Владимир Федоров: «Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола улахан»
«Дыгын оонньууларын» көтүппэккэ көрөр, сэргиир киһи Владимир Федоровы саха многоборьетыгар биир бастыҥ күрэхтэһээччитинэн билэр.
Бүгүн саха спордун инники сайдыытыгар элбэҕи эрэннэрэр спортсменныын олох-дьаһах, иитии туһунан кэпсэтэбит.
Санатан эттэххэ, Владимир – атах оонньуутугар, хапсаҕайга уонна сахалыы многоборьеҕа Саха сирин спордун маастара.
НЬУРБА НЬУРГУНА, МААЛЫКАЙ ЭРЭЛЭ
Дьэ, кэпсэтиибитин саҕалыахха...
Үтүө күнүнэн! Мин Ньурба Маалыкайыгар 1992 сыллаахха төрөөбүтүм. Орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, ХИФУ физкультура салаатыгар туттарсан, физкультура учууталын идэтин баһылаабытым. Билигин Баһаарынай сулууспаҕа үлэлиибин, 4-с быыһыыр чааска баарбын. Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтэххэ, бииргэ төрөөбүт иккиэбит, балтым оҕо уһуйааныгар музыка учууталынан үлэлиир. Төрөппүттэрим Федот Васильевич уонна Светлана Прокопьевна Федоровтар Ньурбаҕа олороллор. Олоҕум аргыһа, тапталаах кэргэним Саина медицина салаатыгар үлэлиир, биир уол оҕолоохпут.
УТУМУ САЛҔААҺЫН
Мин төрүппэр спорду өрө туппут дьон, спорка олохторун суолун анаабыттар бааллар. Аҕам уонна кини бииргэ төрөөбүттэрэ – биэс уол уонна биир кыыс – бары спортсменнар. Аҕам Федот Васильевич – көҥүл тустууга ССРС кандидата. Бэйэтин кэмигэр эт-хаан өттүнэн сүрдээҕин кыанар, билигин даҕаны төһө да саас ыллар илин-кэлин түсүһэ сылдьар. Оҕо эрдэхпиттэн аҕабын кытта тустан, мас тардыһан, эрчиллэн улааппытым. Абаҕам Иван Васильевич – боксаҕа спорт маастара, өссө биир абаҕам Егор Васильевич – көҥүл тустууга спорт маастара, убайым Василий Васильевич эмиэ көҥүл тустууга ССРС кандидата. Дьонум, спорду кытта сибээстээх буоланнар, күрэхтэһии түмүгэ хайдах курдук ыарахан дьарыктан кэлэрин, толкуй, өй өттүнэн бэлэмнээхтэрин көрөн улааппытым.
«Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарар” диэн өс хоһооно чахчы эбит. Миигин аҕам дьарыктаан саҕалаабыта. Дьиэбэр иккис этээскэ спортивнай хос баар этэ. Хас киэһэ ахсын эт-хаан өттүнэн дьарыктаан, ханнык көрүҥҥэ сөп түбэһэрбин бэрэбиэркэлээн эрчийэрэ. Билигин даҕаны сүбэлиир-амалыыр, уопутун үллэстэр.
Тыа оҕото буоламмын дьиэ ис-тас, от-мас үлэтигэр тэҥҥэ сылдьарым. Ол бэйэтэ эрчиллии этэ. 5 кылаастан саҕалаан, 8 кылааска диэри тустуунан дьарыктаммытым, онтон оскуолабын бүтэриэхпэр диэри Михайлов Артур Николаевич тренердээх атах оонньуутугар көспүтүм.
БООТУРДАР КҮРЭХТЭРЭ
“Дыгын оонньууларын” сайын аайы дьиэнэн олорон эрэ көрөр этибит. Сыллата кэтээн көрөрүм уонна хаһан эрэ мин эмиэ кыттыам дии саныырым. Ол эрээри киһи толкуйугар тоҕо эрэ киирбэт курдуга. Николай Дьяконов, Иван Белолюбскай киирсиилэрин сэҥээрэрим. Киһи дьарыктаннаҕына син кыттыан сөп эбит диэн санаанан 2013 с. аан бастаан кыттыбытым, оччолорго 20 саастаах этим уонна бэһис миэстэ буолбутум.
Многоборьенан икки куурустан дьарыктаммытым. Маҥнайгы тренерим аатырбыт Любомир Николаев буолар. Кини салалтатынан, уопутунан многоборьеҕа сыыйа-баайа киирбитим. Өрөспүүбүлүкэҕэ, устудьуоннар икки арыдларыгар үчүгэй түмүктэрдээх буоларым, ситиһии баара.
“Дыгын оонньууларыгар” төрдүспүн кытынным. Ыарырҕатар көрүҥнэрбинэн тутум эргиир уонна ох саанан ытыы буолар. Күрэх хаһааҥҥытааҕар да уратытык ааста, этэргэ дылы, ыытыллыбытыгар махтал! Хас биирдии кыттааччыга уустук соҕус балаһыанньа этэ. Хаһан буолуохтааҕын чопчу быһаарбат, эппэт этилэр, уһатан иһэллэрэ. Дьарыкпыт былаана ый аайы атын-атыннык оҥоһуллан тахсара, киһи хомулларыгар сүрдээҕин мэһэйдиир, ыгар эбит.
Үгүс көрөөччү бэлиэтээбитинэн, кыаххын толору туһамматыҥ быһыылаах?
Чиэһинэйдик эттэххэ, толору арыллыбатым. Сыыһалар-халтылар, итэҕэстэр-быһаҕастар бааллар. Аныгыс сырыыга көннөрдөхпүнэ, барытын сааһылаатахпына табыллыыһы.
Тренериҥ кимий?
2017 сылтан Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Петр Николаевич Давыдовка дьарыктана сылдьабын.
Быйыл ыытыллыа дии саныыгын дуо, дьарыккын тохтото сырыттыҥ дуо?
Төһө да пандемия турдар, вакцина айыллыбытынан сибээстээн түһүлгэҕэ ыытыллыан эмиэ сөп курдук. Ол эрээри, сылыктааммыт инникини өтө көрбөт, сэрэйбэт күннэр-дьыллар үүннүлэр.
Оннук, сарсыҥҥы күн тугу бэлэмниирин билэр саарбах соҕус...
Олох уларыйан, таһыма кэҥээн итинник быһыы-майгы таҕыста. Бу кэмҥэ бары санаабытын хомунан, түптээх олоҕу олоруохтаахпыт дии саныыбын. Кырдьык, пандемия киирэн уларыйыы олох ханнык да салаатыгар барытыгар көһүннэ.
КУРУУК ДЭГИТТЭР БУОЛУУ
Күүстээх дьарыкка сылдьар киһи доруобуйатын көрүнүөн наада. Кэргэним медицина үлэһитэ буолан аспын, доруобуйабын хонтуруоллуур. Түгэнинэн туһанан, киниэхэ махталбын тиэрдэбин. Төрөппүттэрбит Маалыкайтан, Тойбохойтон сибиэһэй эт, үүт ыыта олороллор.
Нэдиэлэҕэ хаста дьарыктанаҕын?
Биһиги үлэбит спорду кытта ыкса ситимнээх. Эт-хаан өттүнэн куруук дэгиттэр сылдьыахтаахпыт. Ол иһин нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанабын. Халлаан сылыйдаҕына, күҥҥэ иккилии дьарык оҥорбут киһи диэн былааннаахпын.
Холобур оҥостор дьоннооххун дуо?
Олохпор кими да холобур оҥостубаппын. Киһи диэн араас-араас. Хас биирдии киһи ураты суолланан, айдарыллан кэлэр, тэҥнэһэ сатааһын эбэтэр ким эрэ курдук буола сатааһыны соччо ылыммаппын. Спорт өттүгэр Виктор Лебедеви чорботуом этэ.
САХА ЭР КИҺИТЭ
Саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?
Бары өттүнэн сайдыылаах, айылҕаттан балачча эт-хаан, өй-санаа өттүнэн бэриллибит кыахтаах, олоҕу дьүөрэлээн, тэҥҥэ сайдан иһиэхтээх.
Эр киһи булааччы-талааччы, дьиэлээхтэри аһатан-сиэтэн олорор киһи диэн ииппиттэрэ. Аҕа киһи дьиэ кэргэммэр дурда-хахха буолабын, уолбар бэйэм холобурбун көрдөрөн иитэбин.
Оҕону иитиигэ туох сонун көрүүлээххиний?
Соччо-бачча улахан көрүүм суох. Миигин аҕам хайдах иипитэй да, уолбун оннук иитэ сатыыбын. Бэйэм холобурбунан, тылбынан эрэ буолбакка, дьыаланан көрдөрө сатыыбын. Уопсайынан, уол оҕону иитиигэ аҕа оруола улахан буолуохтаах. Хайаан даҕаны спорт өттүгэр бар, талас диэбэппин эрээри, илиитинэн тутан-хабан, өйүнэн үлэлээн дьулуһарын ирдиибин. Кэмигэр таптаан, сөбүгэр хонтуруоллаан, муударай ийэ, аҕа сыһыанын иҥэриэхтээхпит.
Уолгун дьарыкка илдьэ сылдьар эбиккин дии.
Бэйэм холобурбунан көрдөрө сатыыбын, кэмиттэн-кэмигэр “Модуҥҥа” илдьэ сылдьабын. Билиҥҥи оҕо барытын пластилин курдук иҥэринэр. Кыра сааһыттан көрдөрдөххө, ииттэххэ эрэ киһи киһитэ буолан үүнүө.
Хомойуох иһин, билиҥҥи үйэҕэ аҕа барыта оннук буолбатах, сорох дьон пиибэлии-пиибэлии, тыл-өс буолан туран оҕолорун иитэллэр.
Ити баар! Маннык хартыына кэннэ оҕоҥ кэлин: “Эн оннук этиҥ, тоҕо мин онтон ураты буолуохтаахпыный?” – диэн туруон сөп.
Оҕо харахтаах, истэр кулгаахтаах. Төһө да кыратын иһин, барытын көрө сылдьар. Хас биирдии ыал маны өйдүөн наада. Төрөппүт аҕа бэйэтин холобурун көрдөрүөхтээх, сөбүгэр кэпсэтии чааһын ыытыахтаах, оччоҕуна эрэ чөл олохтоох үтүө дьону таһаарар.
Булка төһө сылдьаҕын?
Оннук “азартаах” булчут буолбатахпын. Айылҕа тугу биэрэрин уонна бэйэм өлүүбүн ылабын. Балыкка, куска сылдьарбын сөбүлүүбүн. Кэлин олох бириэмэ тиийбэт буолла, дойдубар тиийдэхпинэ тыаҕа тахса сылдьааччыбын.
ЧИЭҺИНЭЙ УОННА МЫНДЫР ӨЙДӨӨХ
Олоххо ханнык санаанан салайтараҕын?
«Киһи киһитэ», «Киһилии киһи» диэн өйдөбүлү уонна чиэһинэй буолууну тутуһабын. Сатаан өйдүүр дьоҕур, болҕомто, тулуур эмиэ быстыспат ситимнээхтэр.
Туруоруммут сыалы сөбүгэр ситиһии диэн баар. Хас биирдии спортсмен сыаллах-соруктаах уонна куруук инники иһин киирсэргэ дьулуһар. “Эр киһи биирдэ ат өрөҕөтүгэр, биирдэ ат уорҕатыгар” диэн саха өһүн хоһооно спорка уонна күннээҕи да олоххо көстөр.
Итэҕэл уонна атын омук култуурата, иитиитэ сүрдээҕин көстөр буолла. Ол туһунан санааҥ?
Мин саныахпар, маннык эйгэҕэ олохторугар муммут дьон тиийэр буоллулар быһыылаах уонна интэриниэт сабыдыала эмиэ охсуулаах. Холобура, ити Хабиб Нурмагомедов UFC кыттыылааҕа баар дии. Дьон, кинини көрө-көрө, кини курдук буола сатааннар итэҕэлин ылыналлар. Бу олох сыыһа! Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа итэҕэллээх. Сахалар ахсааммыт да аҕыйах, ону атын омук култууратын, өйдөбүлүн, санаатыгар олорсо сатааһын, иҥэринэр соччото суох быһыы-майгы диэн сыаналыыбын.
Билиҥҥи эр дьон спорка сыһыанын туох дии саныыгын?
Спордунан дьарыктанар уонна дьарыктаныан баҕалаах киһи олус элбэх. Чөл олох пропагандата, ыччат куһаҕан дьаллыкка ылсыыта быдан көнөн турар.
Владимир, кэпсээниҥ иһин махтал!