20.05.2023 | 12:00

Улуу кыайыы күнүн сүүрдүүтэ

Улуу кыайыы күнүн сүүрдүүтэ
Ааптар: Иннокентий АММОСОВ, Лена ПЕТРОВА, хаартыскаҕа устуулара
Бөлөххө киир

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ипподрома 2010 сылтан ыла Улуу Кыайыы күнүгэр ат сүүрдүүтүн тэрийэр. Бу күн биһиэхэ көҥүл дойдуга олорорго, үлэлииргэ, үөрэнэргэ кыаҕы биэрбит Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьоммутугар сүгүрүйэбит, ис сүрэхпититтэн махтанабыт, киэн туттабыт. Инникитин даҕаны хорсун быһыылара кэлэр көлүөнэҕэ холобур буола туруоҕа!

Өрөгөйдөөх Кыайыы 78 сылын бэлиэтиир күҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара Владимир Колбунов, Владимир Лонгинов, Федор Попов, Федор Охлопков, Николай Чусовской, аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов уонна, соторутааҕыта Анал байыаннай эппэрээссийэҕэ хорсун быһыыны көрдөрөн, Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт Александр Колесов аатынан бириистэргэ 8 сүүрдүүгэ 41 сылгы кытынна. Бириистэри Дьоруойдаах улуустар дьаһалталара, «Мархатааҕы» сибиинньэ племенной комплекса,  СӨ Ат спордун бэдэрээссийэтэ, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет олохтоотулар.

800 м. Тыйдар. 1. Арча (Нейко‒Аркаана). Мэҥэ Хаҥалас, П. Е. Васильев сүүрүгэ. Сүүрдээччитэ Николай Терентьев. 2. Умсуура (Франсиско Гойя‒Ривьера). Мэҥэ Хаҥалас. Жокейа Семен Гаврильев. Баайааччылара Станислав Тимофеев 3. Нейтрон (Нейко‒Госпожа Березуцкая). Амма, «Давидофф» ХЭТ. Сүүрдээччитэ Анатолий Куличкин, тириэньэрдэрэ Анатолий Баишев. 4. Апогей (Палех‒Армада). Чурапчы, С.Г. Дьячковскай кэтэх тыйа. Бу сүүрүк соҕурууттан, ааспыт сайын кэлбитэ. Сүүрдээччитэ Роман Ларионов, баайааччыта Дмитрий Осипов.

Старт. Апогей бастакынан тахсан иннин хоту ыстана турар. Кэнниттэн Нейтрон. Мэҥэ Хаҥалас сүүрүктэрэ стартбоксаттан хойутаан тахсан эккирэтэллэр. Эргииргэ киириигэ Арча  Нейтоҥҥа сыстар. Тутуспутунан Апогейга чугаһыыллар. Биэтэк көнөтүгэр Арча Нейтону ааһан, биэтэккэ Апогейга сыстан киирэр. Сүүрдүү быраабылатынан кыайыылаах сүүрүк сүүрдээччитэ олохтоммут ыйааһыҥҥа хапсыахтаах. Бу сырыыга Роман Ларионов ыйааһына хапсыбакка, кыайыыны Арча ылла. Бириэмэтэ: 55 с. 07. Нейтрон ‒ 55 с.09. Умсуура ‒ 57 с.09.

1400 м. Быһый атахтаахтарынан биллэр соҕурууттан аҕалыллыбыт атыырдар. Бырагыраамаҕа түөрт атыыр суруллубут этэ да, Ньурба Эллизума сүүрбэтэ.

Старт. Түргэн сүүрүгүнэн Арассыыйаҕа биллибит Эйр Бен Барс, Уус Алдан, сүүрдүүнү баһылыыр.  Уҥуоргу уһун көнөҕө Эйр Бен Барс кэнниттэн 1.5 уста сырдыктаах хаалан, намнар Грин Кардата, таатталар Спартанец Ромнара тахсаллар. Эргииргэ киириигэ Спартанец Ром Грин Карды ааһар. Эйр Бен Барс өссө тэйэн биэрэр. Көрдөрүүтэ ‒ 1 м. 30 с. 04. Баайааччыта Виталий Петров, дьарыктыыр атыырын, бырагырааманан сирдэттэххэ, бэйэтэ сүүрдүөхтээх эбит даҕаны, Николай Терентьев сүүрдэн кыайыыга аҕалла. Спартанец Ром ‒ 1 м. 37 с. 05. Грин Кард ‒ 1 м. 37 с. 07.

1600 м. Саха сиригэр төрөөбүт тиҥэһэлэр. Бары бу сайын саха сирин «ДЕРБИ» бирииһигэр кыттыахтаахтар. Онон уксааччылар, сылыктаары, долгуйа күүтэр сырсыылара. 1. Верба ‒ Амма, «И. Строд» аатынан ТХПК. 2. Кынат ‒ С.С. Осипов сүүрүгэ, Нам. 3. Шугар Кид ‒ Мэҥэ Хаҥалас. 4. Батл Мэн ‒ А. И. Неустроев тиҥэһэтэ. 5. Кылаана Куо ‒ Мэҥэ Хаҥалас. 6. Кэскилээнэ ‒ С.С. Осипов кэтэх сылгыта, Нам. 7. Али Баба ‒ П. Н. Громов тиҥэһэтин «И. Строд» аатынан ТХПК уларса сылдьар.

Старт. Киин трибуна иннинэн бастакынан Верба ааһар. Утарсааччылара тутуһан, чөмөхтөһө иһэллэрэ. Уҥуоргу көнөҕө Кылаана Куо, Верба, Кынат, Али Баба, Шугар Кид, Бат Мэн, Кэскилээнэ субуруһан тахсаллар. Шугар Кид инники сүүрүктэргэ чугаһыыр. Кылаана Куо Вербалыын эрийсэллэр. Эргииргэ Шугар Кид үһүскэ тахсан, лаппа чугаһыыр. Биэтэк көнөтүгэр тахсыыга ис өртүнэн киирэн Кылаана Куону эрийэн ситэн, Шугар Кид бастакы миэстэни ылла. Баайааччыта Станислав Тимофеев, сүүрдээччитэ Николай Терентьев. Бириэмэлэрэ: Шугар Кид ‒ 1 м. 57 с. 04. Кылаана Куо ‒ 1 м. 57 с. 06. Верба ‒ 1 м. 53 с. 06. Батл Мэн ‒ 1 м. 55 с. 08. Кынат ‒ 1 м. 56 с.01. Али Баба  ‒ 1 м. 56 с. 06. Кэскилээнэ ‒ 2 м. 02 с. 05.

1600 м. Үс саастарыттан аҕа саастаах, соҕурууттан аҕалыллыбыт атыырдар сүүрдүлэр. Финиш көнөтүгэр Квит, Максимус Таймны ылла. Тириэньэрдэрэ Андрей Неустроев, жокей Василий Брызгалов. Квит (Үөһээ Бүлүү) ‒ 1 м. 46 с. 05. Максимус Тайм (Горнай) ‒ 1 м. 46 с. 07. Байсар Барс (Сунтаар) ‒ 1 м. 48 с. 03. Черный Барон (Амма, «Давидофф» ХЭТ) ‒ 1 м. 49 с. Голд Фарт (Таатта) ‒ 1 м. 49 с. 07.

Крит уонна Деленжер биэтэк көнөтүгэр эрийсиилэрэ

1800 м. Түөрт саастарыттан аҕа саастаах, соҕурууттан аҕалыллыбыт сүүрүктэр. Бу сылгылар ааттарын мантан сайын элбэхтэ истиэхпит.

Старт. Көрөөччүлэр иннилэринэн ааһыыга Магриб сүүрэр суол ис өртүн ылан бастакынан ааһар, утарсааччылара тутуһан иһэллэрэ. Уҥуоргу көнөҕө бастакынан сырдыктанан Магриб тахсар. Аутлендер Гольфстрим Ванныын иккис миэстэҕэ тахсаарыы илин‒кэлин түсүһэллэр. Түмүк маннык буолла: Магриб (Мэҥэ Хаҥалас) ‒ 2 м. 01 с. 05. Баайааччыта Станислав Тимофеев, сүүрдээччитэ Николай Терентьев Гольфстрим Ван (Амма, «Давидофф» ХЭТ) ‒ 2 м. 02 с. 05. Князь Болотоков (Чурапчы) ‒ 2 м. 02 с. 08. Аутлендер (Нам) ‒ 2 м. 03 с. 04. Ламан Леча (Амма, «И. Строд» ТХПК ‒ 2 м. 03 с. 08. Страйк Бол (Ньурба) ‒ 2 м. 04 с. 00.

2000 м. Түөрт саастарыттан аҕа саастаах соҕуруу төрөөбүттэр. Стартан Деленжер, Йортен сүүрдүүнү баһылыыллар.  Нөҥүө көнөҕө Райзинг Кинг Деленжер кутуругун уобар. Тас өртүнэн ойоҕолуур. Деленжер биэрбэтэ, инники киллэрбэтэ. Кэнники испит Крит уонна Майн Конинг нэмийдэр-нэмийэн, барыларын биир-биир ситэтэлээн, Деленжерга чугаһыыллар. Биэтэк көнөтүгэр Крит Деленжеры ааһан бастаата. Тириэньэрэ Станислав Тимофеев, жокейа Семен Гаврильев. Крит (Мэҥэ Хаҥалас) ‒ 2 м. 15 с. 08. Делленджер (Ньурба) ‒ 2 м. 16 с. 01. Майн Кениг (Чурапчы) ‒  2 м. 17 с. 04. Райзинг Кинг (Горнай) ‒ 2 м. 18 с. 01. Лансье (Уус Алдан) ‒ 2 м. 19 с. 00. Йортен (Амма, «Давидофф» ХЭТ) ‒ 2 м. 22 с. 03.

2000  м. Саха сиригэр төрөөбүт түөрт саастарыттан аҕа саастаахтар. Арылык уонна Динамика хатыһан сүүрдүлэр. Нунизматик даҕаны бэркэ сүүрдэ. Арылыгы Дмитрий Осипов дьарыктыыр, сүүрдээччитэ Роман Ларионов (Чурапчы) ‒ 2 м. 21 с. 08. Динамика (Ньурба) ‒ 2 м. 22 с. 05. Нумизматик (Үөһээ Бүлүү) ‒ 2 м. 24 с. 07. Талбан (Мэҥэ Хаҥалас) ‒ 2 м. 26 с. 05. Блэк Грек (Таатта) ‒ 2 м. 28 с. 05. Галилей (Амма, «И.Строд») ‒ 2 м. 30 с. 03. Громобой (Амма, «Давидофф» ХЭТ) ‒ 2 м.32 с. 01. Гоин Ап (К.В. Иванов сүүрүгэ) ‒ 2 м. 33 с. 03.

4800 м. Саха боруодалара. Эрэл, хаһаайына Д.Д. Гуляев (Чурапчы) ‒ 6 м. 56 с. 00. Дохсун, М.Ф. Мордовской ата (Таатта) ‒ 7 м. 17 с. 09. Алаас Уола, С.С. Бассанов сүүрүгэ (Бүлүү) ‒ 7 м. 25 с. 06. Бу үс аты Николай Пермяков баайар. Кыайыылаах Эрэл сүүрдээччитэ Гарил Макаров.

Аныгыскы Ил Дархан, Дерби, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бириистэригэр кыттарга эриэйтиннээх сүүрдүү бэс ыйын 12 күнүгэр Үс Хатыҥ Иннокентий Саввич Свинобоев ‒ Тыыннаахап аатынан «Дьөһөгөй» ипподромугар ыытыллар.

***

Сүүрүк сылгы туругун сэрэйии бэйэтэ таайыллыбат дьикти: сорох сылгыны миинэн төһө даҕаны муҥнаммытыҥ иһин, кыаҕын толору туһаныа суоҕа. Онтон сорох тэһиини тутуо эрэ кэрэх сылгы уларыйа, күүрэ түһэр.

Кини илиитэ, ол илиитинэн тутуута, дьайыыта сүүрүк кыаҕын толору сатаан туһаныы муусукаан кулгааҕын эбэтэр худуоһунньук хараҕын курдук ураты айылҕаттан мааныланыы. Дьэ, ити курдук биир кэлим буола силлэспиттии үлэлии сылдьаллар эбээт: баайааччы, сүүрүк сылгы, сүүрдээччи...

Ол иһин ат сүүрдүүтүн кэтээн көрөр дьон ким хайа сүүрүгү баайарын, сүүрдэрин анааран, бэйэлэригэр сылык оҥостон оонньууллар. Саха сирин быйылгы сүүрдүүлэригэр ким ханнык улуус сүүрүктэрин бэлэмниирин, сүүрдэрин билсиэх.

Мэҥэ Хаҥаластары Станислав Тимофеев баайар. Сүүрдээччилэрэ Семен Гаврильев, Николай Терентьев. Чурапчылар тириэньэрдэрэ Дмитрий Осипов, жокей Роман Ларионов. Ньурбалары Семен Лиханов дьарыктыы сылдьар, бэйэтэ да уонна Валентин Иванов сүүрдэллэр. Аммалары Анатолий Баишев, Николай Громов, Спиридон Тимофеев баайаллар. Сүүрдээччилэр Анатолий Куличкин, Спиридон Тимофеев. Үөһээ бүлүүлэри Андрей Неустроев бэлэмниир, жокейа Василий Брызгалов. Сунтаардары уонна таатталары Сергей, Семен Васильевтар дьарыктыыллар. Уус алданнары Виталий Петров баайар уонна сүүрдэр. Намнар тириэньэрдэрэ Сергей Ядреев, сүүрдээччилэрэ Иннокентий Иванов. Горнайдары Василий Игнатьев эрчийэр, жокейа Станислав Гончаров.

Саха сиригэр сүүрдээччи аҕыйах, онон, сүүрдүү чугаһаатаҕына, ким кими сүүрдэрэ чопчуланыа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...