Валентина Тищенко: «Бары бииргэ сырыттахха, барыта кэрэ, астык»
Суруналыыс ханна да сырыттар, куруук хаһыатыгар суруйар киһитин көрдүүр, кими эрэ билистэҕинэ, “бу киһи бу рубрикаҕа барсар эбит” дии саныыр.
Бүгүн суруйуохтаах дьиэ кэргэммин уруккуттан “ымсыыра” көрөбүн.
Билсэн кэбиһиэҕиҥ, Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо – Тищенколар дьиэ кэргэн.
– Валентина Иннокентьевна, төрүккүн-уускун, силискин-мутуккун билиһиннэр эрэ.
– Мин Өймөкөөн улууһун Төрүт диэн улуус саамай кыра нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм Өймөкөөн элбэх оҕолоох Кырбаһааҥкыннарыттан (баай Кырбаһааҥкын буолбатах) уонна Кондаковтарыттан төрүттээх, эһэм Өймөкөөҥҥө биллибит Бэтэринээр Майыһыай этэ. Эбэм элбэх оҕолоох, колхуоска үлэлээбит. Ийэм Тамара Моисеевна Босикова 40-тан тахса сыл уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбитэ, 85-гэр барда, дойдубар баар. Аҕам Босиков Иннокентий Степанович Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх, тырахтарыыс этэ, 1998 сыллаахха суох буолбута. Эһэм Степан Васильевич Босиков Тааттаҕа дойдутугар колхуоска бэрэссэдээтэллээбитэ, репрессияламмыта, онтон Аҕа дойду сэриитигэр сылдьыбыта, Чычымахха көмүллэн сытар, үтүө аата 1992 сыллаахха реабилитацияламмыта. Таатталар эһэлээх эбэбит ааттарын Ытык Күөлгэ мемориальнай дуоскаҕа суруйан туруоралларыгар махтанабын. Эбэм, Чөркөөх Охотиннарын кыыһа, Өймөкөөҥҥө көһөн кэлэн олохсуйбут.
Бииргэ төрөөбүт аҕыспыт, биһиги төрүөхпүт иннинэ дьоммут үс оҕону иитэннэр, 11-бит. Мин тохсус оҕобун. Сүөһүлээх-астаах буолан, сайынын 10-15 киһилээх биригээдэнэн, бары биир ыал дьоно, элбэх оту туттаран, пуондаҕа буран, матасыыкыл ыларбыт. Ити курдук тыа киһитин үлэтигэр барытыгар сыстаҕаспыт, үлэттэн туора турбаппыт.
Билигин кыргыттар бары педагогтарбыт, балтым Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатыгар култуура салаатыгар үлэлиир. Педдинастия буоларга эдьиийим докумуон хомуйсар. Уолаттар геолог, инженер, бэтэринээр үөрэхтээхтэр, салайар үлэҕэ, полицияҕа, тутууга үлэлииллэр. Дойдубар билигин үс бииргэ төрөөбүтүм олороллор, улууспут бары нэһилиэктэригэр сиэннэрбит бааллар, ону таһынан дойдубут араас муннуктарынан тарҕанан олоробут.
– Кэргэниҥ Игорь Викторович төрдүн эмиэ билэриҥ буолуо?
– Игорь эһэтэ Николай Константинович Охлопков, Кэптэнигэ биллэринэн Буҕаалтыр Ньукулай, сааһын тухары буҕаалтырдаабыт этэ. Эбэтэ Мария Сергеевна Попова Лөгөй нэһилиэгэр өр кэмҥэ библиотекарынан үлэлээбит. Быйыл 100 сааһынан уонна улууска библиотечнай систиэмэ 100 сылын көрсө, аймахтар ахтыы киэһэтин тэрийбиппит.
Игорь Охлопковтар икки кыыстарыттан кыраларын уола. Ийэтэ Мария Николаевна Исаканова аҕатын туйаҕын хатаран 40-тан тахса сыл куоракка буҕаалтырдаабыта, билигин сынньалаҥҥа олорор. Аҕата Тищенко Виктор Леонидович Украина Донецкай уобалаһыттан Славянск куораттан төрүттээх киһи этэ, лесхозка үлэлээбитэ, манна көмүллэн сытар. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр, балтылара куоракка ыал дьон.
– Сүрдээх үлэһит, мындыр толкуйдаах, уус, булчут аҕалааххыт.
– Тыа киһититтэн туох да уратыта суох, бултуурун-алтыырын сөбүлүүр, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, наллаан туттарын-хаптарын ордорор. Ыал буолбуппут утаа мин куоракка үлэлиир этим, ону куоракка нэһиилэ нэдиэлэ эбэтэр уонча эрэ хоноот, сылтах көһүннэр эрэ, дойдутугар тахса турара. Ол иһин 2007 сыллаахха Кэптэнигэ көһөн кэлбиппит.
Поповтар удьуор уус сыдьаана буолан буолуо, миэбэл арааһын оҥорорун таһынан, мин туттар малбын оҥорон үлэбин чэпчэтэр. Сыыс оту ыраастыыры, хортуоппуй көмөрү, хостууру, отоннуур тэрили, ас астыырбар, хаһаанарбар туһанар маллары уо.д.а. оҥорор. Былырыын саҥа дьиэҕэ киирэрбитигэр көҥдөйө тахсарыгар табаарыстара көмөлөспүттэрэ, ол кэннэ уолунуун иккиэн кэриэтэ үлэлээтилэр. Тиэхиньикэтин бэйэтэ оҥорор, көрүнэр.
Уолаттарын барытыгар илдьэ сылдьар.
– Оҕо саас кэрэ кэмнэрин хайаан да ыйыталаһар үгэстээхпин, отон саҕа оҕолор этибит диэнтэн салгыы кэпсээ эрэ...
– Мин кыра сылдьан наһаа ыксаллаах этим, этэргэ дылы, бэйэбин билиммэккэ, онно-манна кэтиллэ сылдьарым. Икки-үс үлэни, нааданы биирдэ оҥоро сатыыр идэлээҕим. Сорукка, булууга-талыыга, кэпсэтиигэ дьонум миигин ыыталлар этэ. Ыаллаах буола оонньуурга куруук дьаһаллаах “мамалара”, этэрээккэ хайдыһан оонньуурга наар хамандыырдара, кыргыттарбыныын сылдьарга була сатыы-сатыы тугу эрэ тэрийээччи мин буоларым. Оннооҕор байыаннай параакка кылаас хамандыыра буолабын, арааһа, саҥам чоргуйан олороро буолуо. 1-кы кылаастан 11-кэ диэри Хаарчаана, ол быыһыгар сороҕор Дьэгэ-бааба эҥин оҥороллоро.
Улууспут – промышленнай, нэһилиэкпит интернациональнай буолан, омук бөҕө. Ол омук оҕонньотторун кытта кэпсэтии бөҕө буолааччыбын. Украинец Столярчик Ыстапаан диэн оҕонньор наһаа сөбүлүүр этэ, ол да иһин буолуо, ийэм кинилэргэ сорукка миигин ыытара. Оҕонньор ыллатан, остуолга олордон бэчиэнньэ, кэмпиэт биэрэн, сэһэргэтэн ыытара. Аан сабыытынан занавес оҥостон, ырыаһыт бөҕөтүн үтүктэн, бырааппыныын дьоммор кэнсиэр көрдөрөн иһэн, сороҕор сольнай да буолан хаалара.
– Үөрэх, иитии туһунан ахтан ааһыахха.
– Оскуолаҕа 1985 сыллаахха киирбитим, бастакы учууталларым Клавдия Ивановна Егорова, Светлана Ивановна Жиркова- Матаркина этилэр. Тыл уруоктарын олус сөбүлүүрүм. Төрөппүттэрбит биһигини куруук үөрэттэрэ, саҥаны биллэрэ сатыыллара. Ол кэмнээҕи үлэни өрө туппут дьоммут оҕону иитиигэ олус да улахан болҕомтону уурбут эбиттэр. Билиҥҥи төрөппүттэр сороҕор омуннаах соҕустук оҕону иитэбит. Ол кэмҥэ дьон бары хайдах эрэ уопсастыба хараҕар сылдьар буолан дуу, биир тэҥник иитэллэрэ быһыылааҕа, бастакынан – үлэ, үөрэх, ол кэннэ дьиэтээҕи олох диэн. Ийэлээх аҕабыт биһигини кыра эрдэхпититтэн ааҕарга-суоттуурга үөрэтэллэрэ. Аҕабыт кинигэни сөбүлээн ааҕара, ийэбит тугу барытын суотунан үөрэтэрэ – харчыны туттарга, куруук ааҕына сылдьарга.
6-с кылаастан национальнай концепция киирбитэ. Мантан ыла мин төрүт култуура, саха литературата, тыла-өһө, ырыата-тойуга диэҥҥэ умса түспүтүм. Ыллыыр, тойуктуур, оһуокайдыыр, кыралаан айар этим. Араас кэнсиэртэргэ, бэстибээллэргэ кыттарым, улуустарынан гастроллуу да барар этибит. 1993 сыллаахха Ойуунускай 100 сааһыгар тойукка 2-с миэстэ буолбутум, бастакы миэстэ Саша Дьячковскай-Саарын этэ (билигин ону оҕолорго кэпсээтэхпинэ, “Уой, Валентина Иннокентьевна, эн ырыаһыт буолуохтаах эбиккин” диэн күллэрэллэр).
Кылааспыт салайааччыта, миэхэ “Бастыҥ учуутал уобараһа”, Крылов Афанасий Кононович этэ. Доруобуйатыгар хааччахтаах буолан, ыал эҥин буолбатах киһи, сүрэҕин сылааһын, тапталын барытын биһиэхэ биэрбитэ. Мин билигин хайдах курдук күүскэ итинник оҕону таптыахха, убаастыахха уонна кининэн эрэ олоруохха сөбүн сөҕөбүн.
Саха тылын уонна литературатын учууталынан Валентина Павловна Антонова-Захарова диэн эдэркээн кыыс ананан кэлбитэ. Төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин киниттэн иҥэриммитим, киниттэн куорсун анньынан, идэбин талбытым. Наһаа ирдэбиллээх этэ, билигин мин ирдэбилим кини “копията”, үөрэххэ учууталтан ол саамай туһааннааҕа дии саныыбын.
Кыра дэриэбинэ буолан, оскуоланы 9 буолан бүтэрбиппит, билигин да олус сылаас сыһыаннаахпыт, бириэмэ аастаҕын аайы, өссө түмсүүлээх буолан иһэбит.
– Оскуола кэнниттэн олоҕуҥ суола хайа диэки хайыстай?
– Оскуоланы бүтэрэр сылбар история биридимиэтинэн күүскэ үлүһүйэн турбутум. Оччолорго киһи барыта юрист буоларга талаһара. Ол да буоллар саха бакылтыатыгар туттарсан киирбитим. Ол сыл, 1995 сыллаахха, 10 миэстэни – төрүт култуура салаатыттан ылан, 10 миэстэни саха салаатыттан кырыйан, саха тылын уонна култууратын нуучча уонна омук тыллаах дьоҥҥо үөрэтэр учууталлары бэлэмниир саҥа салааны арыйбыттара. Мин төрүт култуураҕа туттарсан баран, Колодезников С.К. сүбэтинэн, ол саҥа салааҕа көспүтүм. Арааһа, саамай көрдөөхтөрө-нардаахтара, киирбиттэрэ-тахсыбыттара, сытыылара-хотуулара манна муһуннубут быһыылааҕа. Бастакы “посвящение в первокурсники” сүрэхтэнииттэн саҕалаан, диплом ылар күммүтүгэр диэри устудьуон олоҕум сулус суһумун курдук чаҕылыйан ааспыта. Барытыгар бастакы этибит, саҥа ньыманан үөрэнии, саҥа преподавателлэр. Тамара Ивановна Петрова ол саҕана университекка кэлбитэ, биһигини бастакынан үөрэппитэ.
Уопсайынан, барыта саҥа саҕалааһыннар долгуннарыгар олоро биэрбиппит. Практикабытын нуучча оскуоларыттан саҕалаан, Саха-турецкай колледжка тиийэ барбыппыт.
– Лөгөй сиригэр тарбахха баттанар кийииккин. Дойду оҥостубут Кэптэнигин туох диэн хоһуйуоххун сөбүй?
– Көһөн кэлбиппитигэр дириэктэрим А.А. Пухов саҥа киһини билиһиннэрэ администрация баһылыга Егор Егорович Жирковка илдьибитэ. Онно бэрт эйэҕэстик көрсөн: “Кэптэни кийииттэринэн баай, кийииттэри өрө тутабыт, сыаналыыбыт, хас биирдиилэрин харыстыыбыт уонна кинилэринэн киэн туттабыт”,– диэбитин өйдөөн кэллим. Өссө: “Кэптэни көнө уулуссаларынан киэркэйэрин, илин өттө бэс чагданан, арҕаа өттө тиит маһынан симэнэн олорорун, чээлэй күөх хатыҥ чараҥнардааҕын, кыра тыалга суугунуу оонньуур тэтиҥнэрдээҕин өйдөөн көрөөр уонна хайаан да ону таптыаҥ, дойду оҥостуоҥ”,– диэбитин билиҥҥэ диэри саныыбын.
Устудьуоннуур сылларбар хаста да Уус Алдаҥҥа кэлэн турабын: аҥаардас устудьуоннар буолан кэнсиэрдии да кэлэ сылдьыбыппыт, өрөбүллэрбэр Хоноҕорго сынньана да кэлэрим. Ол эрэн бастакы сырыым күлүүлээх, кыра санаа түһүүлээх этэ. Күһүн куоракка барыыга “Ракетаҕа” баппакка, ыксыалаһыы-үтүрүһүү алдьархайыгар суумкам ыраах эһиллэн хаалбытыттан, туох да анньыалаһыы үлүгэриттэн ытыы сыспытым уонна аны Уус Алдаҥҥа кэлиэм суоҕа диэн эппиппэр, “былыттаахха, дьыбардаахха саҥардыҥ” диэбиттэрэ...
– Билигин үс оҕо ийэтэҕин, киэҥ-куоҥ хаһаайыстыбалааххыт.
– Бастакы ынахпын 3-с кылааска сылдьан ыабытым, ханнан хаалбытын кэннэ, ийэм өр да өр ынаҕын эккирэппитин өйдүүбүн. Билигин уонча ынахтаахпыт, уопсайа 20-тэн тахса сүөһүлээхпит. Кыра уолбут наһаа үүтүмсэх, күөрчэҕи хайаан да күҥҥэ иккитэ сиир. 2019 сыллаахха баччаларга, от ыйын бүтүүтэ, биир сарсыарда сүөһүлэниэххэ диэтибит да, Сбербааҥҥа киирэн 300 тыһыынча солкуобай кирэдьиит ыллыбыт, ол күн икки ынах, икки ньирэй атыыластыбыт, хотону убайдарым кэлэн тутан биэрдилэр. Онон ый иһигэр сүөһүлэнэн, хотоннонон хааллыбыт. Киһи баҕата уонна санаатын күүһэ наада эбит дии саныыбыт. Уонна саамай улахан төһүү күүс аҕабыт буоллаҕа, кини баҕата, кини идеята, былаана. Кинитэ суох бу барыта суох буолуо этэ. Мин барытыгар сөбүлэһэн, саппай олорсон эрэ иһэр киһибин.
Кустарбытын сүөһүлэммит нөҥүө сылыттан иитэбит, сымыыт атыылаһан инкубаторга баттаппыппыт. Оҕолор кыраларыгар сонун, кэрэхсэбил бөҕө этэ. Ыҥырыанан былырыыҥҥыттан дьарыктанабыт, бастакыларбыт тымныыны уйбатахтара. Быйыл Ленинградскай уобаласка “Братья пчеловоды” Тимченколарга анаан үөрэннибит. 3 матка атыылаһан кэлбиппит, араас-араас, кэтээн көрүөхпүт. Былырыын 30 киилэ мүөт ылбыппыт. Бэйэ мүөтүн амтана туохха да тэҥнэспэт буоллаҕа.
– Оскуолаҕа үлэлиигин, хаһаайыстыба бөҕөтө, аны туран үрүҥ ас арааһын оҥорон атыылаан, нэһилиэнньэ махталын ылаҕыт. – Мин икки үлэлээхпин диибин. Балаҕан ыйын бастакытыттан бэс ыйын 1-гар диэри – бастакы үлэм, онтон бэс ыйыттан атырдьах ыйа бүтүөр диэри – иккис. Иккис үлэм кэннэ кэргэним 8 ыйга уоппуска биэрэр, бэйэтэ үлэлиир. Ынах төрөөтөҕүнэ эрэ тахса сылдьабын уонна “вахтабайынан” үүт аска кыһын, саас дуогабарынан үлэлиибин диэтэхпинэ, күлэллэр.
Сүөһүлэммиппит кэннэ өрөспүүбүлүкэбит Аҕа баһылыга А.С. Николаев быһаччы этиитинэн тыа хаһаайыстыбатыгар көмө, чуолаан ыанар ынахха харчы бэриллэр буолбута. Биһиги курдук саҥа тэринэр дьоҥҥо бу улахан көмө. Бастакы харчыбытынан – от охсор, иккиһинэн – сыроварня, үсүһүнэн ыҥырыа ылбыппыт. Ийэм, сүөһүлэммиппитин кытта, “үүт аһы тохпот буолаар, бэриллэри сыа-сым курдук туттуҥ” диэбитэ. Онон халбыыр үүттэн тахсары барытын оҥоро сатыыбын.
– Оҕолоргут ситиһиилэрин сэмээр истэн үөрэбит. Улахан уол Арассыыйаҕа кытары миэстэлэһэр этэ дии.
– Оҕо-оҕо курдук ситиһиилээхтэр. Дьоммут курдук иитэ сатыыбыт, үлэҕэ сыһыаран. Оҕо күн аайы ас астыыр, иһит сууйар, сайынын оттуур-мастыыр буоллаҕына, күннээҕи үлэттэн салҕыбат буолар. Өй-сүрэх, эт-сиин үлэҕэ үөрэннэҕинэ, бэйэҕэ туһалаах. Үлэһит киһи сүрэхтээх буолар, ол аата бары ылсыбыттарыгар сүрэх сөбүлүүрүнэн оҥорон иһиэхтэрэ буоллаҕа. Оттон ситиһиилэрэ учууталларыттан буоллаҕа дии. Улахан уол быйыл 11-с кылаас буолла, учуутала И.С. Даниловтыын Арассыыйатааҕы олимпиадаларга, уһанар сатабыл күрэҕэр хаста да ситиһиилэнэн кэллилэр. Кыыс 10-с буолла, саха тылын кэрэхсиир, былырыын, быйыл Арассыыйа регионнарын икки ардыларыгар ыытыллар ХИФУ олимпиадатыгар миэстэлэстэ. Салайааччыта Дьяконова М.А. кытта араас НПКларга кытталлар. Кыра, кыра курдук, барытыгар холонон көрөр, боксаҕа К.М. Гороховка эрчиллэр, футболга учууталыгар А.А. Бережневка сылдьар, илиитинэн тугу эрэ оҥоруон баҕарар, пластилинныыр, туойунан дьарыктанар.
Музыкальнай инструменнары, илиинэн оҥорор матырыйааллары ылан биэрэбит, санаалара кэлэн оҥордохторуна оҥороллор, тыаһаталларынан тыаһаталлар, сүрэх баҕатынан, онтон көстөн иһиэ буоллаҕа.
– Соторутааҕыта дьиэ кэргэнинэн Казань, Санкт Петербург, атын да куораттарынан күүлэйдээн кэллигит. Саамай үтүө түгэннэри кэпсии түс эрэ.
– Хаһан баҕарар, ханна баҕарар саамай улахан ситиһиибит – дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ сылдьыы. Оннук сылдьартан ордук суох, куоратыттан, сириттэн тутулуга суох. Бары бииргэ сырыттахха, барыта кэрэ, астык. Итинник биир бүтүн буолан сылдьан биир эмоцияны ылар олус бэрт. Балыктыы да, сир астыы да бииргэ сылдьабыт, саҥа сири, куораты бииргэ көрөр диэн эмиэ биир атын иэйии.
Казань куораты наһаа сөбүлээтибит. Москва, Питер кэннэ үһүс куорат аатын ылыан ылар. Ырааһын, баараҕай тутуута элбэҕин, омук быһыытынан уратыларын барытыгар киэн тутта көрдөрөллөрө, кэпсииллэрэ астыгын. Саҥа технология кытта баар. Уонна суоллара үчүгэйин, суол баар – сайдыы баар. Суолга арай светофор уонна ыскамыайка аҕыйах диэн көрдүбүт. Маны биһиги маннык быһаардыбыт: олордоххо эрэ ордук киртийэрэ дуу, ханна да дьон бөлөхтөһөн турара-олороро суох, онон ыраас. Болуосаттарга да, пааркаларга да, сынньанар кииннэргэ, оннооҕор улахан атыы-эргиэн кииннэригэр олорор сир аҕыйах. Санкт-Петербург кэннэ Карелияҕа сылдьыбыппыт, култуурунай сынньалаҥ кэннэ биир эмиэ астык, киһи өйүгэр-санаатыгар хаалар сырыылар буолбуттара.
– Педагог киһи быһыытынан оҕону иитиигэ туох ураты болҕомто наадатын ыйыаҥ этэй.
– Мин санаабар, киһиэхэ олоҕор улахан суолу-ииһи төрөппүт хаалларар. Учууталлар биһиги бэйэбит билинэбит эрэ, “биһиэхэ үөрэммит... биһиги үөрэнээччибит... мин үөрэппитим” диэн. Үтүө киһи буолан таҕыстаҕына, ийэтин, аҕатын аата үйэтин тухары ааттанар, мөкү суолунан бардаҕына, үс үйэ өбүгэтэ ахтыллар. Онон иитии биһигиттэн, төрөппүттэртэн, тутулуктаах. Наар оҕо эрэ туһугар буолбатах, эбэтэр наар миэхэ наада диэн буолбатах. Биһиги туспутугар диэтэххэ ордук курдук. Эн үөрэнэриҥ эйиэхэ бэйэҕэр, ийэҕэ, аҕаҕа, балыскар, бырааккар наада. Саҥаны билиэҥ – бары билиэхпит, ордугу көрүөҥ – барыбытыгар туһалаах диэн.
Билигин эрэ суолталаахха, инникитэ суохха аккаастыы үөрэниэххэ наада. Билиҥҥи оҕо өйө-санаата фейерверк курдук, уруоктан наар шоуну күүтэр, эн онно ханнык баҕар ньыманан, ханна эрэ күүркэтэн, ханна эрэ намыратан, бытаардан үөрэтэриҥ наада. Эн бэйэҥ уруоккун сөбүлүүр буоллаххына, үөрэнээччи эмиэ сэргиир, эн уруоккар болҕомтото, өйө-санаата барыта саҥаны эрэ кэрэхсии олоруохтаах, толкуйдуу, билбэтиттэн кэлэйэ буолбакка.
– Аны туран, төрөөбүт тылбыт умнуллар куттала баар. Эн, саха тыла үөрэхтээх киһи, бу туһунан туох санаалааххыный?
– Бу кыһалҕаны эмиэ төрөппүт эрэ кыайдаҕына оҕо кыратыгар кыайар дии саныыбын. Ютубу уонна да атын сервистары кытта күрэхтэһэр төрөппүт буолуохтаахпыт, сахалыы кэпсэтии эйгэтин тэрийэргэ. Куруук кэпсэтэ сылдьыахха наада, күлэ-үөрэ, сонунната, сэһэргэтэ. Оҕо туора дьону кытта дэҥҥэ көрсөн ааһар, оттон төрөппүтү кытта – үйэ саас. Ол иһин мин дьиэбэр саха буолан сандаарабын, төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэри ирдиибин. Оскуолаҕа эмиэ биридимиэтиттэн тутулуга суох учуутал оҕону кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтиэн наада диибин. Куорат да оскуолата буоллун, хас биирдии учуутал төрөөбүт тылынан кэпсэтэр, ыйыталаһар-токкоолоһор буоллаҕына, оҕо да онно үөрэнэн иһиэ этэ. Кэпсэтэр эйгэтигэр сахалыы саҥарар киһи баар буолуон наада – дьиэтигэр да, оскуолатыгар да.
Биһиги оскуолабытыгар тэрээһиннэр, күрэхтэр төрөөбүт тылбытынан барар, эйгэбит сахалыы, алтыһыыбыт бэйэбит тылбытынан. Дириэктэрбит М.П. Пухов бэйэтэ саха тылын үөрэхтээҕэ буолан, ол тыын Лөгөй лиссиэй-интэринээккэ күүстээх дии саныыбын. Ол иһин да буолуо, ситиһиибит биир сүрүнэ итиннэ сытар, эйгэ баарыгар, учууталлар, педагогтар кыһаллыыбытыгар. Оҕо Ийэ тылынан толкуйдуур, төрөөбүт тылынан саҥарар, бэйэтэ сайдар тылынан айар-тутар буоллаҕына, хайаан да үрдүгү дабайар, ситиһэр, кыайар-хотор!
Бэйэм биридимиэппэр быйыл хаһан да буолбатах улахан ситиһиим диэн, үөрэнээччим Айгыына Бурнашева саха тылыгар уонна литературатыгар, иккиэннэригэр, Өрөспүүбүлүкэ түмүктүүр олимпиадаларын муҥутуур кыайыылааҕа буолла. 6 кыыспыттан сорохторо икки биридимиэккэ кыттан, 10 миэстэлээхпит. Уонна 2021 сыллаахха Копырина Ленам уонна быйыл Бурнашева Айгыынам Өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэҥҥэ 92 баалы ылан үөрүүм үгүс.
– Университекка үлэлээбит кэмнэргин ахтаҕын дуо, ордук ханнык преподавателлэри холобур оҥостоҕун, уһуйааччыҥ ким этэй?
– Сэттэ сыл университекка үлэлээбит сылларым саамай истиҥник саныыр кэмим буоллаҕа... Үөрэхпин бүтэрээт, методика кафедратыгар С.К. Колодезниковка үлэлии хаалбытым. Ол эрэн уһуйааччым Петрова Тамара Ивановна этэ. Степан Константиновичтыын омуктары саха тылыгар үөрэппиппит. Кини Европа дьонугар сыһыарыылааҕа, мин – АТР (азиатско-тихоокеанский регион). Кэриэйдэр, дьоппуоннар, туроктар, ниэмэс кыыс үөрэммиттэрэ. Турок уолбун кытта толору сахалыы кэпсэтэбит, атыттары кытта – кыралаан, сороҕор, күлэн баран, “мин умнубуппун, Валяя” дииллэр. “Үөрэппит матырыйаалбытын илдьэ сылдьабыт, хаһан эрэ наада буолуо дии”,– диэтэхтэринэ, астынабын.
Куратордаабыт куурустарым оҕолорун ахтабын, бары ыал, үлэһит бэрдэ буола сылдьалларыттан үөрэбин. Аҥаардас Олег Колесовпын көрө-көрө астынабын. Кэллиэгэлэрбин кытта сибээспин быспаппын, Е.М. Поликарповабар, Д.И. Чиркоевабар куруук киирэн сүбэлэтэ сылдьабын, бииргэ үлэлээбит кыргыттарбыныын билсэ турабыт.
– Нэһилиэк олоҕор дьиэ кэргэнинэн көхтөөхтүк кыттаҕыт. Дэриэбинэбит өссө сайдарын туһугар тугу киллэриэххэ сөбүй, туох тиийбэтий?
– Биир тылынан эрэ этиэхпин сөп – спорт саалата наада, стадион наада!
– Биирдэ Үөһээ Дьааҥы кыыһа оскуола кэннэ үөрэххэ киирэн баран, Тааттаҕа баран кэлбитэ. Оччолорго биһиги хаһыаппытыгар быраактыкатын бара сылдьара. Онно: “Оо, айаным тухары хайалары кэтэстим да, олох көрбөтүм, наһаа хомойдум”,– диэбитэ. Эн дойдугун, туруук таас хайаларгын төһө ахтаҕын, баран кэлээччигин дуо?
– Бастаан утаа манна көһөн кэлэн баран дьиэбэр сытабын дии саныырым, куоракка олорор эрдэхпинэ, биирдэ да оннук буолбат этэ. 2017 сыллаахха үлэбэр биир улахан уларыйыы кэннэ күн аайы, күн аайы дойдубун, дьоммун түһүүр этим. Онтон сатаныа суохпун диэн сайын барбытым.
Кэргэн тахсан, оҕолорбун төрөтөн эргиллэн көрбүтүм, дойдубар бара сылдьыбатаҕым номнуо 12 сыл буолбут. Хайалары буолбакка, өрүспүн ахтабын. Өрүс кытылыгар үүнэр үөт сытыттан саҕалаан, уутун сытын, амтанын, сүүрүгүн, балыгын барытын ахтабын. Салгынын сыта дьэҥкэ атын, эҕирийдэххинэ – тыыны хаайар чэбдик, сытыы салгын кэйиэлиир, туймаардар. Кыһыҥҥы салгын курдук, эмиэ да чэпчэки, сүрэҕи сөрүүкэтэр, эмиэ да тыҥаҕар баппат ыйааһыннаах. Манна кыһын да оннук чэбдиги эҕирийбэппин, түргэн матасыыкылынан да көтүтэн, оннук тэһитэ кэйиэлиири туппаппын. Эһиил бары барарга былаанныыбыт, күһүөрү. Дойдум күһүнүн көрбөтөҕүм 20-тэн тахса сыл буолбут....
– Түмүккэ, Саха сирин олохтоохторугар Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылынан баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?
– Дьиэ кэргэн дьиэҕэ бары баар буоллаҕына, бу – түмсүү, үөрүү, күн аайы дьол кыырпаҕын тутар курдукпут. Оҕолордуун хас биирдии түгэн күндү, бииргэ кэпсэтэр, үлэлиир, сынньанар. Оҕо наһаа түргэнник улаатар, кэмигэр кинини минньигэстик сыллаан, хайҕаан, үөрэтэр үтүө тыллары этэн хаалыахха, кини хас биирдии үөрүүтүн үллэстиэххэ, тэҥинэн үөрүөххэ, болҕойон истиэххэ, сүбэлиэххэ. Хас биирдии түгэн хаһан да хатыламматыгар болҕомтолоох буолуохха, бэйэ-бэйэни харыстыахха, муҥура суох олоҕу таптыахха уонна үтүөнү түстүүр сарсыҥҥы күн өссө сарсыҥҥылааҕар бары эрэниэххэ!
– Валентина Иннокентьевна, баҕа санааларгыт, былааннаргыт барыта олоххо киирдиннэр, бигэ тирэхтээх, эйэлээх дьиэ кэргэн буолан быр-бааччы олоруҥ, ситиһиилэр кэккэлээн истиннэр, быыс булан кэпсэппиккэр барҕа махтал!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан