25.09.2021 | 11:27

Устудьуон сэргэх олоҕо саҕаланна

Устудьуон сэргэх олоҕо саҕаланна
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бастакы кууруһугар быйылгы үөрэх дьылыгар  5 тыһыынчаттан тахса оҕо устудьуон үрдүк аатын сүктэ. Ол сүрүн тэрээһинэ – бастакы кууруска сүрэхтэнии күнэ. Бу ааспыт өрөбүлгэ онлайн бэлиэтэннэ.

«Быйыл биһиги Дьокуускай-дааҕы судаарыстыбаннай  университет 65 сылын бэлиэтиибит, үрдүк үөрэх кыһатыгар Эдэр чинчийээччи сылынан биллэриллибитэ. Биһиэхэ араас хайысхалаах элбэх ыччат тэрилтэтэ, лабораториялар, лектордар бааллар. Үөрэнэр сылларгытыгар университет үтүөнү эрэ түстүөҕэ, онтон аҕыйах сылынан эһиги өрөспүүбүлүкэ уонна дойду тирэҕэ буолан үүнэн тахсыаххыт. Биһиги Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеппыт кыһатын талбыккытыгар махтанабыт», — диэтэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев.

«Хас биирдии бастакы кууруска киирэр устудьуоҥҥа саамай бастыҥ сыллара саҕаланар. Эһиэхэ кэрэхсэбиллээх айан саҕаланан эрэринэн эҕэрдэлиибин. ХИФУ эркиннэригэр эдэр сааскыт эрчимнээх кэмэ эһиэхэ үөрэх-билии өттүнэн кэрэхсэбиллээх, билсии да өттүнэн туһалаах буоларыгар баҕарабын. Устудьуон доҕотторгут бу эмиэ оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоргут тэҥэ, олоххут суолун сырдатар табаарыстаргыт буолаллар. Ханнык баҕарар предметтэргэ  күүскэ дьарыктаныҥ, науканы дириҥник үөрэтиҥ, инники идэҕитин кытта дьүөрэлии тутуҥ. Аан дойдуга кыах толору. Эһиги, улахан федеральнай университет баар буолан Дьокуускай куораппыт эдэр уонна эрчимнээх»,  – диэтэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.

 

Тэрээһин кэмигэр  университет үрдүнэн ыытыллыбыт «ХИФУ, дорообо» видеороликтар  күрэҕин түмүгүн иһитиннэрдилэр. Кыайыылааҕынан естественнэй наука института ааттанна уонна 30 000 солкуобай суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Горнай институт иккис миэстэ буолла. Оттон үһүс миэстэҕэ физическэй култуура уонна спорт института  тигистэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга ХИФУ-га 38 тас дойдуттан уонна 52 Арассыыйа куоратыттан 19 тыһыынча кэриҥэ устудьуон үөрэнэр, орто уонна үрдүк үөрэх 472 сүрүн идэни үөрэтэр, ону тэҥэ орто уопсай үөрэхтээһин бырагыраамаларынан үлэлииллэр.

 

Бу күн онлайн сибээһинэн бастакы кууруска киирбит устудьуоннартан санааларын иһиттибит.

 

Барыта эйигиттэн тутулуктаах

Ангелина Добрецова, ХИФУ юридическай колледжын устудьуона:

- Аан дойдуга өй ноҕуруускатын ирдиир, интэриэһинэй уонна ирдэнэр идэ элбэх. Мин оннук идэлэртэн биирдэстэрин таларга быһаарыммытым.

Инники идэбин уонна университеппын сөпкө талбыппын дии саныыбын. Преподавателлэр устудьуоннарга сыһыаннара олус үчүгэй эбит. Туох барыта, чахчы, эйигиттэн эрэ тутулуктаах эбит диэн өйдөөтүм.

Устудьуоннуур сылларым  чаҕылхай уонна умнуллубат кэмнэринэн туоларыгар олус эрэнэбин!

 

Идэбин сөпкө таллым

Сергей Степанов, геолого-чинчийэр факультет устудьуона:

- Мин геологическай чинчийии идэтигэр туттарсан киирбитим. Үөрэхпин олус сөбүлээтим. Маннык кылгас кэм иһигэр атын үөрэх оҕолорун кытта ыкса доҕордостум, кэлиҥҥи 5 сыл миэхэ сэргэх буолуон баҕарабын. Саамай сүрүнэ – уопсастыбаннай үлэни уонна үөрэҕи тэҥҥэ дьүөрэлээһин. Эһиил оскуоланы бүтэрээччилэргэ этиэм этэ: ГРФ-га кэлэн туттарсыҥ, аныгы кэмҥэ геологтар өссө наадалар!

 

Туохтан даҕаны толлумаҥ

Ксения Ракитина, педагогическай институт устудьуона:

- Мин инникитин бэйэбин оҕолору таптыыр, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар идэтийбит исписэлиис быһыытынан көрөбүн.

Маҥнай киирэрбэр хайдах эрэ кыратык долгуйбутум, куттаммытым. Онтум ончу оннук буолбатах эбит. Устудьуоннар бары олус эйэлээхтэр, эйэҕэстэр, көрсүөлэр. Бэйэ-бэйэбитигэр олус кыһамньылаахтык сыһыаннаһабыт, ардыгар көмөлөсүһэбит. Онон, күндү бастакы куурустар, туохтан даҕаны чаҕыйымаҥ, иннигит хоту айаннаан иһиҥ. Саамай кылаабынайа, саҥа суолу тобулартан куттанымаҥ.

 

ХИФУ устудьуоннарын өйүүр

Владислав Мигалкин, геолого-чинчийэр факультет устудьуона:

- Мин «Нефтегазовое дело” диэн салааҕа туттарсан киирдим. Олус диэн сөбүлээтим, преподавателлэр састааптара олус үчүгэй. Элбэх оҕону, дьону-сэргэни  кытта билистим. Устудьуоннарга эҥинэ бэйэлээх талбыт, бэйэни сайыннарарга туһалаах куруһуок бөҕөтө баар эбит. Уопсайынан, ХИФУ устудьуоннарыгар усулуобуйаны барытын тэрийэн олорор эбит. Онон манна үөрэнэ киирбиппиттэн эбии астынным. Саҥа үөрэх дьылыгар үктэммит бастакы куурус оҕолоругар ситиһиилээх үөрэҕи, чиҥ билиини ылан, дойдугутугар туһалаах дьон буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. 

 

Бүгүн устудьуон аймах – биһиги уопсастыбабыт саамай көхтөөх өттө.  Эһиги Сахабыт сирин кэскилин кэҥэтэр, дойдубут промышленноһын уонна наукатын сайыннарар тустааххыт. Онон үөрэҕи уонна үлэни тэҥҥэ дьүөрэлээн,  көдьүүстээх исписэлиистэр буолан тахсаргытыгар баҕарабын. Былааннаммыт соруккутугар хорсуннук ылсыҥ. Барыгытыгар ситиһиилэри, доруобуйаны, дьолу уонна бары үтүөнү.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...