03.04.2024 | 10:30

Уопсастыбаннай туоналарга куоластыырбытын умнубаппыт

Уопсастыбаннай туоналарга куоластыырбытын умнубаппыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр эһиил, 2025 сылга, тупсарарга былааннанар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын буолар турар.
Куоластааһыҥҥа 14-тэн үөһэ саастаах Арассыыйа гражданнара 14.gorodsreda.ru балаһааккаҕа киирэн, сөбүлээбит бырайыактарын талан кыттыахтарын сөп. 
Дьокуускай куорат олохтоохторо быйыл Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла, «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон) курдук 5 эбийиэктэн биирин талар кыахтаахтар.
Кулун тутар 26 күнүнээҕи туругунан Гагарин аатынан сквер иһин 1555 киһи куоластаабыт, Щорс күөлүн кытыла – 692, Сэргэлээх күөлүн кытыла – 493, Теплай күөл кытыла – 1294, «Ытык сир» паарка – 963.
Санатар буоллахха, былырыын кыайбыт Федор Попов аатынан сквер дизайн-бырайыагын иһин 9148 киһи куоластаабыта. 
2019 сылтан «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан Арассыыйа үрдүнэн маннык куоластааһын түмүгүнэн 11,8 тыһыынча уопсастыбаннай туона тэрилиннэ.
Оттон Дьокуускай куоракка араас сылларга Таалай күөл, «Ворота Якутска» сквер, Учуутал бульвара, Сири оҥорооччулар сквердэрэ, Дьаамсыктар сквердэрэ, Тыыл үлэһиттэрин скверэ тупсарыллыбыттара. Былырыын Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ скверин тупсарыы саҕаламмыта, быйыл Федор Попов аатынан сквери тутуу былааннанар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...