Ураанньык
Миэхэ биир умнуллубат, өйбүттэн-санаабыттан сүппэт, дууһам биир муннугар боччумнаах миэстэтин булан, түүрүллэн утуйа сытар оҕо сааһым доҕоро Ураанньык диэн ааттаах ыт буолар.
Аҕам байанайдаах, сорсуннаах булчут этэ. Кини биһиги дьиэ кэргэҥҥэ соҕотох харчы киллэрээччи күндү киһибит. Сылы быһа үлэттэн илиитин араарбата. Кыһын бултуура. Дьыл атын кэмигэр хайа баҕарар хара үлэни кыайа-хото тутара. Аны санаатахха, биһигини сааһыран баран оҕоломмут. Ол да буоллар, эдэр дьону кытта тэҥҥэ сылдьара.
Аҕам ыты анаан-минээн ииппитин өйдөөбөппүн. Биирдэ мин уончалаах эрдэхпинэ билбэт ыппытын батыһыннаран аҕалбыта. Кини кыһын бултуура, сүрүн булда андаатар этэ. Оччолорго Кэбээйи сииктээх, элбэх күөллээх сиригэр андаатар, саҥардыы олохсуйан, аһара элбээбит кэмэ. Аҕабар булчут үөлээннээхтэрэ куруук сылдьааччылар. Онно кэпсэтэллэрин иһиттэххэ, аҕам биир бастыҥ андаатардьытын билинэллэрэ. Булчуттар ким ханнык булка ордук сыһыаннааҕын билсии бөҕө буоллахтара. Хабырый диэн наар сылы быһа булдунан олорор оҕонньор баара. Кини ордук улахан булка баартааҕа. Оннооҕор тайаҕы бадарааҥҥа түһэрэн бултаан, Байанайыгар махтанарын истибитим. Кини олорор дьиэтигэр таба, тайах муоһа куруук баара. Аны олору хайдах дьиэҕэ киллэрбиттэрэй дии саныырым. Оннук улахаттара. Даамай диэн аҕам булчут табаарыһа ордук сааһытынан биллэрэ. Туоһапканан талан, куһу күөрэтэн түһэрэрин истэрим. Оннук чулуу ытааччы диэн кэпсэтэллэрэ.
Үчүгэй ыт андаатар уйатын булуохтаах. Дойдум сирэ халыҥ хаардаах, куруук тибиилээх улахан күөллэригэр андаатар уйатын булуу туһунан уустуктардаах. Онон аҕам табаарыһыттан Дьаакыбылап Боруонньаттан эдэр ыты уларсыбыта. Боруонньа аҕабыттан эдэр, улахан уола Өлөхсөй чугас табаарыһа этэ. Кини ааттаах мас ууһа уонна доруобуйатынан мөлтөх буолан, куруук ыарытыйара. Ураанньык аҕабар тута сыстыбыта. Ыт барахсан булчут киһини тута билээччи. Аҕам ол саас өлгөм бултаммыта. Биһиги, оҕолор: сиэннэрэ Тиитэ, Куола уонна мин буолан андаатар сүлэр этибит. Бу маннык үлэлээн аҕабар, эһэбитигэр көмөлөһөрбүт.
Ураанньык наһаа сымнаҕаһа. Киһи барыта сөбүлүүрэ. Арай таһынааҕы ыалбыт Муҥур Сөдүөт, киирдэҕинэ, сөбүлээбэт этэ. Элбэх саастаах оҕонньор таҥаһы-сабы арыый уратытык таҥнара. Кура буолар быаны иһин түгэҕинэн баанара. Төбөтүгэр былааты тууна баанааччы. Улахан тымныыга аҕам дьиэҕэ киллэрбит ыта иччитин аттыгар остуол анныгар сытара. Оҕонньор таҥаһын арыый сыбыдахтанан, остуолга олороот, сотору хаһыытыы түһэрэ. Ураанньык кини бу сулбуруйуох халыҥ ыстаанын тобугун анныттан хабан ылара. Аҕам оонньуу-күлэ ытын дьарыйбыта буолара. Муҥур Сөдүөт хаһан да бүппэт кэпсээнэ салгыы салҕанан барара. Ол оннук куруук буолара. Тоҕо эбитэ буолла? Оҕонньор остуоруйатын кэпсээнэ хаһыс эрэ тумулугар тиийиитэ, ол соһуйбут саҥа иһиллэрэ. Ураанньык тугу сымыйалыыгын диирэ дуу эбэтэр, били олоҥхону истээччи сэргээн ''Ноо'' дииринии, баарын, истэрин биллэрэрэ эбитэ дуу? Ыт хайдах ытырары билэн бөҕө буоллаҕа, барбах кыратык таҥаһы алдьаппатарбын диэбиттии, дьаһанан эрдэҕэ.
Сөдүөт, дьэ, бүппэт кэпсээннээх, остуоруйалаах буолара. Истээччини умсугутар, абылыыр күүстээҕэ. Аҕабыныын сороҕор Дыгыҥҥа тиийэ кэпсэтэллэрэ. Кини ыччатын барытын ырытар быһыылаахтара. Аҕам арыт, соруйан буккуйдаҕына, ол көннөрүүтэ туһунан буолара. Оннооҕор мин оҕонньортон: ''Остуоруйа кэпсээ'', – диэн көрдөстөхпүнэ, тук курдук кэпсээн барара. Тараҕай улахан төбөтүн, аргыый имэрийэ-имэрийэ, сонун, саҥа остуоруйата саҕаланара. Барахсаны биир туспа, тылынан талаан чахчы баар киһитинэн дьон-сэргэ билинэрэ.
Аҕам саас, сайын булда бүтэн, араас үлэҕэ сылдьара. Ураанньык тэһийбэтэ. Урукку хаһаайына олорор Арыылааҕар баран кэлэрэ. Эбэтэр ким эмит аттаах, санныгар саалаах буоллаҕына, ыҥырдаҕына, барсара. Ол курдук булка, тыаҕа сылдьарга баҕата баһаама. Мин сайыҥҥы сынньалаҥмар, дьиэбэр кэллэхпинэ үөрэрэ. Ону-маны кыраны үлэлии сырыттахха, такыммыттан тардыалыыра. Тыа диэки көрөрө. Биһиги дьиэбит бөһүөлэк кытыытыгар, тыа саҕатыгар турара. Уол оҕолор мустан моҕотойдуу барарбыт. Ыппыт аттыбытыгар сүүрэ сылдьара. Сотору сүтэн хаалара. Онтон өр-өтөр буолбата, үрэр саҥата иһиллэрэ. Биһиги ол хоту сүүрэрбит. Аҕылаан-мэҕилээн тиийбиппит, ыппыт тиит мутугар олорор буолара. Дьэ, бултааһын саҕаланара. Мутугу тоһута-тоһута кинини быраҕаттыырбыт. Үрдүнэн бырахтахха, моҕотой аллара сурулуура. Ону икки уол утары, уһун ураҕастаах туран, охсоллоро. Сыыстахтарына, моҕотой төттөрү үөһэ барара. Эмиэ маһынан быраҕаттааһын саҕаланара. Ураанньык ол аайы үрэрэ өссө күүһүрэрэ. Ыстанан кэлэ-кэлэ, тииккэ хатаастан, тахса сатыыра. Тылын таһааран, туора быраҕан эппэҥнии-эппэҥнии мас тула сүүрэкэлиирэ, биһиги диэки көрбөхтүүрэ. Маһы хадьырыйан ылара. Кэлин тиһэҕэр моҕотой, эмиэ түһэн иһэн, охсуллан дөйөн түһэрэ. Эбэтэр сыыһа охсуллан, сиргэ түһэрдии көтөн истэҕинэ, Ураанньык "лап" гына хабан ылара. Итинник түгэн хаста эмэтэ буолара. Ол оннук бултаһа сылдьан, дьиэбититтэн балачча ыраах сиргэ тэйбит буолааччыбыт. Дэлби утатан, сылайан төннөрбүт. Кэлээт, оччотооҕу боростуой аспытын аһаатыбыт да, сылайбыппыт суох буола түһэрэ. Бөһүөлэккэ ''Ылдьаабыс'' уота суоҕа. Кыһын да бэрт кылгас кэмҥэ бэриллэрэ. Сарсыарда уонна киэһэ. Ыал барыта хоспохтооҕо. Хаптаһын кэмчитэ. Онон үксүгэр эркинэ туруору балаҕанныы буолара. Ол иһигэр кыра кирпииччэ оһох турара. Бары да оһохчут быһыылаахтара. Хоноһо диэн кыра соҕус уҥуохтаах, этиргэн, салгын сиэбит төгүрүк сирэйдээх киһи баара. Сайын саҕаланыыта, оҕолору мунньан, кирпииччэ үктэтэрэ. Элбэх кирпииччэ оҥорорбут. Кыра да буоллар, хамнастанарбыт. Үксүбүт маҥнайгы хамнаспыт буолуон сөбө. Хоноһо үчүгэй оһохчут, аны дыраамаҕа оонньуур, бастыҥ артыыс. Оһоххо оттуллар маһы оҕолор, эмээхситтэр чугас тыаттан сүгэрбит. Оһох күҥҥэ кырата иккитэ оттуллара. Сарсыарда күүскэ оттон, чох таһааран, эбэтэр антах сыҕарытан баран, сылаас оһоххо тиэстэлээх куормаларын угаллара. Сорохтор билиитэ үрдүгэр итии чохтоох баалынайы уураллара. Саҥа буһан тахсыбыт килиэп минньигэс да буолара. Ону сүөгэйгэ буккуйан кумах саахардаан сиирбит. Ыал барыта сүөһүлээҕэ. Аттыбытыгар олорор ол Муҥур Сөдүөттээх сүөһүлээхтэрэ. Тыккыйатынаан оттуу Хойуоҕа күн аайы бараллара. Барахсаттар иккилии-биэстии бугулунан оттоон, сайыннара бүтэрэ. Кыстыыр отторун булуналлара. Кинилэр лэппиэскэ оҥостоллоро эбитэ буолуо. Ураанньык хахха сиргэ сытара, сынньанара. Сарсыныгар оннук бултааһын хаттаан саҕаланара. Кус оҕото улааттаҕына, аны ону бултааһын саҕаланара. Ураанньык көрдүгэн тула эбэтэр уолба ууларын отун маһын сыттыы-сыттыы сүүрэрэ. Улахан кустар көтөллөрө. Ураанньык хоройон испит кутуруга биир сиргэ чочумча эйэҥэлии түһэрэ уонна салгыы сүүрэ турара. Сороҕор уһун оттоох сиргэ кутуругун төбөтө эрэ көстөрө, сүтэн да хаалара. Ол кыратык тохтообут сиригэр тиийдэххэ, кус сытар буолара. Онон ыппыт хоройон испит кутуруга, кыратык эйэҥэлээт, тохтообут сирин өйдүү сатыырбыт. Ол онно Ураанньык туппут куһа сытарын. Сатаан сиппэккэ, туппут куһун барытын хомуйбатахпытына, кини бастакы омуна уҕарыыра. Хайдах эрэ ыллык суолга барара элбиирэ.
Биһиги, акаарылар, ыппыт сүрэҕэлдьээтэ диэн хомойон, ол ыллыкпытыгар киирэн төннөн истэхпитинэ, бу олох соторутааҕыта өлбүт кустары буларбыт. Ол аата ыппыт тастаҕа. Арыый улаатан сааланар буолбутум. Сүүрбэлээх саабын ыллым да, ытым тута үөрэ түһэрэ. Оннук сатыы баран истэххэ, эмискэ такымҥа төбөтүнэн охсон ааһара. Төннүбэтэх, атын суолунан баран иһэр эбит диэн бэрэбиэркэлиир, бэйэтэ баарын биллэрэр быһыыта. Кус биһиэхэ олохсуйан төрүүр буолан, элбэх буолааччы. Оҕо сааһым кураан кэмнэргэ түбэспит. Саас, сайын саҕаланыыта уу мустубут, бадараан сирдэр күһүөрү уолан, кууран хаалаллара. Күөлгэ кус хара болуот курдук устар буолара. Күөл уута аччаан, кытыыта чиҥээн, былыыга тахсан, уута ыраатан иһэрэ. От өлгөмнүк үүнэрэ. Дойдум дьоно ол кэмнэргэ оту оттооһуҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ аатыраллара. Күтүөтүм Ылдьаа Капитонов биригээдэтэ хас биирдии киһитигэр түөрт сүүстэн тахсалыы туоннаны оттоон, хаһан да куоһарыллыбат үрдүк ситиһиини ситиспиттэрэ. Биһигиттэн Өлөкчүкээн, биир саамай эппиэттээх үлэни, от охсуутун кыайа-хото туппута. Дьэ, туруу үлэһиттэр этэ. Аныгы үйэ дьоно аны оннук үлэлээбэттэр.
Ол уста сылдьар кус күөлгэ хомотугар, хоннох сиригэр кытыыга чугаһыыра. Ол ону көрөн сэрэнэн, үөмэн киирэрим. Ытым олорон хаалара. Чугаһаан, үөмэн киирдэххэ, от дуу, талах, хахыйах быыһыттан аргыый өндөйөн көрдөххө, кустар субу сылдьар буолаллара. Элбэх араас кус төттөрү-таары уста сылдьара көрөргө умсугутуулааҕа. Бэйэ иитиитэ ботуруоннаах саабынан кыҥаан баран ытарым. Син хас да хаалара. Ытым ууга ыстанара. Кустары таһаарара. Сороҕор оччо элбэх кустан биири эрэ хаалларан кыһыйарым, хаалларбатах да түгэннээҕим. Бука, чугаска үрдүнэн тэптэрэрим эбитэ буолуо. Баҕар, доруобунньуга толугураан, кураанаҕынан да тыас таһаарарым эбитэ буолуо?
Ураанньык орто уҥуохтаах, уурбут-туппут көрүҥнээҕэ. Син бачча сааспар дылы ыт арааһын көрдүм да, киниэхэ майгынныыры көрө иликпин. Кини арҕаһа хара өҥнөөх түүлээҕэ. Өрөҕөтө, түөһэ ыраас маҥан өҥнөөҕо, онто атахтарыгар тиийэ барара. Кутуругун төбөтө маҥан этэ. Төбөтүгэр сүүһүн ортотунан үөһэттэн аллара түһэр маҥан сурааһын ойуулааҕа. Аллара кэтирээн, мунна эрэ харааран, олус үчүгэйдик көстөрө. Хороҕор кулгаахтааҕа, сүрдээх ырааһынан көрөр өйдөөх харахтааҕа, кыра маҥан хаастааҕа өссө тупсарара. Чэпчэки түргэн атахтааҕа. Көрөн-истэн, хааман-сиимэн, сүүрэн-көтөн бардаҕына, биэтэккэ сүүрэ бараары бугуһуйбут сыыдам акка холоонноохтук хамсанара. Аҕам бултууругар эрэллээх доҕор, сыаналаммат көмөлөһөөччү этэ. Кини ытын сөбүлүүрэ. Куруук ыйытар буолара, ханна сылдьарын, ким көрбүтүн. Ураанньык куобаҕы тутара, отууга аҕалара. Ардыгар саһылы хаста да тутан сөхтөрбүт этэ.
Аҕам биирдэ, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, дэлби кырыаран, дьиэҕэ киирбитэ. Муостаҕа кыһыл саһылы бырахпыта. Чэйдии олорон, маннык кэпсээбитэ. Тууларын көрөн дьиэлиирдии хомуна сылдьан, ыта суоҕун билбит. Атын соруйан күөл ортотунан барар суолунан баран испит. Ыта суох. Күөл ортотугар тохтоон, тула өттүн көрбүт. Арай соҕуруу, маҥан хаар куйаарын диэки, кыра хамсыыр хараны көрбүт. Атын сыарҕатыгар олорон, балачча кэтэспит. Кылгас күн киэһээҥҥи тымныытын туманын быыһынан көрдөҕүнэ, били харата арыый эрэ улааппыт курдук. Бу ытым буоллаҕа диэн, атын салайан ол хара диэки барбыт. Сотору ыта тугу эрэ соһон иһэрин сэрэйбит. Чугаһаан кэлбитэ, саһыл эбит. Аҕам ытым саһылы туппут диэн үөрэринээҕэр кинини аһынара улахан этэ. Бачча тымныыга халыҥ хаарга саһылы тутуу улахан сыраттан тахсар. Аны онтун бырахпакка, иччитигэр илдьэ иһэрэ ыкка ыараханыттан сөҕөрө, аһынара, астынара. Ол ону кэпсии олорон, ис иһиттэн сырдаан, чэпчээн, санаата-оноото көнньүөрэн ылара.
Булчут ыт үйэтэ уһун буолбат дииллэр. Аармыйаҕа сылдьан уоппускаҕа кэлбиппэр ыппыт суоҕа. Аҕабыттан ыйыппыппар: ''Суох буолбута, өлбүтэ'', – диэбитэ. Чочумча олорон баран: ''Булбутум, аһаҕас халлаан анныгар сытыарбатаҕым. Көмпүтүм. Ол оннук сиэрдээхтик дьаһайбытым'', – диэбитэ. Аҕам, төбөтүн төҥкөтөн олорон, итинник тыллары эппитэ. Дьиҥэр, кини тыйыс, кытаанах, холус да курдуга. Урукку олох киһитэ буоллаҕа. ''Сүппүт'', ''барбыт'' да диэн сөбө. Ол оннук хаалыан сөбө. Ону кини доҕорун убаастаан оннук гымматах, балачча көрдөөн булбут. Киһилии харайбыт.
Оҕо сааспар алтыспыт Ураанньыкпын санаатым. Оччолорго айылҕа чөл этэ. Күн чаҕылыччы тыгара. ''Баһаар'' буолбут, куһаҕан сонун кэлэрэ. Дьоннор атынан бараллара. Сотору кэлэллэрэ, уоту кыайан, бохсон.
Бу сааһыран олорон санаатахха, күммүт ол оҕо сааһым кэминээҕи курдук чаҕылыччы тыкпат буолла дуу? Күммүт сылааһын, кини күүстээх сардаҥатын аныгы сайдыы салгына, тумана, чаана мэһэйдэһэр дуу... Сыыһа саныырым дуу? Оҕо сааһым күнэ чаҕылхайа... Инники олохпор сылаастык атаарбыта эрэбил.
Степан Андреевич Никифоров-Алаас Уола,Томпо, Хаандыга.