22.03.2024 | 12:00

VIII-с «Азия оҕолорун» факела, көстүүмнэрэ сиэдэрэйдэр!

VIII-с «Азия оҕолорун» факела, көстүүмнэрэ сиэдэрэйдэр!
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Кулун тутар 19 күнүгэр “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа быйыл Дьокуускайга буолар VIII-с “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы  спортивнай оонньуулар (НИСО) уоттарын ылыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыаҕа. Оонньуулар факелларын уонна көстүүмнэрин сүрэхтэниитэ Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна искусство киинигэр буолан ааста.

Иккис этээскэ баар кэҥэс саала сценатын ортотугар анал постамеҥҥа факел туруоруллубут. Кыһын, саас, сайын кэтиллэр спортивнай таҥастаах уолаттар, кыргыттар помоска бэрт чэпчэкитик туттан-хаптан хаамыстылар. Күн-дьыл араас тургутуутун тулуйар матырыйаалтан оҥоһуллубут көстүүмнэр кэтэ сылдьарга чэпчэкилэр, табыгастаахтар. Сырдык халлаан күөҕэ уонна оранжевай өҥнөөх хахсаат тыалтан көмүскэнэр ветровка, футболка, куурка, халыҥ уонна чараас бүрүүкэлэр, үрүҥ хаймыылардаах, хара өҥнөөх кроссовкалар болҕомтону тартылар. Кууркалар сахалар ытык көтөрдөрүн кыталык кынатын санатар маҕан сурааһыннардаахтар.

Факел алюминийтан оҥоһуллубут, Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын көрдөрөр халлаан күөҕэ, аар тайҕалыы от күөҕэ, чэбдик ыраас салгыныныы үрүҥ өҥнөрө бэйэ-бэйэлэрин бэрт тупсаҕайдык ситэрсэн-толорсон биэрэллэр.  Факел ыйааһына 1,8 кг, чэпчэки, айаҥҥа тута сылдьарга табыгастаах.

“Азия оҕолоро” НИСО кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ  Владимир Максимов уонна Дирекциятын генеральнай дириэктэрэ Михаил Сивцев суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Былаан быһыытынан, факел эстафетата өрөспүүбүлүкэбит улуустарын, оройуоннарын ытык, кэрэ, норуот хаһаайыстыбатын сайдыытын историятын көрдөрөр сирдэринэн сылдьар, көрдөрөр сыаллаах-соруктаах. Оттон факелы тутар чиэскэ Сахабыт сирин 550 бастыҥ спортсмена, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит бочуоттаах дьон тиксиэхтэрэ. Улуустар факелы тутар чиэскэ кимнээх тиксэллэрин бэйэлэрэ быһаараллар, бэлэмнииллэр. Уот эстафетата 100 күн устата Сахабыт сирин устун уһаты-туора 35 тыһ. км айанныаҕа.

“Азия оҕолоро” НИСО курдук киһи аймах биир сырдык, чаҕылхай уонна кэрэ бырааһынньыгын үрдүк тэрээһиннээхтик ыытарга модун Арассыыйа, тапталлаах Сахабыт сирэ күргүөмнээхтик бэлэмнэнэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....