01.04.2024 | 17:13

V-ис Кыһыҥҥы спартакиада түмүктэннэ!

V-ис Кыһыҥҥы спартакиада түмүктэннэ!
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

СӨ V-ис Кыһыҥҥы спартакиадата көмүстээх Алдаҥҥа спорт сэттэ көрүҥэр уонна үс көрүҥҥэ таас чохтоох Нерюнгригэ биэс күн тилэри үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

29 улуустан, оройуонтан 600-чэкэ кыттааччы кубулҕаттаах кулун тутар хаардаах тыалын тургутуутун ааста. Онон кыайыы үөрүүтүн
үчүгэй бэлэмнээхтэр, утумнаах дьарыктаахтар биллилэр
.

 

Мүччүргэннээх, сытыы түгэннэр түһүлгэни киэргэттилэр. Алдантан Михаил Соснин уонна биатлон маастара, Сахалиннааҕы кыһыҥҥы “Азия оҕолорун” дьоруойа Амма ыччата Николай Максимов хатыһыылаах киирсиилэрэ күрэхтэһиини күүркэттилэр. Үсүһүнэн стартаабыт Михаил Соснин бинтиэпкэнэн уон ытыыттан алтатыгар сыыста, сэрэбиэйин быһыытынан уон биириһинэн стартаабыт Николай Максимов үстэ алҕаһаата. Хастыыта сыыспыттарынан 150 м уһуннаах “ыстарааптыыр эргиирдэри” оҥортоотулар. Төһө да биир тэҥҥэ сүүрбэтэллэр, хамаандаларын бэрэстэбиитэллэрэ аара ким хайдах иһэрин “ыйа-кэрдэ” турар буоланнар, маастардар кымньыылананнар, абытай сүүрүүлэри көрдөрдүлэр. Николай Максимов “эккирэтэр” балаһыанньатын мүччү туппата, биэтэккэ кэлиигэ 1 сөк. ордук бириэмэни көрдөрөн, күүстээх утарсааччытын баһыйан, Спартакиада чөмпүйүөнэ буолла:

– Ааспыт спартакиадаҕа эмиэ хаардаах, тыаллаах күн-дьыл этэ. Куһаҕан халлааны сөбүлүүбүн“, ордук табыллабын диэххэ сөп. Бүтэһик эргиири ыарырҕаттым. Киһим атаҕынан күүстээх. “Рубежтан” тахсарбар 43 сөк. кыайан иһэр этим. 3 км үлэлээммин, биир сөкүүндэнэн кыайдым. Инникитин тэтимҥэ уонна күүс өттүгэр болҕомтону туһаайыахха наада. Ыксаабакка, табар туһугар наҕылыччы ытыалаатым. Дьиҥинэн, түргэнник ытыахтааххын. Хамаандам бэрэстэбиитэллэрэ “ыйа-кэрдэ” сырыттылар. Дьон ыһыытын-хаһыытын, “ыалдьарын” истэ иһэр олус үчүгэй, туһалаата. Спартакиадаҕа кыттыыбын “4” сыаналыыбын. Иккиһинэн кэлбитим буоллар, “3” диэм этэ”. Тренерим Альберт Талгатович Сафаров.

V-ис Кыһыҥҥы спартакиада туһунан сиһилии «Киин куорат» бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....