Утум Захаров: «Суруйбуккун сыанаҕа көрөр диэн чыҥха атын эбит...»
От ыйын 12-14 күннэригэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар 118-с айар дьылы түмүктүүр «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» саҥа испэктээк сүрэхтэниэҕэ. Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – пьеса ааптара, эдэр драматург Утум Захаров.
«Эллэйада» ыйар сулуһум буолбута
– Утум, Маһары туһунан пьесаны суруйар санаа хаһан күөдьүйбүтэй?
– 2016 сыллаахха Гавриил Васильевич Ксенофонтов «Эллэйада» үлэтин ааҕа сылдьан Тыгын Дархан сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары туһунан билбитим. Ол курдук XVII үйэ иккис аҥаарыгар сахалартан үс кинээс иккилии хамначчыттаах, оччотооҕу олохтоох омук ыарахан олоҕун чэпчэтээри, бойобуода хара батталыттан төлөрүйээри, ыраахтааҕыга үҥэ-сүктэ, көрдөһө, кэккэ туруорсуулардаах тиийбиттэрин сэргии аахпытым. Маһары туһунан тугу да билбэппиттэн бэркиһээбитим. Уопсайынан, Маһары туһунан истибэтэх да киһи элбэҕэ соһуппута. Интэриниэккэ көрдөөтөххө, дьиҥинэн, иһитиннэрии син баар эбит.
Мин маҥнай библиотекаҕа тиийэн, С.А. Токарев кинигэтин булан аахпытым уонна, оччотооҕу кэм туһунан улаханнык удумаҕалаппат буолан, дьон кэпсээнин истэр ордук дии санаабытым. Хаҥалас Нөмүгүтүгэр тиийэн ыйыталаспыппар, олохтоохтор кыраайы үөрэтээччи, «Эллэйада» экспедиция салайааччыта Прокопий Романович Ноговицыны кытта билиһиннэрбиттэрэ. Онуоха кини: «Оруобуна кэллиҥ», – диэбитэ уонна Истээх Мырааҥҥа, номоххо кэпсэнэринэн, Маһары көмүс уҥуоҕа харалла сытар сиригэр, таһаара сылдьыбыта. Онно тиийбиппит, Р.И. Бравина салайааччылаах учуонайдар, чинчийээччилэр, Францияттан кэлбит археологтар хаһыы үлэтин ыыта сылдьаллара.
Прокопий Романович: «Маһары Баһыакап диэн киһини сэргээн кэлбиккиттэн улаханнык соһуйдум. Эйигиттэн туох эрэ тахсыыһы быһыылаах, кытаат, бу билиигин иҥэринэн, чиҥэттэн ис», – диэн алҕаан ыыппыта. Итинник аргыый аҕай матырыйаал хасыһан, үөрэтэн барбытым, бииртэн биир чахчы көстөн испитэ. Онтон история билимин дуоктара В.Н. Иванов научнай ыстатыйатын булбутум, Маһарылаах ыраахтааҕыга айаннарын туһунан олус сиһилии суруйбутун ааҕан, хараҕым эбии арыллыбыта. Салгыы С.В. Бахрушин, Г.П. Башарин үлэлэрэ көстүбүттэрэ. Ол тухары «Эллэйаданы» ыйар сулус курдук тута сылдьыбытым. Тоҕо диэтэххэ Г.В. Ксенофонтов, төһө да дьон кэпсээниттэн буоллар, кинигэтигэр үс кинээс ыраахтааҕыга тиийэн хайдах кэпсэппиттэрин суруйбут этэ. Оттон туруорсууларын туһунан учуонайдар үлэлэригэр үгүстүк ахталлар.
Хомуйбут матырыйаалбынан 2018 сыллаахха Саҥа дьыл иннинэ, кэмэ кэлэн эбитэ дуу, ыксал-тиэтэл бөҕөнөн тэттик сэһэммин суруйбутум. Ол айымньым «Күрүлгэн» сурунаал үс нүөмэригэр бэчээттэнэн тахсыбыта. Дьэ, онно улахан сыыһаны оҥорбуппун. Төһө да уус-уран айымньы буолбутун иһин, айаннарын суолун сыыһа сиринэн уонна биир кэм атынан ыыппыппын. Кэнники пьесаҕа ылсан баран өйдөөбүтүм, төрүт даҕаны суолларын аҥаарын курдугу уунан устан, эбэлэри, үрэхтэри өксөйөн барбыттар эбит. Ыраахтааҕы олорор сирэ да, сирбит-дойдубут да оннуга буолуо, барыта наар сүүрүгү утары өрө тахсыы, үрдүккэ дьулуһуу эбит.
– Дьэ, онтон тыйаатырга хаһан туруоруохха диэтилэр?
– Былырыын Дмитрий Петрович Коркин туһунан пьесаны суруйа сылдьан Петр Тимофеевичка (П.Т. Макаров, тыйаатыр дириэктэрэ – Аапт.) Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары туһунан кинигэм таҕыста диэн кэпсээбиппэр, тута сэргии, ыйыталаһа түспүтэ, этэргэ дылы, хараҕа уоттаммыта. Итинник көрүстүбүт даҕаны сэһэргэһэр буолбуппут. Онтон биирдэ Петр Тимофеевич: «Маһары туһунан пьеса суруйан холонон көрүөҥ дуо?» – диэн, үтэн-анньан көрөрдүү, сэмээр ыйыталаспыта. Мин испэр саараҥнаабытым. Пьеса кэпсээни суруйар курдук буолбатах, тутула быдан уустук. Ол кэпсэтии оннук хаалбыта. Арай былырыын күһүн саҥа айар дьыл аһыллыытыгар Петр Тимофеевич: «Боруобалыахха, кыайыаҥ дуо?» – диэн этии көтөхпүтэ. Испэр саараҥнаан баран, бэйэбин тургутан көрүөхпүн баҕарбытым: «Холонуохпун сөп», – диэбитим. Өр-өтөр буолбатаҕа, сотору соҕус Сергей Потапов: «Хамсааһын саҕаланна, суруйабыт дуо?» – диэн сибээскэ тахсыбыта. Мин сыыйа-баайа бэлэмнэнэн, эбии матырыйаал ааҕан, билиибин сөргүтэн барбытым. Онтон Саҥа дьыл саҕана бырагыраамаҕа киирэр буолбутун эппиттэрэ.
Ити кэмҥэ оруобуна П.Р. Ноговицын: «Үүнэр сыл саҕаланыыта Андриан Афанасьевич Борисов монографията тахсаары турар», – диэн кэпсээбитэ. Биллиилээх учуонай Маһары туһунан үөрэтээри, соҕуруу Арассыыйа судаарыстыбаннай былыргы аакталар архыыптарыгар (РГАДА) уонна Санкт-Петербург куоракка икки сыл кэриҥэ үлэлээбитин истэн билэр этим. Дьэ, онно саха норуотун туһунан үтүмэн матырыйаал харалла сытар. Мин тыйаатырым дьонугар «улахан үлэ тахсаары турар, саҥа дааннайдар баар буолуохтара, ону кэтэһиэххэ» диэбитим.
Онтон, дьэ, күүтүүлээх монографиябыт күн сирин көрбүтэ. Андриан Афанасьевич саха кинээстэрэ ыраахтааҕыга айаннарын, онно тиийэн тугу туруорсубуттарын, ким оҕото ким сыдьаана буоларын туһунан сиһилии, олус дириҥник иҥэн-тоҥон суруйбут этэ. Кинигэтин арыйаат, бэл, хараҕым сырдыы түспүтэ. Дьэ, бэлэм буоллум, хаһан суруйан бүтүөхтээхпиний диэбиппэр, ыам ыйын саҥата диэбиттэрэ. Мин малбын барытын хомунан, дойдубар Тааттаҕа көһөн тахсыбытым. Ол иннинэ Семен Ермолаев-Сиэн Өкөрү кытта көрсөн, сүбэ-соргу ылбытым.
Харысхал мэтириэтин көрөн олорон...
– Былыргыны, ол сахха буолбут түгэни, быһыыны-майгыны суруйар олус уустук, ыарахан эбит. Историяҕа тирэҕирбит бөдөҥ айымньылары хайдах суруйаллара буолуой диэн улаханнык сөхтүм. Бириэмэ ыгым, түөрт ый пьесаҕа бэрт кылгас буолан биэрдэ. Аны оччотооҕу тылы-өһү сөргүтэн киллэриэхпин олус баҕарбытым, онно элбэх күнү-дьылы бараатым.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа таһаарбыт «Ытык доҕорбут Харысхал» диэн кинигэтин таһыгар Василий Егорович олус табыллан уһуллубут сэбэрэтэ олорор. Ол кинигэни таһааран долбуурум көстөр сиригэр ууруммутум. Ытык киһим мөссүөнүн көрөн олорон үлэлээтим. Манна даҕатан эттэххэ, Д.П. Коркин туһунан пьесабын суруйарбар эмиэ улуу тренер мэтириэтин иннибэр ууран олорон үлэлээбитим. Тугу эрэ көтүтээри, биир эмэ күнү халтай ыытаары гыннахпына, санаабар, улуу убайдарым мөҕөр-этэр, салайан, сирдээн биэрэр курдуктар. Ол аайы бэйэбин сааһыланабын, тута хамсаммытынан барабын.
– Ол гынан пьесаҥ тутула хаста уларыйда, хас барыйааны суруйдуҥ?
– Күн бүгүҥҥэ диэри эбии-сабыы, көҕүрэтии тахса турар. Бу сибилигин аҕай эмиэ үс артыыска аҕыйах тылы-өһү суруйан аҕаллым. Мин бииртэн улаханнык үөрдүм: Саха тыйаатырын артыыстара оруолларыгар олус дириҥник киирэр буоланнар эбитэ дуу, «манна миэхэ аҕыйах этии наада эбит» диэн бэйэлэрэ көрдөөн ылаллар. Ол аайы драматург быһыытынан ылынар, эрэнэр-итэҕэйэр буоллахтара диэн өссө күүркэйэн туран үлэлиибин.
Аан бастакы тиэкиспин төрүт сөбүлээбэтэҕим. Иккис көрүҥ айдаана-куйдаана, кыргыһыыта, хаан тохтуута олус элбэх этэ. Ол эрээри итинник түгэннэри сыанаҕа туруорар сөбө суох, арай кинигэҕэ суруйуохха сөбө буолуо... Убайбыт Харысхал: «Олох үчүгэйин суруйуҥ», – диэн кэриэһин эппиттээх. Хомойуох иһин, кинини кытта олохпор биирдэ эрэ кэпсэтэн, илии тутуһан турабын. Ити этиитэ кэнники өйдөөн истэҕим аайы өссө дириҥээн иһэргэ дылы. Дьиҥэр, драматургияҕа бастаан кэлэрбэр олох бары өрүттэрин көрдөрөр баҕалаах этим, онтон Харысхалы кытта көрсүһүү кэнниттэн ол санаам сыыйа уларыйбыта. Кырдьыга даҕаны, күннээҕи олохпутугар онто да суох ыарахаттар, мөкү өрүттэр бааллар, ону тоҕо хос-хос хатылыахтаахпытый, өссө тыйаатыр сыанатыгар көрдөрүөхтээхпитий.
Улахан сыыһа суох ини...
– Дьоруойдар майгыларын-сигилилэрин көрдөрөргө, уобарастарын арыйарга туохха болҕомтоҕун уураҕыный? Уус-уран айымньыны суруйуу уонна тыйаатыр сыанатыгар туруоруу диэн олох атын буоллахтара...
– Ол саҕана Саха сиригэр төһө да 35 буолас баарын үрдүнэн, алта саар уус баара биллэр. Сорох чинчийээччилэр Мэҥэ Хаҥаластан Өрсүкэй уола Тирэх оннугар атын киһи барыан сөп этэ диэн суруйаллар. Тирэх уобараһын айаннарын харабыла уонна эдэрдэри тутар кыахтаах, боотур сатабылын илдьэ сылдьар киһи оҥордум. Аны кинээстэр хайа-хайалара иккилии хамначчыттаах барбыттара эмиэ мээнэҕэ буолбатаҕын көрдөрө сатаатым. Итиччэ ыраах айаҥҥа аккыраҥ, мөлтөх дьону ылбатах буолуохтаахтар. Онон ыараханы сүгэр-көтөҕөр, араас быһыы-майгы тахсар түгэнигэр бэйэтин уонна дьонун көмүскүүр кыахтаах, ирдэнэр буоллаҕына, олоҕун да толук ууруон сөптөөх дьоннорун илдьэ бардахтара диэн сабаҕалыыбын.
Үөрэрим диэн, Намтан кимнээх барбыттара биллэр. Ол курдук Нохто кинээс ыраахтааҕыны кытта көрсөн баран тохсунньу 8 күнүгэр (1677 с.) өлөр диэн архыып докумуонугар суруллубут. Сорох дьон Нохтону айаннарын кэмигэр арыый эрдэ өлбүт курдук саныыллар. Оттон мин пьесабар докумуоҥҥа суруллубутунан сирдэтинним. Онон сыанаҕа Нам тойоно ыалдьан, тыына быстаары сытан Маһарыга кэриэһин этиитэ, салгыы тугу дьаһайыахтааҕын ыйан-кэрдэн биэриитэ киирдэ.
Хомойуох иһин, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас кинээстэрин сүгэһэрдьиттэрин ааттара биллибэт, ол иһин ити дьоммун бэйэм ааттаталаатым.
– Оттон тас көрүҥнэрин, дьүһүннэрин-бодолорун ойуулуургар туохха олоҕурбуккунуй?
– Олус үчүгэй ыйытыы. Худуоһунньук Иннокентий Пестряков «На приеме у царя» диэн үлэтигэр сахалар ыраахтааҕыга тиийэн, бэлэхтэрин-туһахтарын, саарбаларын тутан туралларын ойуулаабыта баар. Киһи бу уруһуйу көрдөҕүнэ, дьонун тута арааран билэр курдук, ис туруктарын, майгыларын-сигилилэрин оннук чаҕылхайдык арыйбыт. «Тыый! Бу илэ бааччы кини! Ити Маһары турар, бу Тирэх, ол адьас Нохто буолуохтаах» диэх айылаах санаа көтөн түһэр. Аны, дьиктитэ баар, аҕыйах хонуктааҕыта тыйаатырга худуоһунньук кэргэнин кытта алҕас көрсөн билсибитим, онтон олус үөрдүм уонна соһуйдум. Ити уруһуй харахпар билигин да көстөн кэлэр, онон дьоруойдарбын ойуулуурбар биир сүрүн тирэхпинэн Иннокентий Пестряков үлэтэ буолар диэн бигэтик этиэхпин сөп.
– Былыргы тылы-өһү хайдах киллэрдиҥ? Онуоха туох ыарахаттары көрүстүҥ?
– Сорох тыл-өс бэйэтэ эмискэ баҕайытык көтөн кэлэр, сиэллэнэн-кутуруктанан барар. Сороҕор күннээҕи олохпутугар туттар тылларбыт киирэллэр. Оччотооҕу дьон туттар тылын хасыһыы олус элбэх бириэмэни ылла. Холобур, ол саҕана иһити-хомуоһу, тэрили-тээбирини, таҥаһы-сабы туох диэн ааттыылларын көрдүүргэ өр олорбутум. Тыйаатыр литературнай салаатыгар көрдөрбүтүм, улахан көннөрүү суоҕа. Төһө кыалларынан, оччотооҕу кэмҥэ тиийэ, ол саҕанааҕы тыллары тутта, бэл, алгыһы кытта киллэрэ сатаатым. Туох кэлэринэн, тугу булбуппунан-аахпыппынан сирдэтинним. Улахан тугу да сыыспатым ини... Онтон олус долгуйабын.
– Булбут матырыйаалгар чахчылар (дааннайдар) төһө уратылаһалларый? Холобур, бачча кииһи бэлэх-туһах гынан илдьэ барбыттар диэн чуолкай суруллубут дуу, эбэтэр сыыппаралар араастаһаллар дуу?
– Бэйэм историк идэлээх буоламмын, суруллубут чахчылартан халбаҥныы, туоруу сатаабатым. Сирдэр ааттарын, 120 кииһи, 3 хара саһылы илдьибиттэрин киллэрдибит. Арай ыраахтааҕыга тиийэн тугу туруорсубуттарын арыый эбэн биэрдибит. Тоҕо диэтэххэ Маһары ити кэннэ икки сылынан ыраахтааҕыга өссө барбыта, ол кэнниттэн чолобуут суругунан эмиэ туруорсубуттара биллэр. Кинилэр бастакы сырыыларыгар – үс көрүҥү, иккис сырыыларыгар ону кытта хас да этиини эбии киллэрэн туруорсубуттар. Мин ол икки сырыыларын биир оҥорон, туруорсууларын түмэн, сэттэ көрүҥ курдук суруйдум. Сүрүн туруорсуулара, биллэн турар, маҥнайгынан ахтыллаллар.
Пьесаҕа сылларын, күннэрин-дьылларын ыйбытым да, сурукка хаалла, испэктээккэ хайдах да киирбэт буоллаҕа. Холобур, В.Н. Иванов үлэтигэр айанньыттары Верхотурье таһыгар халаабыттар диэн ахтар. Били илдьэ барбыт киистэрин, таһаҕастарын уоран дуу, былдьаан дуу ылбыттар эбит. «Благодаря местным казакам они возвратили награбленное» диэн суруллубут. Мин халааһыны ханарытан, уоруу курдук оҥордум. Олохтоох хаһаактар төннөрбүттэр диэн эбит буоллаҕына, мин бэйэбит хаһаактарбыт абыраатылар диэтим.
Драматург аатын миэхэ кини иҥэрдэ...
– Режиссеру кытта хайдах үлэлээтигит?
– Сергейдиин (Сергей Потаповы этэр – Аапт.) бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт. Тугу эрэ эттэ да, тута чөмчөкөм иһигэр дьүһүйүү көстөн барар. Испэр кыра мөккүөр санаалаах эбит да буоллахпына, кини аатыгар-суолугар, уопутугар бүүс-бүтүннүү эрэнэбин. Сергейи кытта үлэлиир олус интэриэһинэй, киһи элбэххэ үөрэнэр. Мин драматург диэн ааттанар эбит буоллахпына, ол ааппын миэхэ кини иҥэрдэ диэхпин сөп. Уопсайынан, Сергей Потапов – киһини арыйар дьоҕурдаах режиссер. Манна биири кэпсиэхпин сөп. Бу саас пьесабын суруйарбар кэккэ харгыстары көрсүбүтүм. Тылым-өһүм төрүт тахсыбат буолан хаалбыта. Ол олордохпуна, таайбыт курдук, Сергей эрийдэ. «Адьас иҥнэн, мунан хааллым», – диэн аһаҕастык эттим. Онуоха киһим: «Ыыт эрэ, көрүөм», – диэтэ. Суруйан бүтэрэн баран көрдөрөр санаалаах сылдьыбытым ээ, дьиҥэр, кыра-кыра билсэрин курдук, биэрэ олоруох баара. Ыыттым. Арай түүн үөһэ баара-суоҕа үс тыллаах хоруй кэллэ: «Үчүгэй. Баран ис». Онуоха эмискэ эрэл бөҕө түмүллэ, кынатым сарайа түстэ.
Ити курдук, оҕо сааһым ааспыт дьиэтигэр бүгэн олорон үлэлээтим. Кып-кылгастык утуйан ыла-ыла, түүннэри-күнүстэри суруйдум. Хоҥуруубуттан туох эрэ тардар курдук, ону батыһан бара турабын. Сынньалаҥмар аттынааҕы тыабар тахсан хааман киирэбин.
– Үлэҕин бүтэрэн чэпчээтиҥ дуу, сыанаҕа сүрэхтэннэҕинэ биирдэ өрө тыынаҕын дуу?
– Дьэ, этэҥҥэ буоллаҕына, ол «һуу» диир күнүм от ыйын 14 күнүн киэһэтэ буолуон сөп. Бэйэҥ суруйбут үлэҕин сыанаҕа көрөр диэн чыҥха атын эбит. «Коркин. Андаҕар» испэктээккэ оннук этэ. Айымньыҥ тыыннанан, дьоруойдарыҥ саҥаран-иҥэрэн бараллара – төрүт атын көстүү. «Тыый! Ама, бу мин суруйбутум дуо?» дии саныыгын. Итиэннэ «Олох олордум. Кураанахха буолбатах эбит» диэн санаа кэлэр. Биллэн турар, сүрүн дьүүллээччи – көрөөччү, хайдах испэктээк тахсыбытын кини эрэ быһаарар.
– Уус-уран тылынан ойуулаабытыҥ тыйаатыр сыанатыгар декорация, көстүүм буолан тахсара хайдах эбитий? Худуоһунньуктары кытта хайдах үлэлээтиҥ?
– Тыас-уус, көстүүм, артыыстар оонньуулара да буоллун – тыйаатыр айар үлэһиттэригэр бүүс-бүтүннүү эрэнэбин. Худуоһунньук Сардаана Федотова тута Андриан Борисов монографиятын көрдөөн ылбыта. Мин Емельян Ярославскай аатынан Саха түмэлигэр оччотооҕу матырыйааллары баран хаһыспытым, түмэл үлэһитэ Александр Абрамов олус көмөлөспүтэ. Кини Маһары көмүүтүттэн булуллубут малы-салы көрдөрбүтэ, оччотооҕу кэм дьоно маннык таҥастаах-саптаах буолаллара диэн кэпсээбитэ. Ол булбуппун, билбиппин-көрбүппүн барытын худуоһунньукпутугар ыыппытым.
Андриан Афанасьевич Борисовка махталым муҥура суох. Кини сүдү үлэтэ – монографията тахсан, бу пьеса көрөөччү дьүүлүгэр сүрэхтэнэн эрэр диэтэхпинэ, омуннаабаппын. Суруйарын суруйуом эбитэ буолуо, ол эрээри итэҕэс-быһаҕас үтүмэн буолуо этэ. Кини кинигэтин сүрүн тирэх оҥостон кэллим. Андриан Афанасьевич оччотооҕу саха норуотун историятын дириҥник хорутан үөрэтэ, чинчийэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сэгэтэ сылдьара кэрэхсэбиллээх. Былыргы славянныы суругу мээнэ киһи аахпат даҕаны ээ. Архыып матырыйаалларын хасыһыы – олус сыралаах үлэ, бэйэтэ дьоруойдуу быһыы дии саныыбын.
Сүнньүн эрэ тыыппаталлар...
– Историк идэлээҕиҥ драматургияҕа төһө көмөлөһөрүй? Сорох суруйааччылар мэһэйдиир, баар чахчыларга иэҕиллэн бара турабыт дииллэрин истибитим...
– Көмөлөһөр. Ол эрээри, чахчы, кинилэр этэллэрэ эмиэ оруннаах. Тыйаатырга уус-уран айымньы атын буолар диэн үөрэппиттэрэ. «Коркин. Андаҕар» испэктээк иннинэ тыйаатырга көрсүһүү буолбута. Онно кэлбит улахан убайдар, эдьиийдэр: «Олоххо баарынан барыахтаах», – диэн туруорсан турбуттара. Бэйэм да төһө даҕаны уус-уран айымньы буолбутун иһин, олох сүнньэ син биир баар буолуохтаах диэн санаанан салайтарбытым. Итиннэ историк идэлээҕим туһалыыр. Баҕар, атын айымньылары суруйарбар мэһэйдэтиэ эбитим буолуо, ол эрээри Коркиҥҥа, Маһарыга улаханнык иҥнибэтим диэхпин сөп.
– Суруйар кэмҥэр атыҥҥа аралдьыйан ылаҕын, хас эрэ үлэни дьүөрэлии тутаҕын дуу, эбэтэр наар айымньыгынан эрэ олороҕун дуу?
– Айар үлэҕэ уопутум адьас кыра. Баҕар, кэнники оннук дьаһанан үлэлиир кэрдиискэ тиийиэҕим. Кырдьык, атыҥҥа аралдьыйар үчүгэй буолуо, билбит суох. Билиҥҥибинэн ылан эттэххэ, оннук сатаан үлэлээбэппин. Холобур, Коркины суруйа сылдьан «Чолбон» сурунаал түөрт нүөмэригэр Дугуйдаан Винокуров туһунан суруйбутум. Иккиэннэрин хардары-таары бүтэрбитим, бириэмэм да олус кылгас, ыгым этэ. Онон утарыта туруу тахса сылдьыбыттааҕа, бэйэ-бэйэлэригэр кыралаан мэһэйдэспиттэрэ. Бу сырыыга туохха да аралдьыйбакка үлэлээтим. Арай Охотскайга айаммыт туһунан «Чолбоҥҥо» тэттик соҕустук суруйбутум. Болҕомтобун биир үлэҕэ уурарбын сөбүлүүр эбиппин. Хааман, айаннаан иһэн, дьону кытта алтыһарбар наар туох эрэ саҥа билиини кэтэһэр, ыйыыны-кэрдиини кэтиир курдукпун. Оннукка куруук бэлэм сылдьабын.
– Ордук туохха сигэнэҕиний, туохтан тирэҕирэҕиний?
– Олоххо. Тугу билбиппэр-көрбүппэр, үөрэтэ сылдьарбар, дьон кэпсэтэригэр-ипсэтэригэр, туттарыгар-хаптарыгар. Ити барыта көмө буолар.
– Бүтэһик барыйааныҥ суруллубутунан хас сирэй буолбутай? Сыанаҕа барыта турбата биллэр...
– Наһаа уһун буолбута. Онтон кырыллан, сарбыллан төһөтө хаалбытынан дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыаҕа. Икки аҥаар чаастаах курдук, өссө кылгата сатыы сылдьабыт. «Коркин. Андаҕар» эмиэ бастакыта олус уһун этэ, көҕүрэтэн, 12-лээх шрибинэн А 4 киэптээх 46 сирэй оҥорбуппут. Испэктээк уһуна эмиэ икки чаастан ордук буолбута.
Режиссерум: «Түөрт ыйы быһа суруйбуккун харса суох быһарбыт хайдах эрэ, хом санаама», – диир. Мин өйдүүбүн, үлэбит оннук буоллаҕа. Төһө баҕарар кырыйыахтарын сөп, ол эрээри сүрүн сүнньүн эрэ тыыппаталлар.
– Итинник сарбыйыыга, кырыйыыга сорох түгэн «сиикэй» буолар, сорох сюжет линията сайдыбакка хаалар кутталлаах...
– Онно режиссер уопутугар бүк эрэнэбин. Айымньыны ааҕыы кэмигэр ырытыы бөҕө буолар. «Бу сүттэ, ити өйдөммөтө» дииллэр. Сонно тута олорон эрэ эбэн эбэтэр көҕүрэтэн, ханна эрэ ситим быстаары гыннаҕына, ситэрэн-хоторон, силимнээн биэрэбит. Артыыстар бэйэлэрин санааларын этэллэр, режиссер ону бэйэтэ сааһылыыр.
– Айымньыга антагонист дьоруой хайаан да баар. Бу пьесаҕа ол уобараһы бэйэҥ айдыҥ дуу, олоххо баар буола сылдьыбыт киһини киллэрдигит дуу?
– Антагонист дьоруойунан Андрей Афанасьевич Барнешлев диэн оччотооҕу бойобуода буолла. 1676 сыллаахха сахалар ыраахтааҕыга айанныыллар. Ол саҕана Барнешлев манна кэлбитэ биир эрэ сыл буолбут эрээри, ити кэм иһигэр олохтоох омугу, сулууспалаах хаһаактары барыларын кытаанах илиитинэн бобо туппут. Бэйэтэ ангылычаан дворяннарыттан төрүттээх, дьиҥ аата Уильям Барнсли диэн эбит. Кини дьону хайдах курдук атаҕастаан, сирдэрин-уоттарын талбытынан айбардаан олорбутун туһунан элбэхтик суруллар. Киһини өлөрбөккө эрэ киэһээҥҥи аһылыгын аһаабат, кутааҕа бидилийэ турар ууга тыыннаахтыы симэр, ойоҕосторуттан өрө ыйыыр эҥин диэн ол сахтан күн бүгүҥҥэ диэри киһи өйүгэр баппат быһыыта-майгыта араас бичийиилэргэ үгүстүк ахтыллар. Кини иннинэ Голенищев-Кутузов диэн бойобуода үлэлээн барбыт. Сахалар бу тойон туһунан үтүө тылларынан ахталларын туһунан онон-манан матырыйааллар көстөн үөрдэллэр.
Научнай үлэлэргэ, араас матырыйаалларга сурулларынан, сахалар Москубаҕа айаннаабыттарын кэннэ Барнешлев Ньээчэ диэн ойууну ыҥыран ылан сахалар ыраахтааҕыга тиийбэккэ, аара суолга өлөллөрүн ситиһэрдии дьиэтигэр олордон эрэ кыырдарбытын туһунан биллэр. Кэлбиттэрин кэннэ бойобуоданы үүрэллэр, кини оннугар Фома Бибиков бойобуодалыы кэлэр.
– Ханнык баҕарар айымньыны дьээбэ-хообо, көр-күлүү (юмор) киэргэтэр. Дьэ, онно хайдаххыный?
– Ити өттүгэр адьас мөлтөхпүн. Ол гынан баран, төһө кыалларынан, баарбынан-суохпунан кыһалла сатаатым (иккиэн күлэбит). Туох тахсыбытын испэктээккэ көрөөрүҥ.
– Пьеса нууччалыы тылбаастанна дуо?
– Айымньыга хаһаактар бааллар, аны ыраахтааҕыны хайдах сахалыы саҥарда олоруохпутуй. Инньэ гынан испэктээк икки тылынан барар. Толору тылбааһа оҥоһулла илик.
Маҥнайгы хардыылар
– «Коркин. Андаҕар» испэктээк туһунан аҕыйах тылынан ахтан ааһыахха.
– Пьесата олус түргэнник, спортсменнар тустарынан диэх курдук, бэрт тэтимнээхтик тахсыбыта. Дмитрий Коркин биһиги кэммитигэр олорон ааспыт буолан эбитэ дуу, суруйарга арыый судургу соҕус этэ. Матырыйаалын үөрэтиигэ уонна суруйууга барыта балтараа ый барбыта. Дмитрий Петрович туһунан литература элбэх, дьон ахтыыта үгүс. Спортсмен бырааттарым, биир дойдулаахтарым үүннүү-тэһииннии сылдьыбыттара.
Аны бүтэрдим диэн үөрэ-көтө ыыппытым кэннэ ааттаах-суоллаах, чыыннаах-хааннаах дьоммут туран кэлбиттэрэ. Антагонист дьоруойбун сөбүлээбэккэ, ыҥыран ылан дьүүллээбиттэрэ, кыратык оройго охсуллубутум. Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат кэлэн өйөөн-убаан, тыл этэн барбыта. Ити көрсүһүү миэхэ үөрэх буолбута. Драматургияҕа маҥнайгы хардыыларым олоҕум тухары өйдөнөн хааллылар. Ол да буоллар испэктээкпит дьон-сэргэ биһирэбилин ылла диэххэ сөп. Билиҥҥэ диэри билиэт былдьаһык, саала куруук толору дииллэр. Сөбүлээбэтэхтэр да бааллара буолуо.
– Билигин туохха үлэлэһэ сылдьаҕыный?
– Биир сакаастаахпын, ону суруйабын. Бу күннэргэ премьераҕа бэлэмнэнии бүтэһик күннэрэ, тиһэҕэр тиэрдэн баран онно түһүнүөхтээхпин.
– Бэйэҥ тугунан дьарыктанаҕын, ханнык тэрилтэҕэ үлэлиигин?
– Тааттаҕа олоробун, ханнык да тэрилтэҕэ үлэлээбэппин, көҥүл киһибин. Таксилыыбын, онон айахпын ииттэбин. Сүрүн дьарыгым – драматургия. Саха тыйаатырыгар сыстан, үлэлэһэ сылдьабын. Ол иннинэ «Чолбон» сурунаалга үлэлээбитим.
Бэйэм үс дипломнаахпын. Бастакы үөрэҕим – юридическай, онтон ХИФУ история салаатын, ону сэргэ Казахстаҥҥа Л.Н. Гумилев аатынан Археология уонна этнология Евразийскай национальнай университетын бүтэрбитим. Сайын аайы Арктикатааҕы научнай-чинчийэр институт археологтарын, Елена Николаевна Соловьевалааҕы кытта сылдьыһабын. Хаһыы үлэтэ – оҕо сааһым ыра санаата. Археологияны олус сөбүлүүбүн.
– Бу иннинэ тыйаатыры кытта үлэлэһиэм диэн санаа баара дуо?
– Суох. 2019 сыллаахха Москваттан Вячеслав Дурненков диэн драматург кэлэн үөрэппитэ. Ол саҕана эмиэ таксилыы сылдьыбытым. Тыйаатыр литературнай салаатын билиҥҥи салайааччыта Надежда Ильина ыҥырбытыгар, туохпун барытын быраҕан туран кэлбитим. Онтон сорудах биэрбиттэрэ, ону кэмигэр толорон, хайҕанан, Хакасияҕа илдьэ бара сылдьыбыттара, кэлин Красноярскайга ыытыллыбыт «Ремарка» диэн драматургтар күрэстэрин тиийэн көрөн-истэн, аныгы драма ис сүрүн билсэн кэлбиппит. Онон драматургияҕа сирдээн аҕалбыт, миигин үөрэтэ сылдьар Саха тыйаатырын үлэһиттэригэр махталым муҥура суох. Бу эйгэ устата-туората биллибэт киэҥ байҕал эбит. Билигин билбэтим-көрбөтүм олус элбэх, салгыы үөрэниэхпин, уһуйуллуохпун наада.
– Утум, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Саҥа испэктээк сыанаҕа этэҥҥэ сүрэхтэннин, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллын! Драматургияҕа эрэллээхтик уонна хорсуннук хардыылаан иһэргэр баҕарабыт, ааҕааччыларга, көрөөччүлэргэ сонун суруйуулары бэлэхтиэҥ диэн эрэнэ, күүтэ хаалабыт.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан уонна Саха тыйаатырын түһэриитэ