Валентин Эверстов: «Тиэргэн, уокурук, куорат нэһилиэнньэ көхтөөх түгэнигэр сайдар»
Сыл саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ 1001664 нэһилиэнньэлээҕэ. Итинтэн Дьокуускайга олорооччута – 384 979 киһи. О.э. куорат хас биирдии уокуруга улахан улуустан да элбэх нэһилиэнньэлээх.
Бүгүн мин Дьокуускай куорат биир улахан, аата-суола, үлэтэ-хамнаһа да үгүстүк иһиллэр Октябрьскай уокуругун быраабатын салайааччыта Валентин Эверстовы кытта кэпсэтэбин.
— Валентин Тимофеевич, күн бүгүн Октябрьскай уокурук төһө-хачча дьиэлээҕиттэн, олохтооҕуттан саҕалыахха?
— Официальнай чахчынан, 40 тыһ. арыый тахса. 2003-2004 сс. улаханнык халбаҥнаабат курдук. Тоҕо диэтэххэ, учуокка пропискалаах дьон эрэ киирэллэр. Бэлиэтэммэккэ олорооччуну аахтахха, элбээтэҕэ. Элбэх кыбартыыралаах (МКД) 248 дьиэни сэргэ Окружной шоссеҕа турар 40-ча чааһынай дьиэлээхпит.
— Олорор дьиэ пуондатын хас УК, ТСЖ (дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбалара – Л.) көрөн-истэн олороруй?
— 40-ча УК уонна ТСЖ баар. Улаханнарын эттэххэ: “Губинскай” уонна “Прометей”, “Север Строй”, Север Строй +”, “Солидарность”, уоннааҕыта дьоҕустар.
— ТСЖ-лар саҥа тэриллэллэрин саҕана араас кэпсэтии, мөккүөр да тахсара. Ордук хайаларын үлэтэ-хамнаһа көстөр, таһаарыылаах быһыылааҕый: УК, ТСЖ?
— Дьиэлэрин тутан, көрөн-харайан олороллоруттан көрдөххө, ТСЖ киэнэ, биллэн турар, быдан таһаарыылаах. Аҕыйах дьиэни көрөр-истэр буолан, хаачыстыбалаахтык үлэлииллэр. Оттон уонна УК-ҕа, чуолаан элбэх кыбартыыралаах хастыы да дьиэни хааччыйар, холобур, “Прометей” курдук бөдөҥ хампаанньаларга үлэлииллэригэр ыарахан. Дьону кытта ыкса сибээс кыайан олохтоммот. Холобур, хааччыйар дьиэлэрин аайы олохтоохтор соцситимҥэ бөлөхтөрүгэр суох, онон киирэн дьон санаатын, туруорсуутун истибэт, көрбөт түгэннэригэр, туох кыһалҕа баарын билбэттэр. Ол да иһин олохтоохтор биһиэхэ, быраабаҕа, тахсаллар. “Почтам дьааһыга алдьанан турар, оҥоруҥ”, – диэҥҥэ тиийэ. УК-ларыттан ыйыттахха: “Оннук сайаапка киирбэтэҕэ”, – диэн буолар.
Дьиэлээхтэр төлүүр кибитээнсийэлэригэр УК туох өҥөнү оҥорорун, тарыыбын болҕойон көрүөхтэрин наада. “УК барытын оҥоруохтаах, хааччыйыахтаах” дии саныыр – сыыһа. УК кибитээнсийэҕэ киирбит өҥөнү эрэ оҥорор, төлөбүр, харчы ылар хайысхатыгар эрэ эппиэтинэһи сүгэр. Холобур, “почта дьааһыгын көрүү-харайыы” диэн киирбэтэх түгэнигэр, УК ону оҥорор эбээһинэһэ да суох. Ол курдук, хаары ыраастыыр үлэ киирбэтэҕинэ, эмиэ ыраастаабат. Ол иһин олохтоохтор бэйэлэрэ көхтөөх, туох наадатын УК-тан, ТСЖ-тан туруорсар уонна ол туруорсар өҥөлөрүн иһин төлүүргэ бэлэм буолуохтаахтар. Оччотугар эрэ хамсааһын тахсар, усулуобуйа тупсар кыахтаах.
— ТСЖ аҕыйыыр дуу?
— Биһиэхэ былырыын биир ТСЖ тохтоон, дьиэтин УК-ҕа биэрбитэ. ТСЖ бэйэтэ буҕаалтырдаах, үлэһиттэрдээх буоллаҕына табыллар, олорго харчы төлөһүөн наада. Онно уустугуран аккаастаналлар. Урут оҥоһуллар өҥө иһин харчыны бэйэлэрэ хомуйар, тутар, тустаах наадаҕа туттар этилэр. Оттон билигин хааччыйар тэрилтэлэргэ быһа төлөһүү киирдэ. Дьиэни хомуйалларыгар, тиэргэни ыраастыылларыгар эрэ харчы киирэр. Хапытаалынай өрөмүөнү эмиэ УК оҥорбот, итинэн тустаах Пуонда дьарыктанар, харчы эмиэ онно барар. Бөҕү “Экосети” таһар. УК подъезд сууйарга, хаар таһаарарга эрэ үлэлэһэр курдук буолан, наадата да суох курдук балаһыанньата үөскээтэ. Ол да буоллар уруккуттан баар ТСЖ-ларбыт үлэлии сылдьаллар. Ахсааннара биир таһымҥа турар.
— Быраабаҕа хаскытый, туох исписэлиистэрдээххитий?
— Сэттэ тиэргэн ыраастааччыны ааҕан, 19-пут. О.и. биир юрист, үс киһилээх социальнай отдел бааллар. ДьУоХХ уонна тиэргэни тупсарыыга уонна сиргэ, атыы-тутуу чааһыгар исписэлиистэрдээхпит.
Сүрүн үлэбит – тиэргэннэри тупсарыы (благоустройство). Үбүлээһинэ, суолу оҥорууга курдук, “Главстрой” МХТ-нэн барар, бэдэрээччитэ эмиэ киниэнэ. Биһиги дьону түмэн, мунньахтаан, илии баттааһыны хомуйан, боротокуол толорторобут. Дьиҥэ, УК итинэн дьарыктаныахтаах. Хааччыйар дьиэлэрин олбуора саҥа, кэрэ, оҕо балаһаакката оҥоһуулаах буолара кинилэр интэриэстэрэ буолуохтааҕа да, наадыйааччы ахсааннаах. Аҕыйах УК үлэлэһэр. Саамай куһаҕана – нэһилиэнньэ көҕө суох, дьиэтин таһа тупсуон баҕарбат. Сорохтор сөбүлэһэллэр эрээри, тутуллубутун кэннэ хааччыйыытын бэйэҕит ылаҕыт, о.э. УК-ҕа харчы төлөөн, көрдөрөр, хаарын таһаартарар буолаҕыт диэтэххэ, төттөрү түһүнэллэр. Кыттыһан төлөстөхтөрүнэ, төлөбүр улахана суох. Түмүгэр оҕолор эргэ, алдьаммыт балаһааккаҕа оонньуурга күһэллэллэр. Барытын муниципалитет суотугар көрүү-истии кыаллыбат.
— 2000 сылларга Октябрьскайы салайбыт В.С. Солдатова араадьыйаҕа ыалдьыттаабыт биэриитин истибитим. Вера Спиридоновна куорат бүддьүөтэ олох татым кэмигэр оччотооҕу дьон көҕө үрдүгүн, бары көмөлөөн үлэлиир буолан, үгүс үлэ ыытыллыбытын ахтан аһарбыта. Урукку уонна билиҥҥи кэми тэҥнээтэххэ, дьон сыһыана, өйө-санаата олох атын дуо?
— 2003-07 сс. үлэлээбит староста эбэлэр билигин да бааллар. Сааһырдаллар да, син биир дьиэлэрин тута, көрө-харайа сатыыллар. “Эдэр дьон ылсыан баҕарбат” дэһэллэр. Ким да туохха да наадыйбат, нэһилиэнньэ, уопсайынан, уларыйбыт диэн бэлиэтииллэр. “Эһиги эбээһинэскит, эһиги оҥоруохтааххыт!” диэччи элбээбит. МКД олбуорун барытын куорат хомуйуохтаах, ыраастыахтаах диэн санаа баар. Холобур, сэргэстэһэ 3 МКД турар. Тиэргэннэригэр биир оҕо балаһаакката баар. Ону көрүү-харайыы иһин кыттыһан төлөһүөхтэрин баҕарбаттар. РФ Олорор дьиэ кодексыгар хааччыйар тэрилтэ тиэргэни, оҕо балаһааккатын дьиэни бас билээччилэр суоттарыгар көрүөхтээҕэ-истиэхтээҕэ чопчу суруллар. 2020 с. этэ дуу, РФ Үрдүкү Суут МКД тиэргэнигэр баар оҕо балаһааккатын уонна суолу көрүүнү-истиини ким хааччыйыахтааҕый (УК эбэтэр муниципалитет) диэҥҥэ, РФ Үрдүкү Суута, “өскөтүн олохтоохтор ол балаһаакканы, парковканы туһанар түгэннэригэр, балаһаакка турар сирэ муниципальнай бас билии да буоллаҕына, ХААЧЧЫЙАР ТЭРИЛТЭ КЫБАРТЫЫРАНЫ БАС БИЛЭЭЧЧИЛЭР СУОТТАРЫГАР көрүөхтээх-харайыахтаах”, – диэн түмүктээх быһаарыыны ылыммыта. Ол эбэтэр УК-лар дьону кытта кэпсэтэн, сөбүлэҥнэрин ылан, көрүү-харайыы сиэрдээх тарыыбын олохтоон, үлэ ыытыахтаахтар. Оннук УК аҕыйах.
Уокурук элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин олохтоохторун бассаапка баар элбэх бөлөҕөр баарбын. Кыһалҕаларын быһааттараары киллэрэллэр. Ардыгар түүннэри да быһаарсарбыт баар суол. “Эһиги оҕо балаһааккаҕытын бэйэҕит хомуммаккыт, чэ, буоллун. Муниципалитет эмиэ ону босхо хомуйар эбээһинэһэ суох. Бүддьүөт нолуок төлөөччүлэр харчыларын суотугар таҥыллар. Муниципалитекка харчы тиийбэт буоллаҕына, кини ону өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн туруорсар, дьокутааттарга тахсар. Оччотугар ханнык эрэ нолуогу үрдэттэхтэринэ эрэ, эбии харчы кэлэр, оттон үп ирдэнэр хайысхата элбэх. Син биир ханнык эрэ нолуок быһыытынан харчы төлүүр аата, быһаччы оҕо балаһааккатыгар кыттыһаргыт кыһалҕаны түргэнник быһаарыа”, – диэн өйдөтө сатыыбын. Онно уонна оскуолаҕа сырыттахпына, ыйытар үгэстээхпин: “Эн дьиэҥ ханан бүтэрий?” – диэн. Хомойуох иһин, баччааҥҥа диэри биир да оҕо, улахан да киһи сөптөөх харданы этэ илик. “Мин дьиэм – кыбартыырам”, – дииллэр. “Саатар коридор эн дьиэҥ буолбатах дуо?” Оҕолор: “Суох. Дьонум эмиэ итинник дииллэр”. Иитии суолтата итиннэ улахан. Өй-санаа уларыйыан наада.
— Каадыр кэлиитэ-барыыта баар дуу? Үлэһиттэр орто саастара?
— Тиэргэн ыраастааччыларбыт кураанах бөҕү ыраастыыллар, искибиэрдэр хаардарын күрдьэллэр, УК көрөр сиригэр хапсыбат, бэдэрээт тэрилтэтэ хомуйбат балаһааккаларын, тротуардары ыраастыыллар. Икки паара кэргэннии дьон үлэлииллэр. Кэргэннэрэ баар буоллаҕына, үлэлэрэ быдан тупсар. Атын эр дьон кэллиэгэлэр да өрө тардыналлар, хомуналлар. Бырааба дьиэтигэр хостоохтор. Итии чэй иһэн, сынньана түһэн бараллар. Ыарахан үлэҕэ сылдьар киһи күнү супту хайдах таһырдьа сылдьыай? Ортотунан, 60 саастаах дьон. 3 чаас буола-буола кэлэн бараллар. Уруккута кадровай байыаннай баар. Биригэдьиирбит – уруккута физика учуутала.
— Ураты каадырдардаах эбиккит. Хамнастара сөбүгэр дуу?
— 33-34 тыһ. солк. курдук. Үлэлээбит ыстаастарыттан (выслуга) тутулуктаах. Сылаас күннэргэ үлэбэр эрдэ кэллэхпинэ, кинилэрдиин хаар күртэхпинэ, үөрэллэр. Кэлэктииппит, уопсайынан, иллээх-эйэлээх, хайдыһыы-арахсыы суох. Сахалыы өй-санаа баһыйар. Онон сорох барбыт дьон төннүөхтэрин баҕараллар. Миэстэ суох буоллаҕа.
— Эдэрдэр бааллар дуу?
— Барыбытыттан уопуттаахпыт, убайбыт тэҥэ киһибит Михаил Михайлович Иванов ДьУоХХ исписэлииһинэн үлэлиир. Бастайааннай олохтоохтору барыларын да кэриэтэ билэр. Биэнсийэлээх. Урут салайар үлэҕэ, тэрилтэлэргэ дириэктэрдии сылдьыбыта дьону кытта кэпсэтэригэр, суругар-бичигэр да биллэр. Эдэрдэргэ настаабынньык тэҥэ. Уопуттаахтартан өссө социальнай боппуруостарга солбуйааччы Светлана Николаевна Павлова баар. Уоннааҕылар – бары эдэрдэр. Сорохтор уопутуран баран, атын үлэҕэ көһөллөр. Ону да өйдүүбүт, кинилэр тустарыгар үөрэбит. Биир уолбут – Урбаан министиэристибэтигэр, биирбит “Центр стандартизации” барбыттара. Онно хамнас да үрдүк буоллаҕа.
— Баҕар, уопутуран, билии мунньунан баран, хаһан эмэ эргиллиэхтэрэ.
— Оннук. Киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булуон наада. Хаһан бээтинсэ, субуота буоларын кэтэһэ сылдьар үлэһит туһата-көдьүүһэ кыра. Киһи үлэтигэр үөрэ-үөрэ кэлиэхтээх. Эдэрдэр үлэҕэ интэриэстээх, эппиэтинэстээх буолаллара наада. Хайаан да тойон-хотун дуу буолуохтаахпын диэн буолбакка. Биллэн турар, оннук дьон эмиэ баар. Ону куһаҕан диэбэппин эрээри...
— Сэбиэскэй иитиилээх көлүөнэ үлэҕэ-хамнаска сыһыана олох атын дуо?
— Оннук буолааччы. Холобур, исписэлиис сорудах ылар. Аҕа көлүөнэ киһитэ “үлэм чааһа бүттэ эбэтэр өрөбүлүм этэ” диэт туран баран хаалбат, сорудаҕын тиһэҕэр тиэрдэн барар. Оҥоруохтааҕын булгуччу оҥорор. Эдэрдэриҥ, чуолаан үөрэх кэнниттэн аан бастаан үлэлии кэлэллэригэр, үлэлэрин ситэрэ да соруммакка, “18.00 ч. буолла, бүттүм” диэт, ыытыахтаах, толоруохтаах докумуоннарын ситэрбэт түгэннэрэ баар буолааччы. Ону кэпсэтэҕин, быһаараҕын. Ол эрээри бары оннуктар диэбэппин. Эдэрдэргэ да олус эппиэтинэстээх ыччат баар. Ити хаачыстыба иитииттэн улахан тутулуктаах. Биһиги уолаттарбыт наада түгэнигэр бэйэлэрэ тахсан сыбааркалыыллар, билииккэ килиэйдииллэр. Дэгиттэр талааннаах, туохтан да иҥнэн турбат уолаттар бааллар. Сайын тротуар өрөмүөннүүбүт. Кутар, тэҥниир үлэни ыытабыт. Хаар таһаарабыт. Тротуары ыраастыырга бэдэрээт тэрилтэлээхпит. Сорох дьон билииккэ үрдүнээҕи хаары олоччу ыраастыыры, халтараан буолар диэн, сөбүлээбэттэрэ эмиэ баар.
— Тоһуттар тымныыга чигдини тоҕута анньа сатаан, тиритэ-хорута турар дьону көрөн аһынабын ээ: таах сибиэ дьону эрэйдээн диэн. Сатыы хаамааччы алҕас үктээн, халтарыйан эчэйэрэ да ханна барыай.
— Бэдэрээччит баар, билииккэ ыраастаныахтаах диэн буолар. Ыраастаабатахха, чараас да хаар баар түгэнигэр, кэтиир-маныыр уорганнар көрө сылдьан, “представление” суруйаллар. Хаарын көҕүрэтэр наада. Дьон сөбүлээбэтин, бэйэм да сатыы сылдьар буолан, халтыраанын билэбин, “бэйэҕит көрүүгүтүгэр, хаамарга табыгастаах буоларын курдук ыраастааҥ” диибин. Хайа да өрүт санаатын иһинэн буоларын курдук дьаһана сатыыбыт. Саас, сайын сибэкки олордуута ыытыллар. Ону “көҕөрдүү” үлэтин быһыытынан, бэдэрээччит тэрилтэ оҥорор. Маһы субуотунньугунан олордобут. Социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын кытта үлэлэһэбит. Социальнай өйөбүлү туһанар бырааптаах олохтоохтору, холобур, элбэх оҕолоохтору быһааран, испииһэк таҥан биэрэбит.
Олус көхтөөх “Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ” баар. Бырааба дьиэтигэр туһунан хостоохтор. Аактабай саалаҕа мустан, көрсөн, дьарыктанан бараллар. Кыра биэнсийэлээхпит диэбэттэр, “Кыайыы пуондатыгар” харчы хомуйан ыыталлар, 20-25 тыһ. солк. буолар. Тиэмэлэринэн кулууптар үлэлииллэр. Холобур, ырыаны таптааччылар “ Певческие посиделки” кэлэн, сахалыы да, нууччалыы да ырыалары ыллаан сэргэхсийэллэр. Иистэнээччилэр туһунан куруһуоктаахтар. Сэһэргэһэн, арааһы иистэнэн, аралдьыйан бараллар. Пионер, Хомсомуол күнүгэр бэйэлэрэ тэрээһин эгэлгэтин тэрийэн, үөлээннээхтэрин түмэн, үөрэн-көтөн тарҕаһаллар. Биһиги ыалдьыт эрэ быһыытынан кыттабыт.
— Быраабаҕыт Ленин бэрэспиэгэр, урукку ЗАГС дьиэтигэр баара дьоҥҥо олус табыгастаах буолуохтаах.
— Оннук, чуолаан саастаах дьоҥҥо. Тохтобултан субу турдаҕа.
— Быраабалар боломуочуйалара, эппиэтинэстэрэ улаатар диэн баара. Үбүлээһин чааһа хайдах быһаарылларый?
— Уокуруктар туһунан бүддьүөппүт суох. Куорат киэниттэн көрүллэр. Ону кииннэммит бухгалтерия дьаһайар. Уокурук салайааччыта быыбардаммат, ананар дуоһунас. Икки сыллааҕыттан бэттэх бэрээдэги, сокуону кэһиини уокурук салайааччыта эрэ буолбакка, бырааба исписэлиистэрэ эмиэ боротокуоллуур, ыстарааптыыр бырааптаммыттара. Итиннэ, холобур, көҥүллэммэтэх сиргэ бөҕү-сыыһы тоҕуу, хомуйбат буолуу, хаардарын таспакка олоруу, бобуулаах реклама конструкциятын туруоруу киирэр. Тута боротокуоллаан, ыстарааптаан, уодьуганныыр боломуочуйа бэриллибитэ үтүө түмүктээх. Араас эппиэтинэһэ суох дьон, тэрилтэ баар буолар, онон ону уодьуганнаатахха эрэ тардыналлар.
— Ыт мэнээктиир кыһалҕата эһиэхэ хайдаҕый? Билигин, сордоох сокуон этэринэн, “ОСВВ” тутуһаллар эбэтэр син таһаарбат буола сатыыллар дуу?
— Биһиги уокурукпутугар ыт күһүн, саас элбиир. Даачалаахтар ыыталлара эбэтэр тыаҕа сылдьыбыттар кэлэр буолуохтарын сөп. Атын уокуруктартан, чааһынай сектортан, холобур, Залогтан, “айан ыттара” биллэн ааһаллар. Ыт онон-манан эргийэн күҥҥэ 10 км холкутук сылдьар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ, холобур, 4, ол иннинэ 2 тутуллубута. “Пункт передержки” таһаарбат. Ыт аһа баар, миэстэ тиийэр буоллаҕына, төһө кыах баарынан тута сатыыллар.
— Лермонтов уулуссатыгар “Солнечная Туймаада” чугаһыгар 2 этээстээх эргэ мас дьиэлэр эһиэннэрэ дии? Умайбыт дьиэ сэмнэҕэ турар. Кинилэри хаһан, хайа диэки көһөртүөх курдуктара биллэр дуу? Быһата, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар сыһыаннаан тугу этиэҥ этэй?
— Ити дьиэлэр хаарбах туруктаах дьиэ кэрискэтигэр киирэ иликтэр. Дьон билигин да олорор, үгүстэрэ арендалаһан олорооччулар. Дьиҥ бас билээччилэртэн икки-үс ыал баара буолуо. Ыйытар дьиэҥ былырыын саас умайбыта. Ситэри көтүрэн ыраастыахтаахтар. Хаарбах дьиэлэринэн, олохтоохтору көһөрүүнэн ДЖО дьарыктанар. Быйыл Каландарашвили, 42 диэки мас дьиэлэри көтүрэн саҕалаатылар.
— Октябрьскай уокурукка ити гынан уһуннук үлэлээбит эбиккин. Холбоон хас сыл үлэлээтиҥ?
— Эһиил 12-с сылым туолар. Бастакы кэлиибэр, И.Ф. Михальчук саҕана, 2003 с. бу уокурук салайааччыта А.В. Максимовка солбуйааччы этим. Онно 4 сыл үлэлээн баран, сылы кыайбат кэм Ю.В. Заболевка үлэлээн баран, Ил Түмэҥҥэ барбытым. Онтон А.С. Николаев талыллыбытыгар хаттаан куорат дьаһалтатыгар кэлбиппэр, эмиэ Октябрьскайга ыыппыттара, 4 сыл үлэлээбитим. Е.Н. Григорьев талыллыбытыгар кэлбиппэр эмиэ, “үлэһиттэри, олохтоохтору да билэҕин” диэн, бэйэм уокурукпар анаабыттара. Үлэбин сөбүлүүбүн, ол да иһин төннө турабын. Дьону кытта үлэ, бэйэҥ кыра да буоллар тугу эрэ быһаараҕын, үлэҥ түмүгэ көстөр. Сокуону оҥоруу үлэтин курдук буолбатах.
— Ил Түмэҥҥэ тугу үлэлээбиккиний?
— Тэрээһин отделыгар уонна А.Н. Жирковка көмөлөһөөччүнэн үлэлээбитим.
— Александр Николаевичка илэ бэйэтигэр диэ! Кытаанах, чиҥ ирдэбиллээх салайааччы буолуо?
— Кытаанах эрээри, олус сиэрдээх киһи. Устудьуоннуур кэммиттэн билэбин, киниэхэ үөрэммитим. Кими да атаҕастаабат. Мөҕөр да буоллаҕына, бэйэҥ сыыһалаах түгэҥҥэр таарыллаҕын. Урут: “Тоҕо суруналыыстарга тахсыбаккын? Атыттар куруук көрсөллөр, кэпсэтэллэр”, – диэн ыйытан турабын. Ону кини: “Мин биллээри-көстөөрү, “уруһуйданаары” үлэлээбэппин. Үлэбин дьон бэйэтэ сыаналыаҕа. Суох буоллаҕына, ол аата бэйэм ситэри үлэлээбэтэхпин”, – диэбиттээх.
— Илья Филипповичтыын билсэҕит дуу, билигин ханна эбитэ буолла? Вера Спиридоновнаны да билэр буоллаҕыҥ?
— Сыл аайы урут үлэлээбит уолаттарбытын кытта мустабыт, оччоҕо киниэхэ эрийээччибит. Москубаҕа олорор. Илья Филиппович: “Саха сирин ахтабын аҕай”, – диир. Икки сыллааҕыта этэ дуу, сайын манна аэропорка көрсүбүтүм, үөрүү-көтүү бөҕө буолбута. Уолунуун балыктыы кэлбит этэ. Билигин үлэлээбэт, биэнсийэҕэ олорор. Ол иннинэ тутуу хампаанньатыгар үлэлээбитэ, Омскайга. Көрдөҕүнэ күлэр: “Что вы ребята так постарели?”. Оттон Вера Спиридоновна манна үлэлииригэр мээрийэҕэ ыччат, успуорт управлениетыгар баарым.
— И.Ф. Михальчук саҕана куорат саха тыллаах “Киин куорат” хаһыата баар буолбута, “Арчы” дьиэтэ тутуллубута, Үс Хатыҥҥа ыһыах ыһыллар үгэһэ олохтоммута. Итинник ааҕан бара туруохха сөп. Валентин Тимофеевич, кэпсээҥҥин истэн, таарыйа «Киин куорат» хаһыат төрүттэммит бастакы сылларыгар үлэлээбит кэммин санаан, олус үөрдүм. Махтанабын. Үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Хаартыскалар: уокурук архыыбыттан