24.10.2022 | 18:00 | Просмотров: 564

Уулуссалартан 2 тыһыынчаттан тахса куб хаары тастылар

«Якутдорстрой» АУо сулууспалара уулуссалартан, болуоссаттартан уонна искибиэрдэртэн төгүрүк суукканан хаары ыраастаан таһаллар диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 24 күнүгэр, хаары ыраастааһыҥҥа уонна полигоҥҥа таһыыга 28 суол оробуочайа, итиэннэ анал тиэхиньикэ: 2 ДЗ-98 автогрейдер, 6 МТЗ-83 тыраахтыр, 4 бобкэт, 16 КАМАЗ самосвал, 2 фронтальнай погрузчик, 1 көлүөһэлээх бульдозер үлэлииллэр.

Новай, Чехов, Софронов, Маяковскай, Уустаах-Избеков уулуссаларыгар грейдер үлэлиир. Итиэннэ Студенческай, Луговой уулуссаларга, Стерх, Көтөр фабриката дьоҕус оройуоннарга, Хоринскай переулокка, Озёрнай, Ямской, Кушнарев уулуссаларын кытыытыгар грейдердииллэр.

П. Алексеев уонна Ярославскай уулуссаларын бордюрдарыттан, Поярков уонна Чиряев уулуссаларын тротуардарыттан хаары ыраастыыллар уонна тиэйэллэр.

Суукка иһигэр хаары ыраастааһыҥҥа уонна суолга бытархай хайыр тааһы кутууга «Якутдорстрой» АУо 70-ча анал тиэхиньикэтэ үлэлиир.

Алтынньы 10-24 күннэригэр полигоҥҥа уопсайа 2 тыһыынчаттан тахса куб хаары тастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.