17.07.2024 | 10:02

Улаханнык ытыктыыр, куруук күндүтүк саныыр, сүгүрүйэр тапталлаах салайааччыбыт, тыйаатырбытын төрүттээччи, тэрийээччи Матрена Степановна!

Улаханнык ытыктыыр, куруук күндүтүк саныыр, сүгүрүйэр тапталлаах салайааччыбыт, тыйаатырбытын төрүттээччи, тэрийээччи Матрена Степановна!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күн сирин көрбүт өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх күҥҥүнэн, сүрэхпит долгуйар үөрүүтүгэр уйдаран, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан  итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айыыһытыҥ аргыстаһан, иэйиэхситиҥ сэргэстэһэн эйигин эргиччи араҥаччылаатыннар, күүскэр күүс, кыаххар кыах эптиннэр, үлэҕэр өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри аҕала турдуннар, дьиэ кэргэҥҥэр иллээх, эйэлээх олоҕу түстээтиннэр, баҕа санааҕын толоро турдуннар, ыра санааҕын ыпсаран истиннэр!

Ытык-мааны Матрена Степановна, Эн тыйаатырбыт сайдарын туһугар өр сыллаах кыһамньылаах, сыралаах, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэҕин сыаналыыбыт уонна Эйигиннэн киэн туттабыт! Бар дьоҥҥун түмэ тардан, сүбэлэрин холбоон, сатабыллаахтык салайар, тулуурдаах, хорсун майгыгар сүгүрүйэбит! Эн мындыр сүбэҕэр-амаҕар, кэскиллээх этиилэргэр, ыллыктаах тылларгар, истиҥ сыһыаҥҥар, үтүө холобургар, өрүү өйдүүргэр уонна өйүүргэр улаханнык махтанабыт!

Баҕарабыт эстибэт эрчими, чэгиэн-чэбдик туругу!  Ситиһиилээх кэмнэр кэлэ турдуннар, үтүө түгэннэр үксүү турдуннар! Эдэрдии эйэҕэс санааҕынан, булгуруйбат сайаҕас толкуйгунан, соргулаах сүбэҕинэн, оҕоҥ, сиэннэриҥ истиҥ мичээрдэригэр, чугас дьонуҥ сылаас сыһыаныгар куустаран үгүс үөрүүлээх күннэн, уһун уруйдаах олохтон диэн алгыс бастыҥын аныыбыт! ДОМ! ДОМ! ДОМ! Өссө төгүл төрөөбүт күҥҥүнэн!

Бары үтүө баҕа санааны, алгыһы уонна улахан барҕа махталы кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатырын бары дьоно-сэргэтэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....