28.02.2023 | 12:00

Уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо гуманитарнай көмө оҥоһуллар

Уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо гуманитарнай көмө оҥоһуллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга «Импульс» VII-с норуоттар икки ардыларынааҕы ыччат форумун чэрчитинэн, олунньу 28 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри, уустук балаһыанньаҕа түбэспит гражданнарга уонна дьиэ кэргэттэргэ  гуманитарнай көмө оҥоһуллар диэн Биир кэлим ресурснай киин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Форум сүрүн тиэмэтинэн Саха сиринээҕи туризм уонна ыалдьытымсах буолуу эйгэтигэр волонтердааһын буолар. Тэрээһин кыттааччылара туризм сайдыытын хаамыытын кытта билсиэхтэрэ. Биир кэлим ресурснай киин экспертэрэ социальнай бырайыактары гырааннар өйөбүллэринэн олоххо киллэрии туһунан кэпсиэхтэрэ. «Импульс» бочуоттаах ыалдьыттарынан «Ыалдьытымсах буолуу волонтердара» Арассыыйатааҕы хамсааһын салайааччыта, «Креативнай кластер» АНО дириэктэрэ Елена Козак уонна норуоттар икки ардыларынааҕы спикер, «Ситиһиилээх толкуй» бырайыак төрүттээччитэ уонна салайааччыта Павел Вербняк буолаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа ыалдьытымсах буолуу волонтердарын хамсааһына 2019 сыллаахтан тэтимнээхтик сайдар. Хамсааһын – «Аан дойду волонтердара» федеральнай бырагыраама баһылыыр-көһүлүүр бырайыага.

Гуманитарнай көмөнү хомуйуу икки күн устата А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллар. Киирбит көмө уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо, итиэннэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тиксэриллиэҕэ. Ким баҕалаах саҥа таҥаһы-сабы, атах таҥаһын уонна туттар тэриллэри аҕалыан сөп, барыта үчүгэй туруктаах буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...