16.11.2023 | 18:00

Ускуустуба — олох

Сэтинньи 8 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ түмэлэ тэриллибитэ 95 сылынан элбэх тэрээһин ааста. Ол иһигэр түмэл үлэһиттэрин күүһүнэн «Ускуустуба – олох» («В искусстве – жизнь») айар быыстапка үлэлиир.
Ускуустуба — олох
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Кэрэни айар киһи олоҕу анаарыыта, тулалыыр эйгэни ылыныыта олох туспа буолар. Ол да иһин буолуо, олус уйан дууһа, күүстээх ньэгир кинилэр иэйиилэрин  эргитэр. Онуоха эбии ускуустуба түмэлигэр үлэлиир буоллахха, олоҕуҥ барыта ускуустубаҕа ананар. Бу ускуустуба храмыгар үлэлэригэр бэриниилээх, үлэни сүрэҕинэн ылынар, дууһалара сытар, тартарар эрэ дьон үлэлиирэ чуолкай. Маныаха кинилэр айылҕаттан кэрэни айар дьоҕурдара уонна айыллыыларыгар чугас талан ылбыт идэлэрэ олук буолар. Кинилэр айан таһаарбыт үлэлэрэ хас биирдиилэрэ иэйии аргыстанан сырдаан,  көрүөхтэн кэрэ оҥоһуллан тахсаллара сөхтөрөр, сылаанньытар. 

Хас биирдии уруһуй, хаартыска, иис, мастан оҥоһук ааптар ис туругун, кини көрүүтүн кэпсиир. Манна күннээҕи санаалартан саҕалаан улаҕалаах, дириҥ өйдөбүллээх олох эргиирин, киһи сатабылын көрүөххэ сөп. Кэм кэрдии уларыйыыта, өбүгэ ииһин суоллара, өҥ дьүөрэлэһиитэ исписэлиис Варвара Заровняева, худуоһунньук-реставратордар Евдокия Слепцова уонна Айталина Васильева көмүс сииктэр тиһиликтэринэн дьахтар таҥаһын тикпиттэригэр көстөр. Оттон Намнааҕы филиал сэбиэдиссэйэ Екатерина Ширяева дьэрэкээн саптан оһуордаах суумкалара, быыстапканы тэрийэр салаа исписэлииһэ Надежда Матвеева күн өҥнөөх мөһүүрэ оҕуруоларынан айбыт киэргэллэрэ, менеджер Саргылана Прибылых акварель, акрил кыраасканан уруһуйдара, кассир Алена Федотова макрамета уонна быысапката көрүөхтэн эриэккэс. Түмэл хранителэ Клавдия Козлова кириэстии ньыманан быысапката, үтүлүгэ, пуонда үлэһитэ Екатерина Рожкова алмазнай мозаиката, администратор Маргарита Саввина өбүгэ ньыматынан сыыйан аспыт быысапката дьахтар мындырын, кэрэҕэ тардыһыытын бигэргэтэллэр. Реставратор-худуоһунньук  Андрей Никифоров илиитин сылааһынан кыһан, оһуор түһэрэн оҥорбут чорооно, матаарчаҕа улахан сэҥээриини, сөҕүүнү ылаллар. Муоска реставратор Айсен Павлов сэлии муоһуттан оҥорбут харысхала, дуоскаҕа мозаиканан түһэрбит оһуора, эпоксиднай сымаланан чаһы оҥорбута саҥа кэм ньымалара күннээҕи олоххо киирбитин көрдөрөллөр. Экскурсовод Екатерина Иванова икки тылынан хоһуйбут хоһооно, тимиргэ реставратор Акулина Шелковникова этюдтара уонна финифть ньыманан оҥоһуллубут кулона иэйии уонна айар тыл холбоһуутун көрөөччүгэ тиэрдэллэр.

Түмэл салайааччыта Влада Тимофеева, КГАО сэбиэдиссэйэ Наталья Христофорова, ГЗИ сэбиэдиссэйэ Мария Мищенко, графика реставратора Туяра Захарова үрүҥ кумааҕыга ойуу түһэрбит графикалара, исписэлиис Семен Нучеканов, администратор Александра Тихонова үлэлэрин, документовед Оксана Осипова тааска уруһуйун хараҕы араарбакка иэйиигэ куустаран өр көрө туруохха сөп. Чыпчылҕан түгэни таба көрөн хаартыскаҕа хаалларар кыраҕы харахтаах исписэлиис Василий Петров, методист Наталья Федорова, фотограф Алексей Васильев, худуоһунньук-реставратор Айталина Васильева үйэтиппит түгэннэрэ олох тыынын көрдөрөллөр, кэми кэрэһилииллэр, элбэҕи кэпсииллэр.

Бу быыстапка сүрүн чааһын үйэ араас кэмнэригэр түмэлгэ үлэлээбит, түмэл устуоруйатын суон сурахтаппыт ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба муҥутуур чыпчаалын маастардара Лев Габышев, Виктор Петров, Вячеслав Кандинскай, Тимофей Степанов уонна худуоһунньук-оформитель Константин Данилов үлэлэрэ ылаллар.

Ханнык баҕарар быыстапканы көрөөччү сыаналыыр. Сыана быһыыта айар дьоҕур анал буочарыттан, таһымыттан, идэтийииттэн тутулуктаах. Бу маннык түмэл идэлээх үлэһиттэрин айбыт-туппут, оҥорбут үлэлэрэ хайҕалы ылыан ылар.

Оттон быыстапка ускуустубаны сэҥээрээччилэри, айар куттаах биир дойдулаахтарбытын, ыччаттары, баҕалаахтары күннэтэ күүтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...