Уулусса дьаамаларын өрөмүөнүгэр чөҥөчөхтөрү тууруу булгуччулаах
Куорат уокуруктарыгар суол тоҕута түһүүлэрин, үллэн тахсыыларын, хайыта барыыларын, тротуар өрөмүөнэ салҕанар. Аны күһүҥҥэ диэри уопсайа 56 уулуссаҕа маннык үлэ ыытыллар.
Ол курдук, «Якутдорстрой» тэрилтэ Автодорожнай, Гагаринскай, Строительнай, Сайсары уонна Киин уокуруктарга уопсайа 2000 кв.м. иэннээх аспаалы өрөмүөннүүр. Оттон «ИНС» ХЭУо уонна устудьуоннар тутар этэрээттэрэ 4000 кв.м. иннээх тротуар үлэтигэр сылдьаллар.
Егор Кардашевскай, куорат баһылыгын хаһаайыстыба боппуруостарыгар солбуйааччы:
- Быйылгыттан суол өрөмүөнүгэр үлэлиир бэдэрээтчиттэри чөҥөчөктөрү туурар эбээһинэстээтибит. Управалар ааҕыыларынан, 200-чэкэ чөҥөчөк тууруллуон наада. Биллэн турар, судургута суох үлэ эрээри, суолларбыт алдьанар биир сүрүн биричиинэтинэн чөҥөчөк буоларын бары билэ-көрө сылдьабыт.