Учууталым, салайааччым
Мин учууталым, уһуннук бииргэ үлэлээбит салайааччым Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Лыткин Василий Сергеевич быйыл сэтинньи 19 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сыла. Кини сырдык аатыгар сүгүрүйэн бу ахтыыбын суруйабын.
Мин кинини 1950 сылтан көрөн билэр этим. Сэрии кэннинээҕи сут, кураан хаарыйбыт оҕото оччотооҕуга улахан дьон кэпсэтэрин болҕойон истэр буоларым. Алаҕарга эдьиийбэр Настаа эмээхсиҥҥэ (Лыткин Константин Миронович ийэтигэр) ийэм: “Киирэн сынньанан, аһаан кэл”, - диэн Барашков Филипп Петровичтаах ыһыахха киирбиттэригэр ыытта. Филипп Петрович эдьиийбин Даайаны булан, бу уолу аҕыйах күн күүлэйдэтэр үһүгүн диэн туттарыы буолла. Даайа: “Миигиттэн тэйимэ, батыһа сырыт”, - диэтэ да, киһи-сүөһү элбэҕиттэн алаарыйан, бэрт сотору сүтэрсэн кэбистибит.
Киһи биирдэ көрбүт киһитин өйдөөбөт буолар эбит, баҕар бэйэтэ билээрэй диэн киниэхэ маарынныыр дьахталлары батыһан, аттыларыгар иҥээҥнээн балай эмэ тура сатаатым да, миэхэ эрэ кыһамматтар. Баҕар бэйэтэ булуо диэн, ол күн аһыыр-аһаабат ону-маны көрөн баран, киэһэ мэндиэмэннээх оскуолаҕа тиийдим. Оскуола соҕуруу күүлэтигэр ыччаттар кэнсиэр көрдөрдүлэр. Онно элбэх мэтээллээх биир эдэр киһи дьону кытта тэҥҥэ ыллаһар этэ. Ону: “Ол Лүгэнтэй сиэнэ аармыйаттан кэлэн ыллаан-туойан эрэр”, - диэн кэпсэтэллэрэ.
Оччотооҕу кэнэн санааҕа сэрииттэн кэлбит, элбэх мэтээллээх киһи оҕо курдук тэҥҥэ ыллаһара, күлсэрэ миэхэ сүрдээх олуона курдук көстүбүтэ. Мин санаабар, ити үлүгэрдээх сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэн баран, адьас хоноллон баран туохха да аралдьыйбакка олоруон да сөп этэ. Хор, оҕо эрдэххэ улахан дьону оннук ытыктыы сөҕө көрүллэр эбит.
Толус сайылыгар ат сүүрдүүтэ буолла. Толус барахсан арҕаа үрүйэтиттэн түһэрэн баран, Ньукулаас оҕонньор дьиэтин таһыгар түмүктүүр биэтэк баара. Көнө ньуурдаах ыраас баҕайы буолар этэ ол хонуу. Уһун түүнү быһа ат сүүртүлэр, мин тоҥон биир оҕус сылааһыгар сыстан, ол хоонньугар утуйан хааллым. Арай халлаан сырдаан оҕуспун сиэтэн баралларын кытта уһуктан дьоммун көрдөөн буллум. “Хайа, нохоо, оттон эдьиийиҥ?” – диэн буолла. Сүтэрэн кэбистим диэтим быһыылаах. Филипп Петрович баран дьону кэрийэн көрдөөн көрдө да, булбакка кэллэ. Онон төттөрү таҕыстаҕым дии. Дьэ оннук ыһыахтаан турабын.
Бахсыга төрдүс кылааһы бүтэрэн Алаҕарга үөрэнэ киирбитим. Василий Сергеевич биһигини саха тылыгар, онтон алтыс кылаастан Конституция уруогун үөрэппитэ.
Сорох күн Василий Сергеевич сахатын тыла 6-с уруогунан буоллаҕына уолаттары көҥүллээн, кыргыттарга сорудах биэрэн, куобах үүрэ тахсар этибит. Олохтоох уолаттар Лыткин Кеша, Сорокоумов Ваня, Лыткин Вася, о. д. а. саалаах этилэр. Оччотооҕу оҕолор лоп-бааччы, улахан дьон курдук дуоспуруннаах буолааччылар. Сааны олус сэрэхтээхтик көрөн-истэн, ботуруону харыстаан адьас өлөрөр эрэ буоллахха ытар этилэр.
Бука сэрэтии, сүбэлээһин күүстээҕэ буолуо, туох да дэҥ-оһол тахсыбат этэ. Мин онно сылдьан Сорокумов Митя тыаны билэрин, Василий Сергеевичтыын тэҥҥэ ханан үүрэллэрин, тоһуйалларын быһаарсалларын, ол үрүйэ-харыйа, солооһун аатын-суолун билэллэрин олуһун сөҕөрүм. Хомойуох иһин, Митя Сорокумов хайыһардьыт буолан, сыыстаран тыҥатынан ыалдьан эрдэ өлөөхтөөбүтэ. Оо, доруобай да уол этэ. Билигин баара буоллар оҕо-уруу, үтүө ыал аатын ылыаҕа хааллаҕа. Таҥас-сап, ас мөлтөҕө да таайдаҕа.
Дьэ, Василий Сергеевич биһиэхэ саха тылын, литературатын ис сүрэҕиттэн ылынан туран үөрэтэр этэ. Сахалыы тылга тапталы, умсугуйууну иҥэрбит учууталбыт кини буолар. 50-с сыллар саҕаланыыларын диэки Алтан Сарын диэн киһи баарын быктаран кэпсээн турар. Нууччаттан киирии тыллары уу сахалыы тылбаастыыр этэ диирэ. Ол курдук сөмөлүөт диэни сахалыы “ытылгы” диэн ааттыыра. Улаханнык тэнийэн кэпсээбэтэҕэ, хайа бобуллан сыылкаҕа барбыт киһи буоллаҕа дии. Хата сайын от үлэтигэр сылдьан улахан дьон кэпсэтиилэриттэн истибиппит. Алаҕарга үөскээбит, улахан үөрэҕи бүтэрбит тыл үөрэхтээҕэ киһи үөскээн иһэн сарбыллыбыт диэн.
Оскуолаҕа оччотооҕу оҕолор самодеятельноска сүрдээҕин дьарыктанар этилэр. Хас бырааһынньык аайы улахан кэнсиэр туруораллара. Хорунан ыллааһын хайаан да ирдэнэрэ – кэнсиэр иннигэр уонна бүтэһигэр Улуу партияны, Сталины уруйдаан – оҕо барыта кыттыахтаах. Дьэ онно сырыттаххына сатанар. Онно үксүн интэринээт оҕолоро түбэһэр этибит.
Саас аайы оттук мас бэлэмэ буолар. Колхуос көлөнөн оскуола таһыгар долгучуок маһы кыһыҥҥаттан саҕалаан таһан биэрэр этэ. Ону саас, күн уһаатаҕына, эрбээн, саһааннаан – биһиэхэ, оҕолорго үлэ бөҕө буолара. Тыаҕа таһаарбат этилэр. Таҥаспыт мөлтөх, атахпыт таҥаһа этэрбэс буолара. Итини барытын учууталларбыт салайаллара, көҕүлүүллэрэ, тэҥҥэ сылдьыһаллара.
Василий Сергеевич тыл үөрэхтээҕэ буолан буолуо, алтыс кылаастан ыла Сталинскай Конституция уруогун үөрэтэр этэ. Ону анал халыҥ тэтэрээккэ конспектатар этэ уонна ол суруйбуппутунан саас эксээмэн туттарарбыт. Онон конспегы кичэйэн оҥорторор этэ, анал литература да, үөрэнэр кэммитигэр учебник наһаа дэлэйэ суоҕа. Онон тугу суруммуккунан, тугу өйдөөбүккүнэн үөрэнэн муҥнанаҕын.
Василий Сергеевич нэһилиэккэ уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар этэ. Колхоз ревизионнай хамыыһыйатыгар, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттара. Оччотооҕуга сельпоҕа таһаҕас аҕалтараары, Арҕаа Чаачыгыйга диэри кыһын хаары массыына кэтитин саҕа гына колхозтаахтар суханан тартаран биэрбиттэрин, биһиги, оҕолору дьаһайан тимир күрдьэҕинэн суолу икки өттүнэн хаарын ыраастатан тураллар. Онно массыына кэлэрин көрөөрү биһиги бука бары уоллуун-кыыстыын Барынтабыга диэри үлэлээбиппитин өйдүүбүн, ити 1951-1952 сс. быһыылаахтара. Учуутал эттэ да утары эппэккэ толорор этибит.
Василий Сергеевич сэриигэ сылдьыбытын, хайдах сэриилэспитин олох кэпсээбэт этэ. Айаҥҥа даҕаны, көннөрү үлэлии сылдьан даҕаны син бириэмэ кэпсэтэргэ баар этэ да, кини да, биһиги да ыйытыласпат этибит. Тоҕо эбитэ буолла, баҕар кини тас көрүҥэ сэриигэ сылдьыбыт киһи курдук буолбатах, олус чэбэр, боростуой да таҥаһы олус ыраастык таҥнар, улахан интеллегентнэй көрүҥнээх, ыраас сэбэрэлээх киһи этэ. Кини, кэлин өйдөөтөххө, Харьковтааҕы улахан кыргыһыы кыттыылааҕа, көхсүгэр улахан араанньылаах эбит этэ. Мин көрбөтөҕүм, дьон кэпсээнэ оннук.
Василий Сергеевич оскуолаҕа дириэктэрдээн, завучтаан Алаҕар нэһилиэк оскуолатын түөрт кылаастан сэттэ кылаастаах оҥорон, онтон 1956-1958 сс. саҥа 8 кылаастаах оскуола тутуутун туруорсан, ситэрсэн баран, уустук үлэлээх тыа хаһаайыстыбатыгар барбыта.
Учуутал араас эридьиэстээх үлэтин сыаналаан оччотооҕуга бэрт сэдэх “РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна” бэлиэни ылбыта. Онтукатын олус күндүтүк саныыр быһыылааҕа, бинсээгэр куруук анньынан сылдьар буолара.
Дьэ, кырдьык, Василий Сергеевич Алаҕар нэһилиэгэр үөрэх сайдарыгар үгүс сыратын биэрбитэ. Кини учуутал, гражданин быһыытынан нэһилиэгэр сырдыгы, кэрэни тарҕатыспыт үтүөлээх киһи.
Василий Сергеевич 60-с сыллар саҕаланыыларыгар, гагановскай хамсааһыны иилэ хабан дойдуга хаалыылаах тыа хаһаайыстыбатыгар тылланан үлэлии барбыта. Колхуостаахтары үлэҕэ көҕүлүүр, салайар-тэрийэр дьоҕура бэрт түргэнник арыллыбыта. Кини сүрүннээн колхуостаах олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсарар үлэни күүскэ ыыппыта. Лэбийэҕэ 400 сүөһү киирэр хотонун, уопсай дьиэни туттарбыта. Хотоҥҥо уулатыы, ынах ыаһына, ноһуомун таһаарыыта барыта электричество күүһүнэн толоруллар буолбута. Онно анаан үрдүк күүрүүлээх уот линията Толоон – Лэбийэ, Лэбийэ – Чыаппара бырайыактанан үксүн олохтоох нэһилиэнньэ күүһүнэн олоххо киллэриллибитэ. Лэбийэ хотонун механизатора Местников Кэнчээри Константинович таһаарылаахтык үлэлээн «Бочуот Знага» уордьанынан бэлиэтэммитэ.
Лампаарыкы Чыаппара линиятын оҥорторон, элбэх сүөһү турар хотоннорун туттаран, киһи-сүөһү тоҕуоруйар бөһүөлэгинэн буолбута. Социальнай, култуурунай тутуулар да барбыттара. Толооҥҥо, Чыаппараҕа улахан кулууптар тутуллубуттара, сүүһүнэн чааһынай дьиэлэр тутуллан, колхуостаахтар үөрүүлэрэ үрдээн, үлэҕэ-хамнаска кыттыылара күүрээннээх этэ. Кыараҕас дьиэлээхтэр дьиэ салҕаналларыгар колхуос дьонунан көмөлөһөр этэ. Колхуос көлөһүн күнүттэн харчынан дохуокка көспүтэ.
Ханнык баҕарар салайааччы бэйэтин бэрдинэн сүөһү-ас этэҥҥэ туруутун хааччыйбат, кинини өйүүр элбэх дьоннордоох, үлэһиттэрдээх буолан сылы, курааны этэҥҥэ туораан истэхтэрэ. Оннук үрдүк аптарытыаты ылыы киһи аайы бэриллибэт. Оннук аптарытыаты Василий Сергеевич ылыан ылбыта.
Колхуос бэрэссэдээтэлэ Василий Сергеевич Лыткин саҥаны олоххо киллэрии инициатора этэ. Ис сүрэҕиттэн бэринэн, туох оҥоһуллуохтааҕын барытын ситиһэ сатыыра, элбэх техниканы судаарыстыбаттан хото ылар этэ.
Василий Сергеевич бэрэссэдээтэл буолан олорон ордук уһуннук Макарова Евдокия Михайловналыын уонна Егоров Гаврил Фомичтыын тапсан үлэлээбитэ. Үрдүк үөрэхтээх зоотехниктар үлэлиир киһиэхэ улахан көмө, тирэх буолбуттара чуолкай.
Биһиэхэ Егоров Гаврил Фомич 200 сүөһү киирэр типовой хотонун бырайыага баара. Ону мин Ганяҕа тас обьемун аччаппакка да, улаатыннарбакка да, бырайыактан туораан, ис өттүгэр төһө баҕарар уларытыы киллэриэххэ сөбүн этэн, колхуос бэрэссэдээтэлэ Лыткин Василий Сергеевич сөбүлэҥин ылан, алаас халдьаайытыгар эдэр сүөһүгэ анаан тутуу үлэтин чэпчэтэр сыалтан саҥа хотону, кэлин нуучча биригээдэтин кытта дуогабардаһан оччотооҕуга харчынан 36 тыыһынчаҕа туттарбыппыт.
Ол туттара сырыттахпытына сэбиэскэй былаас дозордара, кыраҕы харахтаахтара үҥсэн, колхуос үбүн наймы дьоҥҥо биэрэн, туох да докумуона суох хотон туттаран эрэллэр диэн тыллабыр киирэн, управление тутуутун инженерин Сивцев Митяны ыытан бэрэбиэркэлэтэн тураллар. Хата, 200 сүөһү киирэр хотонун сметата-бырайыага баар буолан этэҥҥэ ааспыта. Оччоҕо ханнык баҕарар тутуу, онно үбү-аһы туттуу булгуччу норуот кыраҕы хараҕар сылдьара.
Василий Сергеевич судаарыстыба көмөтүн туһанарга кыһаллара, колхуостарын хамнастыыр инниттэн Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн тыа сиригэр тутууну ыытар УКСА диэн тэрилтэни кытта ыкса үлэлэһэрэ. Ол тэрилтэ «Форма 2» диэнинэн, тугу оҥорбуккунан харчыны көһөрө олорор этэ. Инньэ гынан 3 уопсай дьиэни, детсады, оскуолаҕа иккис корпуһу туттарбыта, барыта кэлии дьону наймылаһан үлэлэппитэ. Кинилэргэ хамнастарыгар сметанан 30% эрэ бэриллэрэ, 70% колхозка хаалара.
Василий Сергеевич Алаҕар нэһилиэгин сельсоветыгар, оройуоҥҥа үлэлээн баран төннөн тахсан, бэрэссэдэтээлинэн үлэлээбитэ. Кураан дьылга тахсан, кэлэн-баран, сир кэпсэтэн сүөһү-ас этэҥҥэ сыл тахсарыгар нэһилиэккэ улахан көмөнү оҥорбута.
В.С. Лыткин Бахсы нэһилиэгиттэн баран хаалбакка уһуннук туруулаһан нэһилиэк социальнай-култуурунай, экономиката сайдарыгар элбэх билиитин, көрүүтүн, сыратын биэрэн үлэлээбит, олорбут киһи. Мин бу ахтыыбар уһуннук бииргэ олорон үлэлээбиппинэн билэрим быһыытынан, үлэтин-хамнаһын эрэ ахтан аһардым.
Петр Николаевич РЕШЕТНИКОВ, Үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ