Уопсастыбаннас туруорсар: «Кубалаах күөлү» тупсарыахха!
Дьокуускайга Лермонтов уонна Курашов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар сытар Щорс күөлэ норуокка “Кубалаах күөлүнэн” ордук киэҥник биллэр. Бу кэнники сылларга киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттара сөбүлээн сынньанар сирдэригэр кубулуйда. Ол курдук, күөлгэ күҥҥэ 300-400, оттон сайын устата 40 тыһыынча кэриэтэ киһи сылдьар.
Ханнык баҕарар уопсастыбаннай туона көрүүнү-истиини, тупсарыыны эрэйэр. Ону соҕотох киһи кыайбат. Бу күннэргэ норуот өйөбүлэ хаһааҥҥытааҕар да наада буолла.
Соторутааҕыта Уопсастыбаннай кииҥҥэ Киин уокурук көхтөөх олохтоохторун көрдөһүүлэринэн Щорс күөлүн тула уопсастыбаннай дьүүллэһии буолан ааста. Төгүрүк остуолу СӨ Дьахталларын тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ, СӨ Уопсастыбаннай палаататын аппараатын салайааччыта Анжелика Андреева уонна СӨ Уопсастыбаннай палаататын экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Альбина Черепанова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Былаан баһаам, кыһалҕа элбэх...
Юрий Борисов салайааччылаах бөлөх киин куорат олохтоохторун муус устар 15 күнүттэн биллэриллибит Бүтүн Арассыыйатааҕы онлайн куоластааһыҥҥа “Кубалаах күөл” бырайыагын өйүүргэ ыҥырар. Элбэх куолаһы ыллаҕына, “Формирование комфортной городской среды” федеральнай бырайыагынан өйөбүл ылан, эһиил, 2024 сылга, тупсарыллар эбийиэктэр испииһэктэригэр киирэр.
“Илгэ” кыһа дириэктэрэ, “Байанай” кулууп бэрэссэдээтэлэ, уопсастыбанньык Юрий Борисов “Кубалаах күөл” эко-паарка бырайыагын билиһиннэрдэ, туох кыһалҕалаахтарын аһаҕастык кэпсээтэ, инники былааннарын сырдатта:
– Биһиги офиспыт мантан чугас буолан, бу күөл көрүүтэ-истиитэ суох, бүтүннүү ньамах, кир-хох буолан турарын, дьон бөхтөрүн-сыыстарын быраҕан ааһалларын харааста көрөрбүт, хайдах гынан тупсарыахха сөбүн толкуйдуурбут. Ол курдук, 2016 сыллаахха “Норуот бүддьүөтэ” куонкурус ыытылларын истэн, Грант суруйан кыайбыппыт. Үлэбитин күөл тулатын ыраастааһынтан саҕалаабыппыт. Бастакы сырыыбытыгар хас да КАМАЗ массыына бөҕү тиэйтэрбиппит. Онтон сыыйа-баайа тупсарыы, көҕөрдүү, киэргэтии үлэтин, дьоҕус тутууну ыытан барбыппыт. Москва питомнигыттан кус, куба сэдэх көрүҥнэрин (сорохтор Кыһыл кинигэҕэ киирбиттэр) атыыласпыппыт, атын күөллэртэн балык хас да арааһын аҕалан ыыппыппыт. Күөгүлээһиҥҥэ күрэхтэһии тэрийэбит, элбэх кыттааччыны мунньабыт, сыаналаах бириистэри олохтуубут.
“Кубалаах күөл” бырайыакпытын олоххо киллэрбиппит номнуо сэттис сыла буолла, дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, сынньанар сиригэр кубулуйда. Саҥа ыал буолбут дьон урууларын күнүгэр таарыйан ааһар үтүө үгэстэннилэр. Мантан чугас турар балыыһа ыарыһахтара көтөрдөрбүтүн кэрэхсии көрөллөр, сорохтор үтүөрэн тахсалларыгар “ыарыыбытын умнарга дылы буоллубут” диэн махтаналлар. Оскуола үөрэнээччилэрэ биология уруогун кэмигэр кэлэн бараллар.
Бэйдиэ сылдьар ыттар, бу диэн эттэххэ, хаһаайыннаах да кыыллар, көтөрдөрбүтүгэр улахан кутталы үөскэтэллэр. Кэнники кэмҥэ вандализм кыһалҕата сытыытык турда. Түүҥҥү өттүгэр арыгыһыттар мусталлар, кустарбытын тааһынан тамныыллар, күөлү киртитэллэр, аҕам саастаах остуорастарбытыгар хаста да саба түспүт түгэннэрэ тахсыбыта. Аны дьэллик дьон Бааһынай ырыынагыттан күөлгэ кэлэллэрэ баар. Ол иһин полиция хонтуруола хайаан да наада.
Көтөрдөрбүтүгэр кыстыыр сири булуу – сытыы кыһалҕа. Бу сыллар тухары улахан көрдөһүүнэн чааһынай дьоҥҥо кыстатан кэллибит. Хатас, Тулагы агро хайысхалаах оскуолаларыгар сыһыарбыт киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Оҕолорго интэриэһинэй буолуо этэ.
Инникитин мас скульптуралары оҥорууга күрэх ыытар былааннаахпыт. Кыһыҥҥы өттүгэр күөлбүтүн муус скульптуралар киэргэтиэхтэрэ, түүннэри сандаарар уот-күөс туруоруллуоҕа. Саас ыттары көлүйэн хатааһылатыы, хаҥкылааһын курдук сынньалаҥ көрүҥнэрин киллэриэхпитин баҕарабыт.
Күөлү ыраастааһын, харабыллааһын – сүрүн кыһалҕа. Күн устата манна 300-400 киһи кэлэн барар. Биллэн турар, бөх-сыыс көрдөрбүтүнэн мунньуллар. “Инициатива наказуема” дииллэринии, Юрий Петрович этэринэн, уопсастыбанньыктар бэйэлэрин күүстэринэн күөлү көрө-истэ, ыраастыы сатыыллар. “Сороҕор аккаастаныахпын да баҕарабын. Ол эрээри үөрбүт-көппүт оҕолору көрдөхпүнэ, ол санаам сүтэн хаалар”, – диэн билиннэ уопсастыбанньык.
Аны туран, дуогабар быһыытынан, “Байанай” кулууп күөлү эрэ (докумуоҥҥа “уу эбийиэгэ” диэн сурулла сылдьар) туһанар бырааптаах. Ол эбэтэр күөл кытыытынааҕы сири-уоту дьаһайар кыаҕа суох. “Кубалаах күөл” эко-паарка бырайыага куоластааһыҥҥа кыайдаҕына да, ити боппуруос билиҥҥи туругунан салгыҥҥа ыйанан турар. Быһаарыллыбатаҕына, олоххо киирэр кыаҕа суох.
Салгыы “Байанай” сурунаал эрэдээктэрэ Татьяна Валерьевна Григорьева Щорс күөлүгэр билиҥҥи балаһыанньаны кэпсээтэ.
– Уопсайынан, туохпут барыта эргэрдэ, алдьанна-кээһэннэ. Пирскэ киһи туруон да кутталлаах буолла. Быйылгы сезоҥҥа аһылларбыт биллибэт. Кубалары ыытар кыахпыт суох курдук. Бырайыакпыт онлайн куоластааһыҥҥа кыайбатаҕына, саатар кыра өрөмүөн ыытар баҕа санаалаахпыт. Эмиэ бэйэбит күүспүтүнэн, уопсастыбанньыктары кытыннаран, спонсордары булан... Сотору көтөрдөрү кыстаппыт дьоммут ыксаталлара буолуо. Оттон биһиги бэлэммит суох.
Күөллэрбит сыбаалкаҕа кубулуйдулар
Миша Алексеев – Дьокуускай куорат 29 №-дээх орто оскуолатын 3 “В” кылааһын үөрэнээччитэ. Кини Щорс күөлүн историятын, үөскүүр балыктарын, экологическай туругун чинчийэр, оскуола, куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттар. Сыл аайы муус устар 27 күнүгэр субуотунньуктуу тахсар, күөгүлээһин күрэҕин көтүппэт.
– Куорат күөллэрэ биир уопсай кыһалҕалаахтар. Ол – кинилэр киртийиилэрэ. Маныаха дьон буруйдаах дии саныыбын. Хомойуох иһин, куоракка баар уу эбийиэктэрэ улахан сыбаалкаларга кубулуйдулар.
Бу күөлгэ элбэх балык үөскүүр. Холобур, собо, мунду, оннооҕор быраҥаатта. Манна дьон-сэргэ олус сөбүлээн сылдьар. Сайын аайы кустары, хаастары, кубалары, фонтаны, статуялары кэрэхсии көрөбүт. Саас куорат олохтоохторо хаҥкылыыллар, кыһын наһаа кыраһыабай харыйа туруоруллар, сыыртан түһэн оонньуубут.
Миигин Щорс күөлүн экологическай туруга долгутар. Манна дьон ыттарын күүлэйдэтэллэр уонна кэннилэриттэн саахтарын хомуйбаттар. Ол барыта күөлгэ хаалар, саас мууһу кытта ууллар. Тоҕо ким даҕаны боппотуй? Экологическай экспертиза ыытыллар дуо? Уу эбийиэгин идэтийбит исписэлиистэр хонтуруоллууллар дуо?
Мин аҕабын кытта Щорс күөлүн туһунан элбэҕи билиэхпитин-көрүөхпүтүн, уута төһө кыалларынан ырааһырыан баҕарабыт.
“Байанай” кулууп эко-пааркатын бырайыага куоластааһыҥҥа кыайыа диэн эрэнэбин!
Биир киһи кыһалҕата буолбатах!
Наталья Петровна Павлова, Киин уокурук көхтөөх олохтооҕо, уопсастыбанньык:
– Юрий Петрович чахчы айылҕаны таптыыр, куораты тупсарыан, киэргэтиэн баҕарар, ис сүрэҕиттэн долгуйар, кыһаллар. Ол эрээри соҕотох киһи кыайара ыарахан. Уопсастыбаннас көмөтө хайаан да наада.
Алтаайга эмиэ маннык кубалаах күөл баар, олус кэрэ, остуоруйа курдук сир. Онно кубалар сөбүлээн кыстыыллар. Мин Щорс күөлүгэр куба үөрэ көтөн кэлиэн баҕарабын. Экологията ыраас буоллаҕына, тоҕо кыаллыа суоҕай? Ол иһин манна куорат уопсай субуотунньугун биллэриэххэ диэн этиилээхпин. Күөл аттынааҕы тэрилтэлэртэн эппиэтинэстээх дьону аныахха, субуотунньук күнүн-дьылын болдьоһуохха, үлэлииргэ диэн туттар сэби-сэбиргэли булуохха наада. Туох да уустуга суох. Бу биир киһи эрэ кыһалҕата буолбатах, киин куорат олохтоохторо туора туруо суохтаахтар дии саныыбын. Оттон уопсастыбаннай бэрээдэги олохтуурга полицияны кытыннарыахха.
Эко-паарка бырайыага онлайн куоластааһыҥҥа кыайдаҕына да, киириитин төлөбүрдээх оҥоруохха диэн этиилээхпин. Баҕар, 30-50 солкуобай буоллун. Тоҕо диэтэххэ соҕотох киһи ырааһы, бэрээдэги көрөрө-истэрэ ыарахан. Маны сэргэ, смотровой балаһааккаҕа харчыга бинокль уларсыы өҥөтүн киллэриэххэ, көтөрдөргө анал аһы атыылыахха сөп. Парковканы хайаан да тупсаран оҥоруохха наада. Күөл утары турар тимир гараастар көстүүнү буортулууллар, онон бу боппуруоһу эмиэ быһаарыахха. Холобур, худуоһунньуктарга күрэх биллэрэн, уруһуйдатыахха сөп.
Мин этиим барыта оруннаах, олоххо киирэр кыахтаах дии саныыбын.
Кэскиллээх бырайыагы өйүүбүт
Николай Васильев, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата:
– Юрий Петрович үлэтин билэ-көрө сылдьабын. Кырдьык, соҕотох киһи кыайбат.
Дьокуускай куоракка күөл элбэх. Онон дьокутааттарга бу тиэмэ тула уопсастыбаннай дьүүллэһиини тэрийэр туһунан этии киллэриэм. Куорат Дууматын тустаах сис кэмитиэтэ сири туһаныы боппуруоһун көрүөн наада эбит. Уопсайынан, куорат күөллэрин экологияларын кыһалҕатын Ил Түмэн тустаах хамыыһыйатыгар туруоруохха, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарыахха сөп дии саныыбын.
Сахамин Афанасьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Бу бырайыак олоххо киирбит историятын бэркэ билэбин. Щорс күөлэ – куорат килбэйэр киинэ, нэһилиэнньэ сөбүлээн сынньанар сирэ.
Юрий Петровичтаах үтүө санааларынан салайтаран, бэйэлэрин күүстэринэн, кыахтарынан үлэлииллэр. Дьиҥэр, күөлү тупсарыы, олохтоох дьаһалта бүддьүөтүттэн үбүлэнэрин курдук, куорат, Киин уокурук управатын бырагыраамаларыгар киирэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Чахчы инникилээх, кэскиллээх бырайыагы өйүүбүн.
***
Куорат күөллэрин экологията – биир сытыы кыһалҕа. Төгүрүк остуолга учуонайдар чинчийиилэрин долгуйа, ытырыктата иһиттибит. Ол туһунан сиһилии кэлэр нүөмэргэ ааҕыҥ.