Урут уонна билигин
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев @grigorev_yakutsk инстаграмыгар #БЫЛОСТАЛО диэн саҥа рубриканы арыйда. Мантан ыла кини чопчу эбийиэккэ туох үлэ ыытыллыбытын кылгастык кэпсиэҕэ уонна хаартысканан көрдөрүөҕэ. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр бастакы эбийиэктэри билиһиннэрэбит.
Кыһалҕалары быһаарар суолу тобулабыт
– Быйыл Эргэ Покровскай тракка 3,9 км суол өрөмүөннэннэ. Бэдэрээтчит – РИК Автодор. Манан куоракка киирбэккэ, “Три лимона” маҕаһыынынан Бүлүүлүүр суолга уонна Объездной шоссеҕа тиийиэххэ сөп.
Кыһалҕа туһунан эттэххэ... Хомойуох иһин, суол кытыытыгар баар сирдэри бас билиигэ ылбыт буоланнар, тротуардары кыайан оҥорботубут. Маны сэргэ, бу суолунан улахан уйуктаах тырааныспар сылдьарын, оннооҕор бобор бэлиэлэр суоппардары тохтоппотторун олохтоохтор үҥсэллэр. Бу кыһалҕаны быһаарарга үлэлиибит.
Инникитин бу оройуоҥҥа Речевой оскуолаҕа диэри суолу тупсарыахпыт. Билигин онно саҥа дьиэ тутулла турар, – диэтэ куорат баһылыга.
Хаартыскаҕа: Эргэ Покровскай тракт
Кытыы нэһилиэктэргэ – ураты болҕомто
– Быйыл киин куорат кытыы нэһилиэктэригэр суоллары өрөмүөннээһин үлэтигэр ураты болҕомто уурулунна.
Холобур, Кангалаас микрооройуонугар 3 км тахса суол өрөмүөннэннэ. Кэнэҕэски икки сылга манна өссө 2 км суолу оҥоруохпут.
Хаартыскаҕа: 26 Партсъезд уул.
15 тиэргэни тупсардыбыт
“Мин тиэргэним” бырагыраама Ил Дархан А.С. Николаев өйөбүлүнэн быйылгыттан үлэлээтэ. Бу сезоҥҥа 15 тиэргэн тупсарылынна. Эһиил 45 тиэргэн өрөмүөннэниэҕэ.
Хаартыскаҕа: Воинскай уул., 1 уонна Лермонтов уул., 25/2.