Кэнники кэргэннэнэн, оҕолонон оҕо тиэмэтэ дууһабын таарыйан барар. 1980 сыллаахха кыыһым төрөөбүтэ. Бу сүдү түгэҥҥэ кыракый Катябар анаан Иван Сысолятин хоһоонугар “Оҕом мичээрэ” ырыа суруллубута.

Күҥҥэ көрдөрбүт биир кыыстаахпын. Онон оҕоҕо муҥура суох тапталы билэбин, оҕону үтүө киһи оҥоруу ытык иэс суруллубатах сокуонунан мин да олорбутум. Оҕом оскуолатын, үөрэҕин барытын дьаһайарым. Кэргэмминээн арахсыбыппыт да иһин, оҕобуттан тэйбэтэҕим. Икки сиэн бэлэхтээбитэ.

Уонна тапталым Тамаарам оҕолорун оҕолоро “Эһээ” дииллэрэ тугунан да кэмнэммэт үчүгэй.

ЭР КИҺИ ӨРӨ ТУТУЛЛУОХТААХ

– Олоххо эр киһи оруола үрдүк суолталаах. Дьиҥнээх эр киһини, уолу оҕону уруйдуур оруннаах. Леонид Попов хоһоонугар “Уол оҕо барахсан” айыллыбыта.

Бэйэм спортсмен буоламмын спорду сэҥээрэбин. Тустууну көтүппэккэ көрөбүн. Эллэй хоһоонугар “Саха бухатыырдара” диэн патриотическай ырыалаахпын.

АЙЫЛҔА ТИЭМЭТЭ

– Саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап “Быраһаай мороду доҕорум” хоһоонугар айбыт ырыабын бэйэтигэр толорбуппар сүрдээҕин сөбүлээбитэ.

Айылҕаҕа таптал, кинини хоһуйуу – былыргыттан илдьэ сылдьар үгэспит. Поэт Уйбаан Уххан ону уратытык биэрэр диибин. Кини “Эн күөх дуол” хоһоонугар ырыа айдым.

“Мин Аммабар сайылас” диэн Дмитрий Максимов бэйэтэ хоһоон биэрбитигэр суруйбутум. Кэнсиэрпэр Герман Степанов толоруоҕа.

Хоту дойдуга күн тахсыытын уруйдуур Александра Григорьева хоһоонугар “Иэхэй-чуохай” ырыа сахаларга эрэ буолбакка, элбэхтик омук сирдэригэр биһирэммитэ. Англияҕа оннооҕор клип оҥорон көрдөрбүттэрэ. Кэнсиэрпэр Амгаяна толорор.

КЫАЙЫЫ СЫЛЫН ОҔОТО

“Буолаары турар кэнсиэрим тиэмэтэ “Кыайыы сылын оҕото” диэн. Хас да тиэмэни хабыахтаахпын”, - дии-дии Владимир Семенович паапкаларын хасыһар. Барытын саас-сааһынан, сааһылаан үчүгэй баҕайы буочарынан суруйар эбит:

–  “Сэрии сылын оҕолоро” диэммин Алексей Татаринов хоһоонугар лейтмотив быһыытынан кэнсиэр саҕаланыыта ыллыыбын.  Доҕотторум ыллыахтара. Артыыстар кэлиэхтэрэ. Сэрии тематыттан тэйэн, эҕэрдэ ырыалар баар буолуохтара.

Онтон айылҕа харыстабылын тиэмэтин хайаан да таарыйдахха табыллар. Айылҕабыт алдьаммытыгар буруйдаах кимий? Киһи! Ол иһин соруйан бу тиэмэни таарыйабын.

Салҕыы айылҕа кэрэтигэр сүгүрүйүү ырыалара барыахтара. “Күһүҥҥү күөрэгэй”, “Тохтооҥ дуу, туруйалар” о.д.а хиттар. Доҕотторум ыллыыллар. В.Андросов “Сибэккилэр түһүүллэр” ырыатын бастакы “Чороон” солиһа Владимир Еремеев толоруоҕа.

Патриотическай ырыаларбын ыллыам. Дойдуга бэриниилээх буолуу олорор сиргиттэн саҕаланар. Бэйэм “Харбалаах” “Кэрэҕин Нам сирэ” толоруом. Варя Аманатова урут “Кэнчээригэ” ыллаабыт ырыатын толоруоҕа.

Ол быыһыгар “Умнуллубат онус кылааһы” Тулагылар “Лыгый” ансаамбыллара толоруоҕа – боростуой дьон, профессионаллар буолбатах. Ону таһынан бэйэм эмиэ бу ырыабын тыыннаах доҕуһуолунан толоруом.

– Араас ааптардар хоһоонноругар ырыа айаҕын. Хоһооннорун ыларгар көҥүллэтии, сөбүлэҥ ылыы наада дуу? Сөбүлээтиҥ да ылан айан кэбиһэҕин дуу?

– Үксүгэр сөбүлээтим да ылабын. Сорох поэттар бэйэлэрэ “ырыа гын” диэн анаан ыҥыран ылан биэрэллэр этэ. “Күһүҥҥү күөрэгэйи” эҥин холобур, поэт бэйэтэ биэрбитэ.

Оттон “Умнуллубат онус кылааһы” айан баран Баһылай Гольдеровка ыллаан иһитиннэрбитим. Кини аатым ааттанар диэн үйэтин тухары  киэн туттар этэ.

“Саҥа хаар” ааптарын Алексей Бродников кыыһа аҕам туһунан өйдөбүл диэн күндүтүк саныыр, дойдутугар “Саҥа хаар”  диэн куонкурус тэрийэн ыытар.

Сорох ырыаларбын “Чорооннор”, Владимир Мохначевскай наһаа үчүгэйдик толорон илдьэ сылдьыбыттара.

– Сыл аайы оскуоланы бүтэрээччилэргэ ылланар “Умнуллубат онус кылааскынан”, омук сиригэр эбитэ буоллар, гонорардаһан байбыт буолуо эбиккин...

– Биһиэхэ саатар эрэ ылланнын буоллаҕа. Сэбиэскэй сойуус саҕана ааптарыскай быраап диэн Уһук Илин уоргана Хабаровскайга баар этэ. Нотаҕын ыытаргын ирдииллэр этэ. Профессионалбын,  толорор ырыам бу диэн ноталаан ыытабын. Оччоҕо гонорар кэлэр этэ. Сберкнижкабар түһэр. Биир ырыаҕа биирдэ 10-30 солк. буолуон сөп. Театрдартан ирдэнэр үлэ этэ. 90-устарга ол тохтообута.

Арассыыйаҕа ырыа айааччылар билигин  ааптарыскайдарынан айахтарын иитиннэллэрэ баар суол. Биһиэхэ ол суох. Ол туһунан толкуйдаабаппын даҕаны. Ылланнахтарына өссө үчүгэй.

“ИЭХЭЙ-ЧУОХАЙ” КАНТРИ-ФОЛЬК БӨЛӨХ

– “Сайын кэллэ” диэн ырыабын хомустаах гитаранан доҕуһуоллаабыппытын олус сэҥээрбиттэрэ диэбитим дии. Москваҕа “Песнярылары” кытта 8 кэнсиэргэ былааһы ылбыппыт. Сахалыы 3 ырыанан (“Харбалаах”, “Саҥа хаар”, “Сайын кэллэ”).

Онтон кэлэн баран саха национальнай инструменнарын гитараны кытта оонньотуохха бэрт эбит диэн өй киирэр. 1976 сыллаахха Сочига Сэбиэскэй ырыа күрэҕэ буолар. Ый инниттэн сайаапка ыытабын – ханнык ырыаны ыллыырбын, тугунан доҕуһуоллуурбун. Онно толкуйдаан баран хомус, гитара, кырыымпа, күпсүүр, дьаҕа оонньотобун, 2 уолу илдьэ барабын диэн суруйабын. Барарым саҕана ол дьоммун сатаан илдьэ барбатаҕым, харчы көстүмүнэ. Бастакы туурга 140 киһиттэн улахан аҥаара көтөр эбит – иккис туурга таҕыстым. Чаҕылхай диэн хата хаһыаттарыгар таһаарбыттар. Иккис туурбун ааспатаҕым.

Бастакыта онтон саҕалаан баран, идея гынан илдьэ сылдьан, 1991 сыллаахха “Иэхэй-Чуохай” бөлөхпүн тэрийэбин. Хатылаевтары ыҥырабын, оччолорго кинилэр “Хатылаевтар” буола иликтэр.

– Оттон хайдах кантри да, фольк да буолан хааллыгыт?

– Оонньуур истиилим кыратык маарыҥныыр. Кантрины истэр буоллаҕым. Кантри дэнэбит, онтон 2005 сыллаахха Арассыыйа аатыттан “Форум мира” барабыт. Ол баран американскай кантри бөлөҕү кытта билсэбит, сыанаҕа бииргэ оонньуубут. Кантрига сөптөөх ырыаларбын ыллаабыппар кинилэр түргэн баҕайытык кыттыһа оҕустулар. Миэнэ 3-4 аккорд, ким баҕарар сатыан сөп. “Эн истиилиҥ кантри эбит” диэн тэптэрэн биэрэллэр.

Американскай кантри арыый атыннык барар, инструменнара да атын. Биһиэхэ саха инструменнара, мас хобо, дьаҕа о.д.а. барыта бааллар.

Салҕыы Хатылаевтар туспа суол-иис булунан бараллар. Мин буоллар иккис бөлөхпүн муһабын. Фольклору эбэбит. Норуот оччо ылыммат кэмигэр, төрүт тойугу, кылыһахтаах ырыаны эҥин кыбытан биэрэбит. Ол түмүгэр “кантри-фольк” буолан хаалабыт.

Оҕолорум туспа суолунан бараллар. Сайдаллар буоллаҕа. Үһүс, төрдүс бөлөх тэрийэбин. Уопсайынан аахтахха, “Иэхэйгэ” ыҥырбыт оҕолорум: Бүлүүттэн Герман Степанов, Сунтаартан Дмитрий Иванов, Үөһээ Бүлүүттэн Михаил Жендринскэй уонна Саргы Семенова, Уус Алдантан Прокопий Сыроватскай, Горнайтан Дархан, Кэбээйиттэн Тускун, Култуура колледжыттан Саарыны, Маргарита Кириллинаны, Амгаянаны куоракка “Оһуокай” ансаамбылы салайа сырыттаҕына ыҥырбытым. Тамара Попованы уонна Варя Аманатованы театртан булбутум. Бу оҕолору ыҥыртаан баран дьиэ-уот булуналларыгар күүс-көмө буолбутум. Бары суол-иис тыырынан, тахсыылаахтык үлэлии сылдьаллар.

“ Олох наада буоллаҕына хомуллан бары “Иэхэй-Чуохай” буолуохпутун сөп билигин даҕаны. Бары сайдан, улаатан сылдьар дьон.

Бу сырыыга буолар кэнсиэрбэр биир ырыаны ыллаһыахтара. Онтон ыам ыйын 31 чыыһылатыгар “Иэхэй-Чуохай” кэнсиэрэ буолар. Култуура туйгуннара, үтүөлээх уонна норуодунай буоллулар. Бэйэм эмиэ норуодунай буоллум. Онон көрөөччүбүтүн үөрдэр түгэммит элбэх.

– “Иэхэй-Чуохай” курдук олох ураты хайысхалаах бөлөх баар буола сылдьыбыта саха эстрадатын историятыгар киирэр ураты көстүү, билигин инник хабааннаах үлэ тоҕо табыллыбатый?

– Сөпкө эттиҥ, “баар буола сылдьыбыта” диэн. Билигин баар буолуоҕун, бастатан туран, база суох. Урут Эстрада театрыгар базаланар этибит. Мин эстрадаттан уурайбытым 7-8 сыл буолла. Дьарыктыырга сир наада, хамнастыахха наада. Урут В.В.Филиппов өйөөн, мин талбыт оҕолорбун үлэҕэ ылан, хамнастаналлар этэ.

Олох кимиэхэ да биллибэт оҕолору үлэҕэ ылларар этим. Холобур, Саарыны, Маргарита Кириллинаны үөрэхтэригэр баран булбутум.

– Ырыа төһө түргэнник айылларый?

– Урут эдэр эрдэххэ түүннэри олорон, хоһооннору сыымайдыы-сыымайдыы айбыт кэмнэр бааллара. Билигин оннук буолбат. Туох эмэ күһэйдэҕинэ айабын.

Айыахха эрэ диэн айыахпын баҕарбаппын. Урут ыччат аһара сөбүлээн, истээччи таптала өрө анньан таһаарар этэ. Хайа, ЯГУ уопсайыгар киирэн баран, 4 этээс тухары 4 хонук ыллаан тахсыбыт диэн баара. Ол барыта романтика, истээччи тапталынан көтөллөнүү этэ.

Бэйэм хоһооммор суруйа сатаабаппын. Нам сирин туһунан ырыа наада эбит диэммин Дьөгүөр Түбэ хоһоонугар “Кэрэҕин Нам сирэ” айбытым. “Кыайыы сылын оҕото” диэн кэнсиэрбэр аналлаах ырыа баар буолуохтаах диэн, “Кыайыы сылын оҕолоро” хоһооҥҥо ырыа айдым.

Анаан-минээн сакааһынан диэн айбатаҕым. Поэттар бэйэлэрэ хоһоон биэрэн суруттарбыттарын сакаас диэххэ сөп эбитэ дуу...

– Айбытынан олорор эбиккин, формаҕын хайдах тута сылдьаҕын?

– Дууһабын ырыаттан араарбаппын. Айар үлэттэн улаханнык тэйбэппин. Ыҥырыынан сылдьан ыллыыбын. 75-тээх киһини ыҥырааччы аҕыйах да буоллар, кыралаан ыллыыбын.

Уонна Тамаарам бүөбэйдиирэ, көрөрө-истэрэ буоллаҕа. Билигин барыта кини өҥөтүнэн.

– Хаһан эрэ ырыаһыт буолуом диэн ыраланар этиҥ дуу?

– Эс, суох. Физкультурнайга үөрэнэ сылдьар киһи ырыаһыт буолар ыралаах буолуом дуо? Устудьуоннуу сылдьан 200-тэн тахса пластинканы муспутум. Күрэхтэһиилэртэн аҕаларым, универмагка кэлбити кэтии сылдьан ыларым. Проигрыватель, “Чайка” магнитофон ылбытым. Оччотооҕу устудьуоҥҥа ол баара эриэккэс. Аһылыгым толуонун “батаран”, дьоммуттан кыра харчы кэлэрин ордорунан, стипендиябыттан кырыйан – барытын пластинкаҕа барыырым. Ол түмүгэр муусука дууһабар олорон хаалбыт.

Училищены бүтэрэн баран саҥа тутуллан киирбит дьиэ дьонугар тиийэн бэрт кыра сыанаҕа атыылаан кэбиспитим.

– Таптыыр ырыаҥ ханныгый?

– Таптыыр, таптаабат ырыам диэн араарар олох сатаммат. Ырыаларбын барыларын таптыыбын. Мин таптаабыппыттан, таптаабатахпыттан тутулуга суох, норуот сөбүлээтэҕинэ ырыа дьылҕата бэйэтэ салаллар.

Мин харчыланаары, аатыраары ырыаһыт буолбатах буоллаҕым дии. Миигин оччотооҕу романтика айар үлэҕэ сирдээбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...