27.06.2020 | 09:55

Уран тылга уһуйар, айар үлэҕэ арыаллыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду бары муннугар БКЭ (биир кэлим эксээмэн) саҕаланара чугаһаата. Оскуоланы бүтэрээччилэр ким-туох идэлээх, ханнык үөрэххэ баралларын, ханнык хайысханан олохторун суолун түстүүллэрин чопчу быһаарынан олорор буолуохтаахтар. Бүгүн  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ саха салаатын, чуолаан саха литературатын кафедратын кытта билиһиннэриэм. Саха литературатын кафедрата биир бастыҥ үөрэх салаата диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол туоһутунан өрөспүүбүлүкэбит бас-көс дьоно үксэ тыл үөрэхтээхтэрэ, айар-суруйар дьоҕурдаахтара буолар. Бүгүҥҥү ыалдьытым – саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука доктора Валентина Григорьевна Семенова.

САХА ЛИТЕРАТУРАТЫН КАФЕДРАТА

-Хотугулуу-Илиҥҥи омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэр институт аҕыс кафедралаах. Олортон биирдэстэрэ – саха литературатын кафедрата. Биһиги кафедрабытыгар күн бүгүн биэс наука дуоктара (Н.Н. Тобуруокап, З.К. Башарина, В.Б. Окорокова, П.В. Сивцева-Максимова, В.Г. Семенова), биэс наука кандидата үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Магистратураҕа сылын аайы уочаратынан үс хайысхаҕа (“Имиджелогия уонна спичрайтинг”, “Текстология уонна литературнай кириитикэ”, “Саха литературата”) ылабыт. Быйыл “Саха литературата” магистерскай бырагыраамаҕа 9 киһини сүүмэрдиибит. Бырагыраама научнай салайааччыта – В.Б. Окорокова. Кэнники сылларга бу үөрэҕи “Саха” НКИХ үлэһиттэрэ Георгий Белоусов, Карина Семенова, “Бичик” кинигэ кыһатыгар отдел салайааччыта Марина Степанова, хаһыатчыттар Диана Клепандина, Айаал Молокотин, култуура үлэһитэ Маргарита Иванова, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан уо.д.а. үөрэнэн бүтэрдилэр. Сааһыттан тутулуга суох, саха литературатын сэргиир, ааҕар, айар-тутар куттаах дьону икки сыллаах үөрэххэ туттарсаргытыгар ыҥырабыт. Эксээмэнэ – онлайн-сэһэргэһии. 

Итини таһынан быйылгы үөрэх сылыгар “Литературнай үлэ (“Литературное творчество”) идэтийиигэ (специалитекка) устудьуоннары сүүмэрдиибит. Айар үлэһит, суруйааччы идэтигэр, биллэрин курдук, Москваҕа М. Горькай аатынан Литературнай институкка үөрэтэллэр. Бу идэҕэ Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биэс-алта үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэтэллэр, оттон национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн – Адыгеяҕа уонна биһиэхэ эрэ. “Литературнай үлэһит” идэни баһылаабыт киһи хаһыаттар, сурунааллар редакцияларыгар, тэрилтэлэр пресс-сулууспаларыгар, кинигэ кыһаларыгар кэрэспэдьиэн, эрэдээктэр быһыытынан үлэлиэн сөп. Быйылгы үөрэх сылыгар РФ үөрэҕин министиэристибэтэ бу идэҕэ 18 миэстэни биэрдэ. Киирии эксээмэннэрэ: нуучча литературата, нуучча тыла (БКЭ) уонна оҕо дьоҕурун тургутар онлайн-сэһэргэһии.

-Сүрүннээн ханнык идэлэргэ элбэх куонкурус буоларый?

-Урукку өттүгэр миэстэбит аҕыйах буолар этэ. Ол курдук былырыын отучча абитуриентан биэс оҕону сүүмэрдээн ылбыппыт. Талыллыбыт-талыллыбыт курдуктар, бары да дьоҕурдаахтар, уран тылга сыһыаннаахтар.       

-Үлэнэн хааччыйыы боппуруоһа хайдаҕый? Эһиги үөрэххитин бүтэрбиттэр ханна тугунан үлэлии баралларый?

-Биһиги «Литературнай үлэһит” үөрэхпитин урукку өттүгэр сүрдээх чаҕылхай оҕолор бүтэрбиттэрэ. Холобур, кэлиҥҥи бүтэрээччилэртэн “Кыым” хаһыакка Дмитрий Иванов, Диана Клепандина, “Чуораанчык” сурунаалга Кристина Иванова, улуус хаһыатыгар Айаал Молокотин үлэлииллэр. Надежда Самсонова, Анастасия Борисова-Сардаҥа – эмиэ ааттаах-суоллаах суруналыыстар. Дмитрий Бястинов – Хомус музейын дириэктэрэ, Саина Шеломова – спорт министиэристибэтин пресс-сулууспатын салайааччыта, Алина Саввинова – Тутар этэрээттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы штабтарын аппараатын салайааччытын солбуйааччыта. Сорох выпускниктар оскуолаҕа, олохтоох дьаһалтаҕа, сорохтор тус дьыалаларын арынан ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Киэҥ билиилээх, сахалыы үчүгэйдик ааҕар-суруйар, саҥарар буоланнар, олох араас хайысхатыгар бэйэлэрин суолларын булан, бэркэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

ҮӨРЭХ ХААЧЫСТЫБАТЫН ТАҺЫМА

-Устудьуоннары биэс сылы быһа айар үлэ кистэлэҥнэригэр Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин курдук норуодунай поэттар, суруйааччылар Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр, Афанасий Гуринов-Арчылан, драманы чинчийээччи Мария Кириллина, суруналыыстыка төрүттэригэр Олег Сидоров, Александр Андреев, кинигэ таһаарыытын ымпыктарыгар Марина Макеева курдук бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээх практик-дьон үөрэтэллэр. Оттон саха тылыгар, литературатыгар, тыл истиилигэр биһиги институппут биллэр-көстөр преподавателлэрэ уһуйаллар. Устудьуоннар быраактыкаларын Саха театрыгар, “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа, кинигэ кыһаларыгар, сурунааллар, хаһыаттар редакцияларыгар бараллар. Эдэр киһи үүнэригэр-сайдарыгар биһиэхэ толору усулуобуйа баар. Холобур, быйыл бүтэрэн эрэр ЛТ-15 бөлөх устудьуоннара редакторскай быраактыкаларын Санкт-Петербург куоракка “Звезда” сурунаалга барбыттара. Ааспыт сайын Алтаайга литературнай лааҕырга сынньаммыттара. 

-Сорох салааларга айар эксээмэн баар эбит. Быйыл хайдах быһыылаахтык тутаҕытый?

-Магистратураҕа уонна специалитекка туттарсарга сэһэргэһии, оҕо айар дьоҕурун тургутуу Zoom сыһыарыы нөҥүө барыа. Атах тэпсэн олорор  курдук, бэйэ-бэйэбитин көрөн олорон, үөрэххэ туттарсааччыны кытары сэлэһиэхпит. Докумуону тутуу ирдэбиллэрэ, эксээмэннэр ыытыллар болдьохторо университет сайтыгар тахсан иһиэҕэ.

– Чаҕылхай устудьуоннаргыт ситиһиилэриттэн кылгастык билиһиннэр эрэ.

-Биһиги университеппытыгар, институппутугар оҕо сайдар усулуобуйата толору баар. Баҕалаахтар уопсай дьиэнэн хааччыллаллар, устудьуоннарга анаан араас куруһуоктар, устуудьуйалар үлэлииллэр. Биһиги кафедрабыт иһинэн “Сэргэлээх уоттара” литературнай куруһуок үлэлиир. Билигин үөрэнэ сылдьар устудьуоннарбытыттан наукаҕа, үөрэххэ ситиһиилээх оҕолор аҕыйаҕа суохтар. Холобур, ааспыт семестргэ үрдэтиллибит истипиэндьийэни үөрэххэ, култуураҕа ситиһиилэрин иһин Валя Андреева, Аскалон Семенов ылбыттара. В. Протодьяконов аатынан истипиэндьийэ лауреата Таня Андросова научнай үлэтэ быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай үлэ куонкуруһугар бастаата. Валя Андреева Андрей Вознесенскай аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна Петр Тобуруокап истипиэндьийэлэрин лауреата буолбута. Быйыл үһүс, төрдүс куурус устудьуоннара Сандаара Тобонова, Дьулустаан Кононов Казахстаҥҥа Астана куоракка үөрэнэн кэллилэр. Пандемия иннинэ оҕолорбут устудьуоннар научнай конференцияларыгар Саха сирин тас өттүгэр ситиһиилээхтик кыттан кэлээччилэр.  

САХА СУРУНАЛЫЫСТАРА БУОЛАЛЛАР

-Быйыл маҥнайгы хараҥаччыларбыт – ЛТ-15 бөлөх устудьуоннара үөрэхтэрин бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэнээри сылдьаллар. Алта оҕобут сүрдээх дьоҕурдаах, бары өттүнэн толору бэлэмнээх, билиилээх-көрүүлээх, кыахтаах ыччат. Бэс ыйын 16 күнүгэр судаарыстыбаннай аттестациялыыр хамыыһыйа иннигэр дипломнай үлэлэрин көмүскээтилэр. Хамыыһыйа чилиэннэрэ Наташа, Юля Даниловалар, Уйгулаана Портнягина, Варя Турнина уустук тиэмэни ылан, кыайа-хото тутан суруйбуттарын бэлиэтээтилэр. Кэпсээнньит дьоҕурдаах Мариван Васильевка, муода театрыгар дьарыктаммыт, “Мистер СВФУ” күрэххэ институт аатын көмүскээбит Валерий Максимовка хамыыһыйа “үчүгэй” сыананы туруорда.

ХАЙДАХ АБИТУРИЕННАРЫ КЭТЭҺЭҔИТ?

-Айар дьоҕурдаах, уус-уран литератураны сөбүлүүр оҕолору биһиги үөрэхпитигэр туттарсан киириҥ диэн ыҥырабыт. Биэс сыллаах үөрэххит эһиги олоххут саамай дьоллоох кэмнэрэ буолуохтара, киһи, специалист быһыытынан үүнүөххүт-сайдыаххыт. Билсэр нүөмэрдэргит – 89141019858, 89644252369.

УСТУДЬУОННАР САНААЛАРА

Валентина Андреева, ЛТ-16 бөлөх 4-с кууруһун устудьуона:

-2016 сыллаахха тиһэх чуорааммын тыаһатан, Дьокуускай куоракка инники суолбун көрдөнө киирбитим. Оччолорго чахчы бу үөрэххэ киириэм диэн билбэт да буолларбын, литератураны, айар үлэни кытта кэккэ турар, ыкса сибээстээх идэҕэ баҕарарым. “Литературнай үлэ” диэн хайысха  саҥа иккис сылын арыллыбыт үөрэх этэ. Маннык үөрэх баарын үөрэххэ туттарса сылдьан билбитим. Билигин бу үөрэҕи талан киирбиппин кэмсиммэппин.

Биһиги үөрэхпит специалитет таһымнаах биэс сыллаах үөрэх. Бу хайысха литературнай үлэһиттэри, суруналыыстары, учууталлары уонна айар-тутар иэйиилээх дьону иитэн таһаарар. Биэс сыл тухары наука дуоктардара, идэтийбит суруйааччылар, профессордар үөрэтэн-такайан, биһигини кытта уопуттарын үллэстэллэр, айар үлэ эйгэтигэр арыаллаан киллэрэллэр.

Быйылгы абитуриеннарга, бүгүҥҥү кэм уустуктарыттан толлубакка, инники олоххут суолун чопчу буларгытыгар, таптыыр үөрэххитигэр туттарсан, үрдүк ситиһиилэнэргитигэр баҕарабын!

Сандаара Тобонова, ЛТ-16 бөлөх 4-с кууруһун устудьуона:

-Бастаан абитуралыы сылдьан артыыс идэтигэр баҕарбытым. Ол эрэн бүтэһигэр манна туттарсыбытым. Айар эксээмэҥҥэ өйтөн суруйбуппут уонна ыйытыыларга хоруйдаабыппыт. Суруйааччы үөрэҕэр үөрэнэ киирдим диэтэхпинэ соһуйаллар этэ. Ол эрэн биһиги, суруйааччы эрэ буолбакка, суруналыыс, критик, сценарист, эрэдээктэр уонна учуутал буолуохпутун сөп. Бастакы кууруска үөрэнэ киирбиппитигэр барыта ураты этэ. Устудьуоннар идэлээх сойуустара, араас хабааннаах куруһуоктар... Долгуйуу уонна ардыгар куттал баара. Олус да чаҕылхай кэмнэр! “Сэргэлээх уоттара” диэн куруһуокка бастакы куурустан сылдьабыт. Салайааччыбыт – Матрёна Петровна. Бу куруһуокка үөрэхпит таһынан литературнай биэчэрдэри тэрийэбит, кыттабыт. Айымньыларбытын ырытыһабыт. Былырыын Хакасияҕа литературнай лааҕырга баран кэлбиппит. Ааспыт сыл Бурятияттан конференцияттан кэлэн  баран, Казахстаҥҥа барарга санаммытым. Литература эйгэтигэр үөрэнэр буоллаххына, атын омуктар литератураларын олус интэриэһиргиигин уонна куруук тэҥнэбил оҥоро сатыыгын. Лев Николаевич Гумилев аатынан Евразийскай-Национальнай университекка казах тылын кафедратыгар үөрэнэн кэллим. Киһи баҕардаҕына элбэҕи кыайар, сатыыр.

Абитуриент! Билигин эн долгуйа сылдьарыҥ буолуо. Өскөтүн суруйар талааннаах, айар-тутар дьоҕуруҥ сайдыбыт буоллаҕына саха салаатыгар туттарыс! Эйигин саҥа эрэллээх доҕоттор, литература уус-уран эйгэтэ күүтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....