05.03.2024 | 17:15

VII-с «Аҕа күрэҕэ» ыҥырар!

VII-с «Аҕа күрэҕэ» ыҥырар!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Аҕа күрэҕэ» куораттааҕы куонкурус быйыл VII-с төгүлүн Дьокуускайга бу субуотаҕа, кулун тутар 9 күнүгэр, ыытыллыаҕа.
Күрэххэ хас биирдии уокуруктан уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэн аҕа уонна уол саастааптаах хамаандалар кытталлар. Хамаандалар бэйэни билиһиннэрии, ойбон алларыыта, остуолбаҕа тахсыы курдук түһүмэхтэргэ, маны сэргэ маһы суоран, чууркалаан, хайытан, уот оттон, чэй өрөргө күрэхтэһэллэр.
Кыайыылаахтары сыаналаах бириистэр күүтэллэр. Оттон икки бастаабыт хамаанда куорат чиэһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүр үрдүк эппиэтинэскэ тиксэр. Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы «Аҕа күрэҕэ» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэх муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр аатырар «Ураһалаах» култуура-этнография комплексыгар былааннанар. 
Күрэҕи үгэс курдук Олохтоох дьаһалта Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политкатыгар, Физическэй култуураҕа уонна спорка, Култуураҕа уонна духуобунаска управлениелара, итиэннэ куораттааҕаы Аҕа сүбэтэ иилээн-саҕалаан ыыталлар.
Күрэх балаһыанньатын манна билсиҥ:

https://yakutskcity.ru/upload/%D0%9F%D0%BE%D0%BB%D0%BE%D0%B6%D0%B5%D0%BD%D0%B8%D0%B5%20%D0%905%D0%B0%20%D0%BA%D1%83%D1%80%D1%8D5%D1%8D%20(1).pdf

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...