23.09.2022 | 10:00

Уол оҕо өрүү ат үрдүгэр!

Уол оҕо өрүү ат үрдүгэр!
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Дьокуускай төрөөбүт күнэ... Киин куораппыт хабыллар хаба ортотугар музыка, ырыа-тойук ыраахтан эйээрэр. Ойуунускай пааматынньыгын өттүнэн киирбитим, улахан сыанаҕа хотугулуу таҥастаах ансаамбыл ырыата киһи эрэ сүргэтин көтөҕүөх курдук дьиэрэйэр. Дьон-сэргэ бөҕө тоҕуоруспут. Ырыаһыттар тахсааттарын кытта, арай аҕыйах хонуктааҕыта Москубаттан аттарын илдьэ көтөн кэлбит саха эдэр уола Дугуйдан Винокуровы ыҥырбыттарыгар биир бэйэм үөрэ түстүм. Үөрдүм хоту дойду хоһуун уолун саҥатын истээри, үөрдүм манна тоҕуоруспут дьон хайдах курдук киэн тутта ытыс хабыллар тыаһынан уруйдаан- айхаллаан көрсүбүттэриттэн.

Дьэ, доҕор, сахаҕа орто уҥуохтаах, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, сирэйин салгын лаппа сиэбит, сылбырҕа туттуулаах эдэр киһи саха быһахтаах толору кэппит сахалыы көстүүмүнэн дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, сыана ортотугар биирдэ баар буола түстэ.

Биһиги иннибитигэр турар эр бэрдэ төрөөбүт-үөскээбит Өймөкөөнүттэн улуу Москуба куоракка диэри биир сыл түөрт ый устата аһаҕас халлаан аннынан саха атынан айаннаабытын кылгастык кэпсээтэ.

Бу уолбут саҥата чуолкайа, толорута, дьоҥҥо тириэрдиитэ маннык буолла:

«Биһиги Мичиллиин айаммытын Өймөкөөнтөн саҕалаабыппыт. Түөрт саха атынан. Айаммытын биир сылтан ордук кэм иһигэр түмүктээтибит. Барыта 11 тыһыынча километры, 17 региону, 7 часовой пояһы ааһан, Өймөкөөн тымныы чыпчаалыттан Москуба куоракка айан икки атынан түмүктэннэ. Саха атын айана сыалын ситтэ!» – диэтин кытта, ытыс тыаһа хабылла түстэ.

Эдэр киһибит кэпсиирэ кэмчи, саҥарара аҕыйах эрээри, бу эппит тыллара хайдахтаах курдук дириҥ ис хоһоонноохторуй, доҕоттоор! Кылгастык, чуолкайдык эттэ, махтанна, эҕэрдэлээтэ уонна киирбитин курдук судургутук, дьоһуннук туттан сыанаттан таҕыста.

Бу түгэҥҥэ саха эдэр киһитэ хайдах курдук сэмэйэ, туохтан да толлубат сүрэҕэ, кыаҕа, модуна, хорсуна, тулхадыйбат санаата уонна ис тыына киһини эрэ сөхтөрдө.

Дугуйдан Винокуров айанын хас биирдии түгэннэрин көрдөрөр, кэпсиир хаартысканан быыстапкаҕа тиийэбин. Дьэ, манна баар эбит ээ,   көрөөччүнү долгутар араас хаартыска. Хаардаах, кырыалаах тымныы кэмтэн саҕалаан итии, куйаас сиргэ эрэ үүнэр клубника быыһынан түспүт түгэннэр. Саха аттара иччилэриниин Арассыыйа киэҥ киэлитинэн айаннаабыт сирдэрэ.

Көрөөччү, сөҕөөччү үгүс. Манна бааллар сааһырбыт, тайахха тирэммит кырдьаҕастар. Бааллар оҕолорун көтөҕө сылдьар эдэр ыаллар. Бааллар оскуола саастаах кэнчээри ыччат дьон.

Көрөөччүгэ бу быыстапка хайдах курдук уһун айан этэҥҥэ түмүктэммитин кэрэһилиир. Саха аттара тулуурдарын, дьулуурдарын, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар күүстээхтэрин көрдөрөр. Саха ыччата модун санаалааҕын, эр киһитэ хорсунун, күүһүн, кыаҕын хас биирдии хаартыска кэпсиир.

Болуоссакка муусука ньиргийэр, ырыа-тойук дьиэрэйэр, быыстапка, маастар-кылаастар, оҕолорго аналлаах балаһааккалар ыытыллаллар. Дьокуускай куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ сүүрэн-көтөн, тэрийэн бэйэлэрин уолларын  Дьокуускай куорат күнүгэр норуот иннигэр таһаарыылара бу эмиэ патриоттуу быһыы. Мин Өймөкөөн улууһун Дьокуускайга олорор түмсүүлэрин кытта кэпсээттим.

Анна, Анатолий Атастыровтар:

– Биһиги Өймөкөөн улууһун аҕа баһылыгыныын ыкса сибээстэһэ олоробут. Бу да сырыыга Дугуйдан аттарыныын Москубаттан кэлэрин көрсүөхпүтүттэн саҕалаан, бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ тиийэ биир дойдулаахтара тэрийсэбит. Манна Өймөкөөн, Анаабыр, Нам, Таатта улуустара кытыннылар. Ким эрэ аска-үөлгэ, ким эрэ самодеятельноһынан кыттыы буолла.  Саха сиринээҕи географическай уопсастыба биэрбит матырыйаалыгар олоҕуран, хаартыска быыстапката турда. Дугуйдан сындааһыннаах уһун айанын устата бу уопсастыба өйөбүлүнэн сылдьан кэллэ.

Саха атын тулуурун, кыаҕын аан дойдуга  көрдөрбүт аттарбытын  тыыннаах туоһуларын уларыппакка, пааматынньык оҥорторон дьон көрүүтүгэр хаалларарбыт буоллар, дьэ бу айан биир улахан түмүгэ уонна үйэтитиитэ буолуо этэ диэн бүччүм санаалаах болуоссаттан таҕыстым.

Тэттик ыйытыктар

— Толору аата:

Винокуров Дугуйдан Семенович. Аҕатын өттүнэн хос эһэтин аатын биэрбиттэр.

 

— Төрөппүттэрэ:

Ийэтэ Ирина Христофоровна эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлиир, оҕолорго эбэҥки тылын үөрэтэр. Аҕата Семен Львович – Өймөкөөн Үчүгэйин төрүт олохтооҕо, сылгыһыт. Онон дьиэ кэргэн оҕолор оскуолаҕа киириэхтэригэр диэри сылгы көрүүтүнэн дьарыктанан, туундараҕа олорбут.

 

— Бииргэ төрөөбүттэр хастарый?

Аҕыстар. Ийэ, аҕа үтүө холобурдарыгар, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар истиҥ сыһыаннарын, тапталларын көрө улааппыттар, быһалыы эттэххэ, норуот педагогикатынан иитиллибиттэр.

— Оҕо сааһын умнуллубат түгэнэ.

Дугуйдан саҥа хаамар буолуоҕуттан ат үрдүгэр үөскээбит оҕо сааһын олус күндүтүк саныыр. Сибиэһэй салгын, айылҕа, киэҥ нэлэмэн туундара... уонна аттар. Борбуйун көтөҕүөҕүттэн аҕатын батыһа сылдьан сылгыны иитии, көрүү-харайыы ымпыгын-чымпыгын барытын көрө-билэ улааппыт, ону олох улахан оскуолатынан ааҕар.

 

— Өймөкөөнтөн Москваҕа диэри төһө өр айаннаатыгыт?

Биир сыл түөрт ый.

 

— Айан уһуна?

11 тыһыынча килэмиэтир.

 

— Саамай ыарахан кэрчик сир?

Саха сирэ. Хайдах да күн-дьыл турдун, баҕар, хаар-самыыр, тыал-куус буоллун – аһаҕас  халлаан аннынан иннибит диэки айан.

 

— Саамай быһаарыылаах түгэн?

Сахам сириттэн географическай уопсастыба былааҕын сиэппиттэн хостоон ылан, полицияларга көрдөрөн, салгыы айаммар турунуум.

 

— Умнуллубат түгэн?

Саха АССР 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар саха атын тулуурун көрдөрбүт уһун айан бэйэтин сыалын ситэн түмүктэниитэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...