11.07.2019 | 09:05

Валериана Никифорова: “Иистэнньэҥ үлэтэ сыаналаныахтаах”

Валериана Никифорова: “Иистэнньэҥ үлэтэ сыаналаныахтаах”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы күрэх сыалынан-соругунан саха норуотун түҥ былыргы таҥаһын үйэтитии уонна сайыннарыы эрэ буолбакка, саха ХVII-с, XVIII-с, XIX-с үйэлэргэ кэтэ сылдьыбыт маанылаах таҥаһын сөргүтүү уонна төрүт иис култууратын баай үгэстэрин киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы буолла. Маны таһынан, үгэс буолбут сахалыы таҥаһы тигэр иистэнньэҥнэр истэриттэн саҥа ааттары арыйыы, өйөөһүн уонна кинилэр үлэлэрин киэҥ араҥаҕа билиһиннэрии сыала ситиһилиннэ.

Быйылгы Туймаада Ыһыаҕар дьон сэҥээриитин ылбыт «Ыһыаҕым талба таҥаhа» күөн күрэс муҥутуур кыайыылааҕынан Валериана Васильевна Никифорова салайааччылаах “Эркээни иистэнньэҥнэрэ” буоллулар.

 

– Мин 6 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэбит учууталынан, оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Аҕам эмиэ учуутал, физкультураны үөрэтэр этэ.

Кэлин сопхуоска управляющайынын анаммыта.

Эбээм, ийэм да иистэнэллэр этэ. Кинилэри көрөн улааттаҕым. Кыра эрдэхпиттэн иистэниэхпин наһаа баҕарар этим,  күнү быһа кыыс таҥаһын уруһуйдаан тахсарым. Ийэм быһан биэрдэҕинэ, бэйэбэр тиктэн кэтэрим.

Мин саҕа мааны киһи суох курдуга...

Иис – олоҕум суолтата

– Эйигин “Ииһинэн эрэ олорор киһи” дииллэр эбит...

– Оскуола кэнниттэн тута иистэнньэҥ идэтигэр үөрэнэ киирбитим, туйгуннук бүтэрибитим. Кэнники эбии  “закройщик” идэтин баһылаабытым. Өр сыл бытовой кэмбинээкка үлэлээбитим, онтон Покровскай гимназиятыгар куруһуогу, оҕолор муодаҕа театрдарын салайбытым. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка эмиэ Муода театрын үлэлэппитим.

Урут хаста да ырыаһыттарга таҥас тикпитим. Ол курдук, саамай кэрэ, нарын, сибэкки курдук сэмэй Ангелина Файрушинаҕа, истиҥ, ыраас куоластаах Сиэйэ Уолугар уонна да атыттарга сыанаҕа кэтэр мааны таҥастарын тигитэлээбитим.

Колледжка үлэлии сылдьан Светлана Ивановна Петровалыын билсибитим. Ол дьылҕам бэйэтэ тосхойбут дьиҥнээх күндү бэлэҕэ буолбута. Светлана Ивановна – историческай наука кандидата, ХИФУ доцена, норуот маастара. Кинилиин хас да улахан бырайыакка кыттыбытым.

– Ураты уонна баараҕай да диэххэ сөптөөх бырайыакка хайдах санаммыккытый?

– Хаҥаластар тумус туттар биир дойдулаахпыт, саха саарына, ыраахтааҕы Екатерина хамыыһыйатыгар сахаттан бастакы дьокутаат буолбут Софрон Сыранов төрөөбүтэ 300 сылыгар анаан худуоһунньук Михаил Носов “Якуты 17 века. Ысыах” диэн 80-ча сыллааҕыта күн сирин көрбүт хартыынатын тыыннааҕымсытан көрдөрөргө санаммыппыт.

Бу кыһын Светлана Ивановнаҕа былыргы таҥаһы сөргүтэр бырайыакка кытын диэн Нөмүгү баһылыга бэйэтинэн көрдөһүүлээх тахсыбыт этэ. Саха төрүт таҥаһын үөрэтиигэ элбэх сыратын уурбут, “Уран Иис” үрдүкү маастарыстыбатын кыһатын салайааччыта киһи бэйэтинэн сөбүлэһэн, биһигини салайан,  ыйан-кэрдэн, хайдах тигэн эрэрбитин кэлэн сотору-сотору билсэн, ким тугу тигэрин үллэрэн, туох-ханнык таҥастан тигэрбитин барытын быөһааран, бас-көс киһи быһыытынан салайан биэрбитэ.

Хаста даҕаны мунньахтаан, бырайыак сүдү суолтатын ырытан биэрбит киһинэн кыраайы үөрэтээччи Прокопий Романович Ноговицын буолла. Кини учуонай Михаил Носов кинигэтин «илдьириитэн»и биэрэн, идеятынан харахпытын уматан кэбиспитэ.

Ону барытын эдэр салайааччыбыт, кэскиллээх баһылыкпыт Наум Васильевич Устинов үбүнэн-харчынан, санаатынан даҕаны өйөөн испитэ.

Салалта, ордук эдэр салайааччылар, норуот үгэстэрин өйүүр дьаһаллары сатаан тэрийэллэрэ, кыахтара баарынан кыттыһаллара махталлаах дьыала. Оҥорбут үтүөлэрэ кэнники суолтата өссө дириҥиэ буоллаҕа...

– Хайдах саҕалаатыгыт?

Бастаан Светлана Ивановналыын археологическай музейга баран, Хаҥалас Ат Дабаан диэн сириттэн 2016 сыллаахха археологическай хаһыылартан булуллубут таҥас куоппуйатын устубуппут. 18-с үйэтээҕи 45-55 саастаах баай дьахтар таҥаһыттан саҕалаабыппыт. Билиҥҥи киһи хараҕын астыннарар, сөхтөрөр кэрэ көстүү, аныгылыы эттэххэ, ураты дизайн. Сарыыны оҕуруонан киэргэтэллэр эбит. Биһиги тимир бүлтэгэрдэрин, бляшкаларын саха уустарыгар оҥорторбуппут. Ону барытын олохтоох дьаһалтабыт үбүлээбитэ.

Маны тэҥэ Эркээнигэ урут ыытыллыбыт саха-француз эскпедициятын үлэлэрин, кинилэр таһаарбыт кинигэлэрин үөрэттибит.

Бары биир санаанан үлэлээбиппит, дойду аатын сураҕырдарга талаһыы, патриотизм дьиҥнээҕэ онно көстүбүтэ дии саныыбын.

Барыта 50 иистэнньэҥ кытынна, хас да айар кэлэктиип үлэлэстэ. Сарыы, бэдэр, киис, буобур тириитин о.д.а. – барытын олохтоох дьаһалта уйуммута.

“Ыһыаҕым талба таҥаһа”

Туймаада ыһыаҕар бу таҥаскытынан кыттан бастаатыгыт...

– Бырайыакпытын Хаҥаластан төрүттээх, Екатерининскай Комиссия дьокутаата Софрон  Сыранов төрөөбүтэ 300 сааһыгар анаабыппыт. Эппитим курдук, Михаил Носов “Якуты 17-18 века. Ысыах" хартыынатынан үлэлээбиппит. Хартыынаны тыыннааҕымсытыыга 50 киһи кыттыбыта. Туймаада Ыһыаҕын күрэҕэр оҕолору кытта 13 киһи кытынна.

Хаҥаласка археологическай хаһыылар кэмнэригэр булуллубут таҥастар тигиллибиттэрэ. Ол аата барыта былыргы үйэтээҕини сөргүтүү оҥоһуллубута. Олох сэдэхтик көстөр уонна ураты таҥастары  тигии буолла. Барыта имиллибит сарыыттан, оҕуруо бөҕөлөөх, буобур тириитинэн киэргэтиллибит дьахтар соно; иккиһэ куница, норка ойуулаах сон. Этэрбэстэрэ эмиэ тирии.

Сыранов таҥаһыгар бэдэр тириитэ, бэргэһэтигэр киис тыһа, киис, бэдэр сирэйэ туттуллубуттара.

Таҥалай сону “Ситим” диэн 8 киһилээх бөлөх тикпитэ. Саамай элбэх оҕуруо киэргэтиилээх, бүлтэгэрдээх сон. Маннык ураты бырайыагы элбэх буолан кыайдахтара дии. Замшатын сакаастаан ылбыппыт, тириитэ буобур, бэргэһэтэ – киис.

Ыһыахха ыҥырар кыыс таҥаһын – эдэр, элбэх оҕолоох ийэ тикпитэ. Кыыс оҕо таҥаһын норуот маастара Анна Дмитриевна Громова тикпитэ, бүлтэгэрдэрин кэргэнэ оҥорбута. Бу үлэтэ эмиэ сөргүтүү – 18 үйэтээҕи таҥас.

Саамай кырдьаҕастарбыт “Тирэх” ырыа ансаамбыла. Кинилэр түүннэри-күнүстэри иистэнэн, илиилэринэн быысапкалаан көмө буоллулар. Бэргэһэлэри үксүн бэргэһэ тигээччи маастар Олеся Августовна Реева быһан тикпитэ. Ол курдук, бухатыыр бэргэһэтин сылгы төбөтүн тириитин бэйэтэ таҥастаан, илиитинэн имитэн, моһуонун биэрэн, олус бэртээхэй гына оҥорон тахсыбыта.

Бухатыыр батаһын Нөмүгү ууһа оҥорбута. Биир сүрүн таҥаһын Дьэр иистэнньэҥнэрэ тикпиттэрэ, кутуу тимир киэргэллэрин саха ууһугар сакаастаан оҥорторбуппут.

Хаҥалас Чкаловыттан Инна Архипова оҕуруо ойуулаах эр киһи таҥаһын тикпитэ. Кып-кыра оҕоҕо торбос тириитинэн сиэнигэр эбээтэ тикпитэ.

Бу хаартыскаҕа баары кэпсээтэххэ, олус элбэх буоллаҕа. Интернеккэ хартыына өҥнөөх барыйаанын булан көрүөххэ сөп.

*Дьоммор барыларыгар махтаныам этэ, аҕыйах ый иһигэр итиччэ элбэх, историческай үлэни биир киһи курдук турунан туран өрө таһаарбыттарыгар. Өрөспүүбүлүкэбит сүрүн түһүлгэтигэр – Туймаада ыһыаҕар бастыахпыт дии санаабытым, бэйэм улаханнык эрэммитим.

Саха таҥаһын күрэҕэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк таһымнаахтык ааста.  Элбэх үчүгэй үлэлэри бэйэбэр бэлиэтии көрдүм, астынным, маастар быһыытынан дуоһуйууну ыллым. Билэр иистэнньэҥнэрбин көрсөн,Ю кинилэр наҕараадаларыгар тэбис-тэҥҥэ үөрдүм.

Өссө даҕаны кыттыахпыт диэн улахан эрэл үөскээтэ. Туймаада Ыһыаҕар Үс Хатыҥ үтүө түһүлгэтигэр чахчы бастыҥнан бастыҥнар, чулууттан чулуулар, уһулуччуттан уһулуччулар эрэ мусталлар.

Иистэнньэҥ үлэтэ сыаналаныахтаах

 Саха таҥаһын кэтиэн баҕарар киһи ахсаана сыллата элбии турар, оттон таҥаспыт сыаната аһара ыарахан буолан иһэр курдук...

– Үчүгэй саха таҥаһын төһө баҕарар сыаналыахха сөп дии саныыбын. Үрдүк хаачыстыбалаахтык тигиллибит буоллаҕына, хас да тыһыынчанан сыаналаныан сөп. Холобур, оноолоох сон хайаан да биэтэстээх буолуохтаах, аллараа өттө бииргэ тигиллибит. Үчүгэй костюмнай, имиллибэт матырыйаалтан тигиллибит буоллаҕына, сыаната ыарыыр. Кэһиэччик эмиэ оннук, хайаан да үтүөкэн жаккартан, оноолоох, биэтэһэ бииргэ тигиллибит, быһыллыбыт, клапаннаах эбэтэр сыһыарыы сиэптээх, тесьмата оҕуруолаах буоллаҕына, иистэнньэҥ үлэтэ сыаналаныахтаах дии саныыбын.

 Күрэскэ бастаан тугунан наҕараадаланныгыт?

–   Улахан телевизор биэрбиттэрэ, ону кимиэхэ да аныы иликпит, бэйэбит испитигэр мунньахтаан баран быһаарыахпыт.

Учуонайдарбытыгар махтанабыт

 Нөмүгүгэ элбэх иистэнньэҥ баар. Биһиги кыргыттарбыт бэйэлэрэ ательелардаахтар, үгүстэрэ дизайнер анал үөрэхтээхтэр. ИП салайаллар, олор эмиэ күүс-көмө буоллулар, ким да туора турбата. Туймаада Ыһыаҕар көрдөрбөт үлэлэрбитигэр үйэлэригэр иннэни туппатах дьон кытта кытыннылар.

Бу бырайыакка ХИФУ учуонайдара, доктордара, этнографтара кытта үлэлэстилэр. Светлана Петрова салайыытынан, үөрэтиитинэн бу бырайыакпыт ситиһиилээхтик таҕыста, «Киин куорат» хаһыат нөҥүө киниэхэ улахан, муҥура суох махталбын тиэрдэбин. кытаанах доруобуйаны, айымньылаах үлэни, ситиһиини баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...