Вероника ЛИХАНОВА: “Дьону кытта үлэҕэ барыта тутатына ыпсан испэт”.
Кытайдар искусственнай сибэккини сөбүлээбэт эбиттэр. Аны туран, ким төһө харчыны аҕалбытын испииһэктиир үгэстээхтэр үһү. Оттон армяннар урууга ханньаах оннугар боржоми иһэллэрин сөбүлүүр эбиттэр. Уруу, дьоро түгэн тэрээһинин туһунан биһиэхэ дизайн-устуудьуйа салайааччыта Вероника Лиханова кэпсиир.
“НИКА” – ОЛ ААТА “КЫАЙЫЫ”!
- “Ника” диэн бэйэм ааппынан буолбакка, бу тыл “Кыайыы” диэн күүстээх суолтатын иһин талбытым, - диэн предприниматель Вероника Лиханованы кытта кэпсэтиибит саҕаланар. - Мин иккис идэм – флорист. Ол аата кэрэ сибэккилэри сааһылыыр, композициялары, дьөрбөлөрү айан таһаарар, быһата, кэрэттэн кэрэни үөскэтэр идэлээхпин. Бу идэбинэн Новосибирскайга устудьуоннуурум тухары үлэлээбитим. Уопсайынан, устудьуоннуурум саҕана Новосибирскайга флористика балысханнык сайдан барбыта, ол долгунугар тэбис-тэҥҥэ олорсубутум.
Оттон историята маннык этэ: Намнааҕы педучилище кэнниттэн үс кыыс Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет Художественнай-графическай факультетыгар 3-үс кууруска быһалыы ылыллыбыппыт. Оччолорго Саха сиригэр каадырдары бэлэмниир Департамент таһаарыылаахтык үлэлиир этэ, үгүс саха ыччатын соҕуруу үөрэттэрэ ыытара. Онно үөрэнэ сылдьан, дьоммуттан элбэх үбү көрдөөбөт, кимтэн да тутулуга суох соҕустук сылдьыахпын баҕаран, үөрэҕим таһынан эбии үлэлээн барбытым. “Түүҥҥү флорист наада” диэн ис хоһоонноох биллэриигэ кэтиллэ түспүтүм. Бу үлэм үчүгэйэ диэн, үлэлэтэ-үлэлэтэ, Голландияттан кэлэр специалистарга, флористика куурустарыгар үөрэттэрэллэр этэ. Онон, дьылҕам бэлэҕинэн, Голландия бастыҥ флористарыгар такайыллан хаалбытым.
- “Ника” билигин бастакы күөҥҥэ сылдьар, ураты истииллээҕинэн аатырар агентство буола үүммүт...
- Биһиэхэ, Дьокуускайга, өҥөнү оҥорор эйгэ киэҥник сайдан эрэр. Талааннаах дизайнердардаахпыт, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр фотограф, видеограф элбэх. Уопсайынан, кэрэни айар уонна дьоллоох түгэни үйэтитэр эйгэҕэ сахалар күннэтэ сайдабыт уонна саҥа сүүрээннэри ылынарга өрүү бэлэммит. Биһиэхэ ураты моһуоннаах, уһулуччу истииллээх киэргэтиилэри сатыыллар. Бу эйгэҕэ сылдьар айар куттаах дьон күрэстэһэрбит да баар, ол иһин саҥаттан саҥаны үөрэтэ сылдьабыт, олохтон хаалбаппыт.
Эппитим курдук, бастакы үөрэҕим педагогическай. Ол эрэн оҕолору кытта үлэлээбэтэҕим. Намнааҕы педколледжы бүтэрэрбэр дипломнай үлэбин, оччолорго олох сонун тиэмэҕэ – логотип компьютернай графикатыгар анаабытым уонна туйгун сыанаҕа көмүскээбитим. Ол иһин салҕыы үөрэнэ тиийэн баран, компьютернай графиканан үлүһүйбүтүм. Наар бу эйгэҕэ билиини сомсорго, биир да түгэни мүччү туппакка, дьарыктанарга, саҥаҕа үөрэнэргэ кыһалларым.
- Намнааҕы үөрэх кыһатыттан элбэх талааннаах киһи таҕыста...
- Бэйэм Намҥа үөрэммит уонна кэргэним Намтан төрүттээх буолан, бары онтон сылдьар дии саныыллар. Уһуйуллубут үөрэҕим кыһатыгар чахчы идэлэригэр бэриниилээх, талааннаах дьон үлэлииллэр. Ханна да суох уникальнай базалаахтар, устудьуоннары үөрэтэр ньымалардаахтар. Биһиги куурус Нам училищета колледж аатын сүкпүтүн кэннэ колледж бастакы выпускниктара буолбуппут. Салҕыы ыраах үөрэнэр чиэскэ тиксибиппит.
Билигин үүммүт, үөрэммит кыһабар махталым улахан. Кырдьык, олоххо олус бэлэмнээх уонна дьаныардаах, тулуурдаах уонна дьулуурдаах айар үлэһиттэри иитэн таһаараллар. Бэйэбит дьиэ кэргэн бизнеһин тэринэн баран, уопуппутуттан да көрдөхпүтүнэ, Намҥа үөрэммит кыргыттар тэрилтэбитигэр билигин да үлэлии сылдьаллар, атыттар, ноҕуруусканы кыайбакка, куоталлара да баар суол.
- Педагогическай хайысхалаах идэни баһылаабыккын, онтон?
- Новосибирскайга үс сыл үөрэнэн кэлиибэр, учуутал буолбат эбиппин диэн букатыннаахтык быһаарыммытым. Кэлэн “Сахаполиграфиздат” диэн урут бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбит бэчээт кыһатыгар үлэ булуммутум. Кинигэ, сурунаал хахтарын, бэчээт бородууксуйатын ис дизайнын оҥорорго онно уопутурбутум. Айар кут уйуһутан, олус табыллан, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбинэн Люция Степанованы, Сардаана Барабанованы, Тамерлан Васильевы, Сардаана Иванованы, Иза Григорьеваны, Майя Гаврильеваны, Сардаана Коротованы ааттыахпын сөп. Бука бары саха бэчээтигэр суолу хаалларар, туспа буочардаах, айар куттаах дьон. Ол саҕана хамнаспыт сороҕор олох да кэлбэт буолара, хамнас суотугар маҕаһыынтан аһынан да ыларбыт баара.
Кэргэмминээн оччолорго, ханарытан эттэххэ, дьааһыктарга олорбуппут. Онтон 17-ис кыбаарталга дьиэлэммиппит. Ол да буоллар, үп-харчы өттүнэн ыктарбыт кэмнэрбитин куһаҕан курдук санаабаппын, төттөрүтүн, олох бэйэтэ туох эрэ улахаҥҥа бэлэмнээбит эбит диибин. Эдэр, эрчимнээх буоламмыт, туппуппутун ыһыктыбат, туруоруммут сыалбытын ситиһэр этибит.
“Сахаполиграфиздатка” үлэлии сылдьан иккис оҕоломмутум. Алта ыйыгар номнуо үлэбэр тахсыбытым. Тэрилтэлҕэ чахчы ыарахан күннэр үүммүттэригэр, Тамерлан Васильев “биир сиргэ олорон хааларыҥ табыллыбат” диэн сүбэлээн, “Ректайм” диэн билигин биллэр рекламнай хампаанньаҕа ыйан ыыппыта. “Ректаймҥа” мин уопутум хаҥаабытын таһынан, тугу барытын киэҥник, далааһыннаахтык көрөр буолбутум. Таһырдьа ыйанар полиграфияны оҥорорго уопуттаммытым. Билигин да бу тэрилтэни кытта ыкса алтыһабын, тэрээһиннэрбэр бородууксуйа сакаастыыбын, бииргэ үлэлээбит дьоммун кытта билсэбин.
ҮППҮТҮН БАРЫТЫН БИЗНЕСПИТИГЭР УКПУППУТ
- Онтон биирдэ туспа дизайн-устуудьуйа тэриннэххит... Туохтан саҕалаабыккытый, хантан бастакы хапытаал буллугут?
- Бастаан 1-2 сыл биир фирмаҕа үлэлэспитим, онтон бренд оҥорбут “Ника” диэн ааппын ылан, туспа тэрилтэ арынарбар олоҕум аргыһа, оҕолорум уонна кэргэним төрөппүттэрэ тирэх буолбуттара. Лермонтов аатынан уулуссаҕа ипотеканан кыбартыыра ылыммыппыт. Дьиэбит нолуогун вычетын барытын бэйэ дьыалатын саҕалыырбытыгар укпуппут. Ол саҕана кэргэним олус өйөөбүт эбит. Мин дьиэ кэргэн харчытын барытын саҕалаан эрэр бизнеспитигэр угуохха диэбиппэр, биир утарар тылы эппэтэҕэ. “Массыына ылыныахха” диэн сөп этэ, оччолорго массыынабыт да суох буоллаҕа дии (күлэр).
Дьэ, ол харчыбытынан ырыынактан миэтэрэнэн матырыйаал арааһын атыыластыбыт, үлэлээбитинэн бардыбыт. Оннук биһиги дьиэ кэргэн бизнеспит олуга түспүтэ уонна салҕыы бары күүспүтүн холбоон сайыннарабыт. Ыарахан тутууларбын, киэргэтиигэ туһаныллар конструкцияларбын кэргэним бэйэтэ уһанар, сыбааркалыыр.
“Никабытын” бастаан үлэлэтэрбитигэр киин куоракка маннык дизайнынан дьарыктанар икки тэрилтэ баара, биһиги үһүс буолбуппут. Билбэппит да элбэх, уопуппут да суох, ол эрэн баҕа санаабыт күүстээх, үлэбит дьүккүөрдээх этэ. Үгүс декорациябытын кырачаан балкоммут иһигэр тутар, онтон грузовой таксинан тиэйэн илдьэр этибит. Бастаан икки устудьуон кыыһы хамнастаан көмөлөһүннэрэр буолбутум, ону таһынан дьиэлээхтэрим, аймахтарым бары көмө буолаллара. Билигин 8 бастайааннай үлэһиттээхпит, сакаас элбэх кэмигэр эбии дьону наймылаһабыт.
Ону кытта тэҥҥэ сыбаайбалары хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктаммытым. Көлүөһэлии эргийэ сылдьыбытым. Күнүс саала киэргэтэбит, киэһэ ол саалаҕа буолар сыбаайбаҕа хойукка диэри фотографтыыбын. Онтон тэрээһин бүппүтүн кэннэ түүннэри декорацияларбытын хомуйабыт. Биир да сакаастан аккаастаммат этибит. Барытыгар сөбүлэһэн иһэрбит.
ДЬОН САНААТЫН ТАБАР УУСТУК
- Дьону кытта үлэлиир, кинилэр санааларын таба таайар төһө уустугуй?
- Сөпкө ыйыттыҥ. Дьон баҕа санаатын олоххо киллэрэр аналлаахпыт, ол иһин күннэтэ араас дьону кытта ыкса алтыһабын, көрсөн кэпсэтэбин. Сорох дьон төбөлөрүгэр чуолкай хартыыналаах, бэлэм кэлэллэр. Ону тупсаран, ситэрэн-хоторон биэриэхпитин сөп. Сорохтор олох туох да идеята суох, “Вероника, баһаалыста, бэйэҥ толкуйдаан кулу”,- диэбитинэн тиийэн кэлэллэр. Оччоҕо кинилэр хараактырдарыгар, олохторун суолугар барсар дизайн оҥоробут. Холобур, биир дьоҥҥо үбүлүөйдэрин киэргэттэхпитинэ, аныгыскыга олоруҥ оҕолорун сыбаайбатыгар үлэлэтэллэр, онтон сиэннэрин сыбаайбатыгар үлэһэллэр. Биир дьиэ кэргэҥҥэ, аймахха үксүн биир тамадалаах буолалларын курдук, сөбүлээбит дизайнердарыгар төннөн кэлэ туралларыттан астынабын.
Олоххо араас буолар. Дьону кытта үлэҕэ барыта тутатына ыпсан, табыллан испэт. Бэйэтэ туспа ыарахаттардаах эйгэ.
- Дьону кытта көрсөн кэпсэтиини, үлэһиттэргэр сүктэрбэккэ, бэйэҥ эрэ ыытар уратылаах эбиккин. Килийиэннэриҥ даҕаны наар биири ыйыталлара буолуо, салгыбаккын дуо?
- Биллэн турар, саҥа кэлэр дьон наар биири ыйыталлар. Ол эрэн хас биирдии ыал буолар эдэр дьон эбэтэр үбүлүөйдээхтэр, ханнык эмэ бөдөҥ тэрилтэ тэрээһинигэр бэлэмнэнэр дьон – бары биһигиттэн кэрэ көстүүнү, ураты истиили эрэйэн, фантазияларын барытын биһиэхэ эрэйэллэр. Ону үрдүктүк тутабыт.
Дьону кытта кэпсэтии эппиэтинэһин биир кэмҥэ үлэһиттэрбэр сүктэрэн көрбүтүм уонна бэйэм маннык үлэлээһиҥҥэ бэлэмэ суох эбиппин дии санаабытым. Оттон дьиҥнээх киэргэтии үлэтигэр кыргыттарбар олус эрэнэбин, барытын этиллибитин курдук толороллоругар итэҕэйэбин.
- Төһө интэриэһинэй сакаастар киирэллэрий?
- Биирдэ кытайдар сыбаайбаларын киэргэппиттээхпит. Дьокуускайга үлэлии сылдьар кытай омук барыта кэлбитэ быһыылааҕа. Биир да искуственнай сибэккини туттубаккыт диэбиттэрэ, бэйэлэрэ искусственнай сибэккини оҥорон таһаарар эрээри, оннугу олох ылымматтар эбит. Барыта тыыннаах сибэккинэн симээбиппит. Дьикти үгэстээхтэр – хас кэлбит киһи бары кумааҕыга ааттарын, төһө харчыны бэлэхтээбиттэрин суруттаран, илии баттаан киирэллэр. Ааҥҥа икки киһи олорор: биирэ испииһэк суруйар, иккиһэ – харчыны пакекка мунньар. Барытын утары суоттуу олороллор. 380-ча киһилээх улахан сыбаайба буолбута.
Армянин уол уонна азербайджан кыыһын урууларын киэһэтин киэргэппиппит. Астарын аҥаара, тамадалара, артыыстара, ыалдьыттара ыраах Арменияттан айаннаан кэлбиттэрэ. Сыл инниттэн олохтоохтук бэлэмнэммиттэрэ. Сааланы күннээх Арменияттан тиэллэн кэлбит 1000 тыыннаах сибэккинэн киэргэппиппит. Ол эмиэ ураты кэрэ көстүү этэ. Сыбаайба остуолугар көннөрү ууну да буолбакка, боржоми арааһын утах гыналлар эбит этэ.
Нигерия принца саха кыыһын кэргэн ылар уруутугар үлэлээбиппит. Кыыс дьоно соҕотох оҕолорун харахтара ууланыар диэри долгуйан туран кэргэн биэрбиттэрин өйдүүбүн.
Саха төрүт үгэстэрин тутуһан, дьиҥнээх сахалыы уруулары эмиэ хаста да симээбиппит. Төрүт үгэһинэн ыытыллар урууга хайаан да сиэр-туом толорулларыгар, алгыс тыла алкыйарыгар аналлаах сахалыы тыыннаах эрээри, аныгылыы сүүрээннэрдээх дизайн толкуйданар. Маны таһынан интернациональнай урууларга, икки омук уратытын көрдөрөр киэргэтиилэри тобулабыт.
- Матырыйаалларгын хантан хааччынаҕын?
- Туох да кистэлэ суох этэбин – Кытайтан. Кытай олох бары эйгэтигэр муҥутуурдук сайдыбыт дойду, онно үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйаалы оҥорон таһаарааччылар бааллар. Атыылаһааччыларын кытта үлэлиир ньымалара да табыгастаах. Дуоллар улаханнык ыарыы илигинэ, бэйэм баран атыылаһан кэлэр этим, билигин сакаастыыбын. Эрэллээх, хаһыс да сылын бииргэ үлэлиир хааччыйааччылардаахпын. Кытайтан ураты Москваттан, Новосибирскайтан эмиэ атыылаһабын.
- Дизайн муодатын хайдах эккирэтэн иһэҕит, эчи, уларыйара да түргэн ээ... Бука, үөрэнэриҥ, киэҥ сирдэринэн айаннаан сайдарыҥ буолуо?
- Сөп буола-буола Арассыыйа киин куораттарыгар баран эбии үөрэнэн кэлээччибин, биир идэлээхтэрим уопуттарын көрөбүн-истэбин. Ол иһин саха декоратордара бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар дьон диибин. Билигин онлайн куурус да элбэх. Салайааччы быһыытынан үүнээри, билиибин хаҥатаары Дьокуускайга ыытыллар семинардарга сылдьабын. Холобур, тайм-менеджмент куурустарыгар бириэмэни сатаан аттарарга үөрэтэллэрин олус сэргээтим, өссө да барыам этэ.
Киэргэтиигэ муода уларыйа сылдьар. Бу соторутааҕыта “геометрия” диэн хайысха кэлэн барда – эдэрдэр урууларын ыҥырыытыттан саҕалаан, саала киэргэтиитин барытын муннуктаах, геометрическай фигуралардаах киэргэтии буолара. Билигин Кореялар сыбаайбаларын үтүктүү баар. Ыал буолааччылар, саастаах үбүлүөйдээччилэр бу боппуруоска олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, үгүстэрэ эрдэттэн интэриниэти көрөн, истииллэрин үөрэппит, талбыт буолаллар. Ханнык да муода кэлэн ааспытын иһин, классика хаһан баҕарар хаалбат. Билигин тыыннаах сибэкки курдук көстүүлээх декоративнай сибэккилэри олус хаачыстыбалаахтык оҥороллор, киһи көрөн араарбат да гына. Олору хото туһанабыт. Сибэкки ханнык баҕарар дьоллоох түгэни симиир буоллаҕа.
Официальнай таһымнаах тэрээһиннэри кытта киэргэтэбит. Тустууга Аан дойду Кубогын киэргэппиппит. Бөдөҥ тэрилтэлэр корпоративнай тэрээһиннэригэр үлэлэһээччибит. Инникитин маннык тэрилтэлэр дьиэлэрин тас көстүүтүттэн саҕалаан, барытын биирдэ киэргэтэн биэрэр бырайыактары олоххо киллэриэхпин баҕарабын.
Урут Дьокуускайтан ырааппакка үлэлии сатыыр киһи быйыл Алдаҥҥа баран сакаас толордубут. Сүүнэ улахан сааланы, ааттаах-суоллаах “Селигдар” тэрилтэ банкетыгар анаан симээбиппит.
Биирдэ күһүөрү Покровскай диэкиттэн үлэлээн кэлэн иһэн, массыынам хаппырыыстаан, суолга туран хаалбыппыт. Онно кэһэйбитим, кыргыттарбын тоҥортуу сыстым диэн санаарҕаабытым. Хата, биир үтүө санаалаах уол көмөлөһөн, сибээстээх сиргэ тиийэн кэргэммэр эрийэн, көмөҕө ыҥырбыппыт. Онтон ыла атын улуустарга сакаас киирдэҕинэ аккаастыыр буолбутум. Онтон ити Алдаҥҥа баран кэлэн, дьон үөрүүтүттэн кынаттанан, улуустарга да бөдөҥ сакаастары толоруохха сөп эбит дии санаатым.
ДОЙДУ ААСПАТ АХТЫЛҔАНА
- Биһиги Лихановтар ыал үс уол оҕолоохпут, ол иһин бу бэйэм тэриммит, атаҕар туруорбут “Ника” тэрилтэм төрдүс кыыс оҕом курдук. Ол аата дьахтар быһыытынан кыыс оҕону бүөбэйдээбэтэхпин, энергиябын биэрбэтэхпин “Никабар” биэрэбин. Үлэһиттэрим бары эдэркээн кыргыттар. Дьэ, быйыл кийииттэнним, кыыстаммыт саҕа сананным. Бизнеспин туппут түһүүлээх да, тахсыылаах да суолум устун кэргэним уонна оҕолорум аттыбар арахсыбакка бааллар, эр дьон быһыытынан миэхэ дурда-хахха буолаллар, туохпар барытыгар көмөлөһөллөр.
Мин бэйэм ыраах хоту киэҥ нэлэмэн сиринэн тайаан сытар Булуҥ улууһуттан төрүттээхпин. Булуҥ саамай ойуурдаах бөһүөлэгиттэн, дьикти айылҕалаах Намы (Бороҕон) диэн сиригэр улааппытым. Оҕо сылдьан Омолой үрэх тамаҕы ханнарар ып-ыраас, тыбыс-тымныы уутун элбэхтэ биэрэк таастарыгар быардыы сытан ыймахтаабытым буолуо...
Дойду ахтылҕана диэн баар эбит, туохтааҕар да күүстээх. Оннооҕор Омолой үрдүнэн көтөрбүн түһээччибин. Ийэм Клавдия Афанасьевна, аҕам Иннокентий Софронович билигин да төрөөбүт сирдэригэр олороллор. Биһиэхэ кэлэ-бара сылдьаллар, хата, бэйэм үлэ үөһүгэр буолан, дойдум сиригэр үктэммэтэҕим, ураты амтаннаах чэбдик салгынын эҕирийбэтэҕим ыраатта.
Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, мин иккис оҕобун. Эдьиийим Ньургуйаана Наумова – РФ ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын Ис сулууспатын майора. Быраатым Афанасий Горохов эмиэ ЫБММ-ка үлэлиир, РФ ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын Ис сулууспатын старшай сержана, “старшай пожарник”. Балтым Катя – медицинскэй сиэстирэ.
Мин халыҥ аймахпар соҕотох худуоһунньук үөрэхтээхпин. Дьонум бу идэни таларбар биир да туорай буолар тылы эппэтэхтэриттэн, урут да, билигин да олохпор орооспотторуттан махтанабын. Улаханнык олохпор кыттыспаттар эрээри, кинилэр мэлдьи аттыбар бааллар. Ол иһин ханнык да түгэҥҥэ тирэхтээх уонна өйөбүллээх курдук сананабын. Хоту сир дьоно киэҥ көҕүстээх буолаллар, тыйыс усулуобуйаҕа олорор буолан, туохтан да толлубат хорсуннар уонна кыайыгастар.
Эбээм Христина Афанасьевна Стручкова олус талааннаах иистэнньэҥ этэ. Дьүкээбил курдук дьэрэкээн ойуулаах билэлэри оҕуруонан тиһэрин бу баардыы өйдүүбүн. Ону көрөрбүн наһаа сөбүлүүр этим.
Эдьиийбин кытта уруһуй эрэ дьарыктаах оҕолор буолааччыбыт. Уонна улааппыт эйгэм – киэҥ нэлэмэн туундара, халлааҥҥа харбаспыт хайыр таас хайалары уонна хара тыалары кытта сыыйа холбоһор сиригэр үөскээбит буоламмын, кэрэҕэ тардыһыым күүстээх эбит.
Биһиэхэ, Булуҥҥа, тииттэр намыһахтар эрээри, ыраахтан биллэр дыргыл мутукча сыттаахтар, оннук тииттэри хайа да дойдуга сытырҕалаабатаҕым. Сибэкки эриэккэстик үүнэр эрээри – сэдэх сибэккилэр буолаллара. Оттон улааппыт үрэҕим – Омолойум ыраас уута, дьыл хайа да кэмигэр чэбдигирдэр, сэниэ эбэр муус тымныы буолара. Бу барыта мин кэрэни кэрэхсии улаатарбар, тулалыыр эйгэбэр араас кырааскалары көрөрбөр, өйбөр хатаан баран, билигин үлэбэр туттарбар олук уурбуттар эбит.
ДЬИЭ КЭРГЭНИМ – ТУЛХАДЫЙБАТ ТУЛААҺЫНЫМ
- Кэргэним Александр Нам Үөдэйиттэн төрүттээх. Төрөппүттэрэ Валентина Прокопьевна, Михаил Николаевич Лихановтар. Кинилэр баар буолан өрүү өйөбүллээх курдук сананабыт. Үөдэй – эмиэ туспа уратылаах, кыраһыабай айылҕалаах, бултаах-алтаах, быйаҥнаах дойду. Мырааннардаах буолан, бэйэм дойдубар маарыннаппыттаахпын.
Улахан уолбут Саша номнуо кэргэннэннэ, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ килбик кийиит кыыһы сиэтэн киллэрдэ. Орто уол Максим – оскуола үөрэнээччитэ, кырабыт Леня быйыл оскуолаҕа барыахтаах.
- Дьиэ кэргэҥҥитигэр туох үтүө үгэстэрдээххитий?
- Бары таптыыр оонньуубут – лото. Бэл, кырабытын сыыппараҕа лотолаан үөрэттибит. Аҕабыт уонна икки улахан уол волейболистар, бэйэлэрин эт-хаан өттүнэн көрүнэр, кыанар дьон. Мин эмиэ кыралаан спордунан дьарыктанабын, көннөрү эт-хаан өттүнэн чэбдиктик сылдьаары.
Бииргэ ас астыырбытын сөбүлүүбүт. Үөдэйбитигэр тахсан интэриниэт да, суотабай да сибээһэ хаппат сиригэр, кэрэ айылҕалаах күөл үрдүгэр 3-4 хонук буолан, балыктаан, сир астаан кэлэбит. Дойдубутугар сынньанабыт, айылҕаттан күүс-сэниэ эбинэбит. Бары дьиэ кэргэнинэн балаҕан ыйга маннык сынньанан кэлэр үгэстээхпит.
Уолаттарым аҕаларын батыһа сылдьан бултуулларын, сааланалларын олох бопсубаппын. Хоту дойдуттан төрүттээх буоламмын, оҕолорбун “эр киһи тугу барытын сатыахтаах, кыайыахтаах” диэн санаанан иитэбин. Уолаттарым, куорат оҕолоро эрээри, хоһуун сырыылаах дьон. Дьиэбитигэр эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарбаппыт, барытыгар бииргэ ылсабыт. “Үлэ киһини киэргэтэр, киһини киһи оҥорор” диэн санаанан салайтарабын.
Мин олохпор, аан бастакытынан, ийэ буоларбын билинэбин. Ол иһин бизнеһим иккис үктэлгэ турар. Бизнеспин бастакы миэстэҕэ таһаарбытым буоллар, билигин хас да фирманы тэҥинэн үлэлэтэ олорор буолуом этэ. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм олус элбэх энергиялаах киһибин. Ол оннугар оҕолорбуттан тэйбит буолуом эбитэ дуу... Мин өрөбүллэрим – бэнидиэнньик уонна оптуорунньук. Бу күннэрбин оҕолорбун кытта бииргэ атаарабын. Симба диэн бары таптыыр куоскалаахпыт, онтукабытын оҕо курдук көрөбүт-истэбит. Сололоннубут эрэ, бэйэ-бэйэбитигэр тардыһар дьоммут.
Дьокуускайга “Ника” дизайн-устуудьуйа үлэлээбитэ 10-тан тахса сыл буолла. “Ника” – араас таһымнаах тэрээһиннэр, уруу, үбүлүөй дьоро күннэрэ ыытыллар саалаларын киэргэтиигэ, уратытык симээһиҥҥэ тарбахха баттанар бастыҥ тэрилтэ. Бырааһынньык дизайныгар “Ника” кыргыттара ылсар буоллулар да, тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылларыгар бигэтик эрэниэххэ сөп.