Урукку төлөбүрдэри барыларын солбуйар
Төлөбүрү төрөппүт Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө сайаапка түһэрэн ылар кыахтанар. Туох да эбии-хос ыспыраапка, докумуон хомунар наадата суох. Туһааннаах ирдэнэр информация барыта биэдэмистибилэр икки ардыларыгар хардарыта үлэнэн бэрэбиэркэлэнэр.
17 сааһын туола илик оҕолору биир сайабылыанньаҕа киллэриэххэ сөп, тус-туспа сайабылыанньа суруйар наадата суох.
Быйыл олох таһымын алын кээмэйэ индексацияланан, оҕолорго 2-с зонаҕа 22 109 солк. буолла, арктическай улуустарга – 26 395 солк.
Үлэһит дьоҥҥо 2-с зонаҕа – 23 187 солк., арктическай улуустарга – 27 187 солк.
Биир кэлим босуобуйа көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэҥҥэ урут туһаныллыбыт миэрэлэри, босуобуйалары барыларын солбуйар.
Биир кэлим босуобуйа маннык урукку босуобуйалары солбуйар:
– Хат дьахтар эрдэ учуокка туран ый аайы ылар босуобуйатын;
– Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр “путинскай” босуобуйаны;
– 3-7 саастаах оҕоҕо ананар босуобуйаны;
– 8-17 саастаах оҕоҕо ананар босуобуйаны;
– 1,5 сааһыгар диэри саастаах оҕону көрөн олорууга ананар босуобуйаны.
Ким ыларый?
– Эрдэ учуокка турбут хат дьахтар;
– 17 сааһыгар диэри оҕо биир төрөппүтүгэр эбэтэр опекунугар төлөнөр.
Кимиэхэ ананарый?
– 17 сааһыгар диэри оҕолорго барыларыгар (биллэн турар, ирдэбиллэргэ эппиэттиир буоллахтарына, ол туһунан сиһилии салҕыы ааҕыҥ).
Сүрүн ирдэбил ханныгый?
– Дьиэ кэргэн кыаммат араҥаҕа киирсэр буолуохтаах, ол аата дохуота олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына.
Дьиэ кэргэн дохуота хайдах ааҕылларый?
– Дьиэ кэргэн кэнники 12 ый устата ылбыт бары дохуота холбонон эбиллэр уонна 12-гэ түҥэтиллэр.
– Салҕыы ол суума дьиэ кэргэн киһитин ахсааныгар үллэһиллэр.
Дохуокка туох киирсэрий?
– Дьиэ кэргэн дохуотугар ылар харчыгыт барыта киирэр: хамнас, босуобуйалар, биэнсийэ, элимиэн уо.д.а. (Уураах 47 п.);
– Сорох дохуот учуоттанымыан сөп (Уураах 53 п).
Дьиэ кэргэн састаабыгар ким киирэрий?
– Сайаапканы ыытааччы бэйэтэ;
– Кини кэргэнэ;
– Оҕолоро;
– 23 саастарын туола илик устудьуон оҕолоро (күнүскү үөрэххэ үөрэнээччилэр эрэ хапсаллар).
“Дьэҥкир дохуот быраабылата” диэн тугуй?
Биир кэлим босуобуйаҕа сайаапканы ыытарга дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ дьэҥкир дохуоттаах буолуохтаахтар (“белая зарплата” – ол аата хамнас ылар, нолуок төлүүр).
Дохуота суох буоллаххына, оруннаах биричиинэлээх буолуохтааххын. Холобур:
– 6 ыйтан уһуннук Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туруу;
– 3 сааһын туола илик оҕону көрөн олоруу;
– Күнүскү үөрэххэ истипиэндьийэтэ суох үөрэнии;
– Инбэлиит, 1 группалаах инбэлиит оҕону көрүү;
– 80+ саастаах кырдьаҕаһы көрүү-истии;
– 3 ыйтан ордук эмтэнии;
– Байыаннай сулууспалаах, демобилизацияламмытын кэннэ 3 ый эбии ааҕыллар;
– Хаайыыга эбэтэр кэтэбилгэ олорор, босхоломмутун кэннэ эбии 3 ый бэриллэр;
– Төрөппүт соҕотох ийэ, аҥаардас аҕа буоллаҕына;
– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн төрөппүтэ;
– 6 ыйтан ордук хат дьахтар;
– Төрүт укулаатынан олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар ахсааннарыгар киирэр дьиэ кэргэн.
Маны туһан: официальнай дохуота суох буоллаххытына, “Мой налог” сыһыарыыга самозанятай быһыытынан регистрацияланаҕыт уонна кыра дохуоту ыйан туран нолуок төлүүгүт. Оччоҕуна босуобуйаҕа хапсар кыахтанаҕыт.
Дохуот уонна дьиэ кэргэн бас билэр баайа-дуола (дьиэтэ, массыыната о.д.а.) – барыта учуоттанар.
Сайаапканы хайдах биэрэбит?
Сайаапканы МФЦ офистарыгар уонна Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар туталлар. Хас биирдии сайаапканан дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарын бэрэбиэркэлииллэр, дохуоту кытта дьиэ кэргэн бас билэр баайа-дуола барыта учуоттанар.
Босуобуйа кээмэйэ олох таһымын алын кээмэйин 50%, 75%, 100% тэҥнээх буолар.
Сайабылыанньаны көрүү болдьоҕо ортотунан 10-20 күн.
Бу босуобуйаны аныырга сүрүн ирдэбил – дьиэ кэргэн төһө көмөҕө наадыйара сиһилии үөрэтиллэр, олох таһымын алын кээмэйигэр олоҕуран дохуоту суоттууллар, онуоха "комплексная оценка нуждаемости" диэн термин туттуллар буолла.
Ол курдук, бэрэбиэркэҕэ бааннарга ирдэбиллэри ыыталлар, счеттаргыт выпискалара о.д.а. барыта көрүллэр. Холобур, биир дьиэ кэргэҥҥэ кыбартыыра уонна даача баар – биир кэлим босуобуйаны аныахтарын сөп; иккис дьиэ кэргэҥҥэ кыбартыыра уонна икки массыына баар – аккаас кэлэр.
Маны билиэхтээххин:
Дьиэ кэргэн тохсунньу 1 күнүн кэннэ сайабылыанньа ыытан баран аккаас ыллаҕына, эргэ босуобуйалара быһыллыбат. Бу босуобуйаларын болдьоҕо бүтүөр диэри ылаллар.
***
Биир кэлим босуобуйа суумата эргэ босуобуйалартан кыра буолан таҕыстаҕына, дьиэ кэргэҥҥэ урукку босуобуйалара оннунан хаалар. Саҥа босуобуйа элбэх ааҕылыннаҕына, саҥаны ылан бараллар.
***
Сайабылыанньаҕа оҕону барытын киллэрдэххэ, урукку ылыллыбыт босуобуйалар дохуот быһыытынан ааҕыллыбаттар.
***
2023 сылга 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолоох ыаллар урукку босуобуйаларын болдьоҕо бүтүөр диэри ылыахтарын сөп. Ону тэҥэ биир кэлим босуобуйаҕа сайаапканы ыытар эмиэ бырааптаахтар. Хайатын суумата улахан даҕаны, ону ылаллар. Урукку босуобуйаларын ылан бүттэхтэринэ, биир кэлимҥэ сайаапка ыыталлар.
***
Мобилизацияҕа сылдьар аҕа хамнаһа дьиэ кэргэн дохуотун быһыытынан учуоттаммат.
Элбэх оҕолоохторго
Биир кэлим босуобуйаны ыларга ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ДЬИЭ КЭРГЭН кэккэ "чэпчэтиилэринэн" туһанар.
Олох таһымын алын кээмэйиттэн аҕыйах дохуоттаах ыаллар хапсаллар. Ону тэҥэ дьиэ кэргэн бас билэр баайа-дуола учуоттанар.
– социальнай бырагырааманан эбэтэр субсидиянан ылыллыбыт дьиэлээх буолуохтарын сөп;
– икки гараас көҥүллэнэр;
– биир төрөппүт үлэтэ суох буолуон сөп – элбэх оҕолонуу дохуота суох буоларга оруннаах төрүөтүнэн ааҕыллар.