21.10.2023 | 14:00

Умнуллубатын устудьуон сэргэх олоҕо!

Умнуллубатын устудьуон  сэргэх олоҕо!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Үөрэх дьыла саҕаламмыта номнуо балтараа ый ааһа оҕуста. Билигин бастакы куурус устудьуоннара бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр-көрсөр, ханна кэлбиттэрин өйдүүр, саҥа сиргэ “сүрэхтэнэр”, быһаччы эттэххэ, тургутууну ааһар кэмнэрэ.
Биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр үрдүкү куурус устудьуоннарыттан үөрэх, дьарык туһунан ыйыталастыбыт, таарыйа маҥнайгы кууруска киирбит оҕолорго анаан тэттик сүбэлэри хомуйдубут.

Ньургуйаана Пинигина, ХИФУ педагогическай институтун иккис кууруһун устудьуона:

— Үөрэх бастакы ыйа ыарахан соҕустук ааспыта, эмискэ баҕайы элбэх баҕайы  паара турбут этэ. Эбиитин курсовой үлэҕитин саҕалыыгыт уонна быраактыкаҕытын көмүскүүгүт диэбиттэрэ.

Хас биирдии устудьуон үөрэҕи таһынан дьарыктаах буоларга дьулуһар. Мин ХИФУ ДНД-тын дружинатын байыаһа буолабын уонна тутар этэрээккэ киирбитим. Онтон атын эбии дьарыкка суруйтарбатаҕым, бириэмэ даҕаны ыгым курдук.

Устудьуоннуур сылларбыттан дьоллоох, умнуллубат элбэх түгэни кэтэһэбин. Үөрэхпин ситиһилээхтик бүтэрэн, үлэһит буоларбын күүтэбин уонна, биллэн турар, эрэллээх доҕоттору көрдүүбүн. Хомойуох иһин, биир даҕаны тэрээһиҥҥэ кытта иликпин.

Ситиһии төрдө, мин санаабар, киһи бэйэтин бириэмэтин хайдах аттарынарыттан, мотивациятыттан уонна баҕатыттан эрэ тутулуктаах. Маҥнайгы куурус оҕолоругар сүбэлиэм этэ: кыбыстымаҥ, дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕас буолуҥ уонна иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык атаарыҥ.

 

Сайана Олесова, ХИФУ естественнэй наукалар институтун үһүс кууруһун  устудьуона:

— Үөрэх бастакы ыйа миэхэ олус үчүгэйдик уонна чэпчэкитик ааста. Быйылгы сылга бадминтон секциятыгар киирдим. Устудьуоннуур сылларбыттан элбэх умнуллубат түгэннэри, эрэллээх доҕоттору күүтэбин.

Ситиһии улахан үлэттэн кэлэр дии саныыбын. Ол иһин күүстээх санаалаах, туохтан да толлубакка инниҥ диэки баран иһиэххэ наада.

Александр Ноговицын,  ХИФУ геолого-разведочнай факультетын үһүс кууруһун устудьуона:

— Балаҕан ыйа олус судургутук ааста, саҥа дисциплиналары ыарырҕаппакка ылынным. Мин эмиэ уопсастыбаннай үлэттэн, түмсүүттэн туора турбат устудьуоммун.  Былырыыҥҥыттан «Саха сирин улуустарын ыччаттарын түмсүүлэрин холбоһугар», «ZEMA»-ҕа актыбыыстыыбын. Балтараа сыл устата Кэбээйи улууһун эдэр ыччат “Дабаан”  түмсүүтүгэр салайааччылаатым. Билигин “ZEMASAKHA” салайааччытын аппараатын састаабыгар баарбын уонна киин улуустар түмсүүлэрин холбоһугун куратора буолабын. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии муннугуттан кэлэр ыччаты барытын түмэр, устудьуон сылларын умнуллубаттыы атаарарга көмөлөһөр, сөптөөх суолу ыйар, улуустар икки ардыларыгар ил-эйэ төрүттүүр тэрилтэҕэ баарбыттан киэн туттабын уонна онтон олох кэмсиммэппин.

Устудьуон сылларбар төһө кыалларынан элбэх доҕордонон, умнуллубат мүччүргэннээх сырыыланан, талбыт идэбэр сыһыаннаах билии иҥэринэн, кырдьар сааспар кэлэн: “Устудьуоннуур сылбар маны гыммаккабын, сыыстарбыппын” – диэн санааҕа ылларбат курдук атаарыахпын баҕарабын.

Мин санаабар, ситиһии төрдө – бэйэни кыайыыга. Туохтан да толлубакка, кыбыстыбакка, саҥаттан саҥаҕа холонон, үөрэнэн, төһө кыалларынан элбэх араас дьону кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, уопут үллэстэн, бу сиргэ бары барытын ситиһиэххэ сөп дии саныыбын. Маҥнайгы куурустарга уонна доҕотторбор этиэм этэ: устудьуон сылларгыт хас биирдии түгэнин сыаналааҥ, харыстааҥ. Олоххутугар саамай умнуллубат, чугас доҕоттору бэлэхтиир кэмҥит буоларын өйдөөҥ. Маны ааҕар усутудьуоннары барыларын Zema-ҕа күүтэбит, биир дойдулаахтаргытын, өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии муннугуттан кэлбит оҕолору кытта билсэ-көрсө, сынньана, дойдугут сайдарын туһугар үлэлии киирэргитигэр ыҥырабын, кэмсиниэ суоххут диэн этэбин!

Арсен Кривошапкин, ХИФУ автодорожнай факультет иккис кууруһун устудьуона:

— Мин Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгиттэн сылдьабын. Үөрэх маҥнайгы ыйа олус түргэнник ааста. Устудьуон буоларым быһыытынан, уопсастыбаннай хамсааһыннартан туора турбаппын. 2021 сылтан «ZEMA» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин актыбыыһабын.

Устудьуоннуур сылларбыттан элбэх өйгө-сүрэххэ хаалар бэлиэ түгэннэри күүтэбин, эрэллээх доҕоттору булуохпун уонна саҥаны-сонуну билиэхпин, сири-дойдуну көрүөхпүн наһаа баҕарабын. Хата, манна туһааннаах биһиэхэ араас үөрэх куурустара бааллар.

Быйылгы үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан син элбэх тэрээһиҥҥэ сырыттым. Холобур, «Вливайся», “День первокурсника» уонна дьаарбаҥкаларга.

Бастакы куурус устудьуоннарыгар холку, элэккэй буолуҥ, ону таһынан үөрэх күннэрин олох көтүтүмэҥ диэн сүбэлиибин.

Петр Слепцов,  ХИФУ инженернэй-техническэй институтун иккис кууруһун устудьуона:

— Бэйэм Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгиттэн сылдьабын. 2000 сыллаахха балаҕан ыйын 17 күнүгэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм, бииргэ төрөөбүт үспүт – Яна уонна Катя диэн икки балтылаахпын. Ийэм Анна Петровна, аҕам Сергей Гаврильевич тыа хаһаайыстыбытын үлэһиттэрэ. Мин АГАТУ-тан ХИФУ көһөн кэлбитим, үөрэҕим син ыарахан соҕус да буоллар, инникитин туһалаах буолар ини диэн эрэнэбин.

Үөрэҕим таһынан университет олоҕор көхтөөхтүк кытта сатыыбын, буолар тэрээһиннэргэ туора турбакка, куруук үөрүүнү кытта туох баарынан түһүнэн иһэбин. Мин санаабар, усутудьуон үөрэҕинэн эрэ муҥурдаммакка, уопсастыбыннай үлэнэн дьарыктаныахтаах. Холобур, «ZEMA» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтигэр бу күҥҥэ диэри актыбыыстыы сылдьабын. Бу түмсүүгэ эдэр саас тыына, умнуллубат кэрэ кэмнэрэ бааллар.

Ситиһии элбэх үлэ, билии-көрүү кэннэ кэлэр. Ол инниттэн билиибитин куруук кэҥэтэ сылдьыахтаахпыт. Маҥнайгы куурустарга этиэм этэ, чөл олоҕу тутуһуҥ, эдэр сааскытын умнуллубаттык атаарыҥ.

Валерий Иванов, ХИФУ физкультурнай салаатын иккис кууруһун устудьуона:

— Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгиттэн сылдьабын. Үөрэх бастакы ыйа этэҥҥэ ааста. Иккис сылбын «ZEMA» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин актыбыыһа буолабын. «ZEMA-лар» буолан быйыл күһүн араас тэрээһиннэри ыыттыбыт. Ол курдук ыччаттар икки ардыларыгар «Сүрэхтэнии”, “Ил-Эйэ” диэн доҕордоһуу киэһэлэрэ буолан ааспыттара. Бэйэм оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан хапсаҕайдыыбын, билигин да утумнаахтык дьарыктанабын.

Устудьуоннуур сылларбыттан элбэх эрэллээх доҕоттору, умнуллубат түгэннэри күүтэбин.

Төһөнөн кыһаллаҕын, сүүрэҕин-көтөҕүн, хамсанаҕын да, оччонон ситиһии кэлэр дии саныыбыт. Устудьуоннарга үөрүү-көтүү аргыстаах, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьаргытыгар, туохтан да чаҕыйбакка олох устун баран иhэргитигэр баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...