Ураты ньымалардаах тренер
Атах оонньуута спорт көрүҥнэриттэн биир уустуктара. Санаммыт, дьарыктаммыт эрэ бары үрдүк кирбиини ылбат, маастар буолбат. Ол эрээри талааннаах тренергэ түбэспиттэр туруоруммут сыалларын-соруктарын толороллор. Ахсынньы 14 күнүгэр “Модун” спорткомплекска сахалыы атах оонньуутугар Моруос Оҕонньор бирииһигэр ыытыллыбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдара тренер Иван Иванович Чиркоев үбүлүөйдээх 65 сааһыгар ананна.
Уйбаан Уйбаанабыһы Ил Түмэн дьокутаата, Манчаары Баһылай аатынан Спорт национальнай көрүҥнэригэр киин дириэктэрэ Геннадий Васильев, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт управлениетын начаалынньыга Дьулустаан Егоров, биир дойдулаахтарын ааттарыттан Мырылаттан оскуола дириэктэрэ Семен Собакин, хапсаҕайга Дириҥ оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторун аатыттан Софрон Тимофеев, Савва Попов, Егор Старостин эҕэрдэлээтилэр. Атах оонньуутугар 57 спорт маастарын чочуйан таһаарбыт Иван Чиркоев айымньылаах үлэтэ бэлиэтэнэн, махтал тыллара дуораһыйдылар.
Оҕо кутун тутары сатыыр педагог-тренер Иван Иванович Чиркоев дьарыктыыр-эрчийэр ньымата Арассыыйа институттарыгар биһирэнэр, методическай пособиелар бааллар, научнай үлэлэр суруллаллар диэн ректор Иннокентий Готовцев бэлиэтээн эппитэ кэрэхсэбиллээх.
Атах оонньуутугар 57 спорт маастарын ииппит Иван Иванович Чиркоевтыын кэпсэтиибитин ааҕааччыларбыт болҕомтолоругар тиэрдэбит.
– Уйбаан Уйбаанабыс, ситиһии хайдах кэлэрий?
– 2006 сылтан тренеринэн үлэлиибин. Бүлүүгэ саҕалаабытым. Атах оонньуута —олус интэриэһинэй спорт көрүҥэ. Дьарыктанар оҕолор эбиллэн, көрдөрүүлэрэ үрдээн истэҕин аайы, өссө интэриэһинэй буолар. Ситиһии тиһиктээх үлэттэн кэлэр. Ол курдук, Мырылаҕа 2015 сылтан тэриллибит атах оонньооччулар бэйэбит сайыҥҥы лааҕырдаахпыт. Каникул кэмигэр сбордары ыытабыт. Билигин мин улаханнык үөрэ сылдьарым диэн – Мырылаҕа атах оонньооччулар 15 миэстэлээх интэринээттэрэ аһылынна. Онон аҕам дойдутугар Мырылаҕа бараары оҥостобун. Ити бэлиэ түгэн. Анаан-минээн атах оонньооччулар интэринээттэрэ диэн саныырга наһаа үчүгэй. Сабыс-саҥа таас тутуу, оскуола саалата баар.
– Эн Саха сирин уонна РФ спордун маастардарын бэлэмнээбиккин, ол туһунан.
– Миэхэ дьарыктаммыт, сборга, лааҕырга сылдьыбыт оҕолорбун барыларын аахтахха, итинник буолар. Кинилэр истэригэр гиревиктэр, хапсаҕайдьыттар, мас тардыһааччылар, оннооҕор буулдьанан ытааччылар кытта бааллар. Маастар буолар диэн маҥнай утаа ыарахан курдук. Итиннэ сөптөөх дьарык, сөптөөх ноҕурууска тиэрдэр.
– Маастардаргыттан кимнээҕинэн киэн туттаҕыный?
– Барыларынан киэн туттабын. Үөһээ Бүлүү ыччата Миша Руфов “Азия оҕолорун” абсолютнай чөмпүйүөнэ буолбута, биир сыл дьарыктанан маастар нуорматын толорбута. Билигин Намҥа атах оонньуутугар тренердиир Владислав Попов, Бүлүүгэ Алексей Акимов эмиэ киһи киэн туттуон туттар маастардара. Биһиги дьыалабытын салҕыыллар. Билигин АГАТУ-га үөрэнэр Афоня Сибирякову ааттыахпын баҕарабын, ааспыт «Манчаарыга» кыайан, миэстэлэһэн, сүрдээх үчүгэйдик кыттыбыта. Оҕо саастарыгар спорка итинник сыстыбыттар хаһан даҕаны тэйбэттэр.
– Тренер быһыытынан ураты суоллаах-иистээх, туспа буочардаах дииллэр...
– Наһаа оннук уратыбын диэбэппин гынан баран, сурукка тиһэммин бэлиэтэнэбин, онтукабын хос-хос эргитэн аҕалабын, тэҥнээн көрөбүн, туох сыыһалар баалларын көннөрөбүн, эбии тугу оҥоробут диэн сыымайдыыбын. Бэлиэтэнэн ааҕарбын сөбүлүүбүн, дьэ. Уонна наар тэҥнэбил. Миэхэ Чурапчы институтугар лаборатория баар. Ити наһаа үчүгэй. Тэҥнэбилинэн оҕо хайдах туруктааҕын билэҕин. Ол элбэҕи биэрэр.
– Маастардары бэлэмнииргэр ханнык сүрүн өрүттэргэ болҕомтону туһаайаҕын?
– Оҕо баҕалаах буолуохтаах. Баҕарбат оҕону эн хайдах даҕаны бэйэҕэр тардыбаккын. Дьоҕурдаах, кыахтаах оҕолор үксүгэр кыһаллыбаттар, аахайбаттар. Онтон баҕалаах киһи син биир ситиһэр. Мин тренер быһыытынан көмөм диэн сөпкө хамсаныыны оҥорон, туруоран эрэ биэрэбин. Чопчу бу оҕоҕо сөп буолар хамсаныыны. Уонна дозировка буоллаҕа дии, дьарыкка. Киһини наһаа ноҕуруускалаан-эҥиннээн, били, дьаамаҕа ыытан кэбиспэт курдук. Чэ, уонна бу пандемия улаханнык хамсатта, төттөрү өттүгэр. Онно биһиги дистанционнай ньыманан үлэлээбиппит. Ол түмүгэр оҕолор дьарыктарын быспатахтара. Итиэннэ Мырылабытыгар бараммыт сайынын сбордана, дьарыктана сылдьыбыппыт. Сайыҥҥы өттүгэр биһиэхэ айылҕабыт, Мырылабыт, Амма өрүспүт барахсан абырыыр, хайа диэтэххэ – хайа, кумах диэтэххэ – кумах, уу диэтэххэ – уу. Наһаа үчүгэй! Ол онно, дьэ, кырдьык, сайын оҕо сайдар. Тылыгар да баар дии, сайын – эн сайын диэн. Сайдыахтааххын. Сайдаҕын. Ууга дьарык элбэҕи биэрэр. Онно оҕо сылайарын билбэт. Сүрдээх улахан ноҕуруусканы көрсөр, ол гынан баран кини онтукатын оонньуу сылдьар курдук саныыр.
– Аска-үөлгэ болҕомтоҕун уураҕын, ити хатыҥ уутун иһэрдэргиттэн сылыктаатахха.
– Билигин оҕолор буортулаах, куһаҕан баҕайы аһы аһыыр буоллулар. Ол иһин мин сбордарга, сайын лааҕырбытыгар барыта айылҕабыт аһыгар болҕомто уура сатыыбын. Саас хатыҥ уутун иһэбит. Сайын лааҕырбытыгар балык, кус, отон, хаптаҕас, моонньоҕон аһылыктаахпыт. Ону хаһаанабыт, кыһын аһылыкпытыгар эбии битэмиин оҥостон сиибит. Онтукаҥ үчүгэй өрүттэрдээх буолар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
– Үлэҕин көрдөрөр быыстапка оҥорбуккун. Аан дойду чемпионаттарыттан тиийэ бэйэҥ түһэртээбит хаартыскаларыҥ сэҥээрдэр. Тренердиир үлэҕэр методиканы, ньыманы хантан сүһэҕиний?
– Урут убайбыт Петр Посельскайы үтүктэр этим. Ити, дьиҥэр, сыыһа эбит. Тоҕо диэтэххэ мин кини курдук түргэн, кини курдук күүстээх буолбатахпын. Онтон билигин бу эрчийэр ньымабар спортсмен оҕоттон бэйэтиттэн таһаарабын. Оннук буоллаҕына үлэҥ быдан түмүктээх буолар эбит диэн сыаналыыбын.
– Бэйэҥ айар, оҥорор методикаҥ буоллаҕа.
– Араас ньыманы туттабын, холобур, туостары, эрэһиинэни. Уонна статиканы туһанабын, штанга тимирин оҕо бэйэтин ыйааһыныгар сөп түбэһиннэрэн. Үлэ былаанын оҥорорбор наука кандидата Вячеслав Николаевич Логинов уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Александр Валентинович Апайчев улахан өҥөлөөхтөр. Кинилэр хас да сыллааҕы былааны оҥорорго үөрэппиттэрэ. Холобур, «Манчаары», “Азия оҕолорун” киэннэрин, онно макроцикл, микроцикл барыта баар. ”Былаан – үлэ аҥаара” диэн сөпкө этэллэр. Былаана суох үлэ табыллыбата буолуо. Билигин “Азия оҕолоругар”, «Манчаарыга» бэлэмнэниэхпит. Барыта былаан быһыытынан барар.
– Бэйэҥ кумир оҥостор, кинилэри батыспыт атах оонньооччулардаах буолуохтааххын.
– Биллэн турар. Петр Семенович Посельскай курдук кэрэтик ыстанар, сүүрэр, бэйэтин лаппа кыанар киһиттэн элбэххэ үөрэммитим. Хаартыскаҕа түһэрии, суруйуу, быыстапкалааһын – Дмитрий Дмитриевич Эверстов суола-ииһэ. Оҕону кытта үлэ айымньылаах буолар эбит. Оҕо баҕатын, санаатын таба таайдаххына – ол эн кыайыыҥ.
– Атах оонньуутугар аҥаардас дьарыгынан тахсыахха сөп дуу эбэтэр ураты айылҕалаах оҕо тахсар дуу?
– Иккиэннэрэ баар буолуохтаах. Уонна сүрүнэ – оҕо баҕата. Ким, ама, күүстээх, кыахтаах буолуон баҕарыа суоҕай?! Ордук уолаттар. Уонна айылҕа, биллэн турар, баар. Ити улахан уҥуохтаах, бөдөҥ уолаттарга ымсыырабын. Ол гынан баран, хомойуох иһин, биһиги талбыппыт курдук бары кэлэн испэттэр. Баар оҕолорунан үлэлиибит. Көрдөрүүлэр кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Билигин интэринээттэнним, үрдүттэн олорон үлэлиир баар буолла.
– Билигин хас оҕону дьарыктыыгыный?
– Билигин 12 эрэ. Бу күннэргэ Мырылабытыгар көһөн тиийиэхпит. Биһигини үчүгэй үлэ күүтэр. Кэлэр «Манчаарыга» уонна “Азия оҕолоругар” кыттар саастаах 2009 уонна 2007 сыллаах төрүөх оҕолору сүүмэрдиибит. Ону таһынан баҕалаахтар бары кэлиэхтэрэ. Чакырынан, Хайахсытынан, Хадаарынан, Арыылааҕынан, Кытаанаҕынан, Сылаҥынан кэрийэн оҕолору көрдүбүт-иһиттибит. Тыыппалаах, үчүгэй оҕолор бааллар. Дьэ, билигин сүрүн хайысхабыт онно буолар.
– Мырылаҕа хаһан тиийэҕитий?
– Мантан бардыбыт да тута, бу ый ортотуттан. Саҥа дьыл иннинэ. Тохсунньу 3 күнүттэн сборбут саҕаланар.
– Уйбаан Уйбаанабыс, үлэҥ туһунан сиһилии кэпсээбиккэр махтал! Айар аартыгыҥ өссө арыллыбыт курдук көрдүбүт. Аны Мырылаттан, Тэйэр Хайаттан, аҕаҥ Иван Львович Чиркоев сириттэн-дойдутуттан саҥа маастардар иитиллэн, чочуллан таҕыстыннар! Күүтэбит, кэтэһэбит! Ситиһии тосхойдун! Үбүлүөйдээх 65 сааскынан эҕэрдэлиибит!