Ураты үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт
Биһиги Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгиттэн "Илгэ" түмсүү ыам ыйын 18 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи "Ньургуһун-кыайыы сибэккитэ" тэрээһиҥҥэ бастакы сылдьыбыт санаабытын үллэстэбит. Бастатан туран, тэрээһин буолбут сирэ наһаа үчүгэй, "Ил Эйгэ" диэн дьиэ кэргэн айылҕаҕа сынньанар сирэ эбит, эҥин-эгэлгэ тутуулара, оҥоһуктара, киэҥэ-куоҥа, ырааһа, бэйэтэ музей курдук, сылдьыбыт эрэ барыта астыммыт буолуохтаах. Биһиги астыныы бөҕө, ыллаан, үҥкүүлээн, "үрүҥ көмүс" волонтердарбыт мастер-кылаастарыгар сылдьан, ньургуһун оҥостон төбөбүтүгэр анньынан, үлэлэрин быыстапкаларын көрөн, түмсүүлэрбитин кытта билсиһэн, көхтөөхтөрүн сөҕөн, оһуохайдаан, флешмобтаан, хаартыскаҕа түһэн, олох күн иллэҥэ суох сырыттыбыт. Саха сиринээҕи эригийиэн "Дууһабытынан эдэрбит" киинин салайааччыта Васильева Валентина Васильевна тэрийэр, түмэр талаанын, үлэтин-хамнаһын илэ харахпытынан көрөн, сөҕөн-махтайан да биэрдибит, ити барыта элбэх үлэттэн, сүүрүүттэн-көтүүттэн тэриллэр, ыытыллар буоллаҕа, ыраах улуустартан кэлбит түмсүүлэри - Үөһээ Бүлүү, Маҕарас, Өктөмн, Нөмүгү уо.д.а. - көрөн сэргээтибит, кинилэр курдук түмсүүлээх, көхтөөх буолуохпутун баҕардыбыт, наһаа да маладьыастар бары кыттан, олох ураты үчүгэй тэрээһин диэтибит. Муус устар 2 күнүгэр өссө Валентина Васильевна бырайыагынан "Үрүҥ көмүс" волонтердар Балларыгар", бу түмсүүгэ саҥа киирбит буолан, эмиэ ураты үчүгэй тэрээһиҥҥэ сылдьан, сөрү диэн сөҕөн, астынан тарҕаспыппыт . Дьэ ити курдук салайааччыбыт Валентина Васильевнабытыгар тэрийэр, түмэр үлэҥ үрдүктүк сыаналаннын,тус бэйэҕэр үчүгэй доруобуйаны, сирдээҕи дьолу, босхо уопсастыбаннай үлэҕэр өссө саҥа сүүрээннэри, өйдүүр, өйүүр түмсүүлэри баҕарабыт. Баҕа санааларыҥ олоххо киирдиннэр, араас улуустартан түмсүүлэри сомоҕолоон сылдьар сүҥкэн үлэҕэр сүгүрүйэбит. Махтанабыт.