22.01.2022 | 13:00

Умнуллубат устудьуон сыллара

Умнуллубат устудьуон сыллара
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Тохсунньу 25 күнэ — Устудьуон күнэ. Бу бэлиэ күнүнэн «Тэтим” ыччакка аналлаах балаһабытыгар М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарын кытта кэпсэттибит.

 

Дмитрий  Барашков, ХИФУ инфраструктурнай технология колледжын 3-с кууруһун устудьуона:

— ХИФУ-га үөрэнэрим, билиини сомсорум наһаа үчүгэй. Атын сиргэ үөрэххэ киирбитим буоллар, төрөппүттэрим ыраах, доҕотторум тэйиччи буолуохтара эбитэ буолуо. Мин Дьокуускай куорат «Университет»  уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэбин. Тэрилтэбит устудьуон куоратын иһигэр араас эриэйдэлэри ыытар. Ону таһынан куорат таһымнаах бөдөҥ тэрээһиннэргэ, өрөспүүбүлүкэ ыытар үлэтигэр-хамнаһыгар кыттыһабыт, оннооҕор норуоттар икки ардыларыгар тиийэ таһымнаах тэрээһиннэргэ үлэлиибит. Бу тэрилтэҕэ миигин ааспыт сылга бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Маны сэргэ биһиги, устудьуоннар, ойуур баһаарын умулларыыга сэмэй кылааппытын киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыттан махтал суруктаахпыт.

Устудьуон сылларым олус чаҕылхайдык ааһан эрэллэр. Элбэх эрэллээх доҕоттордоннум, үгүһү биллим-көрдүм. Устудьуоннуур сылларгытын сыаналааҥ, таптааҥ!

Константин Андреев, ХИФУ физико-техническэй институтун устудьуона:

— Үөрэнэр кыһабын олус сөбүлүүбүн, киэн туттабын. Университеппыт устудьуоннарын олус күүскэ өйүүр. Ол курдук, стипендиябыт үрдүгүн ааһан, киэҥ билиилээх, үөрэхтээх дьон буолан тахсарбытыгар бары усулуобуйаны тэрийэр.

Быйыл түөрт сыллаах үөрэхпин түмүктүүбүн, онон диплом иннинээҕи практикабын ааһа, сыыйа дипломнай үлэбин суруйа сылдьабын. Устудьуоннуурум тухары маҥнайгы куурустан үөрэҕим таһынан волейболунан утумнаахтык дьарыктанан, волейбол федерациятын Кубогар үһүс миэстэ буолары ситиспитим. Быйыл Уус Алдан Бороҕонугар буолар Саха сирин норуоттарын спартакиадатыгар бэлэмнэнии күүскэ барар турар, дьон-сэргэ бары кэриэтэ күүтэр күрэҕин долгуйа кэтэһэбит.

Устудьуоннуур сылларым олус да чаҕылхайдык ааһан эрэллэр.

Доҕотторбун, устудьуоннары, бастатан туран үөрэх туһунан толкуйдааҥ, онтон биирдэ сөбүлүүр дьыалаҕытынан дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын.

 

Николай Соловьёв, Горнай институт устудьуона:

— Устудьуон диэн олоххо сыаллаах-соруктаах, үтүө-сэмэй майгылаах, чөл олохтоох, бэйэтигэр туох эрэ саҥаттан саҥа арыйыылары булар, күнтэн күн сайдыыга дьулуһар киһи дии саныыбын. ХИФУга үөрэнэр ордуга биллэн турар, тоҕо диэтэххэ дойдум уонна дьонум чугастар, доҕотторум аттыбар бааллар, төрөөбүт төрүт тылбынан саҥарабын, алтыһабын. Үөрэҕим таһынан волейболунан сөбүлээн дьарыктанабын. Быйыл Усуйаана турнирыгар иккис миэстэни ыллыбыт, Хаҥалас улууһун турнирыгар – үһүс миэстэни.

Күндү саха тыллаах ыччат дьонум! Устудьуон күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Куруук саҥаны билэргэ-көрөргө баҕалаах буолуҥ! Үрдүк ситиһиилэри, чыпчааллары дабайыҥ! Доруобай уонна дьоллоох буолуҥ!

 

Влада Говорова, юридическай колледж 2-с кууруһун устудьуона:

— Устудьуон диэн олоххо сыаллаах-соруктаах, боччумнаах киһи дии саныыбын. Мин өрөспүүбүлүкэ сүрүн университетыгар үөрэнэ сылдьарбынан киэн туттабын. Бэйэм уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын, олорор уопсайбар актыбыыстыыбын. Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус ыарыыта ыччат, устудьуон олоҕун-дьаһаҕын эмиэ уларытта. Университеппыттан ыарыыны утары үлэлээбитим иһин махтал суруктаахпын.

Үөрэнэр сылларбыт бу хамсык ыарыытын кэмигэр сөп түбэспиттэрэ хомолтолоох, ол да буоллар устудьуон олоҕун биллим дии саныыбын.

Күндү ХИФУ устудьуоннара! Эһигини кэлбит устудьуон күнүнэн эҕэрдэлиибин, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!

Света Семенова, Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун 1-кы кууруһун устудьуона:

— ХИФУ-га үөрэнэ киирэрбин эрдэттэн былааннаабытым. Саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас салаатыгар үөрэнэбин. Ол эбэтэр саха уонна нуучча тылын филологиятын баһылаан, тылбаасчыт буолан тахсыахтаахпын.

Маҥнайгы сессиябын туйгуннук саптым. Наукаҕа ситиһиилэрдээхпин. Холобур, институтум иһинэн ыытыллар 1-кы куурус устудьуоннарын уонна магистраннарын билим конференциятыгар бастакы истиэпэннээх диплом ылбытым уонна фольклорист, профессор В. В. Илларионов аатынан Арассыыйатааҕы билим конференциятыгар иккис истиэпэннээх дипломнаахпын. Ону тэҥэ университет иһинэн ыытыллыбыт нуучча тылын олимпиадатыгар үһүс миэстэлээхпин.

Устудьуон сылларым олус үчүгэйдик ааһан иһэллэр. Бу кылгас кэмҥэ бэйэбэр элбэх саҥаны арыйдым, доҕоттордоннум.

Бары устудьуоннарга тулууру баҕарыам этэ, туохтан да чаҕыйымаҥ, устудьуоннуур сылларгытын умнуллубаттык атаарыҥ.

Акбермет Эргешова, саха тылын салаатын устудьуона:

— ХИФУ-га үөрэнэр атын сирдээҕэр ордуга биллэр. Аан дойду үрдүнэн ХИФУ-га майгынныыр үөрэх кыһата суох, ураты уһуйааччылардаах, устудьуоннардаах. Уонна бу ГУК-пут да ураты энергетикалаах, ураты “вайбтаах”. Иллэҥ кэммэр ыллыырбын, ырыа айарбын, кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ахсынньы 8 күнүгэр Ярославль куоракка баран бырайыак көмүскээн, кыайыылаах аатын ылан кэлбитим. Устудьуон сылларыҥ хайдах ааһан эрэллэр диир буоллаххытына, очно үөрэнэр буоламмыт, бастакы куурус олус интэриэһинэй этэ. Билигин тыыннаах кэпсэтии тиийбэт да буоллар, бэйэтэ туһунан кэрэ түгэннэрдээх.

Күндү устудьуоннар, төрөөбүт тылгытын умнумаҥ! Улахан, киэҥ сиргэ бардаххытына, төрөөбүт дойдугутун сайыннарар гына үөрэҕи-билиини солооҥ.

Анастасия Попова, Медицина институтун 5-с кууруһун устудьуона:

— Биһигини бастыҥтан бастыҥ уһуйааччылар үөрэтэллэр. Бэйэм волонтерствонан дьарыгырабын, бу ыарахан эпидемиологическай балаһыанньаҕа тугу кыайарбынан көмө буола сатыыбын. Иллэҥ кэмҥэ уруһуйдуурбун, омук литературатын ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ааспыт сылга коронавируһу утары үлэлээн, Арассыыйа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин махтал суругун туппутум. Медицина салаатыгар киирбиппиттэн үөрэбин. Группам оҕолоро бары иллээхтэр, түмсүүлээхтэр, уопсайынан, институт үрдүнэн устудьуоннар бары да олус эйэҕэстэр, куруук көмөлөһөргө бэлэмнэр. Устудьуон олоҕуттан кэтэһэрим диэн – билии-көрүү, эрэллээх доҕоттор, саҥа билсиһиилэр.

Максим Дохунаев, Медицина институтун 5 кууруһун устудьуона:

— Атын сиргэ үөрэнэ илик буоламмын, санаабар, ХИФУ-ттан ордук үөрэх кыһата суох. Үөрэҕим таһынан научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктанабын. Ордук микробиология, гигиена, эпидемиология өттүгэр интэриэстээхпин. Ону таһынан медик-волонтербун, нэһилиэнньэ медицина өттүгэр билиитин, араас ыарыылары утары хайдах охсуһуохха сөбүн туһунан медицинскэй тэрилтэлэргэ көмөлөһөр сыаллаах үлэлэһэбин. Араас таһымнаах конференциялар бириистээх миэстэлэрин хаһаайыннара буолабын, волонтерство өттүнэн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал мэдээлин хаһаайынабын. Киһи олоҕор саамай чаҕылхай кэмнэрэ эдэр саас уонна устудьуоннуур сыллара. Миэхэ бу сыллар олус үчүгэйдик ааһан эрэллэр, элбэҕи биллим, элбэххэ үөрэнним, умнуллубат түгэн элбэх.

Күндү Сахам сирин устудьуоннара! Барыгытын устудьуон күнүнэн эҕэрдэлиибин. Бу биһиэхэ саамай кэрэ, умнуллубат сылларбыт. Хас биирдиибит Сахабыт сирин эрэ буолбакка Арассыыйа сайдарын туһугар кылааты киллэрэр күүстээх-кыахтаах үлэһиттэр буолуохтаахпыт!

Иляна Владимирова, филологическай факультет устудьуона:

— ХИФУ-га бары салааларыгар араас куруһуоктар бааллар. Ону тэҥэ, университет устудьуоннарын сүрдээҕин өйүүр. Мин хара маҥнайгыттан науканан дьарыктанабын, наука салаатыгар кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Олоххо көхтөөх позицияны тутуһабын, ааспыт сылга волонтерунан үлэлээммин Москваҕа барар чиэскэ тиксибитим. Үөрэнэрбин сөбүлүүбүн. Кырдьык, ыарахаттар бааллар, мин ону туоратарга кыһаллабын. Бары үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кэлбит бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин. Хас биирдии устудьуоҥҥа сессияны үчүгэйдик уонна туйгуннук сабалларыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...