18.09.2023 | 18:00

Уопсастыбаннай палаата састааба саҥардыллыаҕа

Уопсастыбаннай палаата састааба саҥардыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын састааба саҥардыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ бэрэссэдээтэл Матвей Лыткин.

Састаабы саҥардыы палаата түөрт чилиэнэ Дьокуускай куораттааҕы Дуумаҕа талыллыбыттарынан сибээстээх. Ити – Горбунова Нина Виссарионовна (Биир Ньыгыл Арассыыйа), Луковцева Наталья Викторовна (Биир Ньыгыл Арассыыйа), Седых Филипп Сергеевич (самовыдвиженец), Чудиновских Александр Владимирович (Биир Ньыгыл Арассыыйа).

«Куорат Дууматын састаабыгар киирбит кэллиэгэлэрбитин ис дууһабытыттан эҕэрдэлиибит. Кинилэргэ ситиһиилээх үлэни баҕарабыт. Дьокутааттарынан Уопсастыбаннай палаата саамай көхтөөх чилиэннэрэ буоллулар. Кинилэр Дуумаҕа олус туһалаах буолуохтара диэн эрэнэбин», - диир Матвей Лыткин.

Билигин Уопсастыбаннай палаата састаабын саҥардар сорук турар. Саҥа талыллар түөрт чилиэни икки сылга болдьохтоон аныыллар, билиҥҥи састаап номнуо биир сыл үлэлээтэ. Хандьыдааттар билиннэхтэринэ мунньах ыытыллара чопчуланыаҕа. Палаата чилиэнэ буолуон баҕарааччылартан сайаапкалары Олохтоох дьаһалта 503-с кэбиниэтигэр күүтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...