04.03.2024 | 18:00

VI-с муус уонна хаар оҥоһуктарга аһаҕас күрэх кыайыылаахтара ааттаннылар

VI-с муус уонна хаар оҥоһуктарга аһаҕас күрэх кыайыылаахтара ааттаннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

М.П. Максимов аатынан «Мы – дети Севера» VI-с муус уонна хаар оҥоһуктарга аһаҕас күрэх быйыл олунньу 27 – кулун тутар 1 күннэригэр киин куораттааҕы «Северное сияние» муус, хаар оҥоһуктар пааркаларыгар буолан ааста.

Тэрийээччилэр быйылгы күрэҕи Арассыыйаҕа буола турар Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылларыгар анаатылар. Онон күрэххэ учууталлаах үөрэнээччиттэн турар хамаандалары сэргэ быйыл аан бастаан дьиэ кэргэнинэн кытыннылар. Оттон күрэххэ уопсайа 15 хамаанда кыттыыны ылла: Дьокуускай куораттан 11 хамаанда, Таатта улууһуттан икки хамаанда уонна биирдии хамаанда Мэҥэ Хаҥалас уонна Нам улуустарыттан.

Олохтоох дьаһалта аатыттан Култуура уонна Духуобунас управлениетын салайааччыта Индира Ли күрэх кыттыылаахтарыгар туһаайан: «Хас да күн аһаҕас халлаан анныгар үлэлиири тулуйаҥҥыт, кыайыыга дьулуургутун көрдөрдүгүт, онон бүгүн эһиги бары кыайыылаах үрдүк аатын ыллыгыт»,– диэн бэлиэтээтэ.

Түмүккэ муус оҥоһуктарга алын бөлөххө кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан Софья Колотухина уонна Александр Присяжнай, Л.А. Ким аатынан оҕо искусствотын оскуолата, «Большой улов» үлэлэринэн таҕыстылар.

Улахан бөлөххө муус оҥоһуктарга 1 миэстэ хаһаайыннарынан Тааттаттан Саян Атастыров уонна Кузьма Кузьмин, Тааттатааҕы «Эрэл» айар киин, «Бастакы балык» үлэлэринэн ааттаннылар.

Хаар оҥоһукка дьиэ кэргэн күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын Намтан Анатолий Васильевич, Нюргуяна Михайловна уонна уоллара Эрсан састааптаах Аргуновтар иллээх хамаандалара «Уу-чукучук» үлэлэринэн ыллылар.

Тэрийээччилэр, Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунаска управлениета уонна «Северное сияние» хаар-муус оҥоһуктар пааркалара, «Водоканал» АУо, «Якутский Фонд недвижимости» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека хампаанньатыгар, «Полярные авиалинии» авиахампаанньаҕа махталларын тиэрдэллэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...