23.05.2023 | 19:18

Уулусса өрөмүөнүгэр эбии 267 мөл. солк. көрүллүбүт!

Уулусса өрөмүөнүгэр эбии 267 мөл. солк. көрүллүбүт!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа бырабыыталыстыбатын регионнары сайыннарыыга хамыыһыйатын быһаарыытынан «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагы Дьокуускай куорат уулуссаларыгар олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн эбии 267 мөл. солк. кээмэйдээх анал хааһына кирэдьиитэ бэриллибитин туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу үп чуолаан Дьокуускай куоракка 2024 сылга былааннаммыт 7,3 км усталаах суолу болдьоҕун иининэ быйыл өрөмүөннээһиҥҥэ туһаҕа тахсар аналлаах. 
Инньэ гынан быйыл, 2023 сыл сайыныгар, Дьокуускай куоракка  инники суруйарбыт курдук 22 км суол оннугар, 29,3 км усталаах суол ситимэ өрөмүөннэнэр буолбут.
Кирэдьиит харчынан өрөмүөннэнэр суоллар: Петр Алексеев уулуссатыттан Хаан ылар ыстаансыйаҕа уонна Прокровскай трактан Оҕо сэллик санаторийыгар киирэр суоллар, Аржаков уулуссатын Чернышевскай уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри учаастага, муостаттан эргийэр балаһааккаҕа диэри СОТ уулуссата, Марха бөһүөлэгэр Ветеранскай уулусса, Сыырдаах бөһүөлэгэр Кымньыылаах уулусса, Табаҕа бөһүөлэгэр Комсомольскай уонна Строительнай уулуссалар, Тулагы бөһүөлэгэр Первомайскай, Совхознай уонна Строительнай уулуссалар.
Санатар буоллахха, 2023 сылга «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» нацбырайыагынан киин куорат уулуссаларын өрөмүөнүгэр 2,3 млрд солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр: 500 мөл. солк. -- федеральнай үп, 1,3 млрд солк. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтэ, 520 мөл. солк. - муниципальнай бүддьүөт. Бу үбүнэн, биллэрин курдук, 22 км усталаах уулусса-суол ситимэ өрөмүөннэнэр. Чуолаан, Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри кэрчигэр хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэр. Поярков уулуссатын Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссатыгар диэри кэрчигэ эмиэ түмүктэнэр.
Бабушкин уулуссатын Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссатыгар диэри кэрчигэр, Бүлүүлүүр суол Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа (1-кы пусковой комплекс) диэри кэрчигэр, Челюскин уулуссатын Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссатын Беринг уулуссатыгар диэри учаастагар, Кузьмин (1 учаастак) уонна Островскай уулуссаларыгар, Севернай кыбаарталга уонна Табаҕа бөһүөлэгэр Центральнай уулуссаҕа өрөмүөн ыытыллар.
Маны сэргэ, 2023 сылга Винокуров уулуссата Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри учаастага уларытан оҥоһуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...