Василий Тимофеев: «Дьонум-сэргэм маастар диэн ылынар даҕаны, онно өссө да тиийэ иликпин...»
Сахалыы тыыннаах оскуолаҕа үөрэнэр оҕо олоххо тардыһыыта күүстээх, баай тыллаах, дириҥ силистээх, төрүт итэҕэллээх, үтүктүүнэн үлүһүйбэт бэйэтэ туспа өйдөбүллэрдээх киһи буола улаатар. Итиэннэ инникитин олох илгэтин айар идэни талар. Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – кэлэр кэм кэнчээри ыччатын төрүт култуураҕа уһуйааччы, Уус Алдан улууһун Курбуһах орто оскуолатын учуутала Василий Тимофеевич Тимофеев.
Ийэм үөрэҕэ – өрүү өйбөр-санаабар
— Василий Тимофеевич, ханна күн сирин көрбүккүнүй? Кэпсэтиибитин учуутал үлэтигэр бастакы хардыыларгыттан саҕалыахха.
— Мин 1966 сыллаахха бэс ыйын 15 күнүгэр Сунтаар оройуонун Бүлүүчээн нэһилиэгэр төрөөбүтүм, онно улааппытым. Маҥнайгы үөрэҕим – култуура. Онон училище кэнниттэн Амма улууһун Сэргэ Бэс кулуубугар үлэлии тиийбитим. Эмиэ онно аан бастаан педагогика эйгэтигэр – оскуолаҕа сыстан, төрүт култуура уруогун учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Ол кэмҥэ СГУ оччотооҕуга саҥа арыллыбыт төрүт култуура салаатын кэтэхтэн бүтэрбитим. Билигин Уус Алдан улууһун Курбуһах оскуолатыгар учууталынан үлэлиибин. Бу олохпут илгэтин айар идэ дии саныыбын.
— Бука, култуура эйгэтигэр да мээнэҕэ барбатаҕыҥ буолуо?
— Лүөччүк, космонавт буолуохпун баҕарбат этим. Оскуолаҕа киирэ иликпинэ төрөппүттэрим хормуоска ылан биэрбиттэрэ, дьэ, туохтан да ордорон туран оонньуурбун олус сөбүлүүрүм. Күһүн Мииринэйтэн, Ленскэйтэн эт тиэйэ кэлбит нууччалар хормуоскабар оонньотоллор этэ. Ол кэмҥэ мин саҕа дьоруой киһи суох буолара. Бу санаатахпына, болҕомто киинигэр сылдьыы, ытыс тыаһа оҕо киһиэхэ муусукаҕа интэриэс үөскэппит буолуохтаах.
Бэһис кылааска үөрэнэрбэр оскуолаҕа духовой оркестр тэриллибитэ. Салайааччыбыт Павел Гаврильевич Акимов этэ. Онно байааны аан бастаан илиибэр ылбытым. Оркестр байаныыһа буола түспүтүм. Ахсыс кылааска оскуолабыт иһинэн ВИА тэриммиппит. Тохсус кылааска куонкуруска түөрт ВИА-тан бастаабыппыт. Дьэ итинник бииртэн биир музыкальнай үнүстүрүмүөҥҥэ ылсан испитим. Бары даҕаны тыастыын-уустуун уратылара. Дорҕоону таһаарыы алыптаах эйгэтэ улам умсугутан испитэ. Ол да иһин муусука эйгэтигэр абылатан, култуура хайысхатын тутустаҕым буолуо.
— Төрөппүттэриҥ муусукаҕа сыһыаннаах этилэр дуо?
— Аҕам Тимофей Васильевич Тимофеев сопхуоска эт кэмбинээтигэр үлэлээбитэ. Ийэм Акулина Андреевна Кириллина оҕо тэрилтэтигэр, кэнники кулуупка уборщицанан үлэлээбитэ. Аҕам оһуокайдьыт этэ. Ыһыахха, бырааһынньыктарга этээччи.
Сиэр-туом, айылҕа суруллубатах сокуонун таһынан хомуска интэриэһи ийэм иҥэрбитэ. Кини хомуска сыһыана ураты буолара. Хомустуур буоллаҕына, анаан иһийэн олорон тардара. Дьиэ иһигэр эрэ оонньоторо, таһырдьа, айылҕаҕа тардары аньыырҕыыр этэ. Кини хайдах тутан-хабан хомуска сыһыаннаһарын көрөн улааппытым.
Аммаҕа кулуупка үлэлии сырыттахпына биир норуот эмчитэ хомус тардыыта дьиэ эрэ иһигэр буолуохтаах диэн үүт-үкчү ийэм эппитин хатылаабыта, ол тыллара сүрэҕим-быарым ортотунан киирбитэ. Ийэм үөрэҕин улаатан, үлэһит буолан да баран өссө төгүл бигэргэтии курдук ылыммытым. Онон муусука диир буоллахха, бастакы кыымы саҕааччы, бука, ийэм буоллаҕа.
Оҕо саас сайына – үлэ лааҕырыгар
— Уол оҕо биир сиргэ түптээн олорбот буоллаҕа. Кыра сылдьан өссө туох интэриэстээх этигиний?
— Оҕо сылдьан сайынын өрүстэн арахпат этим. Этэргэ дылы, үүрэн таһааран аһаталлара. Улахан кылаастарга тиэхиньикэҕэ сыстыбытым. Матасыыкылынан, уу мотуорунан үлүһүйбүтүм. Тохсус кылаас кэнниттэн кылааһынан үс көстөөх сиргэ лааҕырга үлэлээбиппит. Онно дизелистээбитим. Ынах ыыр мотуору холбуур, араарар уонна бөһүөлэккэ уу мотуорунан сүөгэй илдьэр этим. Төннөрбөр аны аспытын-үөлбүтүн, саппаас чаастары таһарым.
Урукку үөрэнээччи сайыҥҥы сынньалаҥын үксүн үлэ лааҕырыгар атаарара. Иллэҥ кэммитигэр бэлисипиэттиирбит, сөтүөлүүрбүт. Бу санаатахпына, барыта оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарарга анаммыт дьарыктар. Элбэх хамсаныы этэ буоллаҕа дии. Билигин даҕаны үлэ лааҕырдара бааллар эрээри, биһиги курдук сайыны быһа кумаары кумаар диэбэккэ, бырдаҕы, күлүмэни аахсыбакка, тиритэ-хорута үлэ суох. Ол түмүгэ – уол оҕо хачаайы, хара үлэҕэ сыһыана татым.
Олоҕум тухары култуура эйгэтигэр тардыһар эбиппин
— Эргиллибэт эдэр саас төннүбэт түгэннэриттэн ахтан аастахха...
— Аармыйаҕа сылдьаммын алдьаммыт аккордеонтан тылын ылан, алюминий биилкэнэн куорпуһун оҥорон, хомус таҥмытым. Ол бастакы хомуспун взводум хамандыыра көрдөспүтүгэр бэлэхтээбитим, үөрбүтэ аҕай. Ити үнүстүрүмүөн оҥорорго бастакы сүрэхтэниим этэ.
Кемеровотааҕы судаарыстыбаннай университекка математический факультекка устудьуоннуур сылларбар академическай хорга сылдьыбытым. Онно араас омук ыччата түмсэн, араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Опера тыйаатырыгар, филармонияҕа хорга ыллаабыт кэмнээҕим. Бу санаатахха, олоҕум тухары хайдах эрэ барыта култуура эйгэтигэр тардыһар, талаһар эбиппин.
Университет бастакы хараҥаччылара
– Оскуолаҕа төрүт култуура уруок быһыытынан билигин балаһыанньата хайдаҕый?
— Төрүт култуура уруога суох буолбута. Ол оннугар «Основы духовно-нравственной культуры народов России» диэн кэҥээн биэрбитэ.
Оҕо кыра сааһыттан төрүт билиини, сиэр-майгы, сахалыы иитии ытык өйдөбүллэрин иҥэринэн, киһилии киһи буола улаатар. Ол дириҥ билиини ыларыгар көмө, тирэх буолар киһи – учуутал.
2002 сыллаахха СГУ төрүт култуура салаатын үөрэнэн бүтэрэрбитигэр «Саха сиригэр бастакы маннык дипломнаах исписэлиистэр буолаҕыт» диэн преподавателлэрбит этэллэрин өйдөөн хаалбыппын.
Билигин бииргэ үөрэммит доҕотторум оскуолаҕа, университекка, култуура эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Ол иһигэр төрүт култуура араас хайысхатыгар туспа, ураты суолу солооччулар да аҕыйаҕа суохтар. Ол курдук, Клавдия, Герман Хатылаевтар – саха төрүт дорҕооно сайдыытыгар үтүмэн үлэни ыытар, үгүс оҕону уһуйар, атын омук дьонугар саха ырыатын-тойугун тарҕатар дьоммут; Саргылаана Барахова-Ымыы саха оһуорун-мандарын нөҥүө симэх, киэргэл арааһын оҥорор; Лидия Саввина саха историята дьоҥҥо-сэргэҕэ, норуокка хааларыгар туруулаһан туран үлэлиир; Ноябрина Сивцева саха ырыатын-тойугун кэнчээри ыччакка иҥэрэр; Ирина Филиппова саха балета сайдар кэскилин уһансар; муосчуттар Николай Петров, Гаврил Никифоров уус идэтин баһылаатылар; Гаврил Толбонов – сахалыы ырыа сайдыытыгар туспа суоллаах-иистээх киһибит. Маннык аахтахха, үгүс бииргэ үөрэммит доҕотторум төрүт култуура сайдыытыгар, кэнэҕэски ыччаппытын уһуйууга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр, үлэ үөһүгэр сылдьар дьон буолаллар. Онон Саха сиригэр төрүт култуура сайдыытыгар бастакы дипломнаах исписэлиистэр олох араас хайысхаларыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабыт.
Мин санаабар, оҕолорбутун, ыччаппытын тылынан эрэ үөрэтэн, иитэн төрүт омук ытык өйдөбүллэрэ суурайыллаллар. Оттон айан-тутан норуокка, дьоҥҥо тириэрдии суолтата сүҥкэн улахан.
«Табык» үлэтэ таһаарыылаах
— Уус Алдан улууһун Курбуһах орто оскуолатыгар бэйэм үөрэтэр уруогум хайысхатынан оҕолору хомуска дьарыктыыр буолбутум. 2009 сыллаахха «Хотугу сулус» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ үөрэнээччилэрим ансаамбылынан кыттан, дипломант буолбуттара. Онтон ыла «Сардаҥа» хомус бөлөҕө тэриллибитэ. Улуус, өрөспүүбүлүкэ, ону таһынан Арассыыйа, аан дойду таһымнаах куонкурустарга лауреат, дипломант, Гран-при аатын сүгэн, үлэбит үрдүктүк сыаналаммыта.
Учуутал, уһуйааччы буоларым быһыытынан үөрэнээччилэрим ситиһиилэринэн киэн туттабын. Манна төрөппүттэр өйөбүллэрэ кэмэ суох диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Санкт-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ бараары, технология учуутала Егор Павлович Бурнашевтуун икки күпсүүрү оҥорбуппут. Онтон ыла музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥоробун, куруһуок ыытабын. «Табык» диэн ааттаабыппыт.
Үөрэнээччим Пестряков Дима кырыымпа оҥорон, «Шаг в будущее» конференцияҕа кыттан, улууска 1-кы истиэпэннээх лауреат аатын ылбыта, өрөспүүбүлүкэҕэ 1-кы истиэпэннээх дипломант буолбута. Ону таһынан Бурнашев Федя, Васильев Адам эмиэ кырыымпа оҥороннор, Уус Алдан уустарын быыстапкатыгар кыттыбыттара.
Дьэ, итинник куруһуокка дьарыктанар уолаттар саха норуотун төрүт үнүстүрүмүөннэрин оҥоруутун ньымаларыгар үөрэнэллэр. Сэмэй ситиһиилэрбитинэн оскуолабыт аатын ааттатабыт. Билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээн, сатабыллара элбээн иһэриттэн үөрэбин. Кэскиллээх дьарыктара бэйэлэрин төрөөбүт төрүт түөлбэлэриттэн, үөрэнэр оскуолаларыттан саҕаламмыта саныахха үчүгэй баҕайы.
Кэккэбит кэҥээн иһэр
— Кырыымпаны оҥоруу хайдах саҕаламмытай? Оҕо сылдьан илиигэр ылан оонньуур үнүстүрүмүөннэриҥ атыыга баар буоллахтара...
— Университекка бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим Герман, Клавдия Хатылаевтар сэминээрдэригэр сылдьыбытым. Онно кырыымпа туһунан кэпсээбиттэрэ. Ол күн ити үнүстүрүмүөнү илиибэр аан бастаан ылбытым, эргитэ сылдьан тутан-хабан көрбүтүм. Дьиктиргээбитим диэн, хаһан да уһамматах киһи оҥорбут кырыымпата диэбиттэрэ. Ол түгэҥҥэ холонон көрөр баҕа санаа күөдьүйбүтэ. Онтон «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа биир биэриитигэр Руслан Габышевы көрбүтүм. Кини кырыымпа туһунан кэпсээбитин сэргии истибитим. Ити баҕа санаабар эбии күүс-көмө буолбута. Онон 2016 сыллаахха олунньуга Төрөөбүт тыл күнүгэр оскуолабытыгар бастакы бэйэбит оҥорбут кырыымпабытын сүрэхтээбиппит. Онтон ыла оскуолабыт иһинэн музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥорон саҕалаабыппыт. Билигин ити дьарыкка үөрэнээччилэрбин уһуйабын.
— Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолаларыгар бэйэҕит уопуккутун тарҕатаргытын, араас быыстапкаларга кыттаргытын, маастар-кылаастары ыытан атыттары уһуйаргытын истэбит. Бу туһунан кэпсии түс эрэ.
— Үөрэҕириини сайыннарар уонна учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтэр институт «Музыка для всех» бырайыак чэрчитинэн муусука учууталларын куурустарыгар «Кырыымпаҕа оонньуурга үөрэнэргэ бастакы хардыылар» диэн сэминээр оҥорбуппут. Дьокуускай куоракка А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Уус Алдан уустарын быыстапкатыгар кырыымпа, күпсүүр уо.д.а. музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥорууга технология учууталлара Егор Бурнашевтуун уонна Алексей Муксуновтуун маастар-кылаас ыыппыппыт. Кинилэри бу эйгэҕэ көҕүлээбит уонна уһуйбут киһи буолабын.
Киһиэхэ баҕа баар буоллаҕына, ылсыбытын ыпсарар, толкуйдаабытын толорор. Үнүстүрүмүөн оҥоруу курдук уран уонна сыралаах үлэҕэ үөрэнэллэриттэн үөрэбин, тута ылсан баралларыттан, бу эйгэҕэ кэккэбит кэҥиириттэн астынабын. Олохтоох бэйэбит уустарбыт оҥоһуктара үксүү турдун, оччоҕуна дьоммут-сэргэбит туһанар кыахтара элбиэ этэ.
Барыта – иннибэр
— Дьиэ кэргэҥҥин кылгастык билиһиннэриэҥ дуо? Уолаттарыҥ эн дьарыккар сысталлар, көмөлөһөллөр дуо? Итиэннэ тус ситиһиилэргэр тохтуохха.
— Кэргэним Марианна Николаевналыын 1990 сыллаахха ыал буолбуппут. Үс уоллаахпыт, үс сиэннээхпит. Уолаттарбыт хомуска, гитараҕа оонньууллар. Үнүстүрүмүөн оҥорорбор уолаттарым көмөлөһөллөр. Кырабыт – устудьуон, улахаттарбыт – үлэһиттэр.
Хомусчуттарым ансаамбылын ситиһиилэринэн «Уус Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» диэн бэлиэни туттарбыттара. Учуутал быһыытынан үрдүкү категориялаахпын. Дьонум-сэргэм маастар диэн ылынар даҕаны, онно өссө да тиийэ иликпин. Киһи иннигэр талаһардаах, сыаллаах-соруктаах буоллаҕына, өссө умсугуйан туран үлэтэ-хамнаһа тахсар эбээт. Онон билигин даҕаны барыта – иннибэр.
Ураты дьүрүскэн тыастаахтар
— Бастакы билбит музыкальнай үнүстүрүмүөнүҥ – хормуоска. Ийэҕиттэн хомуска сыстаҕын, ол кэннэ кырыымпаҕа ылсаҕын. Саха буоларыҥ тардан, өбүгэ дорҕоон таһаарбыт үнүстүрүмүөннэригэр тохтообут эбиккин дии?
— Ахсыс кылаас кэнниттэн Орто Азияҕа күүлэйдии барбыппыт. Новосибирскайга тоҕо эрэ өр буолбуппут. Биирдэ Доҕордоһуу киэһэтэ ыытыллыбыта, онно Горнай Алтаайтан оҕолор бааллара. Араас омук оҕолоро мустубуппут. Арай кэнсиэр нүөмэрдэрин бэлэмниирбитигэр саха тылын учуутала Светлана Прокопьевна миигин хомустуугун диэбитэ. Онно омук оҕолорун иннигэр хомуспун дьүрүһүтэн, былааһы ылбытым. Аны киэһэни быһа оҕолор эккирэтэ сылдьан үөрэттэрэ сатаабыттара. Ыксаан, төбөбөр кэлбит тылларынан: «Сахалыы билбэт киһи сатаан оонньообот», – диэн куотуммутум. Ол күн саха буоларбынан өссө улаханнык киэн туттубутум.
Хомус, кырыымпа дорҕоонноро ураты дьүрүскэн тыастаахтар. Ону учуутал буоламмын бэйэм үөрэнээччилэрбэр иҥэрэбин уонна кинилэр эмиэ ханна эрэ тиийдэхтэринэ омук быһыытынан уратыбытын дириҥник өйдүөхтэрэ, киэн туттуохтара дии саныыбын.
Билиҥҥи балысхан сайдыылаах үйэҕэ аныгы ыччат бэйэтин төрүт култууратыгар тирэхтэнэн, дьонугар-сэргэтигэр туһалаах, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр кыахтаах буолара эрэйиллэр.
– Василий Тимофеевич, махтанабыт! Быйылгы үөрэх дьыла эһиэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри аҕаллын! Баҕа санаалар туоллуннар!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.