08.08.2024 | 12:00

Валерия, Константин Владимировтар: «Биһигини Москуба ыал гыммыта»

Валерия, Константин Владимировтар:   «Биһигини Москуба ыал гыммыта»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Cаха Өрөспүүбүлүкэтин «Сыл бастыҥ ыала-2024» күрэх «Эдэр ыал» анал аатын кыайыылаахтарынан тахсан, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыбыт Ньурба улууһун олохтоохторо Валерия, Константин Владимировтар – «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыттара.

– Саха сиэринэн, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Хантан төрүттээххитий, төрөппүттэргит кимнээҕий?

– Мин Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Акана уонна Ньурба 2 №-дээх орто оскуолаларыгар ааттара иҥэриллибит, оройуоҥҥа үөрэхтээһин эйгэтин төрүттэспит бырааттыы Егоровтар сыдьааннара буоларбынан киэн туттабын. Төрөппүттэрим Наталья Никитична, Георгий Ефимович Спиридоновтар. Бэйэм олох кыра эрдэхпиттэн эбээбэр Елизавета Петровнаҕа иитиллибитим. Онон эбээ оҕотобун.

Кэргэним Константин Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыттан төрүттээх. Аҕата Афанасий Петрович дойдутугар бэйэтин кэмигэр остуол тенниһигэр элбэх спорсмены ииппит тренер эбит буоллаҕына, ийэтэ Валентина Константиновна алын сүһүөх кылаас учуутала буолан, иккиэн идэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыт биллэр-көстөр педагог дьон. Кэргэним аҕата билигин дойдутугар бочуоттаах сынньалаҥар олорор биэнсийэлээх.

– Константин, ол аата оҕо сааскыттан эйигин спорка уһуйбут киһинэн аҕаҥ буоллаҕа?

– Аҕам теннис эйгэтигэр уһуйбут учууталым бөҕө буоллаҕа дии. Төһө да төрөппүт аҕам буолтун иһин, абытай кытаанах ирдэбиллээх тренер этэ. Ол да иһин оҕо эрдэхпиттэн бэйэм холбор сүрдээх улахан ситиһиилэри ситиспит эбиппин дии саныыбын. Күн аайы дьарык, эрэсиим тутуһуллар буоллаҕына эрэ түмүк кэлэрин кыра сааспыттан өйдүү улааппытым.

Бииргэ төрөөбүттэртэн убайым, эдьиийим уонна мин, үһүө буолан, остуол тенниһигэр элбэхтик улууспут, өрөспүүбүлүкэбит чиэһин көмүскээбиппит.

Аҕабыт Афанасий Петрович остуол тенниһигэр тренер быһыытынан өр сылларга үлэлээбитэ. Үгүс элбэх оҕо киниэхэ уһуйулламмыт, дьарыктанаммыт, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин, Арассыыйа да таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэммиттэр элбэхпит. Билигин даҕаны үгүс иитиллээччилэрэ сибээстэрин быспаттар, өрүү махтана, билсэ олороллор.

– Тренер үлэтэ улаханы быһаарар бөҕө буоллаҕа. Тус ситиһиилэргэр тохтоон ааһыахха.

– Улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэриттэн кыһыл көмүс мэтээл иилинэн дьиэбэр киирэн кэллэхпинэ, ийэм барахсан үөрэн мичилийэрэ харахпар билигин да баар. Ийэбит биһиэхэ эрэ буолбакка, аҕам эрчийэр оҕолорун хас биирдии ситиһиилэриттэн үөрэрэ. Ардыгар оҕолор дьиэбитигэр үһүөн мэтээллээх киирэрбит дьиэ кэргэн үрдүк үөрүүтэ буолара. Ол биһигини үрдүккэ кынаттыыра, улахан сыалларга сирдиирэ.

– Оттон, Валерия, эйиэхэ оҕо саас саамай умнуллубат өйдөбүлэ тугуй?

– Мин саамай чугас киһим – эбээм. Кини олус муударай киһи. Эбээбин батыһа сылдьан олоххо олус элбэххэ үөрэммит эбиппин. Дэриэбинэ оҕото буоламмын, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар сыста улааппытым. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар оҕолор дискотека эҥин диэни интэриэһиргиир кэмнэригэр миэхэ бастакы миэстэҕэ үөрэҕим уонна спордум тураллара. Эмиэ Костя курдук оҕо сааспыттан остуол тенниһинэн дьарыктанарым. Эбээм үөрэхпин уонна спорпун тэҥҥэ тутары ирдиирэ.

Билигин даҕаны бастакы сүбэлэһэр киһим – эбээм.

– Иккиэн тус-туһунан улуустар оҕолоро буолан бараҥҥыт интэриэскит биирэ дьикти. Валерия, улааттаххына туох буолуоххун баҕарар этигиний?

– Сылгыны наһаа сөбүлүүрүм. Уонна, дьиктиргиэххит иһин, жокей буолуохпун баҕарарым ээ. Билигин даҕаны ол баҕа санаам дууһабар чугас эрээри, уҥуохпунан үрдүк буоламмын, хайдах даҕаны жокей буолар кыаҕым суох. Өссө стюардесса буолар баҕалааҕым. Оттон тенниһинэн илиибин араарбакка дьарыктанан, оҕо сааспыттан өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх кыайыылааҕа буолан, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим. Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа буолбут оонньууларга бастаталаабытым. Саха сирин хамаандатын састаабыгар Уһук Илиҥҥэ бириистээх миэстэни ылбыттаахпыт.

Ити курдук иккиэн оҕо эрдэхпититтэн дьарыктаммыт спорпут көрүҥэр – остуол тенниһигэр Костя 2004 сыллаахха, мин 2008 сыллаахха «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга кыттыбыппыт. Биһиэхэ бу түгэн оҕо сааспыт биир чаҕылхай өйдөбүлэ.

– «Азия оҕолоро» Оонньуулар аан дойдуга эйэ илдьитэ, доҕордоһуу туоната буолан, хас биирдии кыттааччы, көрөөччү оҕо сүрэҕэр умнуллубат түгэннэри хаалларбыта чуолкай. Бу бэйэҕит улахан дьон, ыал буолан оҕолонон-урууланан баран ахта-саныы олордоххут.

– Оннук. «Азия оҕолоро» спорт бырааһынньыгар аҥаардас кыттыы даҕаны улахан ситиһии. Спортсмен оҕолор манна сүрдээх улахан сүүмэрдээһини ааһан, өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүр хамаандаҕа ылыллаллар.

Биһиги саҕана Кытай, Корея, Индия курдук теннискэ күүстээх састааптаах хамаандалар кэлэн күрэхтэһэллэрэ. Онно бииргэ күрэхтэспит, Оонньууларга билсибит оҕолорбут билигин аан дойду таһымыгар күрэхтэһиилэргэ сылдьар улахан спортсменнар. Саха сирин хамаандата аан дойду күүстээхтэрин кытта эрбии биитин курдук тэбис-тэҥҥэ оонньуур буоларбыт. Наһаа бүтэһиккэ тэбиллибэккэ, ортоку көрдөрүүлэргэ сылдьарбыт. Онон биһиги ыалга «Азия оҕолоро» бэлэхтээбит доҕотторо элбэхтэр, билиҥҥэ диэри билсэбит, ситиммитин быспаппыт.

Бу Оонньуулар буолар кэмнэригэр кэлин волонтердуубут. Быйылгы Оонньууга кэргэним Лера тэрийсээччи быһыытынан волонтердары кытта үлэнэн кытынна. Оттон кыыспыт Сандаара арыллыыга үҥкүүлээтэ.

–  Хаһан, хайдах ыал буолбуккутун кэпсэтиэх.

– Биһигини оҕо сааспытыттан дьарыктаммыт тенниспит нөҥүө уопсай доҕотторбут көмөлөрүнэн Москуба куорат холбооттообута. Иккиэн теннисистэр этибит даҕаны, ол иннинэ улаханнык билсибэт этибит. Костя миигиттэн сааһынан улахан уонна, хайа, куруук инники күөҥҥэ сылдьар лидер буоллаҕа. Биһиги, оскуола кыргыттара, кинилэр, улахан теннисистэр, оонньуулларын сөҕө уонна толло эрэ көрөрбүт. Онон, бэркэлээтэҕинэ, көннөрү «привет» уонна «пока» эрэ диэнинэн муҥурданарбыт.

– Онтон?

– Онтон 2011 сылга Москубаҕа Дьокуускайтан доҕотторбут теннис күрэхтэһиитигэр кэлбиттэрин көрүстүбүт. Лералыын онно билсибиппит. Арай иккиэн Москубаҕа устудьуоннуур эбиппит. Мин онно – уолаттарбын, кини дьүөгэлэрин көрсө тиийбит этэ.

Онтон ыла доҕордоһуубут тапталга кубулуйан, 2013 сыллаахха ыал буолбуппут. Кыыспыт Сандаарабыт күн сирин көрөн, аны ийэ, аҕа буолар үрдүк дьолломмуппут.

Онон биһигини Москуба ыал гыммыта диир толору кыахтаахпыт. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр сөбүлээн дьаарбайар сирбит Горькай аатынан паарка этэ, спорт саалаларын, киинэ тыйаатырдарын эмиэ тумнубатахпыт.

– Ханнык үөрэхтэргэ үөрэммиккитий?

– Мин Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт институтун бүтэрэн бараммын, Москубаҕа эмиэ физкултуура уонна спорт университетыгар магистратураҕа салгыы үөрэммитим. Лера хайа инженерин үөрэҕин бүтэрбитэ.

– Константин, адаптивнай спорт көрүҥэр Саха сириттэн бастакы спорт маастарын иитэн таһаарбыт тренер буоларгын биллим.

– Оннук. Үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ Дьокуускайга Адаптивнай спорт киинигэр үлэҕэ ылбыттара. Ити ситиһиим онно үлэлээбит сылларым түмүгэ диэхпин сөп. Онтон дойдубар төннөн, ийэм, аҕам үлэлээбит оскуолаларыгар икки сыл дириэктэр быһыытынан  үлэлии сылдьан баран, кэргэним дойдутугар Ньурбаҕа көһөн кэлбиппит.

– Валерия, хас биирдии кыыс оҕоҕо ийэ буолуу улахан эппиэтинэс буоллаҕа?

– Сандаарабыт төрүүрүгэр иккиэн да эдэрбит бэрт этэ. Мин сүүрбэлээҕим эрэ, Костям сүүрбэ түөрт саастааҕа. Күн сиригэр бүтүн киһини аҕалбыт ийэ, аҕа буолуу эппиэтинэһин онно күүскэ өйдөөбүппүт. Бастаан утаа толлор санаа оҕо дьоҥҥо ханна барыай?! Кыыспыт Сандаара быйыл төрдүс кылааһы Ньурбатааҕы гимназияҕа бүтэрдэ. Английскайы, нуучча, саха тылын уруоктарын сөбүлүүр. Уруһуй кылааһыгар үөрэммитэ. Ону таһынан ырыа, үҥкүү куруһуоктарыгар дьарыктанар. Спортивнай аэробиканан үлүһүйэн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ миэстэлэспититтэн биһиги, төрөппүттэрэ, сэмээр үөрэбит.

– Эһиги ыал сарсыардаҕыт туохтан саҕаланарый? Уонна оттон үлэҕит-хамнаскыт туһунан, Валерия Гаврильевна?

– Сарсыардабыт, саха ыалын сиэринэн, итии үүттээх чэйтэн саҕаланар. Онтон үлэбитигэр ыстанабыт. Оскуолаҕа оҕобутун аҕалабыт. Үлэбитигэр эппиэтинэс, бастатан туран, хойутаабат буолууттан, дьиссипилиинэттэн саҕаланар. Ону булгуччулаахтык тутуһабыт уонна үлэһиттэрбититтэн даҕаны салайааччы буоларбытынан ирдиибит.

Мин Ньурба оройуонун дьаһалтатын ыччат дьыалатыгар уонна имиджевай политикаҕа управлениетыгар салайааччынан үлэлиибин. Ньурба оройуонугар саамай эдэр салайааччы уонна дьокутаат буолабын.

Кэргэним Константин Афанасьевич Ньурбатааҕы үөрэх управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын салайааччытын солбуйааччытынан үлэлиир. Иккиэн эппиэтинэстээх үлэлээхпит.

Иллэҥ кэммитигэр тапталлаах спорпут көрүҥүнэн – тенниспитинэн дьарыктанабыт. Бары бииргэ бириэмэбитин туһалаахтык атаарарга кыһаллабыт.

– Икки теннисист оҕоҕут эмиэ тенниһи сэргиирэ буолуо дуо  диэн ыйытыы үөскүүр.

– Оо, дьэ, уустук ыйытыы. Тренер аҕата этэринэн, мин даҕаны көрөрбүнэн, талаан бэриллибит. Оонньуур толору кыахтаах эрээри, өссө да ылына илик. Билигин бэйэтэ сөбүлүүр дьарыгын  спортивнай аэробикатын ордорор. Төһө даҕаны саҥа саҕалаатар, бэйэтин сааһыгар үчүгэй көрдөрүүлээх диэн үөрэбит. Оҕобут бэйэтэ сөбүлүүрүнэн, дууһата туохха сытарынан дьарыктаах киһи буолуон баҕарабыт.

– Арассыыйаҕа буола турар Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо саас сылларынан Ньурбаҕа туох үлэлэр ыытыллалларый?

– Бу күннэргэ «Дьиэ кэргэн – олох төрдө» диэн ааттаах дьиэ кэргэн бэстибээлэ буола турар. Түмүктүүр төрдүс түһүмэҕэ аны күһүн ыытыллыахтаах.

Итини сэргэ биһиги улууска элбэх оҕолонууну өйүүр «Нюрбинский материнский капитал» диэн ааттаах бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн алта уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга улуус биир мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх харчыны биэрэр. Бу суума дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга туһуланар. Дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар аналлаах бырайыактар итинэн муҥурдамматтар. Ону сэргэ, ханна да буоларын курдук, араас интэриэстэринэн түмсүүлэр бааллар. Манна хас биирдии ыал, эдэр дьон бэйэлэрин интэриэстэринэн дьарыктаналлар, уопут атастаһаллар, саҥаҕа үөрэнэллэр, маастарыстыбаларын үрдэтэллэр, үүнэллэр, сайдаллар.

– Өбүгэлэр этэн хаалларбыттарынан, ыал диэн – ытык өйдөбүл. Аныгы үйэҕэ ол хайдаҕый?

– Былыр да, быйыл да ыал диэн ытык өйдөбүл буоллаҕа. Оттон бу ытык өйдөбүлү өрө тутар сыалтан, ол аата ыал буолбут дьон олохторо дьоллоох буоларыгар икки өттүттэн кыһаныахтаахтар. Манна өйдөһүү, өйөһүү, бэйэ-бэйэ санаатыгар, быһаарыныытыгар ытыктабыллаах сыһыан баар буолара олус наадалаах. Уонна оттон ыалы ыал гынааччы оҕо буоллаҕа. Биһиги күммүт-ыйбыт оҕобутуттан тахсар. Кини киһи киһитэ буолан тахсара биһигиттэн, хайдах оҕобутун сөпкө сайыннарарбытыттан тутулуктаах.

– От ыйыгар «Владимировтар тустарыгар куоластааҥ!» диэн  ыҥырыы өрөспүүбүлүкэ бары муннугар тарҕанна. «Бастыҥ эдэр ыал» номинацияҕа кыайыыгыт уонна куоластааһын туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэҕиҥ эрэ.

– Куонкурус хас да түһүмэҕинэн ааспыта. Элбэх сорудахтаах этэ.  Биһигиттэн «Эдэр ыал» диэн номинацияҕа сайаапка ылбыттара. Итини таһынан «Кыһыл көмүс ыал» диэҥҥэ тиийэ өссө алта араас хайысха баара. Онон хас биирдии номинацияттан барыта сэттэ кыайыылаах тахсыбыта. Ол кыайыылаахтартан анал хамыыһыйа көрүүтүнэн аны биир сүрүн ыал Саха сирин чиэһин Арассыыйаҕа көмүскүөхтээҕэ.

Киһи эрэ холобур ылар ыаллара элбэх. Биһиги кыайыы туһунан санаабат даҕаны этибит. Онтон арай маннык чиэс тиксибитигэр, соһуччу үөрүү буоллахпыт дии.

Бу үрдүк наҕарааданы ылар эдэр дьоҥҥо үрдүк чиэс, бочуот. Эмиэ биир улахан эппиэтинэс.

Оттон Арассыыйа таһымыгар норуот куоластааһына куйаар ситимин нөҥүө барбыта.

– Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев эһиги тускутугар куоластыам диэн оҕоҕутугар Сандаараҕа биэрбит тылбын толордум диэн сахатын дьонугар көхтөөхтүк  кыттарга ыҥырыыта баар этэ. «Владимировтары өйүөҕүҥ уонна Саха сирин дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхпитин, сомоҕолоһуулаахпытын көрдөрүөҕүҥ!»– диэн Ил Дархан бэйэтин телеграм-ханаалыгар таһааран турар.

– Оннук. Айсен Сергеевич илиититтэн бастаабыт ыалга бириэмийэбит 300 тыһ. солкуобай суумалаах уу харчы этэ. Онон саҥа тутта сылдьар дьиэбит олбуорун матырыйаалын ылыахпыт диэн сүбэлэстибит. Олбуорбутун көрө-көрөбүт, быйылгы куонкуруска кыттыбыппыт өйдөбүлэ буолуоҕа диэн наһаа үөрэбит.

Уонна куоластааһыҥҥа көҕүлээбит дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Бу биһиэхэ сүрдээх улахан өйөбүл этэ. Мантан аһара үөрэбит.

Төрөөбүт улуустарбыт Ньурба уонна Мэҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ наһаа улахан үлэни ыыппыттарыгар махтал мааныта.

Түгэнинэн туһанан биһиги туспутугар куоластаабыт Сахабыт сирин олохтоохторугар бука барыларыгар «Киин куорат» хаһыат нөҥүө махталбытын биллэрэбит.

 

Хаартыскалар: Владимировтар дьиэ кэргэн архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....