30.03.2023 | 14:00

ВЭБ.РФ балаһааккатыгар Евгений Григорьев Саха сиригэр ыччаты айти эйгэтигэр уһуйуу бастыҥ бырайыактарын билиһиннэрдэ

Кулун тутар 28 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев ВЭБ.РФ балаһааккатыгар «Дьокуускай куорат тоҕо Арассыыйа ИТ-киинэ буолла?» диэн тиэмэҕэ киэҥ хабааннаах иһитиннэриини оҥордо. Ол туһунан биһиэхэ Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.  
ВЭБ.РФ балаһааккатыгар Евгений Григорьев Саха сиригэр ыччаты айти эйгэтигэр уһуйуу бастыҥ бырайыактарын билиһиннэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, «Войти в ИТ» тэрээһин онлайн-биэриитигэр «СКОЛКОВО» бизнес-оскуолаҕа үөрэммит Арассыыйа 100 бөдөҥ куората кыттыыны ылла.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев ИТ-бородууксуйа экспордугар Саха сирэ Уһук Илин регионугар бастакы бочуоттаах миэстэҕэ турарын, оттон Саха сирин разработчиктара сүрүннээн Дьокуускай куоракка олороллорун, Саха сирин икки бөдөҥ хампаанньата аан дойду таһымыгар үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. 
Евгений Григорьев маныаха сүрүн болҕомто үүнэр көлүөнэҕэ уурулларыгар тохтоото. Ол эбэтэр Дьокуускай куорат оҕолоро номнуо 6 саастарыттан «Кванториумҥа», оскуола үөрэнээччилэрэ «Точка роста» сайдыы кыһатыгар уһуйуллар усулуобуйалара тэриллибитин, салгыы «ИТ-Куб» базатыгар билиилэрин чиҥэтэр кыахтаахтарын, бүгүҥҥү күҥҥэ манна 850 тахса оҕо дьарыктанарын, эбии 3 тыһыынча кэриҥэ оҕо чааһынай ИТ-оскуолаҕа дьарыктанарын иһитиннэрдэ.
Оскуола кэнниттэн Дьокуускай куорат оҕолоро ИT-хайысханан икки үрдүк уонна биир орто анал үөрэх кыһатыгар идэҕэ үөрэнэр кыахтаахтар. Идэлээх исписэлиистэри 2018 сылга Уһук Илин регионугар бастакынан тэриллибит ИT-паарка күүтэр. 

Быйылгыттан Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга Арассыыйа министиэристибэтин уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн Уһук Илин регионугар эмиэ бастакы «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер үлэҕэ киирбитэ Саха сирин креативнай экономикатыгар төһүү күүс буолара саарбахтаммат. 
ИТ-эйгэни үүнэр көлүөнэ сэҥээрэрин туһугар 2016 сылтан Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэригэр ыытыллар «Мин идэм – IT» күрэх сыллата далааһына кэҥээн иһэр. Ол курдук, өскөтүн бастакы күрэххэ 42 үөрэнээччи кыттыбыт буоллаҕына, быйыл бу күрэх федеральнай таһымҥа тахсан, Арассыыйа 10-ча субъегыттан 7,5 тыһыынча кэриҥэ оскуола оҕото уонна устудьуон кыттыыны ылбыта элбэҕи этэр. 
Дьокуускай куорат презентациятын кэнниттэн Казань куорат толоруулаах кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы Радик Шафигуллин, Дьокуускай куорат уопутун бэлиэтээн туран, Казань куорат тупсарыы үлэтигэр эппиэттээх бэдэрээттээх тэрилтэлэр үлэлэрин хонтуруоллуур искусственнай интеллект өҥөтүн туһанан саҕалаабыттарын кэпсээбитин болҕомтоҕо ылыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...