28.02.2024 | 10:00

Уопсастыбаннай палаата «Бииргэбит!» аһымал дьаарбаҥканы тэрийдэ

Олунньу 25 күнүгэр Куорат уопсастыбаннай палаатата “Саха-волонтер” уопсастыбаннай хамсааһыны кытта анал байыаннай дьайыыга сулууспалыыр буойуннары өйүүр сыаллаах “Бииргэбит!” аһымал дьаарбаҥка-аахсыйаны ыытта.
Уопсастыбаннай палаата «Бииргэбит!» аһымал дьаарбаҥканы тэрийдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһиҥҥэ “Боевые шелкопряды Якутии”, “Дьахталлар лигалара” хамсааһыннар, Медицинэ колледжын устудьуоннара, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр кыттыыны ыллылар. 
Куорат дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова сэп-сэбиргэл тутан эйэлээх халлааны туруулаһа сылдьар буойуннары өйүү кэлбит дьоҥҥо махтал тылларын эттэ.
Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин Дьокуускай куорат олохтоохторо куруук түмсүүлээхтэрин, аһымал дьаарбаҥкаларга көхтөөх кыттыыны ылалларын бэлиэтээтэ. 
«Күүстээх аармыйа күүстээх өйөбүллээх буолар. Оттон биһиги, тыыл үлэһиттэрэ, буойуннарбытыгар төһөнөн көмөлөһөбүт даҕаны, биһиги аармыйабыт соччонон күүстээх. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ элбэх киһи мустубута үөрдэр ”, - диэтэ кини.
Саха сирин дьиэ кэргэттэрин уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сойуус бэрэссэдээтэлэ Жанна Грекова эмиэ буойуннарга тыын суолталаах маллары оҥоро мустубут дьоҥҥо махталын биллэрдэ. 
Оттон дьаарбаҥкаттан киирбит үп байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһаҕа тахсар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...