УОТУ ТӨҺӨ УҺУННУК АРААРЫАХТААХТАРЫЙ?
СӨ госстройжилнадзорун управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кэнники кэмҥэ Дьокуускайга электричество уотун араарыы элбээбитин туһунан нэһилиэнньэттэн киирэр үҥсүү ахсаана үксээбит.
Уоту хаста уонна төһө өр араарыахтарын сөбүй? Сокуон тугу кэпсиирий?
Уоту, олорор сиргитигэр икки тутулуга суох станция баар буоллаҕына, 2 чаастан ордук араарыа суохтаахтар, биир уоту биэрэр станция баар буоллаҕына – 24 чаастан уһуо суохтаах.
Сыл устата уоту араарыы 72 чаастан тахсыа суохтаах, ону кытта 24 чаас субуруччу ылыа суохтаахтар. Экологическай, технологическай уонна атомнай кэтээн көрүү Федеральнай сулууспатын сөбүлэҥинэн, уот ситимин өрөмүөннүүргэ электричествоны араарыы булгуччу ирдэнэр буоллаҕына уоту араарыахтарын сөп.
Павел Аргунов – Госстройжилнадзор управлениетын салайааччыта:
- Уоту дьиэ үрдүнэн бүтүннүүтүгэр араарбыт буоллахтарына, ситимҥэ өрөмүөн үлэтэ барар буолуон сөп эбэтэр саахал тахсыбытын туоратыы ыытыллар. Бастатан туран, тугун-ханныгын билээри, бэйэҕит салайар хампаанньаҕытыгар эрийиэхтээххит. Салайар хампаанньа бас билбэт эбийиэктэригэр саахал тахсыбыт эбит буоллаҕына, уот ситимин чинчийэргэ сайаапка түһэрэр.
Былааннаммыт өрөмүөн үлэтин ыытарга элбэхтик уоту араараллар. Маннык түгэҥҥэ, үлэ барыта эрдэ торумнанан, олохтоохтору 10 хонук иннинэ сэрэтиэхтээхтэр. Итиэннэ уоту тоҕо уонна төһө болдьоххо арааралларын хайаан да быһааран суруйуохтаахтар.
Уот бардаҕына Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэн чуолкайдыахха сөп:
- 44-42-29,
- 44-42-51,
- 44-45-64.
Эбэтэр Киин уот ситимигэр «Якутскэнерго» эрийэҕит:
- 21-55-68,
- 005 (суукканы эргиччи).
Энергетиктэр былааннаммыт үлэлэрин “Якутскэнерго” официальнай сайтыгар таһаараллар: https://www.yakutskenergo.ru