Уостан түспэт ырыалар, умнуллубат киинэлэр
Кыайыы күнэ чугаһаатаҕына, кыайыы туһунан ырыалары ыллыыбыт, хоһооннору ааҕабыт, киинэлэри көрөбүт. Биллэн турар, бырааһынньык ааһар, атын суолталаах күн-дьыл кэлэр.
Аан дойдуну аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ, төһө да ааспытын иһин, төһө да киһи аймах саһарбыт историятын илиистэригэр киллэрбитин иһин, ол аһыы аймалҕан билигин да ааспат, умнуллубат. Ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ ол сэрии уораан тыынын билэр, истэр, көрөр...
Кыырыктыйбыт баттахтаах,
Ким доҕолоҥ, ким торуоскалаах,
Көрсүһүү үөрүүтүттэн
Сүүрбэлээх саастарыгар түспүт
Сэрии ветераннара түмсэллэр,
Ыам ыйын 9 күнүгэр,
Кыайыы күнүгэр
Умуллубат уот иннигэр.
(И. Мигалкин
«Кыайыы күнүгэр»)
Кыайыы күнүн көрсөрбүт аҕыйах хонук хаалла. Бу кутурҕан күнэ. Бу күн үйэлэр тухары хаалыаҕа, умнуллар кыаҕа суох. Ол эбэтэр араас көлүөнэ дьон сэрии иэдээнин эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ, чугас дьоннорун сүтэрбиттэрэ, ол дьулаан кэмнэри илэ харахтарынан көрбүттэрэ. Хайа Кыайыы күнэ Арассыыйа үрдүнэн “День Победы” ырыата суох ааһыаҕай? Оттон биһиги, Саха сирин олохтоохторо, “Тыыннаахтар умнубат сыллара”, “Хайыһар” ырыалары оҕо, кыра эрдэхпититтэн уоспутуттан түһэрбэккэ билигин да ыллыыбыт, сөбүлүүр, таптыыр киинэлэрбитин көтүппэккэ көрөбүт.
Бүгүн ааҕааччыларым таптыыр киинэлэрин, ырыаларын туһунан кэпсиэхтэрэ.
Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова:
– Урукку кинематографтар оҥорбут, уһулбут киинэлэрэ олус үчүгэй буолара. Бука, ис дууһаларыттан, дьиҥнээх докумуоннарга олоҕуран, архыыпка хасыһан үлэлииллэриттэн буолуо. Сэрии туһунан киинэ үгүс, барыларын да урут хараҕым өлүөр эрдэҕинэ, сөбүлээн көрбүтүм. Сэрии киинэлэрин киһи хаста да, хат-хат көрүөн сөп. Сэбиэскэй разведка чаҕылхай үлэтин туһунан «Семнадцать мгновений весны» киинэни ордук умсугуйан көрбүтүм. Дьэ, чахчы, легендарнай киинэ. Сүрүн оруолу аатырбыт, эмиэ номоххо киирбит артыыс Вячеслав Тихонов оонньуур, Гитлер аттыгар, кини уораҕайыгар киирэн Сэбиэскэй Сойуус кыайарыгар төһөлөөх төһүү буолбут кистэлэҥи хомуйан биэрбит разведчик буолуой? Ону таһынан бу киинэ олус үчүгэй ырыалардаах. Өссө «Три танкиста», «В бой идут одни старики» сөбүлээн көрөбүн. Сэрии туһунан ырыалартан саамай таптыырым – «Священная война». Бу ырыа киһиэхэ патриотическай тыыны биэрэр, кырдьык да, тугу да умнан сэриигэ барыах курдук турукка киллэрэр.
Иннокентий Артамонов-Байанай (эмчит):
– Сэрии тиэмэтэ хаһан баҕарар ыарахан, киинэ да буоллун, ырыа да буоллун, ол эрээри сэбиэскэй кэмҥэ уһуллан хаалбыт эриэккэс киинэлэр бары киһи уйулҕатын хамсаталлар, долгуталлар. Мин тус бэйэм сөбүлээн көрөр киинэлэрим – «А зори здесь тихие», «Семнадцать мгновений весны». Оҕо эрдэхтэн үгүс киһи көрдөҕө, көрөн улааттахтара. Сөбүлүүр ырыаларбыттан «Алеша», «Катюша», «Смуглянка», «На безымянной высоте...», «Белорусский вокзал» уонна сахалыылартан – «Көрсүһүү» (Г. Ефимов тыллара, норуот матыыба). Тыллара, ис хоһоонноро киһи дойдуга хайдах курдук бэриниилээҕин, ахтылҕан, таптал күүстээҕин тиэрдэллэр дии саныыбын.
Ирина, Дьокуускай:
– Мин сөбүлүүр киинэм – “А зори здесь тихие”, сэрии ырыаларыттан “В землянке” ордоробун. Бу ырыаны оскуолаҕа сылдьан бары кылааһынан үөрэтэн ыллаабыппытын наһаа өйдүүбүн, саллааттар буолан таҥнан, кулуһун оттон ол аттыгар олорон ыллааабыппыт, туох эрэ ырыа бэстибээлигэр.
Татьяна, Дьокуускай:
– Аҕа дойду сэриитин туһунан киинэлэр киһиэхэ патриотическай тыыны, өйү-санааны иитэллэр. Дьиҥнээх олоҕурбут история чахчыларыгар суруллубут буолан ордук умсугуталлар. Мин саныахпар, Сойуус кэмигэр улааппыт көлүөнэ патриотическай тыыннара ордук күүстээх. Билиҥҥи көлүөнэ соччо көрбөттөр, билбэттэр даҕаны. Кинилэр ордук тэтимнээх, тыастаах-уустаах киинэлэри, аныгылыы эттэххэ, экшн-киинэлэри ордороллор быһыылаах. Эдэр оҕолортон биир эмэ ыччат арай, «Снайпер», «Тунгус» диэни көрбүттэр уонна сахалыы ырыалартан С. Тимофеев тылларыгар, Г. Никифоров мелодиятыгар «Эйэ, дьол иһин» ырыаны билэллэр, ыллыыллар.
Христина:
– Мин сөбүлүүр киинэлэрим: «Офицеры», «Летят журавли», «Молодая гвардия», «Баллада о солдате», «Судьба человека», «Зоя». Баларга хорсун быһыы, төрөөбүт дойдуга күүстээх таптал, өстөөҕү өһүөннээхтик кыдыйыы түгэнэ күүстээхтик көрдөрүллэр. Бу Сэбиэскэй кэминээҕи кинематография уһулуччулаах киинэлэрин үгүс көлүөнэ көрөн улааттаҕа. Билигин да киһи уйулҕатын тардаллар, төһө да сэрии дуораана аастар, биһиги көлүөнэ бу амырыын сэрии уоттаах күннэрин-дьылларын умнубаппыт. Сэрии тиэмэтигэр ырыалартан эттэхпинэ, “Көрсүһүү”, “В землянке”, “Священная война”, «Мин мантан сэриигэ барбытым», «Журавли», «День Победы» ырыалар буолаллар. Уостан түспэт, номоххо киирбит умнуллубат айымньыларбыт. Ол иһин Кыайыы эрэ күнүгэр буолбакка, ханнык баҕарар түгэҥҥэ өрүү ыллыыбыт, оҕолорбутугар да үөрэтэбит.
Люлия, Дьокуускай:
– Сэриилээх киинэлэри дьиэ кэргэнинэн, оҕолорбутун кытта көрөөччүбүт. «Разведчицы», «А зори здесь тихие» ордоробут, сөбүлүүр ырыабыт – «10-й наш батальон». Дьиктитэ диэн, урукку киинэлэрбит билигин да умсугуталлар, ытаталлар. Кэлин сорохторун көрдөрбөт курдук буоллулар. Сэрии киинэлэрэ көстөллөрө аччаата. Аныгы ыччат үксүн фантастика аҥаардааҕыны сөбүлүүр, робот, компьютернай киинэлэри. Дьэ, ол да буоллар, сэрии тиэмэтигэр айыллыбыт киинэлэрбитин, ырыаларбытын сөбүлүүбүт, таптыыбыт. Биһиги – ол кэм тыыныгар улааппыт оҕолорбут. Дойдуга тапталы, ол кэминээҕи өйү-санааны тута сылдьар бүтэһик көлүөнэ буолабыт диэххэ сөп. Сэрии туһунан киинэлэри көрүҥ, сыаналааҥ уонна эһэлэрбит, эбэлэрбит олорон ааспыт олохторун хаһан да умнумаҥ!
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына:
– Былырыын Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолан ааспыт 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Хомойуох иһин, киэҥник, далааһыннаахтык буолбакка, дьиэҕэ бүгэн олорон. Төһө да бу улуу урусхаллаах сэрии биһиги Сэбиэскэй дойдубут кыайыытынан түмүктэннэр, биһиги билигин да патриотическай тыыҥҥа, олох, таптал туһугар олохпутун анаан, айа-тута олоробут. Мин сөбүлүүр, олус уйадыйар ырыам – «Журавли». Бу айымньы бэйэтэ дьиҥ историялаах. Ырыа тылын Дагестан суруйааччыта, поэт Расул Гамзатов суруйбут, матыыбын Ян Френкель оҥорбут. 1965 сыллаахха ядернай буомба Хиросимаҕа түспүтэ 20-с аналлаах тэрээһиҥҥэ поэт Японияҕа ыҥырыллан бара сырыттаҕына, Хиросима атомнай буомбатыттан хаан ыарыыта буолбут оҕо элбэх туруйаны оҥордохпуна өлбөппүн диэн оҥоро сытан өлбүтүн туһунан кэпсээбиттэр. Поэт дойдутугар улаханнык долгуйан төннүбүт, кэлэригэр ийэтэ өлбүтүн биллэрбиттэр. Ону истэн, поэт бу ырыа тылын суруйбут, ол аата бу айымньы 1965 сыллаахха айыллыбыт. Бастаан аварскай тылынан суруллубут, онтон поэт доҕоро Наум Гребнев нууччалыы тылбаастаабыт эбит. Бу ырыа сааһыттан, көлүөнэтиттэн, эр киһи, дьахтар, оҕо буоллун – барыларын уйадытар дьикти ураты күүстээх. Ол эбэтэр бу ырыаҕа ийэни аһыйыы, сэрии иэдээниттэн эргиллибэт дьылҕалары санаан ааһар курдукпут. Чахчы да, номох буолбут күүстээх ырыа...
2021 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр күөх экраҥҥа сүрүн ханаалларга көстүөхтээх киинэлэр:
“Офицеры”, “Т-34”, “Балканский рубеж”, “В бой идут одни старики”, “Подольские курсанты”, “Диверсант. Крым”, “Ни шагу назад”, “Летят журавли”, “А зори здесь тихие”, “Алеша”, “В августе 44-го”, “Небо в огне”.