15.02.2024 | 10:00

Урбаан эйгэтэ хаачыстыба да, үбү киллэрии да өттүнэн сайдар

Урбаан эйгэтэ хаачыстыба да, үбү киллэрии да өттүнэн сайдар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былырыыҥҥыттан куорат баһылыга нэһилиэнньэни сэргэ үлэ кэлэктииптэрин иннигэр отчуоттуур үтүө үгэһэ олохтонно. Ол курдук, олунньу 13 күнүгэр Евгений Григорьев «Хозмаркет» маҕаһыыннар ситимнэрин кэлэктиибин кытта көрүстэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтарын Евгений Григорьев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биһирэбилин ылбыт Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаанын, 2023 сыл социальнай-экономическай ситиһиилэрин кытта билиһиннэрдэ.

Үүммүт 2024 сыл соруктарыгар урбаан, үөрэхтээһин, суол тутуутун, уопсастыбаннай тырааныспар эйгэлэрин сайыннарыы, саахалланар туруктаах хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү, куорат туоналарын тупсарыы, нэһилиэнньэ физическэй култууранан уонна спордунан дьарыктаныытын өйөөһүн, тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын быһаарыы, куорат инфраструктуратын тупсарыы, арыгыны утары политиканы күүһүрдүү, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл миэрэлэрин кэҥэтии уонна хаачыстыбатын үрдэтии курдук соруктар туралларын бэлиэтээтэ.

Куораты сайыннарыыга урбаан эйгэтэ сүҥкэн кылаатын бэлиэтээн туран, ааспыт 2023 сылга биирдиилээн атыыттан 190 млрд солк. кэриҥэ иэннээх рекорднай суума ситиһиллибитин, ол иһигэр 19 млрд солк курдук харчыны аҥаардас уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ оҥорбуттарын иһитиннэрдэ. Урбаан эйгэтин биир таһаарыылаах, үрдүк көрдөрүүлээх хайысхатынан тутууну ааттаата. «Онон биһиги куораппытыгар урбаан эйгэтэ хаачыстыба да, үбү-харчыны оҥоруу да өттүнэн тэтимнээхтик сайдар»,- диэтэ Евгений Григорьев.

Баһылык отчуотун истэн баран «Хозмаркет» үлэһиттэрэ оптуобустар схемаларын тупсарар наадатын ыйдылар, киэһэ хойукка диэри үлэлииллэрин ситиһэргэ көрдөстүлэр, бөҕү наардааһыны, элбэх оҕолоохторго сири биэрии хаамыытын, 203-с түөлбэҕэ киирэр-тахсар суолу элбэтэри эттилэр. Маны сэргэ Семен Данилов, 17/3 аадырыска турар хаарбах дьиэттэн көһөрүү, «Саталга» оскуола уонна оҕо уһуйаанын тутуу болдьохторугар, сөмөлүөт билиэтин сыанатын аччатыыга сыһыаннаах ыйытыылары биэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....