Умнаһыт элбии турар
Киин куораппыт килбэйэр киинигэр кирдээх, мара таҥастаах-саптаах, мөкү сирэйдээх-харахтаах дьону Автовокзал аттыгар үгүстүк көрүөххэ сөп.
Кинилэри харчы умналаһа сылдьалларын сорохтор аһыммыттыы, атыттар сиргэммиттии көрөллөр. Норуот кинилэри “умнаһыттар” диэн ааттыыр. Кир-хах, сыт-сымар, сыыҥ-сыраан буолан, көрүөхтэн “түктэри” мөссүөннэнэн сылдьаахтыыллар. Киһи кэлэйиэх, бу дьоммут бары сахалар. Кэнники ыччат элбээбитин киһи бэлиэтии көрөр. Саастара эдэримсийдэ.
Биистэр саастара эдэримсийдэ
Бэнидиэнньик киэһэ 19.00 чааска Автовокзалга бардым. Манна үтүөх-батаах, бүгүн ханна да хоноро суох, олох очуругар оҕустарбыт дьон өрүү мустар.
Автовокзал территорията. Арыгы иһэн баран сиргэ утуйа сытар киһиэхэ ким да наадыйбат. Ким чугаһыай? Бары ыраах тураллар. Маннык мөкү көстүүнү күн аайы көрөр буоллахтара.
Тыаттан кэлбит эдэрчи көрүҥнээх саха эр дьоно «бытыылкалыы” олороллор. Үрүксээктэриттэн ылан, хам-түм хантаталлара көстөр. Ким кими күндүлүүрэ биллибэт. Уопсай бытыылкаттан исиһэллэр. Быыһыгар улаханнык көбдьүөрсэн ылаллара саҥаларыттан иһиллэр. Иннилэригэр баран түһэрэр түгэн көстүбэтэ. Хайыахпыный, кэннилэриттэн түһэрэ охсобун. Куустуһуу кытаанаҕа.
Оптуобус күүтэр тохтобулугар аттыбар эдэр кыыс уонна кырдьаҕас оҕонньор кэлэн олордулар. Сэмээр тугу кэпсэтэллэрин иһиллээтим. Сиргэннэрбин да, туран барбатым. Матырыйаалбар тугу эрэ суруйуохпун наада. Ол иһин сыттарын-сымардарын тулуйарбар тиийдим. Иккиэн орто холуочуктар.
Эдэр кыыс: Бүгүн ханна хоно барабытый?
Оҕонньор: Чыычаах, миэхэ барыахха (кэпсэтиилэрин истэ олороммун, хараҕым кырыытынан кинилэри көрөбүн. Иккиэн холуочук буоланнар, саҥалара улаханнык иһиллэр. Оҕонньор кыыһы илиититтэн харбаан ыбылы тутар. Онуоха биирдэрэ тэҥҥэ хардарсан, ыгыта туппахтаста. Ол аата сөбүлэһэбин диэтэ быһыылаах. – аапт.).
Кыыс: Хаһыс оптуобуһунан барар этибитий? 8-с дуо? Кэл, барыахха, оптуобуспут кэллэ (хаһыытаабытынан оҕонньору туруоран, иннигэр үҥүлүтэн оптуобуска илтэ. Кэннилэриттэн хаартыскаҕа түһэрэ охсобун- аапт.).
Кэпсэтиэм дии санаабытым, табыллыбата. Айанната турдулар. Кыыс эдэр-сэнэх көрүҥнээх. Куһаҕан суолга олохтоохтук ыллара илигэ биллэр. Хайа эрэ төрөппүт маанылаан улаатыннарбыт оҕото муор-туор сылдьаахтаатаҕа.
Киэһэ 21.30 ч. диэри үспүйүөн курдук Автовокзалы манаатым ээ. Ыскамыайкаҕа тиийэн, иннибэр олорор дьону көрөбүн. Икки дьахтар уонна үс эр киһи. Биир дьахтар уопсай бытыылкаттан, арааһа пиибэ быһыылаах, хантата олорорун хаартыскаҕа түһэрэ охсобун. Саастаах дьахталлар дьүһүн-бодо буолаахтаабыттар. Баҕар, ханнык эрэ оҕо ийэтэ, сиэн эбээлэрэ буолуохтара дии саныы олордохпуна, оруобуна кыракый уол оҕолоох эдэр ийэ саастаах дьахтарга кэлэн, «дьиэбитигэр барыах” диэн көрдөһөр саҥатын иһиттим. Сиэнэ котоку эбээ дии-дии илиититтэн тардыалыыр. Онуоха ийэбит кыыһыгар баргыатыы түспэтэ дуо?! Аттыларыгар икки эдэр уол уонна биир саастаах эр киһи тураллар. Полиция кэлэн үүртэлии сатыырын истибэттэр. Биһиги көрсөн кэпсэтэ олоробут ээ диэн, бырааптарын туруорсубута буоллулар. Бэрээдэги көрөр киһи күүтэн турда. Улаханнык ыххайталаабат. Сэрэйдэххэ, куруук үүрэр быһыылаах. Хомунан баралларын ыксаабакка кэтэһэн турда. Дьоно, мөҕүттэ-мөҕүттэ, айгыстан туран бардылар. Мин олоробун. Сотору кинилэр туран барбыт миэстэлэригэр икки кыракый нуучча кыргыттара ийэлэринээн кэлэн олордулар. Илиилэригэр минньигэс мороженайы ыбылы туппуттар. Олорон эрэн бэрт диэн минньигэс бэйэлээхтик мотуйан кэбистилэр. Сибилигин аҕай мөлтөх “ауралаах” дьон туран барбыттарын санааммын, испэр оҕолору аһына санаатым.
Куорат дьаһалтата мөкү көстүүнү болҕомтоҕо ылара буоллар...
Чуолкайа суох чахчынан, Сахабыт сирин үрдүнэн 4 тыһыынчаттан тахса киһи дьиэтэ-уота суох бэйдиэ сылдьар. Онтон куораппытыгар кинилэр кыһалҕаларынан анаан-минээн дьарыктанар тэрилтэ суох. Эмиэ да сөп ээ. Кинилэри кытта ким ньээҥкэлэһиэй? Аны “кымырдаҕас” курдук элбээн барыахтара турдаҕа. Кэбис... Омос көрдөххө, сордоохтор кимиэхэ да мэһэйдээбэт курдуктар. Кинилэри ким да аахайбат, арай чугаһаан кэлэн харчы умналаан илиилэрин сараттахтарына, муннубутун саба туттан баран, түргэнник тэскилии охсобут. Дьиҥэр, мин, эн уонна кини ити кыһалҕаны көрө-көрө көрбөтөҕө буолабыт ээ.
Куорат салалтата саатар Автовокзал аттыгар “бииһирэ” сылдьар дьону бу сиртэн суох гынарга туох эмэ дьаһалы ылара буоллар диэн баҕа санаа баар.