06.03.2020 | 09:04

Учуутталларга саҥа аттестация киирэр

Учуутталларга саҥа аттестация киирэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо мөлтөхтүк үөрэнэр, үөрэҕин ситиспэт буолла да, ким буруйдааҕый? Учууталы Оҕо сокуону кэстэ,  буруйу оҥордо да, ким буруйдааҕый? Учуутал...

Үөрэхтээһин эйгэтигэр быйылгыттан аттестациялааһын саҥа систиэмэтэ киирэрин туһунан сонун Арассыыйа киин куораттарыгар аймалҕаны таһаарыах курдук. Учууталлар ордук отчуоттарын туттаралларыгар уруоктарын видеоҕа уһулаллара ирдэнэрин сөбүлээбэтэхтэрин биллэрэллэр эбит.

 

Туохха наадалааҕый?

Бэлиэтээн эттэххэ, аттестация учуутал сыыһатын булуу, үлэтиттэн уураатыы ньымата буолбатах. Аттестация сыала-соруга: үөрэхтээһин хаачыстыбатын хайдах гынан үрдэтэри тобулуу.

Оскуола администарцията аны “Учуутал мэтириэтин” хомуйар эбээһинэстэниэҕэ. Онно үс сүрүн хайысхаҕа тохтуохтаах:

  • Үөрэнээччилэр уопсай көрдөрүүлэрэ;
  • Оскуолаттан ыспыраапка:
  • Выпускниктар санаалара.

Учуутал муҥутаабыта 100 баалы ылар. Онтон 60 баала – ЕФОМ түмүктэрэ, 20 баала – үөрэнээччилэр үөрэхтэрин ситиһиилэрэ, уоннааҕыта учуутал идэтийиитин уонна ситиһиилэрин сыаналааһын.

Дааннайы барытын Учуутал үүнүүтүн Национальнай систиэмэтигэр киллэрэн иһиэхтэрэ.

Хайдах барарый?

Саҥа аттестация 2020 сыл бэс ыйыттан Арассыыйа үгүс регионнарыгар саҕаланар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит билиҥҥитэ кыттыһарын, кыттыспатын биллэрэ илик. Буоларын курдук пилотнай бырайыакка барытыгар иннинэн буолааччыбыт, онон биһиэхэ ди киириэн сөп дииллэр үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрэ.

Саҥа аттестацияны кытта 3 блоктаах саҥа быраабылалар киирэллэр – ЕФОМ (Единые федеральные оценочные материалы):

  • Учуутал үөрэтэр предметигэр профильнай эксээмэн. Учуутал билиитэ, туттар ньымалара, уруогу былааннааһына сыаналанар;
  • Видеоуруок көмөтүнэн учуутал оҕолору кытта төһө уопсай тыл буларын сыаналыахтара. Маны сыаналааһыҥҥа тутулуга суох экспертэр кыттыахтара. Видеоуруокка эбии уруок былаан-конспектара, оҕолор сыаналаммыт үлэлэрэ киириэхтэрэ.
  • Педагог үлэтигэр баар түгэннэри быһаарыы.

Хас блок аайы туспа болдьохтоох бириэмэ бэриллэр, атын-атын күҥҥэ туттарыллыахтара.

2020 сылтан саҥа аттестация учууталлары барыларын хабыаҕа диэн киин бэчээккэ суруйаллар. Оттон Пединституту бүтэрээччилэр оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ эксээмэн туттарар буолуохтара. Эдэр специалист 2 сыл үлэлээн баран эмиэ эксээмэн туттарыаҕа. Элбэх ыстаастаах учууталлар саҥа аттестацияны хас 5 сыл аайы ааһыахтара.

ЕФОМ диэн тугуй?

Аттестациялааһын саҥа көрүҥэ саҥа профстандартары олоххо киллэриигэ олоҕурар, ону тэҥэ “старшай” уонна “сүрүн” (“ведущай”) учуутал диэн дуоһунастар киирэллэринэн саҕаланар.

ЕФОМ көмөтүнэн учуутал сыаналанар:

  • предметин сатаан биэриитэ;
  • методиката;
  • психолого-педагогическай өттө;
  • коммуникативнай өттө.

Ол аата ЕФОМ учуутал үлэтин хаачыстыбатын уонна үлэтин түмүктэрин сыаналыахтаах.

Саҥа аттестация модела

Эдэр учуутал бастакы сылларын үлэлээн баран ЕФОМ ааһар.

Онтон 5 сыл буолан баран идэтигэр сөп түбэһэрин дакаастыыр эксээмэн туттарар. Ол эксээмэҥҥэ үөрэнээччилэр учуутал туһунан санаалара хайаан да учуоттанар.

ЕФОМ туттарбыт учуутал 1-кы категорияны, онтон салҕыы үрдүкүнү ылар.

Саҥа аттестация учууталлар хамнастарыгар хайдах охсуоҕа билиҥҥитэ биллибэт. Урукку төлөбүрдэри хаалларан туран, категория аайы эбии төлөбүр олохтонуон сөп диэн киин бэчээккэ суруйаллар.

Учууталлар туох дииллэрий

Биллэн турар, үөрбэттэр. Билиҥҥи учуутал барыта элбэх ноҕуруускалаах, быйылгыттан өссө эбии үлэни санныларыгар сүгүөхтээхтэр.

Учууталлартан эксээмэн туттарыыны ирдээһин саҥа специалистар үөрэхтээһин эйгэтигэр кэлэллэрин харгыстыа дииллэр. Эдэр специалист билиитин дакаастыыр эксээмэнтэн куттаныан, толлуон сөп.

20-чэ сыл учууталлаабыт дьоҥҥо урут тута 2-ис категория бэйэтинэн ананар этэ. Билигин ити суох буолар – хамнастарыгар охсуулаах.

Боростуойдук быһаардахха, учууталларбытын аны “Боростуой педагог”, “Старшай педагог”, “Сүрүн педагог” диэн дуоһунастарга араараллара ордук тыа оскуолаларыгар соччото суох буолуоҕа. Тыа оскуолаларын педкэллэктииптэрэ онто да суох аҕыйах киһилээх. Оттон куораттарга учуутал каръераны сырсыыга  бардаҕына, үөрэнээччи интэриэһэ болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалыан сөп.

Саҥа аттестация үөрэхтээһин хаачыстыбатын тупсараары оҥоһуллар. Оттон түмүктэрэ төһө үчүгэй буолуоҕун кэм-кэрдии эрэ көрдөрөр кыахтаах.

Аны 5 сылынан оскуолаларбытыгар кимнээх үлэлиэхтэрэй?

Валентина: “Дойдуга үөрэхтээһин систиэмэтин өлөрөр өссө биир ньыма толкуйдаммыт. Учуутал ахсаана онто да суох тиийбэт. Урукку гвардия үйэтин тухары үлэлиэ суоҕа. Биэнсийэлээхтэр оскуолаттан тахсан барыахтара. Оччоҕо оҕолору ким үөрэтэр? Кып-кыра хамнаска, маннык элбэх ноҕуруускаҕа эдэрдэр таласпаттар. Бастатан туран, учуутал аптарытыатын үрдэтэр хамсааһын барыан наада. Учуутал биһиги үйэбитигэр саамай көмүскэлэ суох идэ буолла”.

Вячеслав: “Мин “соотоветствует занимаемой должности” диэнинэн үлэлии сылдьабын, старшай да, сүрүн да буолар санаа суох. Сэбиэскэй оскуолаҕа маннык майгы-сигили  суоҕа, оттон үөрэнээччи билиитин таһыма хас да бүк үрдүк буолара. Үөрэх хаачыстыбатын өрө анньан таһаарбат дьаһал буолсу”.

Елена: “Видеоҕа уһуллубут уруогунан учуутал үлэтин сыаналаары олорор “экспертэр “сирэйдэрин көрбүт киһи баар ини... Бэйэм 30-ча сыл учууталлаатым, аат-суол да ситистим эрээри, видеонан учууталы сыаналыыр “эксперт” буолуом суох этэ. Тургутук (тест) туһунан этэ да барыллыбат. Оҕолору тургутуктарынан кэһэтэн баран, аны учууталлары кэһэтэр буолбуттар ди”.

Ирина: “Арассыыйа үөрэхтээһин систиэмэтин хоруопка угуу буолла, саҥа аттестация – хоруоп хаппаҕар сааллар өссө биир тоҕоһо. ФГОСтар, ЕГЭлэр уонна ОГЭлэр, дууһанан төлөөһүн, аны саҥа аттестация... Салҕыы туох буолар? Оскуолаҕа учууталлыы сылдьан экперимеҥҥэ сылдьар куруолук курдук сананан эрэбин”.

Дьокуускай бэлэмнэнэр

Тамара Николаевна Попова – Дьокуускай куорат Үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы:

  • Федеральнай апробациялары кытта биһиэхэ эмиэ тургутуктары боруобалааһын ыытыллыбыта. Саҥа ирдэбиллэр олоххо киирэ иликтэр, киирдэхтэринэ да, бэлэммит. Бэлэмнэнии үлэтэ барбыта ыраатта.

Ульяна Гаврильевна Сыроватская – Дьокуускай куорат Үөрэҕин управлениетын үөрэҕи сайыннарыы отделын начаалынньыга:

  • Тургутук боруобалааһына буолан ааспыта. Бу учууталлар билиилэрин сыаналааһын, ассыаҥка туруоруу быһыытынан буолбакка, саҥа аттестацияны толкуйдааччылар үлэлэрин боруобалааһын быһыытынан оҥоһуллубута. Ол түмүгүнэн баар итэҕэстэри туоратыахтаахтар.

Аттестациялааһын саҥа ньымата өссө 2018 сыллаахтан боруобаламмыта. Бастаан 2018 с. бэй ыйыгар 5 №-дээх оскуолаҕа ыытыллыбыта. Онно 7 киһи – нуучча тылын уонна математика учууталлара кыттыыны ылбыттара. Онтон эмиэ бу сыл балаҕан ыйыгар 31 №-дээх оскуолаҕа буолбута. 25 киһи – история, обществознание, информатика, нуучча тылын, математика учууталлара кыттыбыттара.

2019 сыл сэтинньигэр 23 №-дээх оскуолаҕа ыытыллыбыта. Онно куорат оскуолаларыттан 16 учуутал кыттыбыта.

Бу ыытыллыбыт аттестациялар түмүктэрэ аһаҕастык тахсыбаттар. Тоҕо диэтэхэ, бастатан туран, саҥа ньыманы айааччылар туһаналларыгар эрэ ананар.

2024 сылга диэри апробация барар диэн этэ. Ол эрэн быйыл киллэрдэхтэринэ, биһиги өрспүүбүлүкэбит кыттыһыан сөп, пилотнай бырайыактарга бастакынан киирэр үгэстээхпит...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...