Улуу композитор үбүлүөйүгэр аналлаах бэстибээл ыытыллыаҕа
Бырайыак ааптара уонна салайааччыта – Музыкальнай искусство сайдыытын пуондатын бэрэсидьиэнэ Фабио Мастранджело.
«Тоҕус кэнсиэртэн турар тапталлаах композиторбар анаммыт бэстибээл Арассыыйаны бүттүүнүн – Калининградтан Дьокуускайга тиийэ хабыаҕа. Итини сэргэ кэнсиэртэр Курскайга уонна Нижнэй Новгородка ыытыллыахтара. Бэстибээл бырагырааматын уратыта – манна симфоническай оркестр доҕуһуоллаах композитор этюд-хартыыналара уонна романстара киириэхтэрэ. Сергей Васильевич бэйэтэ итинник «транскрипциялары» оҥорорун сөбүлүүрэ, онон кинини батыһабыт», - диэтэ маэстро.
«Транскрипциялары» «Партитура» Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр композитордар куонкурустарын кыттыылаахтара оҥордулар. Фабио Мастранджело онно дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Бырайыагы Бэрэсидьиэн култуурунай көҕүлээһиннэргэ пуондата өйөөтө.
Кэнсиэртэргэ «Русская Филармония» Москва симфоническай оркестра, Саха сирин судаарыстыбаннай филармониятын «Simphonica ARTica» симфоническай оркестра кыттыахтара.
Быйыл бу маэстро Мастранджело иккис бырайыага. Саас уонна сайын кини салалтатынан Петербурга «Сергей Рахманинов. Последний романтик» бэстибээл ыытыллыбыта.