23.05.2023 | 22:36

Уот иччититтэн дьарыллыы

Уот иччититтэн дьарыллыы
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Саха булчута сиргэ-уокка хаһан баҕарар сиэри-туому кытаанахтык тутуһар, үйэлээх үгэстэртэн туораабат. Ол эрээри сорох ардыгар аныгы үйэ булчуттара биир эмэ уустук түгэннэргэ кыһарыйтаран, дэҥҥэ  сыыһа-халты туттан, өбүгэлэрбит суруллубатах сокуоннарын кэһэн, айылҕа биллибэт күүстэриттэн «дьарыллар» түбэлтэлэрэ тахсааччы. Биир оннук түбэлтэ 1970-с сыллар ортолорун диэки Уус Тааттаттан икки көс кэриҥэ ыраах сытар Кутаакы диэн сиргэ буолбуттаах. Оччолорго сэбиэскэй былаас туругурбут кэмигэр абааһы-таҥара, иччи-сибиэн диэн өйдөбүллэри тарбах быыһынан көрөр саҕана, ити түбэлтэлэр болҕомтоҕо ылыллыбакка, сурукка-бичиккэ түспэккэ умнууга хаалаллара. Онон төһө да саҥардыытааҥы кэм буоллар, биирдэ эмэ уос номоҕор эрэ кырдьыга-сымыйата биллибэт үгэ-тамах курдук ахтыллан ааһаллар.

Бу күн мин айбыт аҕам суруйааччы Арчы Сүөдэр, таайым тыл үөрэхтээҕэ идэлээх, ТЛНЧИ биир тутаах үлэһитэ Охонооһой Луковцев уонна кини аҕа кынна, Ньурбаттан төрүттээх, бэйэтин кэмигэр биллибит олоҥхоһут, дьаарай хомуньуус Лухаа Саабынап буоланнар кустуу барбыттар. Аллан өрүс устун аара кус ыта-ыта, хамсалаах табах быстыҥа буола-буола, бары даҕаны уус баҕайы тыллаах-өстөөх дьон эбэлэрин, сирдэрин амалыйан алҕаан аһата-аһата мотуордаах оҥочонон өрө тэптэрэн тиийбиттэр.

Кутаакы – аҕам төрөөбүт-үөскээбит көмүс ньээкэ дойдута. Манна омуннаах оҕо сааһыгар оонньообут-көрүлээбит ойуу-бичик хатыҥ чараҥнара, кылыйан кыыралдьыппыт көнө-налыы кырдаллара, көмүс хатырыктааҕы күөйэ көтөн баспыт, күлүм-мичик күн сардаҥатын хоннорор эрэһэ долгуннаах Кутаакы эбэ барахсан – ураты  кэрэ айылҕалаах! Бу олоҥхоҕо хоһуллар үтүөкэннээх дойду көҥүл күөнүгэр, киэҥ саалыгар хаһан эрэ эһэтэ Чолбон оҕонньор туттубут туруорбах балаҕаныгар ийэлээх аҕата олохсуйан олорбуттар.

Аҕам быры-бытырыыс, бииртэн-биир эт кырбас кыра оҕолордоох ыал улахан уола эбит. Онон борбуйун көтөҕүүтэ хара үлэҕэ миккиллэрин быыһыгар, айах иһин чугас эргин куруҥ тыатыгар туһахтаабыт, көтөр кынаттаах хойуутук үөскүүр күөллэригэр тиргэлээбит, күөнэҕинэн оргуйар сээннэригэр туулаабыт ахан дойдута. Улахан булка санамматар да, биирдэ эмэ аҕатыттан көҥүллэтэн ылбыт доруоп саатын дьоһуннаахтык сүгэн, кэнниттэн бытарыһан сырсар бырааттарын үүрсэ-үүрсэ, бу эҥэри кэрийтэлээбит, биэс тарбаҕын курдук билэр ыырдара. Онон сааһыттар эгди буолан, дойдуларыгар кэлбиттии сананнылар.

Самналлыбыт балаҕан таһыгар, дэҥ кэриэтэ охсуллан ааһар булчуттар олохтообут оллооннорун көннөрөн, тута кулуһун уотугар чэй өрүннүлэр. Аҕа саастаахтара Лухаа оҕонньор Баай Байанай тылбыйар кынаттааҕыттан бэрсэригэр көрдөһөн, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тылынан суккуйан аал уотун аһатта. Сиргэ кэлбиччэ бастыҥ өйүөастарын таһааран аһаан баран, аҕам ыйыытынан кус көтөр табыгастаах сирдэринэн дугдаларын тутуннулар. Хаһан олохторун-тойдорун булунан олоруохтарыгар диэри, халлааннара хара былыттарынан бүрүллэн, кыратык ибиирдээн, самыырдаан барда. 

Лухаа оҕонньор алгыһа тиийбитэ эбитэ дуу, ону эрэ кэтэспиттии тымныы өксүөннээх ардаҕы быыһынан айан куһа олус хойуутук көтөн, сааһыттар астыныахтарыгар диэри ыта олордулар. Ол эрээри кэнникинэн кыратык ибиирэр самыырдара хойдон барда. Инчэҕэй хаардаах ардаҕынан намылытан иһэн, сир-халлаан ыпсар добун толонноох ардаҕын тоҕо түһэрдэ. Төһө да истээх таҥастарынан хаттана сатаабыттарын иһин, түбэлтэтигэр ардахтан харыстанар тугу да ылбатахтар. Ким билиэ баарай, сайыҥҥылыы турбут сааскы чэмэлкэй халлааннара икки былас муостааҕын киллэрэн кубулҕатыран туруон? Кусчуттар аһаҕас халлаан анныгар истээх таҥастара ньылбы сытыйан, тоҥон бабыгырастылар, куһу да ытар кыахтарыттан таҕыстылар. Онон мууһунан хаарыйар хаардаах сииги-силбиги тулуйар аатыттан тахсан, ыксааннар, балаҕаннарыгар куоттулар.

Көмүскэтэрдэрэ эрэ буолбут буор үрүттээх самналлыбыт балаҕан тымныы уораанынан көрүстэ. Сууллубут көмүлүөк оһоҕун ураатын оннунан ардах курулатар, эмэҕирэн сууллубут эркиннэринэн тымныы тыал аргыйар. Ол эрээри хахха аата хахха, халыҥ даҥнаах үрүтүн ардах хотуппат. Онон булчуттар хонорго быһаарынан, уот оттон итии киллэринээри, хантан кураанах мас булар толкуйугар түстүлэр. Маннык күүстээх силбиккэ тэйиччи турар ойууртан кураанах мас булан-талан аҕалар кыах суоҕунан, балаҕан иһигэр сууллубут кураанах эркин маһынан отторго күһэлиннилэр.

Аҕам обургу оту-маһы тостурута тардар, сааһын үгэнигэр кыанар киһинэн аатырара. Тоҥмутун аһарынаары сууллубут эркин мастарын чохороон сүгэтинэн тоҕута сынньан бэлэмнээбитин, дьонноро тоҥон бабыгыраһа-бабыгыраһа көмүлүөк оһох холумтанын таһыгар чөмөхтөөн, уот оттон кытыаһыннардылар. Эбэлэриттэн тахсалларыгар тута уу баспыт иһиттэриттэн хочуолларыгар куттан чэй өрүннүлэр, күөс күөстэннилэр. Астара буһуор диэри итии киллэрээри, буокканы кылапачытан таһааран, уоттарыгар санаа курдук таммалатаат, куруускаларыгар куттан иһэ охсон, таҥастарын-саптарын куурдуннулар.

Сотору күөстэрэ оргуйан үрүҥ күүгэнинэн тэппитигэр тэринэн, чүмэчи сырдыгар күө-дьаа буолан, аһаан, ирэ-хоро чалбараҥнаан бардылар. Таһырдьа дохсун ардах курулаччы кутарын быыһыгар иккис иһит бүөтүн төлө биэрэн, кэпсэл-ипсэл бөҕөнөн иһэн имитэ олордулар. Арай аҕам ол олорон эмискэ умайан тачыгырыыр уотун көрө биэрбитэ, кытара-кытара көҕөрөр төлөҥҥө эһэтэ Чолбон оҕонньор уонна эбэтэ кинилэри уун утары көрдө-көрбүтүнэн кутааортотугар олороллор эбит ээ!!!

Туохтан эрэ кыыһырбыт көрүҥнээхтэр, биир кэм уостара оҥоҥнуу, кыһыл төлөнүнэн илгистэ-илгистэ кэпсэтэн бардылар. Чолбон оҕонньор (тыыннааҕар бэйэтэ даҕаны Лев Толстойга маарынныыр, чолбоодуччу көрбүт сытыы харахтааҕа) кинилэр диэки уоттаах хараҕынан тобулу көрөолорон, тарбаҕынан ыйа-ыйа мөҕөн сөмүйэтэ чочоҥнос үлүгэрэ! Онуоха эбэтэ бобуонньуктуу бааммыт былаатын тутта-тутта, кыыһырбытын омунугар сибилигин чанчыгыттан ылыахтыы тарбахтара сараҥныыр! Аҕам ону көрөн этэ саласта, тымныы уунан саба ыстарбыттыы өрөдьигиһийэ түстэ...

Өй булан, баҕар, мин эрэ харахпар көстөрө, галюцинация буолаарай диэн дьонугар хайыспыта, били саҥара-иҥэрэхобдьооро олорбут бэйэлэрэ тылларыттан матан, оҕонньордоох эмээхсини чыпчылыйбакка даҕаны көрөн таалан, олороллор эбит. Лухаа оҕонньор соһуйан-өмүрэн тылын быһа ыйыстан, куруускатыттан итии чэйэ түөһүгэр тохторун да билбэккэ уҥа-таалан олороохтуур. Таайым Охонооһой кубарыйан, таастыйан хаалбыт. Чочумча бары дөйүөрэн олорбуттарын кэннэ, аҕам, дьиэлээх киһи быһыытынан, урут бэттэх кэлбит. Кини эһэлээх эбэтэ үтүөбаҕа санааларынан туттубут, кэлин бэйэтэ оҕо сааһа ааспыт балаҕанын маһынан кутаа оттон тууспаннаабытын,  хаһаайыттар дуостал сөбүлээбэтэхтэрин тута сэрэйбит...

Балаҕан туһатыттан ааспыт маһын оттубуттарыгар, иһигэр бэйэтин бэйэтэ буруйдана олорор буолан, саҥата суох, били, ититэр астарын ордугун барытын, кыһалҕаттан сыыспыттарын бырастыы гыналларыгар көрдөһөн, ботугуруу-ботугуруу уокка куппут. Онуоха өс киирбэх били дьонноро симэлийэ сүппүттэр, уохтаахтык умайа турар кутаалара умуллуохча харааран иһэн, “чэ, сөп, бырастыы гынабын” диирдии соҕотохто уһуурда-уһуурбутунан умайан күлүбүрээн тахсан, оһох ураата турбут үөлэһинэн үөһээ субурус гыммыт... Ол кэнниттэн кутааларыгар кыһыл чохтор эрэ кыламныы сытан хаалбыттар...

Кусчуттар мантан саллан, барыах-кэлиэх сирдэрэ баҕана үүтэ буолан, дьэ, отур-ботур кэпсэппиттэр. Хайыахтара баарай, түүннэри кута турар дохсун ардах сэллиэх быһыыта суох. Онон ханна брыахтарай, саҥата-иҥэтэ суох утуйардыы тэриммиттэр. Арай туран, абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт дьаарай хомуньуус Лухаа оҕонньордоро кутталыттан уҥуох-уҥуоҕа босхо баран, ортоку утуйабын да сабаас, диэн турбут. Хайыахтарай, ортолоругар уктан утуйбута буолбуттар. Ол түүн дэлби сылайбыт оҕонньор хараҕа сабыллаатын кытта, тута баттатан, ыһыытаан-хаһыытаан барбыт. Киһилэрин нэһиилэ анньыалаан уһугуннарбыттар. Итинник хаста да баттатан сатамматаҕар, аҕам көстүбэт күүстэр ортоку сытар киһини булан дьээбэлииллэр диэн, оҕонньору кытыыга үтүрүйэн бэйэтэ ортоку сыппыт. Онуоха эрэ, дьэ, бары холкутук утуйбуттар уонна сарсыныгар күн чэмэличчи тыган да турдар, дьаахханан атын сиргэ көспүттэр. 

Ити курдук сиргэ-уокка, төһө да кыһалҕалаах иһин, өтөх маһын уокка оттору сир-дойду иччилэрэ сөбүлээбэттэрин биллэрэн, кытаанахтык сэрэтэн дьарыйбыттар. Кэнники аҕам дойдутугар сир астыы, бултуу үгүстэ сылдьыбыта эрээри, барытыгар санаа курдук бултуйан, дуоһуйа сынньанан кэлэрэ. Ол аата өбүгэлэрэ уолларын бырастыы гыннахтара...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...